18.02.2021 | 08:33

Күндүөпкэни буһарыы, тууһааһын

Күндүөпкэни буһарыы, тууһааһын
Ааптар: Киин Куорат
Бөлөххө киир

Күндү ааҕааччыларбар үгэспинэн эмиэ аҕыйах саҥа ырысыаптарбын кытта билиһиннэриэм.

Астаан баран сороҕун хаартыскаҕа түһэрбэккэ хаалабын, уопсайынан, түһэрэн дьоҥҥо ыытар, кыратык “киэптии, киһиргии” түһэр туһунан умнан кэбиһэбин, онон сорох бүлүүдэлэрбин интэриниэттэн ылан угаттыам.

Мин быйыл Эдьигээн олус минньигэс, бөдөҥ, искэхтээх күндүөбэйдэрин атыыласпытым. Онтубун араастаан астыыбын, бастатан туран, соболуу бурдукка булкуйан арыыга ыһаарылыыбын. Бу ырысыабы суруйбатахха да саха дьоно барыта сатаан астыыр буолуохтаах.

Суоракка, кефиргэ буһарарбын дьон бары астынар, ырысыаппын үллэстэн бэйэлэрэ астанар буоллулар.

Туох наадата:

Эриэппэ луук – 1 устуука, моркуоп – 1 устуука эбэтэр аҥаара, 3-4 устуука күндүөпкэ, мас арыыта.

Астааһына:

  1. Күндүөпкэбитин хатырыктыыбыт, иһин, төбөтүн, кутуругун быһан, ыраастаан баран куһуоччуктарга араартыыбыт. Сорох балык кээмэйиттэн эбитэ дуу, тоноҕоһун кытта уҥуохтара бэрт дэбигистик кэлэллэр, оччоҕо олох уҥуоҕа суох сииргэ туох да бэртээхэй буолар.
  2. Мас арыытын хобордооххо кутан баран луукпутун тиэрбэстии кырбаан, моркуоппутун теркалаан эбэтэр уһун синньигэс гына кырбаан ыһаарылыыбыт.
  3. Сымнаан истэхтэринэ күндүөпкэни үрдүгэр уурталаан салгыы ыһаарылыыбыт, сотору кэминэн суораппытын эбэтэр кефирбитин балыкпытын бүрүйэр гына чараастык кутабыт.
  4. Өрүс балыга бэрт түргэнник буһар, онон уонча мүнүүтэнэн бэлэм буолуо, олус сымнаҕас, ураты амтаннаах бүлүүдэ буолан тахсар.

Духуопкаҕа буспут күндүөпкэ

Сорохтор күндүөпкэ диэни билбэттэр, онон нууччалыыта ряпушка буолар диэн быһаарабын. Арыыга ыһаарылаан сииртэн кыратык уларытан духуопкаҕа эмиэ буһарабын. Маныаха эмиэ үөһэ суруйбут ингредиеннэрим наада буолаллар.

Астааһына:

  1. Үөһэ суруйбутум курдук, барытын ыраастаан бэлэмниибит.
  2. Буһара уурар лииспитин (противень) арыынан сотон баран луук, моркуоп тэлгэтэбит.
  3. Балыкпытын бэлэмнээн баран, табылыннаҕына уҥуоҕун ылабыт уонна хартыыһалаах майонеһынан сотобут.
  4. 200 кэриҥэ кыраадыс ититиллибит духуопкаҕа 20-чэ мүнүүтэ буһарабыт. Манна сыыр баар буоллаҕына, ону балыкпыт үрдүгэр теркалаан ууруохха сөп. Олус минньигэс, эмиэ ураты амтаннаах бүлүүдэ буолан тахсыа.

Күндүөпкэни тууһааһын

Бу ырысыабы биир эдьиийим ыыппыта. Кини маннык ньыманан сөлүөккэни тууһаатым диэбитэ. Биһиги эмиэ күндүөпкэбитин боруобалыахха. Мин барытын харах көрүүтүнэн оҥорооччубун, манна барыта төһө элбэх балыгы тууһуургуттан тутулуктаах. Ону үгүс хаһаайка  билэрэ буолуо.

  1. Балыкпытын ыраастаан баран тута ылан сиирдии кыра куһуоччуктарга бысталаан баран бааҥкаларга угаттыыбыт. Мин 4 балыгы кырбаан кутаары гыммытым, икки бааҥкаҕа баппатаҕа, ол иһин лаахтаах миискэҕэ укпутум;
  2. Балыккытын укпут истикилээҥкэҕитигэр лавр сэбирдэҕэ (биир-икки сөп буолуо), аҕыйах өлүүскэ чеснок (3-4), төкүнүк хара биэрэс (горошек) кутаҕыт;
  3. Туһунан ороһуол оҥороҕут:

Лиитэрэ курдук ууга 3 остолобуой ньуоска туус (оргутаҕыт уонна сойутаҕыт).

