Күһүҥҥү киһи күлбүтүнэн
Бу кэмҥэ түбүк-садьык элбиир, ол эрэн ас-үөл дэлэйэ түһэр. Оҕуруот үүнүүтүн, сир аһын хомуйуу, кыһыҥҥы хаһаастары оҥостуу саҕаланар. Оҕуруот аһыттан аҕыйах ырысыаптары көрүөххэ.
«Күһүҥҥү» салаат
Туох наадата: хаппыыста — 2,5 кг; моркуоп — 0,5 кг; эриэппэ луук — 0,5 кг; болгарскай биэрэс — 0,5 кг; туус — 2 ост. нь.; саахар — 200 г; мас арыыта — 250 мл; уксуус 9% — 150 мл; укуруоп, петрушка — ким төһөнү кутарынан.
Хаппыыстаны синньигэс гынан кырбастаан, көстүрүүлэҕэ кутан баран тууһу кытта булкуйабыт, симэһинэ тахсарын уонна сымныырын курдук баттыалыы түһэбит, онтон эмиэ синньигэс гына кырбастаммыт моркуобу эбэбит, булкуйабыт. Онтон тиэрбэстии кырбастаммыт луугу, ыраастаммыт, синньигэстик кырбастаммыт минньигэс биэрэспитин кутан кэбиһэбит. Дьэ, онтон саахарбытын, уксууспутун, мас арыытын кутабыт, үчүгэйдик булкуйабыт. Туруора түһэн баран, бааҥкаларга кутаттыыбыт. Элбэх симэһин таҕыстаҕына тоҕумаҥ. Итинтэн 4л (20 киһи сиир) салаат тахсар. Аһыыны сөбүлүүр дьон биэрэс, чочунаах эбиэхтэрин сөп.
Күөх помидортан сокууска
Туох наадата: күөх помидор — 4 кг; минньигэс биэрэс — 2−3 шт.; аһыы биэрэс — 100−200 г; чочунаах — 150 г; петрушка — 100 г; сельдерей — 100 г; уу — 3 л; туус — 6 толору ост. нь.
Көстүрүүлэҕэ уу кутан оргутабыт, туус эбэбит, 2 мүнүүтэ курдук оргута түһэбит. Чочунааҕы синньигэс гына бысталыыбыт. Петрушканы уонна сельдерейи эмиэ кыра гына кырбастыыбыт. Минньигэс биэрэспитин кубик курдук быһабыт. Ити фаршпыт буолар. Помидордарбыт аллараа өттүлэринэн кириэстии быһабыт. Аһыы биэрэспитин кыра гына кырбастыыбыт, бэлэмнээбит оҕуруот аһыттан фаршпытыгар эбэбит, барытын симэһинэ тахсыар диэри булкуйабыт. Ити фаршпытын сэрэнэн, помидордарбыт истэригэр кутабыт. Онтон 3 л бааҥкаларга угабыт уонна итии туустаах уубутунан (рассолунан) кутабыт. Дьөлөҕөстөөх хаппаҕынан уонна үрдүнэн маарыланан сабабыт. Итинник 5-7 күн сылаас сиргэ көөнньүөр диэри туруорабыт. Бэлэм буоллаҕына күүскэ хаппахтыыбыт уонна холодильникка туруорабыт.
Оҕурсуну туустуубут
Састааба: оҕурсу – 3 киилэ, саахар – 5 ост. нь., туус – 4 ост. нь., лавровай лиис – 2 уст., биэрэс, чочунаах, укуруоп сиэмэтэ, хрен сэбирдэҕэ, 9 %-наах уксуус, 1 ыстакаантан кыра мас арыыта. Маринадыгар 3 л ууга 2 остолобуой ньуоска туус, 1 остолобуой ньуоска саахар, биир десертнэй ньуоска убатыллыбыт уксууһу кутабыт.
