26.12.2024 | 10:00

Күндээнэ Сүрэл: «Үрдүк Айыылартан анал диэн баар эбит...»

Күндээнэ Сүрэл: «Үрдүк  Айыылартан анал диэн баар эбит...»
Ааптар: Маргарита АКИМОВА
Бөлөххө киир

Өй-санаа, толкуй-билии күүскэ сайдар кыахтарын айылҕабыт бэйэтэ чочуйар. Сахалыы өй-санаа удьуор билиитигэр сөҥө сылдьар. Маныаха киһи уйулҕатын уратыта, дьылҕата, майгыта эмиэ улахан оруоллаах.
Киһи үс кутун сайдыытын үөрэппит, ону дьоҥҥо тарҕатар-тиэрдэр анал идэтийбит дьонтон биирдэстэрэ, психологическай сулууспа бастаан тэриллиэҕиттэн сүүрбүт-көппүт, үлэлээбит-хамсаабыт педагог-психолог Сүрэл Күндээнэ Дуухап Удьуора – «Киин куорат» бүгүҥҥү ыалдьыта.

Күндээнэ, психолог-педагог идэтэ эйиэхэ дьиктитик саҕаламмыт эбит. Бу үлэҕин хайдах саҕалаабыккыный?

– Кырдьык оннук. 1990 сыл сайын Алексей Попов – «Майа сайына» ырыа ааптара (ол саҕана «Айыы үөрэҕэ,  кут-сүр» диэн тиэмэни бэркэ сэргээн, Айыылары тоҕус халлаан хаттыгастарынан схемалаан ватмаҥҥа уруһуйдуур этибит) – арай маннык диэтэ: «Людаа, бөөлүүн түһээтим, эйигин Айыыһыттарыҥ үс сыллаах олус наадалаах үөрэххэ ыыталлар үһү», – диэтэ. Дьээбэлэнэр диэтэҕим дии...

Ити күһүнүн психолог-педагог буоламмын, Майаттан Павловскайга көспүппүт.

Онон ол үс сыл үөрэҕим отут үс сылын аһарда  диэн күлэбин.

Аан бастаан сахалыы ааккар тохтуу түһүөх эрэ. Бу пааспаргынан суруллубут аатыҥ дуо?

– Мин уонча сыл устата сахалыы толору ааттанар ыра-баҕа санаабын биэнсийэҕэ тахсан эрэ баран толорбутум.

Сахабыт сиригэр бастакы психологияҕа профессорбыт А.П. Оконешникова тылдьытыттан «Сүрэл» диэн «Сүр, Сүрэх, Душа», а.э. ийэ кут диэн суолталаах тылы араспаанньа оҥосторбор талбытым. Бу 1990 сылтан олус уустук гынан баран, миэхэ олус интэриэһинэй, үлүһүйэн туран үлэлээбит психолог-педагог идэм  туһунан өйдөбүнньүк буоллун диэн ылыммыт араспаанньам.

Харатаала улахан ойуун кэриэстээбит Күндээнэ диэн аатын иҥэриммитим. Уонна олус үлэһит, бүгүрү, ып-ыраас үс куттаах, үйэлэрин тухары дьон дьоно – Ньурба Мэҥэдьэгиттэн төрүттээх Духовтартан силистээх буоламмын, Дуухап Удьуора диэн аҕа ааттанан, пааспар докумуоммар бигэргэппитим. Онон Сүрэл Күндээнэ Дуухап Удьуора диэммин.

Түүлү иккис олох диэн этэллэр. Бу тыл эйиэхэ быһаччы сыһыаннаах эбит. Ол туһунан кэпсиэҥ дуу?

– Сааһырбыт киһи буоларым быһыытынан, аһаҕастык даҕаны этиниим: мин оҕо эрдэхпиттэн олус элбэх чаҕылхай түүллэрдээх буоларым. Аҕыйах сыллааҕыта билбиппинэн, төрүппэр Тыгын Дархан күтүөтэ Түүллээх Дүҥүрдээх Төлөн Ойуун диэн баар эбит. Кини удьуордарын туһунан үс брошюра баар. Духовтар удьуордара иккис кинигэҕэ баар эбит. Ол өбүгэбин батан, оннук түүллэрдээҕим эбитэ буолуо, диэххэ...

