07.10.2023 | 12:00

Көмүс күһүнү — уран тарбахпытынан

Ааспыт нэдиэлэҕэ Ф.И. Авдеева аатынан Оҕо айымньытын дыбарыаһыгар “Этюд”, “Радуга” уруһуй уонна “Сувениры” уран оҥоһук устуудьуйалара кыттыһан, “Көмүс күһүн” быыстапка-дьаарбаҥканы ыыттылар.
Көмүс күһүнү — уран тарбахпытынан
Ааптар: Айыына КСЕНОФОНТОВА
Бөлөххө киир

Олоххо сатабыл хайаан да наада

Саргылана Афанасьевна Лотова Оҕо айымньытын дыбарыаһыгар отучча сыл уран тарбахтаах оҕолору уһуйан, үүнэр көлүөнэни кэрэҕэ сирдээн кэллэ. Кини сорох үөрэнээччилэрэ хайыы үйэ үлэһиттэр, ыал ийэлэрэ, аҕалара.

Саҥа үөрэх дьылыгар Саргылана Афанасьевна салайар “Сувениры” устуудьуйатыгар 78 оҕо суруйтарбыт. Орто сүһүөх кылаастар ордук элбэхтэр, оттон биэс саастаах кырачааннар өрөбүлгэ кэлэн дьарыктаналлар.

Бу сырыыга оҕолор көмүс күһүҥҥэ аналлаах үлэлэрин быыстапкалаатылар.  Айылҕа матырыйаалларыттан эҥинэ бэйэлээх дьэрэкээн паннолары, кэрэ хартыыналары, аккырыыккалары, араас сиэдэрэй композициялары оҥорбуттар. Оҕо барахсан кыра эрээри, уран тарбаҕа тугу сатаабатаҕа, булугас өйө тугу кыайбатаҕа баарай! Ону бу быыстапка туоһулаата.

Устуудьуйа үөрэнээччилэрэ кэрэ-бэлиэ күннэргэ, бырааһынньыктарга бэлэхтэрин маҕаһыынтан атыыласпаттар, илиилэрин сылааһын иҥэрэн, бэйэлэрэ оҥорорго кыһаллаллар.  Холобур, Учуутал күнүгэр эрдэттэн бэлэмнэммиттэр, бэлэхтэрэ, аккырыыккалара хайыы үйэ бэлэм. 

Манна дьарыктанар үрдүкү кылаас оҕолоро бырайыагынан үлэҕэ ылсан, теорияны уонна практиканы сатабыллаахтык дьүөрэлииллэр, араас научнай-практическай конференцияларга ситиһиилээхтик кытталлар. Саргылана Афанасьевна үөрэнээччилэрэ куорат, өрөспүүбүлүкэ, Арассыыйа таһымнаах НПК-ларга кыайыы көтөллөнөллөр. Холобур, былырыын Эльмира Сигаева  биэс сыллаах үлэтэ Бүтүн Арассыыйатааҕы күрэххэ үрдүктүк сыаналаммыт. Кини араас тиэхиньикэни туһанан, дьыл түөрт кэмин көрдөрөр суумкалары тикпит.

Аня Корякина “Огнивоны” оҕуруонан оҥорбут, кыбытыктаах тигиинэн суумка тикпит. Талба талааннаах кыыс оскуоланы быйыл саас бүтэрбит, Томскайга быраас үөрэҕэр туттарсан киирбит.

“Иистэнэр массыынаттан итэҕэһэ суох үчүгэйдик тигэр, чочуонайдык туттар. Аня уран тарбаҕа хирург идэтин баһылыырыгар туһалыаҕа, иистэнэр сатабыла инники үлэтигэр хайаан да төһүү күүс буолуоҕа”, – диэн киэн тутта кэпсээтэ Саргылана Афанасьевна.    

 

Уу-чукучуктар!

Кабинет иһэ бэйэтэ уус-уран галерея курдук. Бииртэн биир кэрэхсэбиллээх үлэни булан көрүөххэ сөп. Оҕолор барахсаттар, эчи, оҥорор, сатыыр да буолар эбиттэр!   

