26.10.2020 | 09:02

Күндү киһи

Ааптар: Айыына Ксенофонтова
Бөлөххө киир

Таптал туһунан кэпсээни ааҕааччы ордук сөбүлээн ааҕар. Ол эрээри оҕо саас ахтылҕана хайа баҕарар киһини долгутар дии саныыбын.

Эбээ, эһээ  ураты тапталларынан угуттанан улааппыт дьону дьоллоохторунан ааҕабын. Миэхэ эдьиийим Надежда Семеновна уонна күтүөтүм Семен Гаврильевич Беляевтэр эбэбин уонна эһэбин солбуйбуттара. Кинилэр баар буолан, оҕо сылдьан чаҕыл күнүм күүскэ тыгара, күөх халлааным күлүмнүү күлэрэ. Күндү дьонум сиэдэрэй сибэккинэн симэммит тиэргэннэрэ күннүүн тэҥҥэ сырсар, лыахтыын көтө дайар сылларбар остуоруйа алыптаах дойдутугар кубулуйбута.

Таптыыр, ахтар дьоммор муҥура суох махтанабын уонна бу кэпсээммин аныыбын.           

 

Аайа эбэлээх, эһэлээх оҕолорго олус ымсыырар. Ыаллара Өрүүнэ эмээхсин уонна Киргиэлэй оҕонньор Витюшалаах Петяны атаахтатан, маанылаан тахсаллар.  Күннэрэ-ыйдара сиэннэриттэн тахсар.

Кинилэргэ киирдэххэ, Өрүүнэ барахсан бэрэски эбэтэр алаадьы астыы, сороҕор күөрчэх ытыйа олорор буолар. Мэлдьи сибэкки ойуулаах былааттаах, халааттаах, сайыннары-кыһыннары сэлиэччиктээх   буолар.  Оттон Киргиэлэй оһоҕун иннигэр тымтык тыыра эбэтэр хайа эрэ сиэнин этэрбэһин уллара олорорун көрөр. Хаатыҥкатын хаһан даҕаны уһулбат, атаҕа тоҥор буоллаҕа дуу?

Өрүүнэлээх Киргиэлэй хаһан да кыыһыран тымта сылдьыбаттар. Мэлдьи үөрэ сылдьаллар. Оҕолору олус таптыыллар. Аайа улааттаҕына кинилэр курдук үчүгэй эбээ буолуоҕа, сиэннэрин олус таптыаҕа, көрүөҕэ-харайыаҕа.    

 Аайа халҕан ааны аһан киирдэҕинэ, оҕонньордоох эмээхсин үөрэн: “Тыыннаах араадьыйабыт кэллэ!” – диэн күлүм аллайа түһэллэр. Ханна да олордуохтарын, тугунан күндүлүөхтэрин билбэттэр. Оҕонньор кыысчааны тобугар олордор уонна кэтэҕиттэн имэрийэр. Мэлдьи дьар курдук табах сыттаах буолар. Өрүүнэ, ыалдьыты минньигэс аһынан күндүлээри, остуолун диэки алтахтыыр эбэтэр ытыгын ылаары, ыскаабын тардарын хасыһар.  

Дьиҥэр, кинилэр икки сиэннээхтэр ээ. Витюшалаах Петя сыл аайы сайылыы кэлэллэр. Сороҕор Саҥа дьыл бырааһынньыктарыгар, сааскы сынньалаҥҥа хонон-өрөөн, мааныланан бараллар. Оттон Аайа кыыс санаатаҕын аайы Киргиэлэйдээххэ киирэ турар. Икки олбуор икки ардыгар баар кини эрэ батар хаптаһын “ааннаах”.  Онон дьылыс гынан хаалар уонна оҕонньордоох эмээхсин тиэргэннэригэр биирдэ баар буола түһэр.

Киргиэлэйдээх күндү ыалдьыттарын баардарынан-суохтарынан күндүлүүллэр. Ол тухары Аайа, тыыннаах араадьыйа курдук, айаҕа хам буолбакка тугу эрэ кэпсиир. Сороҕор чэйигэр чачайар, онуоха: “Оо, дьэ, кыл күөмэй!” – диэн аймана түһэллэр. Итиэннэ хайалара уруттаабытынан аргыый сэрэнэн, көхсүн таптайаллар. Аайа ардыгар, кэпсээнигэр буолан, айаҕар аһы толору симтибитин көрөн, Киргиэлэй: “Доҕор, ыл, чэйдэ кут, көхсүгэр туруо”, – диэн Өрүүнэтигэр имнэнэр. Оччоҕуна биирэ чаанньыгын үрдүгэр түһээхтиир.

