04.05.2023 | 14:00

Көҥүл санаалаахтар норуоту сирдиир кыахтаахтар

Көҥүл санаалаахтар норуоту сирдиир кыахтаахтар
Ааптар: Розалия Томская
Бөлөххө киир

Муус устар 27 күнүгэр, Өрөспүүбүлүкэ күнүгэр, Арчы дьиэтигэр көҥүл санаалаахтар түмсүүлэрэ буолан ааста. Уопсастыбаннай түмсүүлэри сүрүннээччилэр, билиҥҥи үйэ сахалара тумус туттар ытыктыыр дьоммут, көхтөөх ыччат, кыһалҕалары быһаарыыга туспа көрүүлээх аҕам саастаах дьон, ийэ тыл дьылҕатыгар долгуйар, үлэлэһэр актыбыыстар мустан санаа атастастылар.

 
Көҥүл ырыата

Сайа
Көҥүлтэн, Эрэлтэн, Эйэттэн 
Күндү суох хайа да омукка!
Ол иһин суһумнаа, үрдүктэн
Күннээх күөх дуоҕабыт, сахаҕа.

Күн ууһун көмүскүү турунар
Олоҥхо Боотурун кэриэтэ
Уолан дьон биһиэхэ баар буолар
Ким кимин быһаарар түгэҥҥэ.

Сүһүөхтээх бэйэбит нөргүйүөх,
Сүрэхтээх бэйэбит долгуйуох,
Сахалыы истиҥник иһийиэх,
Хас биирдии ааттары хатылыах:

Күлүмнүүр кэккэтэ күлүктэн
Таҕыстын, ытык уот иннигэр!
Батталы баарынан утарбыт
Баараҕай күн дьоммут – кинилэр!

Хаайыллан, кыргыллан, кыранан
Бараммыт сүдүлэр чуумпулар.
Алгыырга дылылар ыраахтан
Алааска барыарбыт сэргэлэр...

“Силлиэлээх холорук” кэмигэр
Кэлбиттэр эдэркээн хотойдор,
Дьалхааннаах кэм-кэрдии миҥэтин
Үүннүүргэ туруммут уолаттар...

...Чох хара баттаххыт маҥхайбат,
Умайар санааҕыт уостубат:
Үйэ-саас эдэркээн халлааҥҥыт
Сүрэххэ билигин тыыннааххыт.

Сүүс сылга иккитэ күүһүрбүт,
Көҥүлүн иккитэ чиҥэппит
Сахалар бу үүммүт үйэҕэ
Кэлэбит өссө биир кирбиигэ.

Уолан дьон тыыннара толуктаах,
Уҥуохтаах күллэрэ сүтүктээх
Улуу Ил сылтан сыл бөҕөргүүр
Оҥкулун ыччаппыт ууруохтаах.

Ханнык да буурҕа-тыал дапсыйдын – 
Халлааҥҥа дуоҕабыт баар буоллун!
Көҥүлгэ, Эрэлгэ, Эйэҕэ
Ыҥыран суһумнуу туруохтун! 

“Маннык көрсүһүүлэр, үөрүүлээх мунньахтар туохха наадаларый?”, “Көннөрү дьон мантан тугу туһаналларый?” , - дии саныыр дьон баар буолуохтаахтар. Ис дьиҥэр киирдэххэ, тылларын-өстөрүн иһиттэххэ, маннык тыыннаах мунньахтар чахчы наадалар эбит. Толкуйданарга, толкуйу тобуларга уонна онно саҕыллыбыт санаалары салҕыы тарҕатан дьону түмэргэ, норуот сайдыытын салайсарга.