  • Дьэ бу кэннэ ороһуолгутун бааҥкаларга эбэтэр лаахтаах миискэҕэ балыккытын сабар гына кутаҕыт. Кыра бүлүүһэни үрдүгэр ууруоххутун, баттатыаххытын сөп.
  • Сарсыарда тууһаабыт буоллаххытына, киэһэ сиэххитин, амсайыаххытын сөп буолар.

Ыһаарыламмыт краб палочкалара

Маҕаһыыҥҥа крабовай палочка диэн атыыланарын бука бары билэбит. Маны үксүгэр салаакка туттабыт. Оттон ыһаарылаатахха олус диэн минньигэс буолар эбит, били сакаастаан ылар астарыгар маарынныыр дии санаатыбыт. Туох наадата:

1 устуука сымыыт, минеральнай уу (мин көннөрү ууну куппутум), 3 ост.нь. бурдук, чеснок, туус, биэрэс, панировочнай суухара.

  1. Тиэстэ оҥоробут: сымыыппытын кутабыт, кыратык уу эбэбит, бурдук, илдьиритиллибит чеснок, туус, бытархай биэрэс бэйэ сөбүлүүрүнэн.
  2. Хобордооххо мас арыытын ититэбит.
  3. Крабовай палочкаларбытын ылан эрдэттэн салапааннарыттан босхолуубут.
  4. Сылыйбыт арыыбытыгар палочкаларбытын бастаан кураанах бурдукка булкуйан ылабыт, онтон тиэстэбитигэр, бүтэһиккэ панировкаҕа булкуйа охсон баран хобордоохпутугар кутан бэрт түргэнник, биирдии өттүн 1-1,5 мүнүүтэ ыһаарылыыбыт.
  5. Остуолга биэрэрбитигэр кыракый соус иһитигэр терияки минньигэс соуһун кутабыт. Онно булкуйа-булкуйа сиибит. Олус минньигэс ас буолар!

Түргэн бэчиэнньэ

Биир күн бэчиэнньэ буһарбыт киһи дии санаатым. Таһырдьа тахсыбат, маҕаһыыҥҥа улаханнык сылдьыбат буоламмын, этэргэ дылы, ингредиеним суох курдук. Бэчиэнньэ хайаан да маргарин арыыга, кефиргэ эрэ оҥоһуллуохтаах дии саныыбын. Онтон биир олус судургу ырысыабы булан ыллым, кэргэним, оҕолорум олус сөбүлээтилэр, өссө сакаастыыр буоллулар. Дьэ, туох наада эбитий:

1 сымыыт, 100 г саахар, 120 г мас арыыта, туус, разрыхлитель, бурдук.

  1. Сымыыппытын алдьатан миискэ түгэҕэр кутабыт, үрдүгэр саахарбытын (мин иккистээн оҥорорбор аҕыйаппытым, наһаа минньигэс буолар эбит) мас арыытын эмиэ аччаппытым, туус кутабын, разрыхлитель суох буолан чаайынай ньуоска аҥаара суода куппутум.
  2. Барытын булкуйабыт, манна миксердиир ордук эбит. Ол кэннэ кыралаан бурдук кутан ньуосканан булкуйабын.
  3. Төгүрүк саарыктары оҥорон духуопка лииһигэр уурталыыбын, онтон биилкэнэн ойуулаан тэнитэн биэрэбин. Быһа холоон уонтан кыратык тахса бэчиэнньэ тахсар. Дьиэлээхтэрим коржик курдук диэн олус астынан сииллэр.

Олус минньигэс салаат

Бу салааты тута сөбүлээбиппит, билигин майонез оннугар соевай соус эҥин кутуллар салааттарын оҥорор буоллум. Ити кытай салааттарын, сушины эҥин сөбүлүүрбүттэн эбитэ дуу. Ириис буһардахпына эмиэ хайаан да соевай соуһа суох сатаммаппыт, хайаан да остуолбутугар уурабыт. Туох наадатын билиэххэ:

Икки сибиэһэй оҕурсу, 2 араас өҥнөөх болгарскай биэрэс, 1 моркуоп, 250 г ынах этэ, чеснок, аҕыйах кукуруза.

