13.10.2023 | 17:00

«Күһүҥҥү киһи күлбүтүнэн»

Саха сирин оҕуруотчуттарын 10 төгүлүн түмэр
«Күһүҥҥү киһи күлбүтүнэн»
Ааптар: Уйгулана БОЧОНИНА
Бөлөххө киир

Саха сирин олохтоохторо социальнай ситим нөҥүө кэрэхсиир дьарыктарынан, интэриэстэринэн түмсэллэр.  Ол курдук биһиги бүгүҥҥү ыалдьыппыт Мария Аманатова 10 сыл устата оҕуруотчуттар бөлөхтөрүн тэрийэн, сыл ахсын “Күһүҥҥү киһи күлбүтүнэн” диэн көрсүһүүнү ыытар.

Мария Николаевна Аманатова-Сандаара Баат — “Күһүҥҥү киһи күлбүтүнэн” оҕуруотчуттар көрсүһүүлэрин тэрийээччи:

— 2014 сыллаахха “Асчыт оҕуруотчуттар” диэн бассаап бөлөҕү арыйбыппыт. Онно өрөспүүбүлүкэ араас улуустарыттан оҕуруотчуттар киирбиттэрэ. Биһиги бөлөхпүт сыала-соруга — эдэр ийэлэри оҕуруокка сыһыарыы, кэпсэтии, көрсүһүү уонна Саха сиригэр үүнэр араас мастары, отоннору, оҕуруот астарын үүннэриини тэнитии. Түмсүүбүтүгэр бары эгил-тэгил саастаах, орто саастаах далбар хотуттар киирбиттэрэ. Билигин уопсайа 20-чэ улуус кыттыһан олоробут.

Биһиги 2014 сыллаахха бастакы көрсүһүүбүтүн “Күһүҥҥү киһи күлбүтүнэн” диэн ааттаан, Үс Хатыҥ сиригэр “Ил эйгэҕэ” 6 улуустан мустубуппут. Онно бэйэ-бэйэбитин хаһан да көрсүбэтэх, билсибэтэх дьон дуоһуйа сынньанан, астына кэпсэтэн, сүбэ-ама бэрсэн, уопут атастаһан үөрэн-көтөн тарҕаспыппыт.

Онтон ыла сыл аайы көрсөбүт. 2018 сыллаахха атырдьах ыйын 18 күнүгэр бэһис үбүлүөйдээх сылбытын Нам улууһугар тахсан бэлиэтээбиппит. Онно 18 оҕуруотчут кэлэн, Нам улууһун оҕуруотчуттарын кэрийэ сылдьан көрсүбүппүт. Бэйэм олорор Хамаҕаттабар саҥа балаҕаммар киллэрэн, дьиэбэр хоннорон, наһаа үчүгэй тэрээһин буолан ааспыта. Уопут атастаһан, Нам улууһун оҕуруотчуттарын кытта билсэн, бары астынан-дуоһуйан барбыттара.

Бырайыакпыт үлэтэ тохтообот. Быйыл номнуо 10 сыллаах үбүлүөйбүтүн Горнай улууһугар бэркэ бэлиэтээтибит.  Онно Сидорова Степанида Петровнаҕа — бассаап бөлөхпүтүгэр хара маҥнайгыттан сылдьар оҕуруотчут кыыспытыгар бараммыт, кини сүбэтинэн оҥоһуллубут бырагырааманан Бэрдьигэстээх оҕуруотчута Петрова Марфа Николаевнаҕа сырыттыбыт. Кини тэлгэһэтигэр ыалдьыттаан, киһи тыла тиийбэт  кэрэтин көрөн дуоһуйдубут. Черемухата хойуу астанан, ситэн, тупсан турара көрүөхтэн кэрэ. Кэрэ киһибит, хаһаайкабыт Марфа инники ыра санаатын үллэстэн кэпсээбитэ дууһабытын долгутта. Кини билигин кыһыҥҥы оранжерея аһыан баҕарар, онон ол ыра санаата туоларыгар алгыспыт тиийиэхтин.

Ону таһынан Бэрдьигэстээххэ сэдэх дьарыктаах Дьячковскай Валерий Моисеевичка удьурхай мастан чочуйан оҥорбут Олонхо дьоруойдарын, араас оҥоһуктарын көрбүппүт, кыракый музей хоһугар ыалдьыттаабыппыт. Түгэнинэн туһанан, киниэхэ махталбытын тиэрдэбит. Итиэннэ Бэрдьигэстээх кыраайы үөрэтэр музейыгар сылдьыбыппыт, Горнай улууһун историятын билэн-көрөн кэллибит диэн үөрэбит, махтанабыт.