Дьарык кэмигэр бары да дьоһуннаахтык туттан, саҥаны сатыырга, кэрэни айарга кыһаллаллар. Илиилэрэ тохтоло суох элэҥниир.    

Дьокуускай куорат 7-с нүөмэрдээх оскуолатын 5 “Д” кылааһын үөрэнээччитэ Пелагея Елисеева “Сувениры” устуудьуйаҕа алта сааһыттан сөбүлээн дьарыктанар. “Даачаҕа көмүс күһүн” диэн үлэтин ис сүрэҕиттэн иэйэ-куойа кэпсээтэ. Ол курдук, кини горуох, фасоль, сэбирдэх, мас, тыква сиэмэтэ курдук айылҕа матырыйаалларын хото туһаммыт. Көрүҥ эрэ, Пелагея даачатыгар от-мас силигилии үүнэр, кыыл-сүөл сөбүлээн мустар. Таһырдьа дьуостар дьаарбайа сылдьаллар, саһылчаан отон көрдөөн, ону-маны тиҥсирийэр. Дьиэ иһэ кытта умнуллубатах, онно куоска оҕото баар! Күрүөтэ-хаһаата, холуодьаһа, саһаана, ыллыга – барыта тып-тап курдук! Кыысчаан үлэ хаамыытын биэс тарбаҕын курдук билэрэ соһутта (буолумуна, бэйэтэ оҥордоҕо дии!). Тугу кырыйбытын, ханна сыһыарбытын, онтон тугу гыммытын сиһилии кэпсээн, көрдөрөн биэрбитэ кэрэхсэттэ.  Бэрт чобуо тыллаах, сытыы-хотуу кыысчаан. Маладьыас!

Саха политехническай лицей 2 «Д» кылааһын үөрэнээччитэ Сандаара Максимова утуйа сытар саһыл оҕотун оҥорбут. Пластилины, куруппаны, хаппыт оту туһанан, быыкаа илиилэринэн үчүгэйкээн бэйэлээх оҥоһугу айан таһаарбыт. Сандаара кыыллары  сөбүлүүр, куоскаланыан олус баҕарар эбит. Дыбарыаска үөрэ-көтө кэлэр.

Үчүгэйи таба көрөргө, кэрэни кэрэхсииргэ

Быыстапкаҕа уруһуй устуудьуйатыгар дьарыктанар оҕолор үлэлэрэ турда, көмүс күһүнү уруйдуур хартыыналара тэрээһин ис хоһоонун байытта.

Наталья Николаевна Захарова, “Этюд” уруһуй устуудьуйатын уһуйааччыта:

– Биһиэхэ барыта 60-ча оҕо дьарыктанар. Сүүмэрдээһин диэн суох, баҕалаах оҕолору ылабыт. Сорохтор хастыы да устуудьуйаҕа суруйтарбыт буолаллар. Уопсайынан, Оҕо айымньытын дыбарыаһыгар куорат араас муннугуттан, Саталтан, Хатастан тиийэ кэлэллэр. Аныгы төрөппүттэр ханнык баҕарар дьарык оҕо инники олоҕор туһалаах буолуоҕун өйдөөн туран, төһө кыалларынан элбэх куруһуокка сырытыннараллара үөрдэр.

Биһиги устуудьуйабытыгар кыра саастарыттан сэттэлии-аҕыстыы сыл сылдьыбыт оҕолор кытта бааллар. Кинилэр манна араас тиэхиньикэнэн уруһуйдуурга үөрэнэллэр. Бастаан өҥү таба көрөргө, сатаан туһанарга дьарыктыыбыт. Аны туран быраҕыллыахтаах бөҕү туһаҕа таһааран, араас оҥоһуктары оҥорторобут. Онон оҕолор үчүгэйи көрө, кэрэни кэрэхсии үөрэнэллэр.

Бэлиэтээн эттэххэ, элбэх саҥата суох, уу чуумпу оҕолор кэлэн бэркэ арыллаллар. Холобур, биир оннук кыыһым дьарыгы көтүппэккэ сылдьар. Эбэтэр, төттөрүтүн, биир сиргэ таба олорбот оҕолор уруһуйдаан “уоскуйаллар”. Оҕо кыраттан саҕалаан элбэҕи сатыыр буолар, улаатан, сайдан иһэр эбит. Ону уһуйааччылар салайан эрэ биэриэхпитин наада. Эбии үөрэхтээһин оҕо киһи буолан үүнэн тахсарыгар, инники олоҕугар олук уурар. 

