Көмөнү оҥоруон баҕалаахтарга
Мобилизацияламмыттары өйүүр волонтердар маннык маллары туталлар:
Үрүсээк;
Сылаас уонна хаачыстыбалаах, бөҕө-таҕа атах таҥаһа;
Атах таҥаһыгар угуллар сымнаҕас стелька;
Сылаас утуйар мөһөөччүк;
Туристическай олорор олбохтор;
Наколенниктар уонна налокотниктар;
Наскы, сылаас ис таҥас;
Каска иһинэн кэтиллэр трикотаж бэргэһэ, балаклава;
Бэрчээкки;
Бүк тутуллар быһах;
Байыаннай аптечка;
Байыаннай күрдьэх;
Тиэрмэс;
Хаачыстыбалаах кур;
Халампаас.
Медицина малыттан:
Стерильнэй биинтэ;
Кускуур (жгут) ;
Лоперамид, ис эмэ;
Лейкопластырь;
Вируһу утары эмп-томп;
Ыарыыны уҕарытар препараттар;
Антибиотик эмтэр;
Кыра кээмэйдээх тампоннар;
Хаан тохтотор аналлаах тэриллэр.
Уһуннук харайыллар астар:
Кэнсиэрбэ;
Хатарыллыбыт ас;
Галет, крекер;
Оҕо пүрүөтэ;
Түргэнник буһар лапса, хортуоппуй пүрүөтэ;
Таас кэмпиэт;
Саахар;
Протеиннаах сакалаат;
Кофе, пакеттаах чэй;
Табах.
Көмөнү оҥоруон баҕалаахтары Дьокуускай куорат Орджоникидзе уулуссатын, 10 дьиэтигэр (Гражданскай авиация управлениетын дьиэтин хаҥас өттүнэн) 2-с этээскэ волонтердары кытта үлэҕэ киин кэтэһэр.