Оскуолаҕа үөрэнэ, устудьуоннуу сылдьан, туох эрэ историческай бухатыырдар сэриилэрин сериялаан түүн аайы түһүүр этим: «Суруйааччылар, арааһа, бу курдук түүллэрин сарсыарда ойон тураат кинигэ гынан суруйаллара буолуо! Сүрэхтээҕим буоллар, ити түүллэрбин суруйдарбын, бэртээхэй историческай арамаан тахсыа этэ!» – диэн саныыр этим.

Бу кэлин «Тыгын Дархан»  киинэни көрөн баран бэркэ соһуйбутум, үүт-үкчү мин урукку түүллэрим маннык этилэр диэн.

Кэлин, үлэбинэн хас көһөн кэлбит саҥа нэһилиэкпэр эдэрбэр көрбүт түүллэрим курдук, ити билигин бассаапка көстөр видеоролик курдук түгэннэри бэлиэтии көрөбүн. Бастаан соһуйар этим. Онтон олору бэлиэ курдук ылынар буолбутум: ол аата сиртэн сиргэ көһөн иһэрим дьылҕам эбит диэн. Хайдах даҕаны ону уларыппат буоллаҕым эбээт, миигиттэн букатын тутулуга суох. Ол курдук олохпун олорон кэллэҕим.

Ол эрээри киһиэхэ барыларыгар оннук буолбат.

Национальнай концепция олоххо киирбитигэр «түөлбэнэн үлэ», «социальнай педагог», «психологическай сулууспа» диэн саҥа тыллар баар буолууларын кытта эн үлэҥ ыкса ситимнээх эбит.

– Чахчыта оннук. Үлэлиирим тухары «көстүбэт фронт байыаһабын» дэнээччибин. Олус дьикти дьылҕалаахпын. 1990 сыллаахха Национальнай кэнсиэпсийэ киирэригэр Мэҥэ Хаҥалас Павловскай оскуолатыгар үлэлиирим. Онно сылдьан учууталбыт Т.М. Ильина ыйыытынан «Төрөппүттэри кытта түөлбэнэн үлэ» диэн ис хоһоонун, структуратын барытын арыйан, бырагыраама суруйбутум. Бу бырайыагы үөрэх министиэристибэтигэр кэллиэгэм А.П. Шамаевалыын көмүскээбиппит. Ол түмүгэр өрөспүүбүлүкэҕэ аан бастаан, Мэҥэ Хаҥалас Павловскайыгар түөлбэнэн үлэ эксперимент курдук саҕаламмыта. 12 түөлбэҕэ хайытан, сүүрэн-көтөн, 12 социальнай педагог штатын булан, киэҥ-дириҥ ис хоһоонноох үлэни Александра Петровналыын тэрийбиппит. Уонна күн бүгүҥҥэ диэри үлэлиирин сүрдээҕин үөрэ истэбин. Александра Петровна ол кэнниттэн Дьокуускайга ИРО исписэлииһэ буолан, кандидатскайын көмүскээн, өрөспүүбүлүкэҕэ соцпедагог үлэтэ тэриллиитин көҕүлээбитэ, тарҕаппыта. Онон оҕо иитиитигэр  түөлбэнэн үлэни тэрийсиигэ бастакы хараҥаччылар этибит диэн толору этэр бырааптаахпын.

Билиҥҥи оҕо саадыттан көрдүүр портфолио диэннэрэ бастакы хардыылара ол  саҕана саҕаламмыт эбит дии?

– Оннук. Миигин ол кэмтэн 2020 сылга биэнсийэҕэ тахсыахпар диэри дьиктитик дьылҕам үтүрүйэн хамсаппыта: туох да былаана, баҕа санаата суох киһини дьиэ кэргэммин кытта 3-4 эрэ хонугунан хомуннаран, биир сиртэн атын сиргэ көһөрөн илдьэн, үлэ үөһүгэр быраҕар буолбута. Аныгылыы эттэххэ, «под ключ». Биир эрэ үөрэх дьылыгар нэһилиэк оскуолаларыгар Психологическай сулууспа кэбиниэттэрин тэрийтэрии. Ол оскуола үөрэнээччилэригэр сиһилии ис хоһоонноох базовай портфолио оҥотторуу. Нэһилиэк түөлбэтигэр төрөппүттэри, уопсастыбаннаһы  кытта үлэлиир балаһааккалары тэрийии. Төрөппүттэргэ лекторий ыытыы, араас бырайыактары  суруйан олоххо киллэрии. Ол саҕана ким да билбэт, өссө дьэҥкэ өйдүү илик психолог идэтин оҕоҕо-ыччакка, нэһилиэнньэҕэ киллэрии-олохсутуу ыарахан-уустук үлэтигэр көстүбэт күүстэрим олус күүскэ үтүрүйбүттэрэ.