Нелли Скрыбыкина – Дьокуускай куорат 2-с нүөмэрдээх оскуолатын 5 “Г” кылааһын үөрэнээччитэ, “Радуга” устуудьуйа иитиллээччитэ (сал. Айталина Ивановна Алексеева):

– Дьарыкпын олус сөбүлүүбүн. Күһүҥҥү айылҕаны уруһуйдаатым. Кыыллары, айылҕа араас көстүүлэрин, натюрмортары ойуулуурга үөрэнним. Ютубка ону-маны хасыһан көрөбүн, элбэҕи билэ сатыыбын, планшекка үлэлиир үөрүйэхпин сайыннарабын.   Инникитин худуоһунньук буолуохпун баҕарабын, – диэн кэпсээтэ.

 

Ити курдук, сырдыгынан сыдьаайар, итиинэн илгийэр истиҥ эйгэлээх Оҕо айымньытын дыбарыаһа күн аайы оҕо аймах чуопчаарар саҥатынан туолар. Манна үүнэр көлүөнэ ыччаппыт  алмаас таастыы чочуллар, бииртэн биир талба талааннар нарын сибэккилии тыллан, чэчирээн, силигилии ситэн тахсаллар.

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

Медик: «Бааһырбыт байыаспын дөйүтэн баран соһорум»
Дьон | 20.12.2024 | 12:00
Медик: «Бааһырбыт байыаспын дөйүтэн баран соһорум»
Олус ыарахан кэпсэтии буолла. Ааҕааччыга тиэрдэр гына суруйуохха наада. Дьоруойум сөбүлэҥин ылыахпын наада. Тоҕо диэтэххэ кини анал байыаннай дьайыыга сылдьыбыт кэрэ аҥаар,  ийэ, медик. Кэпсии олорон ытаатаҕына, сырҕан бааһын таарыйаммын диэн кэмсинэн ылабын, онтон эмиэ чочумча буолан баран салгыыбыт.   Кини позывнойун кистиир, ханна баарын, билигин ханна олорорун эмиэ эппэппит. Сөбүлэһэн...
Үчүгэйи көрөргө хаһан үөрэнэбит?
Сонуннар | 14.12.2024 | 13:15
Үчүгэйи көрөргө хаһан үөрэнэбит?
Сиэн көрө куоракка кыстыыбын. Күн аайы оптуобуһунан оҕобун оскуолаҕа илдьэбин-аҕалабын. Быйыл, дьэ, этэргэ дылы, үйэ тухары хамсаабатах маршруттарга уларыйыылар таҕыстылар. Бассаапка үөхсэн туох туһа кэлиэй, төттөрүтүн, дьону күөртээн эрэ биэрии курдук. Ол иһин бу турунан туран Дьокуускай куорат сахалыы тыллаах хаһыатыгар санаабын тиэрдэргэ соруннум.  Бииринэн, нэһилиэнньэбит ахсаана күн-түүн улаата турар....
Сатаан салайыы, тэрийии — эмиэ талаан
Дьон | 14.12.2024 | 18:00
Сатаан салайыы, тэрийии — эмиэ талаан
Харах ыларынан хаһан да бүппэттии көбүүс-көнөтүк тыргыллар бэс чагда устун айан суолунан сыыйылыннаран иһэн, «Дьиикимдэ» диэн суруктаах бэлиэҕэ биирдэ баар буола түстүбүт. Туох-хайдах дьарыктаах, тугунан тыынар нэһилиэккэ киирэн эрэрбитин аартыкка баар суруктаах бэлиэ кэпсииргэ дылы.  Бүгүн биһиги “Дьиикимдэ дьээбэлэрэ” көр-күлүү тыйаатырын артыыһа, режиссера, продюсера Артур Николаевич Егоровтыын нэһилиэк култуурунай олоҕун...