Эмээхсиннээх оҕонньор кыра кыыс кэпсээнин болҕойон истэллэр, күлэллэр, сороҕор хаадьылаан да ылаллар.

Аайа санаатыгар, дэриэбинэҕэ олорор дьон бары дьикти баҕайы ааттаахтар.

–Ити Суоппуйа эмээхсини тоҕо Снайпер дииллэрий? – “тыыннаах араадьыйа” дьиэлээхтэртэн ыйытар.

–Сэриигэ сылдьыбыта, ол иһин хараҕа кыҥыы сылдьарга үөрэнэн хаалбыт, – диэн дьээбэлииллэр.

–Саалаах Саабаны тоҕо итинник ааттыылларый? – диэн Аайа токкоолоһор.

–Саатын укта сылдьар. Көрбөккүн дуо, мэлдьи үрүксээктээх сылдьарын? – диэн Киргиэлэй күлэр.

–Дима эһэтэ Арамаан тоҕо Алаадьы буолбутуй? – Аайа ыйытарын тохтоппот.

–Тыый, билбэккин дуо? Ол аһы олус сөбүлүүр. Күн аайы арыылаах алаадьынан аһыыр, – Өрүүнэ чэй кута олорон оҕонньоругар эбии-сабыы буолар.

Ол аайы Аайа барытын кырдьыктанар. Саалаах Саабаны уулуссаҕа көрүстэҕинэ, ырааҕынан тумнар. Оттон Снайпер Суоппуйаны бу кыҥыы олорорун хараҕар оҥорон көрөр. Алаадьы Арамаан алаадьынан аһаан абыраммыт киһи, ол эрээри уойбута көстүбэт, бэрт хатыҥыр бэйэлээх ээ.       

Өрүүнэ миинин, соккуойун хайаан даҕаны тобус-толору кутар. Ыалдьытын тэриэлкэтэ кураанахтаммытын манаан олорон, иккистээн көрдөөн ылар. Үс-түөрт хомуоһу эбэн биэрэр. Аайа, кинини хомотумаары, хаһан да аккаастаммат. Ол аайы Киргиэлэй ымманыйар: “Оҕобут үчүгэйдик аһыыр, аһыыр киһи үлэһит буолар”.

Ити курдук, күө-дьаа кэпсэтэ-кэпсэтэ, үһүөн олорон аһыыллар. Дьиэ иһэ сырдыгынан сыдьаайарга, сылыйарга дылы.

Аайа, бүтүн үс кылаас үөрэхтээх киһи, дьоһуннанан олорон, эмээхсиннээх оҕонньорго кинигэ ааҕар. Анаан-минээн “Төрөөбүт литературабыт” үөрэнэр кинигэтин илдьэ кэлэр. Эбэтэр убайа аахпакка сытар кинигэтин кыбынан киирэр. Кыра ааҕааччы диэтэххэ, бэртээхэй кэпсээнньит. Куолаһын араастаан уларытан артыыстыыр, тохтоон ылар, субу-субу истээччилэрин сирэйдэрин кэтиир. Астыммыт, манньыйбыт, хайҕаабыт харахтарын көрөн, өссө кыһаллан ааҕар. Мэктиэтигэр, тиритэр, тамаҕа хатар. Оччоҕуна Өрүүнэ эмээхсин чааскытын уунар, Киргиэлэй кыыс сүүһүн өрбөх сыыһынан сотор.

Сороҕор дьоһумсуйан олорон хаһыат сонуннарын ааҕар. Дьиэлээхтэр, аан дойду сонуннарын истэн, сирэйдэрэ-харахтара сырдыыр. Ол кэннэ кыыс оскуолаҕа туох буолбутун, тугу үөрэппиттэрин, уулуссаҕа кими көрсүбүтүн сэһэргиир. Киргиэлэйдээх Өрүүнэ ханна даҕаны улаханнык кэлбэттэр-барбаттар, ас маҕаһыыныгар эрэ сылдьаллар. Ол иһин дэриэбинэ тугунан тыынан олорорун кыра ыалдьыт кэпсээниттэн истэллэр-билэллэр. 