Өрөспүүбүлүкэ күнүгэр аналлаах үөрүүлээх мунньах күнүскүттэн Олоҥхо истииттэн саҕаланна. Василина Баланова салайааччылаах “Күн Сандаар” бөлөҕүнэн олоҥхону толоруутун көрдүбүт-иһиттибит. “Ноо” дии-дии сэҥээрэн иһиттэххэ, хараххар хартыынатын оҥоро олорон, киинэ курдук “көрө” олордоххо, олоҥхо иһигэр киирэн баран сатаан тахсыбат умсугутуулаах буолар эбит. Ордук эдэр толорооччу кыыс куолаһын уларытарын, тылын умнаары гыннаҕына импровизациялыы охсорун, хайдах эрэ олус ис киирбэхтик толорорун сэргии көрдүбүт, оттон атын артыыстар уһулуччу таһымнарын киһи этэ да барбат. Маннык Олоҥхо истиилэр өссө маассабайдык тэриллэн иһэллэрэ буоллар...

Чаастан ордук Олоҥхо истии кэннэ тута үөрүүлээх мунньахпыт айылҕаттан айдарыылаах Александр Артемьев-Кулан алгыһыттан саҕаланна. “Төлөпүөҥҥүтүн ууран кэбиһиҥ, ким да туора киһи манна суоҕун курдук санаан холкутуйуҥ”, - диэбитигэр, кырдьык даҕаны диэбиттии, көхсүбүтүн кэҥэттибит. Алгыстанныбыт, арчыланныбыт, аал уокка сүгүрүйдүбүт, буруонан ыраастанныбыт. Өрөспүүбүлүкэ өрөгөй ырыатын ытыспытын сүрэхпитигэр бигээн туран толордубут.

 

Мунньахха этиллибит санаалартан хайдах баарынан быһа тардан, ордук сэҥээрбиппитин таһаарабыт:

Уйбаан Шамаев: “Ааспыт сылга ситиһиибит диэн Саха сирин историктарын уонна краеведтарын сойууһун тэрийбиппит. Салайааччынан В.Н.Степанов талыллыбыта. “Ийэ тыл” түмсүү үлэтин сөргүттүбүт. Саха норуотун патриоттара, гражданнар түмсэн элбэҕи кэпсэтэрбит, сүбэлэһэрбит наада. Сүрдээх уустук кэмнэр кэллилэр диэн бүгүн элбэх киһи этэр. Маннык кэмнэргэ боростуой киһи көмүскэлэ, харыстабыла – норуота, тыла-өһө, култуурата буоларын өйдүөх кэриҥнээхпит. Бүгүн өрөспүүбүлүкэ күнүгэр көҥүлү олохтоспут улуу дьоммут мэтириэттэрин аҕалан уурдубут. Балар турууласпыт өрөспүүбүлүкэлэрин хайдах даҕаны сүтэрэр, кыһаллыбат буоларбыт, ээл-дээл сыһыаннаһарбыт сатаммат. Биһиги үлэлиэхтээхпит, оҥоруохтаахпыт туох да сүрдээх элбэх”.

Ульяна Винокурова – учуонай: “Мин саҥа бэһис Саха Өрөспүү-бүлүкэтин уонна Саха Конституциятын ахтан ааһыахпын баҕардым. Бүгүн биһиги, дьиҥинэн, 1992 сыллаахха ылыллыбыт Конституциябыт күнүн чопчу ахтан ааһыахтаахпыт. Ол кэмҥэ Конституцияҕа үлэлээбит оробуочай бөлөхтөн аҥаарбыт эрэ хаалбыт эбит. Бүгүн ыччаттар эппит төлөннөөх тылларын истэн олорон, 30 сыл анараа өттүгэр биһиги өрөспүүбүлүкэбитин бөҕөргөтөр, туруулаһар төлөннөөх тыллар иһиллибиттэрэ, хоһооннор айыллыбыттара.