Туораттан, миигин билэр дьон: «Биир да сиргэ түптээн үлэлээбэт, сыл аайы көһөн тахсар, тапсыбата оччо дуу?» – диэхтэрин сөп курдуга. Ол эрээри: «Эн курдук билиилээх, үлэһит киһини көрө иликпит», – диэни элбэхтик истибитим. Төрөппүттэри, оҕолору кытта 100% өйдөһөрүм – мэлдьи бэйэм киэнэ этэ.

Павловскай кэнниттэн Хаҥалас улууһун Уулаах Аана, онтон – Нам улууһун Үөдэйэ. Онтон төрөөбүт Ньурбам улууһугар үөрэҕирии салаатыгар бастакынан психолог дуоһунаһыгар икки үөрэх дьылыгар үлэлээбитим. Ол саҕана 13 нэһилиэккэ эрэ оскуолаҕа психологтар бааллара.

Аны улуус 32  нэһилиэгэр түөлбэнэн үлэҕэ соцпедагогтар штаттарын аһан, УПД-гар бэйэлэрин  категорияларын хааллартараммын (өрөспүүбүлүкэҕэ соцпедагогтар бука бары, базовай категорияттан саҕалаан, оччотооҕуга, үлэлиир кэмнэригэр) үлэлэрин саҕалаабыттара.

Улуус хаһыатыгар "Уйулҕа" балаһа баар буолбута, араас ааттаах рубрикалары аһарым. Тэлэбиидэнньэҕэ «Уйулҕа» биэриибэр бастыҥ үлэ уопутун тарҕатарым. Видеокамераҕа бэйэм устан көрдөрөн, кэпсээн, үлэ бөҕө этэ. Оҕо саадтарын үлэлэрин оскуолалардыын  тэбис-тэҥҥэ тутарым.

Ньурба оҕо балыыһатын дьиэтигэр көҥүллээннэр, балачча толору Психология сулууспатын кэбиниэтин тэриммитим. Ол 1995-97 сылларга хамнас, хааччыллыы мөлтөх кэмигэр спонсорство диэҥҥэ күүскэ үлэлэһэн, барым барыта баара.

Бырайыак суруйаммын, САПИ-га көмүскээн, 100 тыһыынча солкуобай биэрбиттэрэ. Бэйи, оччотооҕуга үс УАЗ массыына кэлэр баһаам харчыта этэ. Авиациялары кытта кэпсэтэн, Москваттан аныгылыы Психологическай сулууспа улахан кэбиниэтин тэрилин, инструментарийын барытын таҥан, сакаастаан, босхо аҕалаллара эрэ хаалбытын кэннэ, Ньурба үөрэҕириитин салаатын начаалынньыга В.М. Кузьмин миэхэ эттэ: «Экологиябыт мөлтөөн,   кулгаахтарынан истибэт инбэлиит оҕо элбээтэ. Нерюнгрилар биһиэхэ филиал аһаары гыналлар. Харчыгын биэриэҥ дуо?». Биэрдэҕим дии. Онон Антоновкаҕа ол филиаллара аһыллыбыта.

Билигин, бириэмэ ааспытын кэннэ ахтарга, тус бэйэбэр олус астык да кэмнэр эбиттэр. Бу барыта оҕо аймах кэскилин туһугар туһуламмыт үлэ буоллаҕа. Буоларын курдук, Айыылартан аналбын толору атаҕар туруоран баран, дьиэ кэргэттэрим, оҕолорум доруобуйалара дойдум уутун уйбакка, төттөрү Майабытыгар төннүбүппүт.

