Күөххэ этэҥҥэ үктэммиппитинэн!
Саха дьоно сиэр быһыытынан ыам ыйын 22 күнүн сайын кэлбитинэн ааҕабыт.
Ньукуолун күнүнэн бэйэ-бэйэбитин эҕэрдэлэһэбит. Хас биирдии дьиэ кэргэн аайы үгэскэ олоҕурбут алгыстаах алаадьыны астааһын, кус миинэ бэйэтэ ураты дьиктилээх.
Саха төрөөбүт күнүн бэлиэтиир үгэһи олохтуоҕуҥ
Гавриил Спиридонович Угаров – Эһээ Дьыл:
- Саха дьоно ыам ыйын бүтэһигэр, Аар Айылҕа уһуктан, ыарахан дьылы этэҥҥэ туораан, күөххэ үктэнэн, үөрэр-көтөр уонна бу Улуу күнү Саха Саҥа сыла үүммүт күнүн быһыытынан бырааһынньыктыыр идэлээҕэ. Саха Саҥа сылын бэлиэтээһин 10-ча хонук устата барара диэн суруйаллар. Сахалар сайын кэлбитин оннук үөрэн көрсөллөрө. Православнай Таҥара үлэһиттэрэ Саха сиригэр сайын ыам ыйын 22 күнүттэн саҕаланар диэн Ньукуола күнүгэр сөп түбэһиннэрбиттэрэ. Ону норуот ылынан, Ньукуола таҥара күнүн, дьиҥинэн, сайын кэллэ диир санааттан, бырааһынньыктыыра үгэс буолбут. Ол үгэс билигин да тутуһулла сылдьар – дьон айылҕаҕа тахсар, малааһынныыр. Илин эҥээр улуустарын ыаллара бу күҥҥэ хас биирдии киһи биирдии куһу буһаран сиир үтүө үгэстээхтэр. Ити олохсуйбут үгэһи кэспэт сыалтан православнай Таҥара итэҕэлигэр ытыктабыл бэлиэтин быһыытынан уонна ыам ыйын 22 күнүгэр, өрөбүл күн мэлдьи түбэспэтин учуоттаан, Саха Саҥа сылын сыл аайы ыам ыйын бүтэһик субуотатыгар бэлиэтиир буолбуппутун дьон сөбүлээбитэ. Дьокуускай таһыгар ыам ыйын бүтэһик субуотатыгар Саха Саҥа сылын бэлиэтээбиппит номнуо 15 сыл буолбут.
Санныбар дьыл биир хаарын ууллардым
Орто дойдуга Ийэ айылҕа сайдан-силигилээн киһи олорор усулуобуйата үөскээбитин кэннэ, Айыы Тойон Таҥара оруобуна Ийэ Айылҕа айыллыбыт күнүгэр Саха киһитин айбыт эбит. Дьэ ол иһин Айыы Таҥара айбыт күнүгэр хас биирдии саха киһитэ «Санныбар Дьыл өссө биир хаарын ууллардым!” - диэн өссө биир сааһы эбинэрэ. Ити күнтэн хас биирдии саха Саҥа сааһын Саҥа сыла саҕаланара. Онон Саха дьоно Саха Саҥа сылын бэлиэтиир күн, бары биир киһи курдук, хайа кэмҥэ төрөөбүттэриттэн тутулуга суох, саастарыгар биир сааһы эбинэн, төрөөбүт күннэрин бэлиэтииллэрэ. Бу сиэри-туому бары өттүттэн сыаналаан, анааран көрөр олус наадалаах. Ол курдук, өскөтүн Саха ааттаах барыта биир күн төрөөбүт күнүн бэлиэтээн, биир тыыннанар, биир өйдөнөр-санааланар, биир сомоҕо буолар буоллаҕына, ол аата бу күн – саха омук быһыытынан төрөөбүт, саха норуота үөскээбит күнэ буолар эбит диэн бэрт кэрэхсэбиллээх түмүгү оҥоруохха сөп.
Саха норуотун төрөөбүт күнэ
- Саха омуга төрөөбүт күнэ Аар Айылҕа уһуктар, самаан сайын, Саҥа сыл саҕаланар бэлиэ күнүн кытта бэлиэтэнэрэ, биир күн буолара олус тоҕоостоох. Бу, чахчы да, Улуу күн сыл аайы ыам ыйын бүтэһик субуотатыгар бэлиэтэнэр. Ол аата быйыл ыам ыйын 30 күнүгэр буолар. Хас биирдии сахабын дэнэр киһи бу Улуу күнү – Саха норуота төрөөбүт күнүн хайаан да бырааһынньыктыахтаах. Өскөтүн биир сиргэ мустар кыах суох буоллаҕына, холобур, быйыл ыам ыйын 30 күнүгэр оруобуна 13 чааска малааһынныыр остуолу тула олорон, сааска саас эбинэр туому ыытыахтаах, саха биир сомоҕо буолар тэрээһинигэр кыттыахтаах.