  1. Оҕурсуну ойоҕолуу быһан баран уһун синньигэс гына кырбыыбыт, миискэҕэ кутан туустаан баран оннук туруора хаалларабыт.
  2. Наһаа улахана суох икки араас өҥнөөх биэрспитин эмиэ синньигэс гына кырбыыбыт.
  3. Биир моркуоппутун корейскай теркаҕа аалабыт. Эмиэ уһун синньигэс буолуохтаах.
  4. Эппитин ылан уһун синньигэс гына кырбаан баран мас арыытыгар ыһаарылыыбыт, туустуубут, кыратык уу кутабыт. Орто уокка уута көтүөр диэри буһарабыт.
  5. Моркуоппутун эппитигэр кутабыт, 3 ост. нь. соевай соус эбэбит, булкуйабыт, моркуоп сымныар диэри 5 мүнүүтэ кыратык буһара түһэбит.
  6. Салааппытын холбуубут: оҕурсубутугар кырбаммыт биэрэспитин кутабыт, 2-3 өлүүскэ чесногу илдьиритэн кутабын, итиилии эттээх моркуоппутун эбэбит.
  7. Хара, кыһыл биэрэс кутабыт, 2-3 ост.нь. кукуруза эбэбит, 1 ч. нь. 9 бырыһыаннаах уксуус, бэйэ сөбүлүүрүнэн укуруоп эбэтэр петрушка, уонна эмиэ 3 ньуоска соевай соус кутабыт. Арыыта кыра буоллаҕына мас арыыта эбиэххитин сөп.
  8. Салааты кырата 1 чаас тымныы сиргэ, холодильникка угуохха наада.
  9. Салаат эмиэ да минньигэстиҥи, эмиэ да аһыытыҥы буолар, сииргэ олус үчүгэй, кэлин оҥороргутугар бэйэҕит өссө тупсаран, эбэн-көҕүрэтэн биэриэххитин сөп.

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

Ылланарга айыллыбыт олох
Дьон | 11.10.2024 | 12:00
Ылланарга айыллыбыт олох
Хаһааҥҥытааҕар даҕаны ардахтаах күһүн буолла. Уһун ардахтарга өйбөр куруутун “Тохтообокко ардах түһэр, Түннүкпэр таммаҕы ыһар...” ырыа тыллара ытыллар.   Биһиги көлүөнэ оҕолор үрдүкү кылаастартан саҕалаан “Ардахха санаа” ырыаны истэ улааппыппыт. Оччолорго, биллэн турар, ким тыла, ким матыыба буоларын улаханнык билэ да сатаабат этибит. Ырыа баар да баар. Киһи олоҕун кэрдиис кэмнэринэн...
Тапталга уйдаран
Спорт | 03.10.2024 | 16:00
Тапталга уйдаран
Көҥүл тустууга Герман, Александр, дуобакка Станислав Контоевтар курдук үс аан дойду чөмпүйүөнэ оҕолордоох Степан, Варвара Контоевтар олохторо мүччүргэннээх, көрүдьүөс түгэннэринэн толору. Аҕалара, эһэлэрэ Степан Степанович Горнай улууһун Маҕараһын оскуолатыгар күнүһүн физруктуурун быыһыгар, киэһэ өттүгэр оҕолору тустуунан уонна дуобатынан дьарыктаан, спорка уһуйан, аан дойду алта чөмпүйүөнүн таһаартаабыта улахан ситиһиинэн буолар. Ийэлэрэ,...
Киин куоракка саҥа сквер тутуллуон сөп
Дьон | 05.10.2024 | 14:00
Киин куоракка саҥа сквер тутуллуон сөп
2022 сыл кулун тутар 8 күнэ биһиэхэ ыар сүтүк күнэ этэ, ыраас халлааҥҥа этиҥ эппитинии аймаабыта: ыарахан ыарыы дьүөгэбит Ирина Елизарова сырдык тыынын ылан барбыта.   Чугас киhиҥ, дьүөгэҥ, доҕоруҥ суох буоллаҕына, биллэн турар, бастакынан үйэтитии туhунан санаалар киирэллэр эбит. Кини биллэр, бэйэтэ ааттаах-суоллаах, историялаах, сүгүрүйээччилэрдээх, истээччилэрдээх буоллаҕына, атыннык толкуйдуу да...
Борис Борисов: «Пушкиҥҥа сүгүрүйүүм — “Евгений Онегины”  нойосуус билиим»
Дьон | 10.10.2024 | 10:00
Борис Борисов: «Пушкиҥҥа сүгүрүйүүм — “Евгений Онегины” нойосуус билиим»
Саха киһитэ тыйаатыры, артыыстары олус ытыгылаан  ылынар ураты көрөөччү. Ол оруоллары ураннык толорор артыыстартан сүдү тутулуктааҕын саарбахтаабаппын. Оннук биир үтүө киһи, Саха Өрөспүүбүлүкэтин норуодунай артыыһа, Щепкин аатынан Үрдүкү театральнай училище “көмүс выпускнига” Борис Иванович Борисовы кытта өрөгөйдөөх 75 сааһынан сэһэргэстибит.   – Артыыс буолар баҕа санаа оҕо эрдэххиттэн баара дуу? –...