Аны валеологияҕа атын бырайыак суруйан, В.И. Тихонов дириэктэрдээх Майа  алын сүһүөх оскуолатыгар 1-4 кылаастарга барыларыгар ити тиэмэ олус ситиһиилээхтик апробациятын ыыппытым. Оҕолор бары олус үчүгэйдик, чэпчэкитик, астына ылыналлар этэ.

Ону баара үөрэх министиэристибэтигэр "валеология муодата ааспыта"  буолан,  бу кыра саастаах оҕолорго олус наадалаах, туһалаах бырайыагым олоххо киирбэккэ хаалбыта.

Психология биһиги күннээҕи олохпутугар киириитигэр биир сиргэ олорон хаалбакка, үөрэх араас кыһаларыгар, элбэх оҕолору, төрөппүттэри кытта алтыһан ааспыт, педагог-психолог буоларбынан киэҥ туттабын, дьылҕабар махтанабын. Ити тухары үлэм ис хоһооно "нулевой" туруктан саҕалана турар, саҥаттан-саҥа бырайыактары киллэрии, барыта "под ключ". Ол курдук,    Мэҥэ Хаҥалас Хара сэлиэнньэтин спорт лицейэ, Дьокуускай Мархатыгар кадеттар оскуолалара, Дьокуускайга Олимпийскай солбук училищета, Мэҥэ  Хаҥалас Бүтэйдээҕэ, Нам үөрэҕин киинэ, Модута...

Психолог-педагог үлэбэр УПД-м НУУО-ҕа үрдүк, УОР-га үрдүк категория буолбута. Дьылҕам, Үрдүк Айыыларым үтүрүйүүлэринэн көһө сылдьар киһи, төһө даҕаны олус күүстээхтик, тэтимнээхтик, идэбэр бэриниилээхтик үлэлээтэрбин, биллэн турар, аат-суол, наҕараада кэлбэт буоллаҕа. Ол эрээри бэйэм дьиҥ үлэм, кыаҕым таһымын чопчу билэр буоламмын, онно эрэ букатын кыһаллыбаппын. Бэйэбин олус ытыктанар сыанабылым үрдүк. Үлэбинэн киэн туттабын уонна астынабын.

Психология биһиги олохпутугар суолтата?

– Үс Кут сахаларга, «киһибин» диэбиккэ барыбытыгар даҕаны, биллэн турар, сүдү суолталаах. Сир, орто дойду диэн – бу ийэ куппут оҕо буолан төрөөн,   бэриллибит олохпут дьиҥ анала: Ийэ кутун (Род, Душа, Любовь, Благодарность, Совесть), СҮРүн (Энергия, Дух) сайыннара кэлэр оскуолата буолар. Салгын кута (энергетика всех психических свойств – уйулҕата), Буор кута (энергетика организма, тела) – Ийэ куту сайыннарыыга  көмөлөһөөччүлэрэ,  инструменнара эрэ буолаллар.

Хас биирдии киһи бу  маны  аан бастаан сокуон диэн долоҕойугар түһэрэн  ылынара буоллар, олоҕор букатын атын сыһыан үөскүөх этэ.

Үлэлиирим тухары киһи диэн өйдөбүлтэн дьиктиргээн эрэ тахсабын. Олус даҕаны чычааһынан халыйан хаалбыппытыттан:  кыһалҕа бөҕө, моһол бөҕө, бутуллуу бөҕө.

Психология ону көрдөрөн, быһааран биэрэр наука. Хаачыстыбата психолог таһымыттан тутулуктаах.

Сахалыы толкуйдаах оҕо нууччалыы иитиилээх оҕоттон уратылаах дуо?

– Толкуй уонна тыл төрүт итэҕэлгэ олохсуйдаҕына эрэ  дьиҥ  суолталаах.

Төрүт саха итэҕэлин туһунан профессор Поисеев: «Саамай экологичнай итэҕэл бу Аан дойдуга – саха итэҕэлэ», – диэбитигэр 100% сөпсөһөбүн.