Сүүрбэччэлээх, отуччалаах ыччаттар оччотооҕу ыраахтааҕылаах Арассыыйаттан төлө көтөн, көҥүл туһугар олохторун толук уурбуттара. Оттон отут сыл анараа өттүгэр эмиэ улахан мүччүргэннээх кэмнэр үүммүттэрэ, Сэбиэскэй Сойуус сууллар түгэнигэр саха туһа диэн тутан хаалбыт өргөстөөх, өркөннөөх өйдөөх ыччаттардаах уонна салайааччылардаах этибит. Холобур, М.Н. Николаевка махтанабыт.

Саха омук билиҥҥи сүрүн кыһалҕабыт төрүт тылбыт буолла. Кини сүүс сылынан баар буолуо дуо? Бэҕэһээ Мартин Рышава диэн чех омук биллиилээх кинорежиссерун кытта кэпсэттим, хайдах эрэ мүччү туттаран манна кэлэн хаалбыт эбит. “Эһиги, чехтар, быыкайкаан сиргэ олороҕут, тула араас омуктар, сиргитин-уоккутун араас омуктар сабардыы сылдьыбыттара, хайдах тылгытын тутан олороҕут?” -  диэтим. Кини биир мөлүйүөн эрэ чех төрөөбүт тылын билэр кэмэ баар этэ диир. Ол саҕана биһиги суруйааччыларбытын, тыл маастардарын таҥара курдук өрө туппуппут, кинилэр нөҥүө биһиги төрөөбүт тылбытын тыыннаах хаалларбыппыт диир. Билигин бука бары сүүс бырыһыан чех тылын билэбит диэтэ. Биһиэхэ сөргүтүллүбүт “Ийэ тыл” түмсүү салайааччытынан суруйааччы Сайаны таллыбыт, ол аата чехтар курдук политиканы тутуһан баран эрэр эбиппит диэн санаам көтөҕүлүннэ”.

Иван Бурцев – эколог: “Биһиги айылҕабыт чэлгийэ, силигилии турарыгар тиийиэхпит дуо? Планетабыт, дьиҥэ, наһаа кыра, кэбирэх. НАТО оннугар МЧС курдук тэрилтэ баара буоллар...

Экология кыһалҕатын көрдөрөргө Дьокуускайга биир балаҕан тутуллара наада. Идеята олох боростуой: Саха сирин айылҕатын көрдөрөр аҥаар өттүгэр чэлгийэ үүнэн турар тыа, сахалыы тупсаҕай олох; аҥаар өттүгэр ол тыа умайбытын дуу, дэлби тэптэрии буолбутун дуу көрдөрүөххэ... Онтон атын пропаганда наадата суох. Биир эмэ бизнесмен ону толкуйдуура буоллар. Миэстэ баарын көрөн кэллим...”

Иннокентий Макаров – уопсастыбанньык: “Миигин бары “Үс Түмсүү” диэн ааттыыллар (ол түмсүүнү тэрийсибитим, атаҕар туруорбутум - И.М.) уонна соччото суох киһинэн ааҕаллар. Эриэйдэлэри ыытар этибит, арыгы атыытын бопсубуппут.

“Сатас” диэн НКО тэрийдим, биир сылын туола илик. Барыта эдэр ыччат – кыргыттар, уолаттар. Устааппытыгар патриотическай иитии сурулла сылдьар. Арыгыны утары далааһыннаах үлэни ыытабыт, 42 түүҥҥү лже-кафешканы саптыбыт – бэйэм холбор улахан ситиһии диибин ону. Ил Түмэн 52 кв. м. кыра иэннээх кафе арыгыны атыылыа суохтааҕын ылынна ээ. Инньэ гынан урбаанньыттар буолбуппун билэбин.

2018 сыллаахтан улуустары кэрийэр буолбутум. Итэҕэл диэн тылы иһиттэхтэринэ, салалталар куотар буолар этилэр, билигин сүрдээҕин чугаһаатылар, биһигини үөрэ-көтө көрсөр буоллулар.