Саха дьиэ кэргэнин сомоҕолуур тэрээһин
Валентина Николаевна Свешникова, Мэҥэ Хаҥалас улууһун Нуораҕана нэһилиэгэ: - Ньукуолун мин саамай күүтэр бырааһынньыгым диэтэхпинэ, бука, сыыспатым буолуо. Айылҕа уһуктуута, кэҕэ этэрэ, от-мас көҕөрөрө – бу барыта дьикти, кэрэ музыка буолан кутуллар. Түптэ сыта, ынах маҥырыыра, сүгэ-эрбии тыаһа оҕо саас саамай кэрэ кэмин санатар. Дьон бары кыһыҥҥы түлүк уутуттан уһуктан кэлбиттии үөрэр-көтөр, ыллыыр-туойар. Сарсыарда эрдэ туран кэҕэ этэрин истээри, күммүт саҕахха тахсыытын кэтэһэн, таһырдьа тахсан сайа тыынабыт. Айылҕа бу дьикти көстүүтэ туохха да тэҥнэммэт кэрэ буоллаҕа. Бу күн сарсыардаттан алаадьы астаан сырылатан баран, Эдьиий Дора сүбэтинэн эбэҕэ киирэн, уу иччититтэн ис дууһаҕыттан көрдөһөн, ааттаһан баран, эбэ кытыытыгар алаадьы тэлгэтэн тахсаҕын. Дьиэҕэр кусчут баар буоллаҕына, киэһэ мустан олорон мип-минньигэс, ип-итии кус миинин иһэҕин. Дьэ, бу күнтэн сайыммыт барахсан тиийэн кэлэр буоллаҕа.
Галина Семеновна Романова:
- Самаан сайын салаллан кэлбитинэн, биллэн туран, саха ыалын үгэһинэн алаадьы астыахпыт, кус этэ амсайыахпыт. Аар айылҕабытыгар сүгүрүйэн, арыылаах алаадьынан эбэбитин күндүлүөхпүт. Дьиэ кэргэн бары түмсэн, инники былааммытын торумнуохпут, окко бэлэмнэнэн тиэхиньикэбитин өрөмүөннэниэхпит.
Марелла Афанасьевна Баишева, Мэҥэ Хаҥалас улууһун Майа нэһилиэгэ, «Эркээйи» хаһыат кэрэспэдьиэнэ: - Уһун кыһыммытын этэҥҥэ туораан, Ньукуолун күнэ үүнэн, Сахабыт сиригэр самаан сайын салаллан кэлбитин бэлиэтиир биир ураты кэрэ-бэлиэ күн. От-мас көҕөрөн, кэҕэ этэн, тыа сиригэр ынах сүөһү барахсан сыһыыга мэччийэн, саха ыала сайылыкка көһөр. Алааска алаадьы сыта дыргыйар, түптэ буруота унаарар, кус миинэ иһэр дьоро киэһэ үүнэр. Оҕо аймах күөххэ көччүйэн үөрэр-көтөр.
Айхаллаана Плотникова, Мэҥэ Хаҥалас улууһун Дьабыыл нэһилиэгэ, К. Борисов аатынан сынньалаҥ киин исписэлииһэ:
- Ийэ сир уһуктан, көмүөл мууһа көтөҕүллэн, дьыл оҕуһун көҥдөй көхсө көҥүрүттэн түһэн, хоту муустаах муораҕа, улуу эбэ уйгутун кытта умса устуута, күөх сайын көхсө көтөҕүллэн тахсан, самаан сайын чээлэй күөҕүнэн чэлгийэн, томтор сирбит торҕо күөҕүнэн тупсан, халыҥ тыа хампа күөҕүнэн симэнэн турар кэмигэр биһиги нэһилиэккэ Ньукуолун күн аҕа саастаах дьоммут сүргэлэрэ көтөҕүллэн, санаалара саргыланан, кэнчээри ыччаппыт күөххэ күөлэһийэр кэрэ кэмэ кэккэлээтин диэн, уйгулаах сайыны уруйдаан, ыһыахтыыр сирбитигэр “Чараҥҥа” алгыстаах саламанан, алаадьынан күндүлүүллэр. Кэнники сылларга нэһилиэкпит эр дьоно, байанайдара бэрсибититтэн, Ньукуолун күнүнэн кырдьаҕастарбытыгар кус амсатан күндүлүүллэр, нэһилиэкпит кэрэ аҥаардарын түмсүүтэ сахалыы астаах, кус мииннээх сандалы тардаллар. Маннык көрсүһүүгэ кырдьаҕастарбыт кыыдааннаах кыһыны этэҥҥэ туораан, күөххэ үктэммит үөрүүлэрин үөлээннээхтэрин кытары үөрэ-көтө үллэстэллэр, сэһэргэһэн сэргэхсийэллэр. Аан дойду үрдүнэн дьаҥ ыарыыта турбутунан, тыҥааһыннаах балаһыанньанан сибээстээн, быйылгы Ньукуолун күнүн интэриниэт ситиминэн куонкурус ыытар былааннаахпыт.
Тускар туһан
- Ньукуолун иннинээҕи күн киһи үчүгэйдик суунуон-тарааныан наада. Кыаллар буоллаҕына, баанньыктанар ордук. Куорат олохтоохторо сылаас, туустаах ууга ванналанан, баттаххытын кыра туустаах уунан сайҕанан, куһаҕан санааларгытын ууну кытта ыытыаххытын наада.
- Ыам ыйын 22 күнүгэр, сайын кэлбитин уруйдаан, ыал ийэтэ алгыстаах алаадьытын астыыр. Сирин-уотун, тэлгэһэтин күндүлүүр. Айылҕаҕа тахсан эмиэ сиэр-туом толорор.