Биэс сааспыттан саҕалаан кинигэ ааҕыытын фанатабын. Ол аайы араас толкуйдар. Тэҥнээн, ырытан, ырыҥалыын, араас өттүттэн эргитэ холоон, сүрүнүн-сүнньүн көрдөөһүн, дьиҥ төрүт биричиинэтин диэххэ, була сатааһын, ымпыктаан-чымпыктаан тургутуу. Бүтэһигэр бэрт судургу өйдөбүллэргэ төттөрү тиийэн кэлии уонна өссө төгүл сөҕүү: хайдахтаах курдук хас биирдии киһи (бэйэм кытта буоллаҕа) бэрт судургуну токурутуу да уустугурдуу. Араас кыһалҕаларга бэйэбитин, оҕолорбутун, норуоппутун тиэрдиэхпитигэр диэри!

Хас биирдии омук менталитета: кини итэҕэлэ – ийэ тыла, төрүт тылын дорҕооно.

Ити дьиҥи тутуспут хайа баҕарар дьиэ кэргэн норуот кэнэҕэски кэскилэ буолар кыахтаах.

Эн үлэлиир методикаҥ хайдаҕый?

– Психолог идэтин талыахпыттан мэлдьи ити үөһээ эппит ис хоһооммунан үлэлиибин: Саха Айыы үөрэҕин психология наукатыгар тиһэн, айылҕа, айылгы сокуоннара биэрэр билиилэригэр олоҕуран, ону тэнитэн быһааран, хас биирдии киһиэхэ, сааһыттан, статуһуттан тутулуга суох, тус бэйэтин айылгытыттан таһааран, ситимнээн тириэрдэбин.

Сатанара буоллар, хас биирдии ийэ буолар баҕалаах дьахтарга «Ийэ оскуолатын» тэрийэн, онно үөрэннэҕинэ эрэ оҕотун төрүүрүгэр көҥүл биэрэр уураах баара буоллар ини –  диэн мэлдьи баҕарабын (оннооҕор, массыынаны ыытарга быраап биэрээри үөрэх, эксээмэн бөҕө!)

Бу ааһан иһэр 2024 сыл эйиэхэ төһө суолталааҕый?

– Бу сыл миэхэ «перезагрузка» сыла буолла: интэриниэккэ араас куурустары булан, талан ылан, вебинардары истэн, урукку билиилэр олуһун даҕаны дириҥээбиттэрин көрөн, астыныы бөҕөтөбүн!

Үлэлиир кабинетыҥ «Птица Феникс»  диэн ааттаах эбит. Бу туох суолталааҕый?

– Итиннэ икки өрүт баар: бэйэм төрөөбүт айылгым, дьылҕам ити номоххо хоһуйуллар Феникс курдук. Уонна, ыһыллыбыт киһи, ыал, төрөппүт, оҕо, ыччат Айыы үөрэҕин, психология билиилэрин туһанан, бэйэтин, оҕолорун  дьылҕатын сөптөөх сайдыыга хайыһыннарар кыахтааҕын иһин.

«Птица Феникс возрождается из пепла и, как птица-огонь, устремляется в жизнь» диэн бэлиэтэ миэхэ, мин үлэм ис хоһоонугар олус чугас. Онон бу аат хаһан даҕаны киһи сааһыланара хойут буолбатаҕын кэрэһилиир.​

Психологияҕа ситимнээх дьарык киһиэхэ ордук көмөлөһөр дуу, эбэтэр биирдэ сырыттахха да сөп дуу?

– Хас биирдии киһи тус майгытыттан, кыаҕыттан, бэйэтин хайдах туһуланарыттан тутулуктаах буолар. Холобура, сорохтор биир уһун, сиһилии консультациянан сөп буолаллар. Айылгытынан ону ылынар кыахтаах, баҕалаах дьон миигин булалларыттан оннук.

Оҕоҕо, ыччат дьоҥҥо «сопровождение до результата» диэн ньыма ордук туһалааҕын төрөппүттэр өйдүөх кэриҥнээхтэр. Быдан түмүктээх буолар. Сорох дьоҥҥо хаста эмэ кэпсэтэллэрэ сааһыланалларыгар, бэйэлэрин баҕаларынан бириэмэ болдьоһоллоро эмиэ ордук. Дьиэ кэргэҥҥэ, бэйэлэрин дьиэлэригэр, бары баалларыгар, оҥоһуллар консультация саамай туһалаах диэн этиэхпин сөп. Видео-аудио онлайн үөрэх билиҥҥи кэмҥэ табыгастаах, үгүс дьоҥҥо тоҕоостоох буолар.