Билиҥҥи быһыы-майгы буола турар кэмигэр, Боотурдар кэмнэрэ кэллэ диэн сылдьыбыт сирим аайы этэбин. Кэнники улуустар быыбардарыгар Боотурдар кыайар буоллулар. Холобур, Мэҥэ Хаҥаластарга, Аммаларга хайдыһыы кэнниттэн Боотурдар кыайыылаах таҕыстылар. Билигин Таатта хайдаары олорор, түмсүөхтэрэ, эмиэ Боотур тула мустуохтара дии саныыбын. Боотур диэн норуотун батыһыннарар сүрдээх, кыахтаах эр киһи.  

Куорат тулатыгар, Хатас, Маҕан, Тулагы о.д.а. нэһилиэктэр экологияларынан дьарыктанар уопсастыбаннай инспекторынан талыллан, дастабырыанньалаахпын. Экологтарга миигин атылыы көрбөккө, бэйэҕит кэккэтигэр ыларгытыгар баҕарыам этэ. Миигин “бу ким ыытар киһитэй?”, “Хантан тахсарый?”, “АГИП киһитэ”, дииллэр эбит, миигин ким да ыыппат ээ, бэйэм өйүм таһыма төһөнү уйарынан сылдьабын, ким да киһитэ буолбатахпын диибин, спортивнай инструктор диэн хамнастаах үлэлээхпин”.

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

Медик: «Бааһырбыт байыаспын дөйүтэн баран соһорум»
Дьон | 20.12.2024 | 12:00
Медик: «Бааһырбыт байыаспын дөйүтэн баран соһорум»
Олус ыарахан кэпсэтии буолла. Ааҕааччыга тиэрдэр гына суруйуохха наада. Дьоруойум сөбүлэҥин ылыахпын наада. Тоҕо диэтэххэ кини анал байыаннай дьайыыга сылдьыбыт кэрэ аҥаар,  ийэ, медик. Кэпсии олорон ытаатаҕына, сырҕан бааһын таарыйаммын диэн кэмсинэн ылабын, онтон эмиэ чочумча буолан баран салгыыбыт.   Кини позывнойун кистиир, ханна баарын, билигин ханна олорорун эмиэ эппэппит. Сөбүлэһэн...
Үчүгэйи көрөргө хаһан үөрэнэбит?
Сонуннар | 14.12.2024 | 13:15
Үчүгэйи көрөргө хаһан үөрэнэбит?
Сиэн көрө куоракка кыстыыбын. Күн аайы оптуобуһунан оҕобун оскуолаҕа илдьэбин-аҕалабын. Быйыл, дьэ, этэргэ дылы, үйэ тухары хамсаабатах маршруттарга уларыйыылар таҕыстылар. Бассаапка үөхсэн туох туһа кэлиэй, төттөрүтүн, дьону күөртээн эрэ биэрии курдук. Ол иһин бу турунан туран Дьокуускай куорат сахалыы тыллаах хаһыатыгар санаабын тиэрдэргэ соруннум.  Бииринэн, нэһилиэнньэбит ахсаана күн-түүн улаата турар....
Сатаан салайыы, тэрийии — эмиэ талаан
Дьон | 14.12.2024 | 18:00
Сатаан салайыы, тэрийии — эмиэ талаан
Харах ыларынан хаһан да бүппэттии көбүүс-көнөтүк тыргыллар бэс чагда устун айан суолунан сыыйылыннаран иһэн, «Дьиикимдэ» диэн суруктаах бэлиэҕэ биирдэ баар буола түстүбүт. Туох-хайдах дьарыктаах, тугунан тыынар нэһилиэккэ киирэн эрэрбитин аартыкка баар суруктаах бэлиэ кэпсииргэ дылы.  Бүгүн биһиги “Дьиикимдэ дьээбэлэрэ” көр-күлүү тыйаатырын артыыһа, режиссера, продюсера Артур Николаевич Егоровтыын нэһилиэк култуурунай олоҕун...