Бу түмсүүбүтүгэр биһиэхэ саамай сүбэһиппит — өрөспүүбүлүкэҕэ биллэр оҕуруотчут Агафья Семеновна Тарасова. Кини биһиги бөлөхпүтүгэр киирэн, 10 сыл устата арахсыбакка үлэлии, сүбэ-ама биэрэ сыдьар. Быйыл Агафья Семеновна маастар-кылаас ыытта. Манна элбэх сүбэлэрин, этиилэрин ыраас лиискэ сурунан ыллыбыт. Агафья Семеновна элбэх сыллаах клубника, моонньоҕон сиэмэтин бэлэхтээн үөртэ.

Инники былааммытыгар эдэр дьиэ кэргэттэри, ийэлэри оҕуруокка сыһыарыы уонна элбэх сонун отонноох мастары олордуу киирэр. Ону таһынан билигин  биһиги сыл аайы ыытыллар көрсүһүүбүтүгэр олоҕуран,  хаартыскалардаах альбом кинигэни таһаарарга үлэлии сылдьабыт.

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

Түөһэйии элбээн иһэрэ дьиксиннэрэр...
Сонуннар | 29.08.2024 | 14:00
Түөһэйии элбээн иһэрэ дьиксиннэрэр...
Билиҥҥи олох балысхан сайдыыта үчүгэй өрүтэ элбэх эрээри, киһи олоҕор, доруобуйатыгар хоромньута эмиэ хара баһаам. «Доруобуйа» балаһабыт бүгүҥҥү тиэмэтэ – өй-мэйии үлэтэ, болҕомтолоох эбэтэр умнуган буолуу, сыыһа-халты тыллары туттуу, түөһэйии. Бу туһунан 3-с нүөмэрдээх Өрөспүүбүлүкэтээҕи клиническэй балыыһа «Кабинет памяти» иһинэн үлэлиир исписэлиистэр – невролог быраас Виктория Николаевна Местникова уонна медицинскэй...
Герман Отов: «Пригороднай аныгылыы улахан бөһүөлэк буолар чинчилээх...»
Дьон | 05.09.2024 | 10:00
Герман Отов: «Пригороднай аныгылыы улахан бөһүөлэк буолар чинчилээх...»
Дьокуускай куорат уокуругар куорат таһынааҕы – Кангалаас, Маҕан, Марха, Тулагы, Табаҕа, Владимировка, Хатас уонна Пригороднай нэһилиэктэрэ киирэллэр. Биһиги бүгүҥҥү ыалдьыппыт – 2000-2005 сылларга «Пригороднай сэлиэнньэтэ» муниципальнай тэриллии баһылыгынан үлэлээбит СӨ тыатын хаһаайыстыбатын туйгуна, Ас-үөл индустриятын туйгуна, СӨ үөрэҕириитин бочуоттаах мецената Герман Егорович Отов. Кинини кытта  кэпсэтиибитин Пригороднай нэһилиэк историятыгар туһаайдыбыт.  ...
Кыыдаана Игнатьева:  «Худуоһунньук бэйэтин көрүүтүнэн салайтарыахтаах...»
Дьон | 06.09.2024 | 12:00
Кыыдаана Игнатьева: «Худуоһунньук бэйэтин көрүүтүнэн салайтарыахтаах...»
Куорат устун хааман иһэн эбэтэр массыынаҕа, оптуобуска олорон элбэх мэндиэмэннээх таас дьиэлэр тас эркиннэригэр уруһуйдаммыт хартыыналарга хараххыт хатанар дуо? Аҕыйах сыллааҕыта Киров уулуссатыгар турар икки уопсай дьиэ оннук тупсан хаалбытын соһуйа, эмиэ да сонургуу көрбүппүт. Онтон ыла сыл аайы Дьокуускайга арт-эбийиэк элбии турар. Бүгүн киин куоракка МУРАЛ диэн куорат тас...
Саҥа үөрэх дьылыгар туох уларыйыылар баар буолуохтарай?
Сонуннар | 29.08.2024 | 16:00
Саҥа үөрэх дьылыгар туох уларыйыылар баар буолуохтарай?
Саҥа үөрэх дьыла саҕаланара аҕыйах күн хаалла. Балаҕан ыйын 1 күнүттэн оскуолаҕа туох уларыйыылар киирэллэрий? Ол туһунан бүгүҥҥү нүөмэргэ бэлэмнээбит тэттик матырыйаалбытын ааҕыҥ.   Учуутал үөрэнээччитин сэмэлиэн сөп “Үөрэҕирии туһунан” сокуон оскуолаларга быһыы-майгы быраабылаларын уонна кылааска бэрээдэк ирдэбиллэрин олохтуурга көҥүл биэрэр. Сокуон үөрэнээччилэр бу быраабылалары тутуһалларын ирдиэҕэ, оттон учууталлар уруок кэмигэр...