Билиҥҥи эдэр төрөппүттэргэ соргулаах сүбэҥ тугуй?

– Киһиэхэ, дьиҥинэн, кыра даҕаны сааһыламмыт билии олус туһалыыр. Мин саамай улахан баҕа санаам: эдэр төрөппүттэргэ ситимнээх, оҕолорун, дьиэ кэргэн сыһыаныгар сөпкө сайыннаралларыгар аналлаах куурус (7-9 көрсүһүүлээх) олус туһалыа этэ диэн. Онно бэриллэр билиилэри таҥан, бэлэм ааптарыскай бырайыактаахпын. «Оҕону сааһын олуктарыгар, Айылгытыгар тирэнэн иитии, сайыннарыы» диэн эмиэ туспа, олус  туһалаах куурус баар.

Эдэр даҕаны, саастаах даҕаны төрөппүттэр, дьиҥинэн, бэйэҕит санааҕытын ууран, туруннаххытына, оҕолоргутун сөптөөх сайдыыга туһулуургут, чопчу, кыаллар суол диэн өйдөбүлү бигэргэтэбин.

Тус олох хаачыстыбатын тупсарар туһугар бэйэ айылгытын билии-үөрэтии буолар. Күннээҕи олоҕунан олорон, киһи бэйэтэ ону толору билэр кыаҕа суох эбит. Ол иһин, аныгылыы эттэххэ, сакральнай, кармическай  билиилэргэ олоҕурарыгар бу бырайыактар көмөлөөхтөр. Дьону кытта сыһыан, таптал, доҕордоһуу, биоритмнаргынан сөп түбэсиһии (совместимость), олох моһоллоро хантан кэлэр айылгылаахтарын, уо.д.а. арааһы өйдүүргэ анал билии элбэх.

Өрөспүүбүлүкэбитигэр «Төрөппүттэргэ, оҕолорго, ыччаттарга көмө киин» диэн тэриллэрэ – билиҥҥи кэммит тыын ирдэбилэ! Онно үлэлиир кыахтаах, баҕалаах, араас тус-туспа хайысханан үлэлиир психолог элбэх.

Күндээнэ, ааҕааччыларбытыгар тугу тириэрдиэҥ этэй?

– Олохпут сүрүн цикла: 9 күн, 9 ый, 9 сыл буолар. Холобур: 9-с күн – бу 9 күннээх циклга түмүк таһаарар күн. Онтон, дьэ, саҥа былааннары, бырайыактары саҕалыыр саҥа цикл 1-кы күнэ саҕаланар.

Онон, бука бары ааҕааччылары биир туспа ис хоһоонноох кэлэн иһэр 2025 сылынан эҕэрдэлиибин.

Сыллар циклларынан 9-с сылбыт үүнэр! Ааспыт 8 сылбыт тухары хамсаныыларбытын барытын түмүккэ таһаарар сылбыт.

Ону өйдөөн, бука бары чаҕылхайдык, таһаарыылаахтык, ситиһиилээхтик хамсанарбытыгар, олохпутун сөптөөх туһаайыыга туһулуурбутугар баҕарабын!

 

Күндээнэ Сүрэл өрөспүүбүлүкэ улуустарынан уопсай дьыала туһугар туруулаһан үлэлэспит үлэтигэр олохтоохтор махталларыгар сөп түбэһэр ис хоһоонноох “Уйулҕаһыт ууһа, бастыҥ иитээччи” диэн Е.А. Лукинова-Сэргээнэ анабыл хоһоонуттан быһа тардан, бүгүҥҥү кэпсэтиибитин түмүктүүбүт: 

Баҕа санаата ырааһыан, кэпсэтэрэ намыыныан,

Көстөр да мөссүөнэ – саха Далбар Хотуна.

Модукка кэлбитэ тоҕооһуон,

Түөлбэҕэ баара эриэккэһиэн!

