04.04.2024 | 12:00

Көмө тохтоло суох оҥоһуллар

Көмө тохтоло суох оҥоһуллар
Ааптар: Наталья КЫЧКИНА
Бөлөххө киир

Анал байыаннай дьайыы кыттыылаахтарын өйүүр “Аҕа дойдуну көмүскээччилэр” Судаарыстыбаннай пуонда филиала Саха Өрөспүүбүлүкэтигэр биир бастакынан, 2023 сыл ыам ыйын 30 күнүгэр, арыллыбыта уонна 2023 сыл бэс ыйын 1 күнүттэн үлэтин саҕалаабыта. 
Бу пуонда бастатан туран ийэлэргэ, байыастар кэргэттэригэр улахан көмө буолбута саарбаҕа суох. 


Мин бу Пуонда туһунан сырдатыахпын баҕарбытым ыраатта. Бүгүн пуонда салайааччыта Алексей Иванович Александров үлэ-хамнас, байыастарга көмө уо.д.а. туһунан кэпсиирин истиэҕиҥ.

Филиал аһыллыыта

Филиал үлэтин анал байыаннай эпэрээссийэ кыттыылаахтарын уонна кинилэр дьиэ кэргэттэрин чилиэннэрин СӨ Ил Дарханын 31.03.2023 с. № 459-РГ дьаһалынан тэриллибит Биэдэмистибэлэр икки ардыларынааҕы хамыыһыйа өйүүр. Хамыыһыйаны СӨ Бырабыыталыстыбатын Бэрэссэдээтэлин солбуйааччы Г.М. Степанов салайар.

Ил Дархан А.С. Николаев сорудаҕынан кылгас болдьоххо Пуонда филиалын дьиэтин булар үлэ ыытыллыбыта, Саха Өрөспүүбүлүкэтин суотугар хапытаалынай өрөмүөн оҥоһуллубута, саҥа миэбэлинэн, компьютерынан уонна үлэлиир тиэхиньикэнэн хааччыллыбыта.

Филиал офиһа Дьокуускай куоракка Ойуунускай уулуссатын 41/1 элбэх мэндиэмэннээх дьиэтин бастакы этээһигэр түстэнэн үлэлии олорор.

Пуонда социальнай координатордара "СӨ нэһилиэнньэ социальнай көмүскэлин управлениеларыгар" уонна муниципальнай оройуоннар дьаһалталарыгар үлэлииллэр, кыһалҕалаахтары көрсөллөр.

 

Бүгүҥҥү күҥҥэ үлэтэ

Муус устар 1 күнүнээҕи туругунан, 51 киһи үлэлиир, ол иһигэр 43 социальнай координатор, кинилэргэ көмөлөһөөччү 15 киһи. Социальнай координатортар ортолоругар 1 байыаннай дьайыы бэтэрээнэ, СВО кыттыылааҕа, 4 СВО кыттыылаахтарын дьиэ кэргэнин чилиэнэ (ол иһигэр 1 огдообо) бааллар. Үлэҕэ ылыыга социальнай координатордарга РАНХиГС дистанционнай пуорманан квалификацияларын үрдэтии ыытыллар.

Бүгүҥҥү күннээҕи туругунан, о.э. муус устар 1 к., социальнай координатордарга 1 227 гражданин сыһыарыллан комплекснай арыаллааһыҥҥа сылдьар.

РФ Бэрэсидьиэнин Ыйааҕар ыйыллыбыт сүрүн категорияттан ураты, көмө уонна консультация оңоробут: бойобуой дьайыы бэтэрээнэ диэн дастабырыанньата суохтарга, СВОҕа мобилизациянан ыҥырыллан сылдьар буойуннарга, баҕа өттүнэн, хантараак баттаһан барбыттарга, уонна кинилэр дьиэ кэргэттэрин чилиэннэригэр, ЧВК иһинэн барбыттарга.

Пуонда элбэх өҥөнү оҥорор социальнай киинин салаатыгар социальнай координатордар уонна СӨ Социальнай пуондатын, Дьокуускай куорат дьаһалтатын, Элбэх өҥөнү оҥорор киин (МФЦ), уонна Үлэ министиэристибэтин, Доруобуйа харыстабылын министиэристибэтин, Үөрэх уонна наука министиэристибэтэ, Дьарыктаах буолуу судаарыстыбаннай кэмитиэтин исписэлиистэрэ гражданнары кытта күн аайы көрсөллөр.

Психолого-терапевтическай көмөнү күн аайы Өрөспүүбүлүкэтээҕи психоневрологическай диспансер икки клиническэй психолога оҥорор.

ФКУ “ГБ МСЭ” (инбэлииккэ таһаарыы) ааһыытын эрдэттэн суруйтарыынан (нэдиэлэ аайы сэрэдэҕэ) оҥоһуллар.