Оҕурсуну бэйэҕит билэргитинэн бысталыыгыт (устатынан эбэтэр төгүрүктүү), онно 4 остолобуой ньуоска тууһу, 5 остолобуой ньуоска саахары, 2 лавровай сэбирдэҕи, биэрэһи, кырбаммыт чочунааҕы, 1 кыра ньуоска укуруоп сиэмэтин, 1 ыстакаантан быһаҕас мас арыытын, 9 %-наах уксууһу булкуйан, чаас аҥаара сытыараҕыт. Симэһинэ тахсыбытын кэннэ бааҥкаларга кутан хаппахтыыгыт. Онтон 20 мүнүүтэ туруора түһэн баран, таас аҥаара ууга ууран, 20-чэ мүнүүтэ устата оргутабыт. Бастаан оҕурсубутун үс чаас устата тымныы ууга сытыарабыт. 3 л бааҥка түгэҕэр укуруоп зонтигын, аҕыйах устуука лавровай сэбирдэҕи, минньигэс биэрэһи, 6-7 төгүрүк биэрэһи, хрен сэбирдэҕин уонна 2 өлүүскэ чочунааҕы аҥаардаан угабыт. Ол үрдүгэр быһыллыбыт оҕурсуну уонна помидору, хайдыбатын наадатыгар икки сиринэн дьөлөн баран угабыт. Оргуйбут итии ууну кутабыт уонна 10-ча мүнүүтэ туруора түһэн баран, ол ууну көстүрүүлэҕэ сүөкүүбүт. Онно 2 ост. ньуоска тууһу, 1 ост. ньуоска саахары кутан оргутабыт уонна биир десертнэй ньуоска убатыллыбыт уксууһу эбэбит. Маринады итиилии бааҥкатыгар кутан хаппахтыыбыт. Таҥнары ууран, халыҥ таҥаһынан сабабыт. Сарсыныгар сөрүүн сиргэ уурабыт.
Маринуйдаммыт күөх помидор
Туох наадата: помидор — 8 кг; чочунаах — 200 г; петрушка — 100 г; хаппыт укуруоп — 30 г; хара төгүрүк биэрэс (горошек) — 30 уст.; дыргыл сыттаах (душистай) төгүрүк биэрэс — 12 уст.; лавровай лиис — 16 уст.; уксуус 9% — 120 мл; туус — 8 ост. нь.; саахар — 4 ост. нь.; уу — 5 л.
Маринуйдуурга бөдөҥ, эттээх помидордары талабыт, сууйабыт, атаҕын (плодоножка) төгүрүччү быһабыт. Чочунааҕы ыраастыыбыт. 3 л бааҥка түгэҕэр аҕыйах петрушка сэбирдэҕин, хаппыт укуруобу, икки-үс лавровай лииһи, 5 хара төгүрүк биэрэһи, 3 дыргыл сыттаах (душистай) төгүрүк биэрэһи, 2 өлүүскэ чочунааҕы уурабыт. Помидордарбытын 4−6 өлүүскэ гына бысталыыбыт (төһө бөдөҥүттэн көрөн). Помидордары бааҥка ортотугар диэри симэн баран эмиэ күөх үүнээйилэрбитин уонна тумабытын кутабыт. Онтон эмиэ бааҥка туолуор диэри помидордарбытын симэбит, үрдүгэр күөх үүнээйилэрбитин кутабыт. Көстүрүүлэҕэ уу оргутабыт уонна помидордаах бааҥкаларбытыгар кутабыт. Хаппахтаан баран 20-чэ мүнүүтэ туруорабыт. Уутун көстүрүүлэҕэ сүөкээн баран хос оргутабыт уонна бааҥкаларбытыгар төттөрү кутан баран 30-ча мүнүүтэ туруорабыт. Онтон эмиэ көстүрүүлэҕэ сүөкүүбүт, оргутабыт. Хас биирдии бааҥкабытыгар 1 ст. нь. саахары уонна үстүү ньуоска уксууһу кутабыт. Уубутугар туус кутабыт уонна оргутабыт. Бааҥкаларбытын рассолунан толору кутабыт уонна хаппаҕынан эрийэбит.