Дьиэлээхтэр Аайаны “күндү ыалдьыппыт”, “үөрэхтээх оҕобут”,  “бэйэбит киһибит”, “тыллаах чыычаахпыт” диэн ааттыыллар. Саастарын тухары кыыс оҕо диэни билбэтэх дьоҥҥо, чахчы даҕаны, күндү киһи буолар үчүгэйин!

Кыыс ийэлээх аҕата күнү быһа үлэлииллэр, оттон убайа улахан кылааска үөрэнэр. Онон дьиэтигэр үксүн соҕотох буолан, ыалларыгар тахсан сэргэхсийэр. 

Киргиэлэй табаҕын сыта туохтааҕар да күндү. Өрүүнэ барахсан үүттээх чэйэ, алаадьыта, бэрэскитэ олус минньигэс. Кинилэр эргэ дьиэлэрин хас биирдии эркинэ сылааһынан, сырдыгынан сыдьаайар.

Кыһын улахан тымныы түстэҕинэ, ыалдьыттара хас да хонукка сүтэр. Оччоҕуна кырдьаҕас ыал дьиэтэ чуҥкуйар. Бэйэ-бэйэлэрин сирэйдэрин-харахтарын маныыллар,  кэри-куру сылдьаллар. Ааннарын диэки субу-субу көрөллөр. Астарын хааччына соҕус астаналлар, баҕар, “бэйэлэрин киһилэрэ” киирэн кэлиэҕэ. Хайдах туга да суох кураанах көрсүөхтэрэй?     

Биирдэ тохсунньу тоһуттар тымныы күннэригэр күүтүүлээх ыалдьыттара үс күн мэлийдэ. Сүтүктээннэр, Өрүүнэ халыҥнык таҥнан, ирдэһэ тахсарга сананна.

Сотору соҕус хойуу туманы бүрүнэн, эмээхсин киирэн кэллэ. Оҕонньор, нуктаан испит бэйэтэ, оронугар олоро биэрдэ.

Били киһибит тымныйан, балыыһаҕа киирбит.

Бай, туох буоллаҕай! – Киргиэлэй куолаһа титиристээн ылла.

Бука, тымныы салгыны эҕирийдэҕэ...

Киэһэ иккиэн даҕаны ууну омурдубут курдук сырыттылар.  Оннооҕор аһыыр астара ас буолбата.

Сарсыарда Киргиэлэй хаатыҥкатын кэтэ олорон:   

Ыл, эмээхсин, ыарыһахпытыгар тугу эмэни бөрөөн ыытыахха. Ийэтэ хаска барара буолла?

Үлэтин кэннэ үһү.

Чэ, олоруоҥ дуо, эккин таһаар. Мин маҕаһыыҥҥа баран кэлиэм...

Бу иннинэ оргууй аҕай сылдьыбыт бэйэлэрэ биир кэм тилигирэс буола түстүлэр. Киргиэлэй көрүөх бэтэрээ өттүгэр маҕаһыыҥҥа тэп гынан хаалла. Өрүүнэ куукунатыгар ас астаан букунайда.

***

Аайа балыыһаҕа тэһийбэт. Хайыыр да кыах суох, үтүөрдэҕинэ биирдэ тахсар. Хата, “итииргээбэт” буолла. Температурата түспүт үһү. Ытысчаана, атаҕын тилэҕэ умайбат. Онон син утуйан ылар. Арай түүн үөһэ, туох эрэ тэһэ кэйэринии, сөтөлө бэргиир. Торуоскалаах Тороппуун оҕонньор курдук хахсыйар. Сороҕор ыта Доҕор курдук ыйылаан ылар. Сөтөлүннэҕинэ, түөһэ хайа барыах курдук, хам тутар. Олус күүскэ иэрийдэҕинэ, муннун хаана кэлэр.

         Бүгүн ийэтэ кэлэ илик. Арааһа, аһын астыы сырыттаҕа. Киргиэлэйдээх Өрүүнэни олус аҕынна. Сүтэрдэхтэрэ.