Саҥаны-кэрэни, үтүөнү саҕааччы,

Билиилээхтэри кытта алтыһааччы,

Ыҥыран нэһилиэнньэҕэ кэпсэттэрээччи,

Ыччаты иитиигэ сүбэ маанытын биэрээччи.

Баҕарабыт күн сырдык киһиэхэ –

Баҕа санаалара туола туралларыгар,

Олоҕор, үлэтигэр ситиһиилээх буоларыгар,

Чэбдик туруктанан дьонун үөрдэ сылдьарыгар!

Хаартыскалар: дьоруой тус архыыбыттан

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

Медик: «Бааһырбыт байыаспын дөйүтэн баран соһорум»
Дьон | 20.12.2024 | 12:00
Медик: «Бааһырбыт байыаспын дөйүтэн баран соһорум»
Олус ыарахан кэпсэтии буолла. Ааҕааччыга тиэрдэр гына суруйуохха наада. Дьоруойум сөбүлэҥин ылыахпын наада. Тоҕо диэтэххэ кини анал байыаннай дьайыыга сылдьыбыт кэрэ аҥаар,  ийэ, медик. Кэпсии олорон ытаатаҕына, сырҕан бааһын таарыйаммын диэн кэмсинэн ылабын, онтон эмиэ чочумча буолан баран салгыыбыт.   Кини позывнойун кистиир, ханна баарын, билигин ханна олорорун эмиэ эппэппит. Сөбүлэһэн...
Хотой кырыыhа
Сынньалаңңа | 21.12.2024 | 12:00
Хотой кырыыhа
Аан Ийэ дойдуга алдьархайдаах сэрии уота сатыылаан, киhи-сүөhү, кыыл-сүөл, көтөр-сүүрэр барыта уйулҕата хамсаан, олоҕун укулаата ыhыллан, тыыннаах хаалар кыhалҕатыгар кыпчыттаран, олохсуйбут сириттэн тэлэhийэн, үрүң тыыннарын өрүhүнэр түбүгэр түстүлэр.     Оргуйа турар сэрии кутаатыттан тэскилээн, суттан-кураантан күрэнэн, төрөөбүт дойдутун хаалларан, көтөр кынаттаах бииhин ууhун көрдөhүүлэринэн, чуумпу-уйгу олоҕу көрдөөн, Хотой кыыл хоту диэки...
Ульяна Корякина:  «Сахам тылын саамай сүмэтин олоҥхоҕо көрөбүн»
Дьон | 20.12.2024 | 10:00
Ульяна Корякина: «Сахам тылын саамай сүмэтин олоҥхоҕо көрөбүн»
Емельян Ярославскай аатынан Дьокуускайдааҕы кыраайы үөрэтэр түмэл алгыс балаҕаныгар Прокопий Прокопьевич Ядрихинскай-Бэдьээлэ “Дьырыбына Дьырылыатта Кыыс Бухатыыр” олоҥхотун оллоонноон олорон толорон истээччилэри мунньар эдэркээн кыыс кимий?   – Ульяна, «Киин куорат» ааҕааччыларыгар бэйэҥ тускунан билиһиннэр эрэ. – Мин Чурапчы улууһугар Хоптоҕоҕо күн сирин көрбүтүм, улааппытым. Билигин Дьокуускайдааҕы М.Н. Жирков аатынан музыка коллеһын...
2025 сыл – Саха Өрөспүүбүлүкэтигэр Ийэ дойдуну көмүскээччи сыла
Сонуннар | 20.12.2024 | 18:51
2025 сыл – Саха Өрөспүүбүлүкэтигэр Ийэ дойдуну көмүскээччи сыла
Ахсынньы 19 күнүгэр Ил Дархан Айсен Николаев Ил Түмэҥҥэ туһулааһыныгар кэлэр 2025 сылы Саха Өрөспүүбүлүкэтигэр Ийэ дойдуну көмүскээччи сылынан биллэрдэ. Айсен Николаев бэлиэтээбитинэн, Саха сиригэр бүгүҥҥү күҥҥэ Аҕа дойду Улуу сэриитин 9 бэтэрээнэ олорор. «Бу саалаҕа анал байыаннай дьайыы кыттыылаахтара – Арассыыйа дьоруойдара, «Эр санаа» уордьанын, «Хорсунун иһин», «Бойобуой үтүөлэрин...