Маринуйдаммыт моркуоп
Моркуобу төгүрүктүү бысталыыбыт, көстүрүүлэҕэ кутан оргуйбут ууга 5 мүнүүтэ сытыара түһэбит. Бааҥкабытын эрдэттэн бэлэмниибит, онно 5 дыргыл сыттаах төгүрүк биэрэһи, 2-3 гвоздиканы, 1 лавровай сэбирдэҕи, 1 өлүү чочунааҕы кутабыт. Онтон ити үрдүгэр моркуоппутун туруору угабыт, итии маринаппытын кутан баран хаппахтыыбыт. Маринадыгар: 1 л ууга биирдии остолобуой ньуоска туус, саахар кутан оргутабыт, 2 остолобуой ньуоска 9 %-наах уксууһу кутабыт. Толору симиллибит моркуоптаах бааҥкабытыгар оргуйбут итии ууну кутабыт уонна 10-ча мүнүүтэ туруорабыт. Ол кэннэ көстүрүүлэҕэ сүөкүүбүт, маринадын оргутабыт, моркуоптаах бааҥкабытыгар кутабыт, хаппахтыыбыт. Маринада: 1 л ууга 1 остолобуой ньуоска туус, онтон арыый аҕыйах саахар кутабыт оргутабыт, төгүрүк биэрэс, дыргыл сыттаах төгүрүк биэрэс, 2-3 сэбирдэх сельдерей, амсайан көрө-көрө чочунаах уонна 1 остолобуой ньуоска 9 %-наах уксуус кутабыт.
Тууһаммыт күөх помидор
Туох наадата: помидор — 2 кг; чочунаах — 8 өлүүскэ; укуруоп зонтиктара — 30 г; хара төгүрүк биэрэс — 8 уст.; хрен, моонньоҕон сэбирдэҕэ — 2-лии уст.; туус — 1,5 ост. нь.; саахар — 1,5 ост. нь.; бороһуок хартыыһа — 1,5 ч. нь.; уу — 1,6 л.
Бааҥкаҕа батарар курдук, орто кээмэйдээх помидордары талабыт. Барытын сууйабыт-сотобут, чочунаахпытын ыраастыыбыт. Аһыы биэрэһи эбиэххитин сөп. Састаапкытын угаргытыгар үөһээ өттүгэр 1,5 см аһаҕас сир хаалларыҥ диэн сүбэлииллэр. Оччоҕо рассолу куппут кэмҥэ оҕуруот астара пуормаларын тута сылдьаллар үһү. 3 л бааҥка түгэҕэр «сыттык» оҥоробут – сэбирдэхтэрбитин уонна укуруоп зонтигын уурабыт. Үрдүгэр хара төгүрүк биэрэспитин, бөдөҥ гына кырбастаммыт чочунааҕы кутабыт. Помидордары атахтарын (плодоножкаларын) таһынан биилкэнэн тэһитэ кэйэбит уонна бааҥкаҕа ыга симэбит. Үрдүгэр түүнүк үөскээбэтин курдук хрен сэбирдэҕин уонна укуруоп зонтигын уурабыт. Тымныы ууга туус, саахар уонна кураанах (бороһуок) хартыыһаны кутабыт, барыта суураллыар диэри булкуйабыт. Онтон рассолбутун помидордаах бааҥкабытыгар толору кутабыт. Бааҥкабытын көннөрү хоппуруон хаппаҕынан сабабыт уонна тымныы сиргэ уурабыт. Итинник икки нэдиэлэ туран көөнньүбүтүн кэннэ сиэххэ сөп.
Интэриниэт ситимиттэн туһанылынна