         Арай палаата аана аһылынна, ийэтэ мичээрдээбитинэн киирэн кэллэ.

–Тоойуом, бу Киргиэлэйдээх кэһиилэрин аҕаллым. Итиилии иһэр, түргэнник үтүөрэн тахсар үһүгүн, – диэтэ уонна суумкаттан биир-биир хостоон таһаара турда. – Оттон бу дьиэҕиттэн сөбүлүүр куукулаҕын аҕаллым.

Таҥас суумканы өҥөйөн көрбүтэ – тиэрмэс, черешня хомпуота, утах, бэрэски. Киргиэлэйдээх кэһиилэрэ! Ийэтэ итии миини тэриэлкэҕэ кутта, кыыска ньуоскатын уунна. Үчүгэйиин! Бэрэскитэ сойо илик эбит. Үөрэ-көтө иккини мотуйда. Утаҕын субу-субу куттан, бүтэрэ сыста. Хомпуотун сарсыҥҥыга хаһаанна.

–Хайа, тоойуом, өссө кутабын дуо? – диэн ыйытыа этэ Өрүүнэ.

–Тоҕо ыйытаҕын, кут ээ. Оҕом үчүгэйдик аһыыр, үлэһит киһи буолуо, – диэх этэ Киргиэлэй.

“Түргэнник үтүөрүөм, балыыһаттан тахсыам. Оччоҕуна Киргиэлэйдээххэ бара сылдьыам. Ханнык кинигэбин илдьэ тиийэрим буолла?” – дии саныы сытан, Аайа кыыс утуйан буккураан хаалла.

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

Медик: «Бааһырбыт байыаспын дөйүтэн баран соһорум»
Дьон | 20.12.2024 | 12:00
Медик: «Бааһырбыт байыаспын дөйүтэн баран соһорум»
Олус ыарахан кэпсэтии буолла. Ааҕааччыга тиэрдэр гына суруйуохха наада. Дьоруойум сөбүлэҥин ылыахпын наада. Тоҕо диэтэххэ кини анал байыаннай дьайыыга сылдьыбыт кэрэ аҥаар,  ийэ, медик. Кэпсии олорон ытаатаҕына, сырҕан бааһын таарыйаммын диэн кэмсинэн ылабын, онтон эмиэ чочумча буолан баран салгыыбыт.   Кини позывнойун кистиир, ханна баарын, билигин ханна олорорун эмиэ эппэппит. Сөбүлэһэн...
Валентин Баһылайап: «Эмээхсин өтө көрбүт быһыылаах»
Дьон | 08.12.2024 | 14:00
Валентин Баһылайап: «Эмээхсин өтө көрбүт быһыылаах»
Биһиги ортобутугар араас дьылҕалаах, үлэлээх-хамнастаах, дьарыктаах дьон элбэх. Хас биирдии киһи син биир туох эрэ уратылаах, талааннаах, киһи кэрэхсиир кэпсээннээх. Биир оннук киһини кытта сэһэргэспиппин ааҕааччыларбар тиэрдиэхпин баҕарабын.   — Валентин Титович, кэпсэтиибитин билсиһииттэн саҕалыахха. — Бэйэм Сунтаартан төрүттээхпин, Хатырыкка олохсуйбутум 44 сыл буолла. Хадан нэһилиэгэр 1951 сыллаахха төрөөбүтүм. Бииргэ төрөөбүт...
Үчүгэйи көрөргө хаһан үөрэнэбит?
Сонуннар | 14.12.2024 | 13:15
Үчүгэйи көрөргө хаһан үөрэнэбит?
Сиэн көрө куоракка кыстыыбын. Күн аайы оптуобуһунан оҕобун оскуолаҕа илдьэбин-аҕалабын. Быйыл, дьэ, этэргэ дылы, үйэ тухары хамсаабатах маршруттарга уларыйыылар таҕыстылар. Бассаапка үөхсэн туох туһа кэлиэй, төттөрүтүн, дьону күөртээн эрэ биэрии курдук. Ол иһин бу турунан туран Дьокуускай куорат сахалыы тыллаах хаһыатыгар санаабын тиэрдэргэ соруннум.  Бииринэн, нэһилиэнньэбит ахсаана күн-түүн улаата турар....