 

Бииргэ үлэлэһиилэр

Пуонда босхо юридическэй көмөнү оҥорор сыалтан СӨ прокуратуратын, СӨ киһи быраабын көмүскүүр боломуочунайын, Суут бириистэптэрин федеральнай сулууспатын управлениетын, Арассыыйа юристарын ассоциациятын Саха сиринээҕи салаатын, Юстициятын министиэристибэтин управлениетын Адвокатскай палаататын уонна СӨ Нотариальнай палаататын кытары бииргэ үлэлээһин туһунан үс өрүттээх сөбүлэҥ түһэрсибитэ.

Госпуонда филиалын балаһааккатыгар эрдэттэн суруйтарыынан ый аайы иккис уонна төрдүс бээтинсэҕэ прокурор, уонна нэдиэлэ аайы бэнидиэнньиккэ уонна сэрэдэҕэ адвокат көрсүһүү ыыталлар.

Пуонда филиала судаарыстыбаннай былааһы, муниципальнай оройуоннар дьаһалталарын (35 сөбүлэҥ), быраабы араҥаччылыыр уонна надзор органнарын, тэрилтэлэри уонна уопсастыбаннай тэрилтэлэри кытары бииргэ үлэлээһин туһунан 68 сөбүлэҥи түһэрсибитэ.

2023 сыл бэс ыйын 1 күнүттэн 2024 сыл муус устар 1 күнүгэр диэри 5 156 кэриҥэ гражданинтан 15 733 ыйытыы киирбитэ. Мантан быһа холоон 14 282 араас кыһалҕа быһаарылынна (90,8 %).

Саамай элбэх туһаайыы киирдэ: социальнай өйөбүл миэрэтин анааһыҥҥа – 4 502; СВОҕа кыттыбыт байыастарга харчынан төлөбүрдэр – 2 510; медицинскэй көмө (ол иһигэр реабилитация) – 1 038, байыаннай дьайыы бэтэрээнин дастабырыанньатын ылыы – 843, юридическэй көмө – 467.

3 879 гражданиҥҥа тус сыаллаах категорияттан тутулуга суох 10 785 боппуруоска сүбэ-ама оҥоһулунна (сулууспалаахтар уонна кинилэр дьиэ кэргэттэрин чилиэннэрэ о.д.а.), бу киирбит ыйытыылар уопсай ахсааннарын 68,6 %-нын ылар.

Бу сылга медицинэҕэ сыһыаннаах 632 ыйытыы киирбитэ (ол иһигэр 120 байыаннай дьайыы бэтэрээннэриттэн), ол иһигэр:

- 60-тан тахса киһиэхэ “Медицинскэй реабилитациялыыр уонна спортивнай медицина киинигэр”, “Инбэлииттэри кэлимник реабилитациялыыр социальнай-чэбдигирдэр киин” уонна 1 №-дээх Өрөспүүбүлүкэтээҕи медицинскэй реабилитациялыыр балыыһаҕа көмө оҥоһулунна;

- СӨ Доруобуйа харыстабылын министиэристибэтин кытта түһэрсиллибит сөбүлэҥ чэрчитинэн СВО 164 кыттыылааҕар уонна СВО хонуутугар олохторун толук биэрбит байыастар дьиэ кэргэттэрин чилиэннэригэр, ол иһигэр 30 бэтэрээҥҥэ медицинскэй көмө оҥоһулунна;

- 33 гражданин “Бэс Чагдаҕа” (Москва к.) уонна “Чэбдик” (Дьокуускай к.), ол иһигэр 4 байыаннай дьайыы бэтэрээнэ санаторнай-курортнай эмтэниини аастылар;

- ВВК (военная-врачебная комиссия) ааһарга көмөнү уонна медико-социальнай экспертизаны ыларга анал байыаннай дьайыы 5 кыттыылааҕар көмө оҥоһулунна;

- Пуонда филиалын офиһыгар психолого-психотерапевтическай көмөнү 368, ол иһигэр 80 байыаннай дьайыы бэтэрээнэ ыллылар.

 

Үлэ салгыы ыытыллар

Филиал федеральнай испииһэккэ киирбэтэх инбэлииттэри реабилитация тэхиньиичэскэй тэрилинэн (ТСР) хааччыйыыга үлэ ыытар. Бүгүҥҥү күҥҥэ эбии ТСР уонна спортивнай протезтары ылыыга 23 киһиэхэ көмөлөһөбүт. Бу кэмҥэ 2 киһи Калуга куорат протезнай-ортопедическай киинигэр тиийэн спортивнай протезтары ыллылар. Киин аппараакка (ЦА) 11 сайаапканы ыыттыбыт, атыттар ЦИТО (Центральный научно-исследовательский институт травматологии и ортопедии имени Н.Н. Приорова) медицинскэй-тэхиньиичэскэй хамыыһыйаны көрүү стадиятыгар сылдьаллар. Филиал сайаапкатынан хараҕынан 1 инбэлииккэ “Умная Трость “”Робин” ананна. Манна айан, олоруу уонна протезтааһын барыта босхо, федеральнай үп суотугар оҥоһуллар.

Муниципальнай оройуоннар дьаһалталарын уонна инбэлииттэр Бүтүн Арассыыйатааҕы уопсастыбаларын экспертэрин кытта СВО кыттыылаахтарыгар олорор дьиэҕэ адаптация ааһалларыгар докумуоннары бэлэмнээһиҥҥэ үлэ барар, бу инбэлииттэргэ анаан. Филиал социальнай координатордара олорор дьиэлэри бэрэбиэркэлиир муниципальнай оройуон хамыыһыйаларын састаабыгар киллэриллибиттэрэ. Олорор дьиэлэргэ адаптациялыыр сыалтан инбэлиит ылбыт 12 анал дьайыы бэтэрээнигэр көмө оҥоробут. Кэбээйи, Ленскэй, Нерюнгри, Хаҥалас оройуоннарыгар уонна Дьокуускай к. олорор дьиэлэри бэрэбиэркэлиир хамыыһыйа 9 көһө сылдьар мунньаҕа ыытылынна. Киин аппараакка адаптацияҕа диэн 5 сайаапка ыытылынна, бу кэмҥэ докумуоннар Экспертнэй сэбиэккэ ааһалларын күүтэллэр. Атыттар аакта уонна докумуоннары хомуйуу стадиятыгар бааллар.

Былырыын аһыллыахпытыттан Пуонда филиалын көмөтүнэн 18 580-тан тахса бойобуой дьайыы бэтэрээнэ уонна суорума суолламмыт байыастар дьиэ кэргэттэрин чилиэннэрэ кыттыылаах 190 тэрээһин ыытылынна. Ол иһигэр 2024 сыл 1 кыбаарталыгар уопсайа 98 тэрээһиҥҥэ 11 733 киһи хабылынна. Хорсун быһыы Уруоктарын киллэрэн туран, 400 бойобуой дьайыы бэтэрээнэ уонна өлбүт буойуннар дьиэ кэргэттэрин чилиэннэрэ кыттыылаах тэрээһиннэринэн 60 000-тан тахса оҕо хабылынна.

Үлэ салгыы ыытыллар, көмө оҥоһуллар.

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

Уугун хана утуйан туруу — дьол
Сонуннар | 31.10.2024 | 14:00
Уугун хана утуйан туруу — дьол
Түүн утуйбакка сытар, сарсыарда буоларын кэтиир, аттыгар сытар киһини уһугуннарымаары биир сиргэ хамсаабакка буола сатааһын наһаа эрэйдээх, маны утуйбат дьон билэн эрдэхтэрэ.   Утуйбат буолууттан эрэйдэнэр дьон билигин үгүс. Ситэ утуйбакка туруу туох аанньа буолуой, сарсыныгар ээл-дээл, аат харата сүөдэҥниигин, төбөҥ ыалдьар, аны күнүс утуйан ылыаххын түүн эмиэ утуйуом суоҕа диэн...
Ферум хорсун сырыыларын кэнчээри ыччата умнуо суоҕа
Дьон | 24.10.2024 | 18:00
Ферум хорсун сырыыларын кэнчээри ыччата умнуо суоҕа
2022 сыл алтынньы 19 күнүгэр Ферум Аммосов анал байыаннай дьайыыга эн биһиги туспутугар, дойдутун туһугар сулууспалыы сылдьан олоҕун толук уурбута. Сырҕан бааһы таарыйан, бииргэ төрөөбүт балтын, ону тэҥэ бойобуой доҕорун ахтыыларын чугас дьонугар, ийэтигэр, аймахтарыгар таһаарабыт. Ол ыарахан кэмнэри санаппыппар, бука диэн, алы гыныҥ дуу...   – Саргылаана, бииргэ төрөөбүт хаһыа...
«Таҥаһы кытта кэпсэтэр» Варвара
Дьон | 25.10.2024 | 14:30
«Таҥаһы кытта кэпсэтэр» Варвара
Бүгүн мин ааҕааччыларбар билиһиннэриэм этэ Саха сирин уус-уран ойууга-дьүһүҥҥэ мусуойун научнай-сырдатар үлэҕэ методиһа, СӨ култууратын туйгуна Заровняева Варвара Ильинична-Күндүүлэни.   —  Варвара, иис абылаҥар ылларыыҥ, иннэни, сабы хас сааскыттан туппутуҥ туһунан кэпсиэҥ дуо? — Оҕо сааспыттан иис-уус эйгэтигэр улааппытым. Ийэм, Саха Өрөспүүбүлүкэтин норуотун маастара Заровняева Варвара Гаврильевна өттүнэн эбээм, Бүлүү Баппаҕаайытыттан...
НВК Саха бырагыраамата алтынньы 21-27 күннэригэр
Сонуннар | 20.10.2024 | 10:00
НВК Саха бырагыраамата алтынньы 21-27 күннэригэр
Понедельник, 21 октября 6:00 Сана кун 6+ 9:00 Утро Якутии 6+ 10:00 "Якутия" информационная программа 12+ 10:15 Саха сатаабата суох 6+ 10:45 Откровенно 12+ 11:15 Проавто 12+ 11:45 Репортаж 12+ 12:00 "Якутия" информационная программа 12+ 12:15 Эйгэ 6+ 13:30 "Саха Сирэ-Якутия" информационная программа 12+ 14:00 Тэтим 6+ 15:00 "Тыый!"  6+...