Күһүҥҥү хаһаас минньигэс ырысыаптара
Бу кэмҥэ хас биирдии хаһаайка быйыл сайын үүннэрбит оҕуруотун аһын хаһаанарга түбүгүрэр. Оҕуруот астарыттан бэрт судургу, элбэх сыраны ирдээбэт ырысыаптары таһаарабыт. Тускутугар туһаныҥ, доҕотторгутун кытта үллэстиҥ.
«Анкл Бэнс»
Кабачоктан саамай минньигэс уонна иҥэмтэлээх ас.
Эһиэхэ наада:
кабачок – 2 киилэ,
кыһыл помидор – 1 киилэ,
эриэппэ луук – 10 устуука,
минньигэс биэрэс – 5 устуука,
1 лиитирэ уу,
1 ыстакаан мас арыыта,
1 ыстакаан саахар,
1 ыстакаан томат пастата,
1 ост. ньуоска 70%-наах уксус.
Ууну, арыыны, томат пастатын, саахары оһоххо туруоран кэбиһэбит. Уот намыраабытын кэннэ кубиктарынан быһыллыбыт луугу кутабыт. Биэс мүнүүтэ буһарабыт. Салгыы помидордары кутабыт, эмиэ биэс мүнүүтэ туруорабыт. Онтон кубиктыы кырбаммыт биэрэһи кутабыт, онтон кабачоктарын эбэбит, өссө 15 мүнүүтэ буһара уурабыт. Туус, уксус кутабыт уонна эмиэ биэс мүнүүтэ буһарабыт. Стерилизацияламмыт бааҥкаларга кутан, сөрүүн сиргэ сойута уурабыт.
Дьаабылыкаттан хомпуот
Биһиэхэ, биллэн турар, оҕуруоппутугар дьаабылыка өлгөмнүк үүммэт буоллаҕа, ол эрээри маҕаһыыннарга араас суорда атыыланар. Бу кэмҥэ оҕуруот аһа, фрукта ситэн, ордук минньийэн эрдэҕэ.
Дьаабылыканы үчүгэйдик сууйабыт, хахтыыбыт. Амтаннаах, минньигэс хомпуоту оҥорорго улахан, бөдөҥ, кытаанах дьаабылыканы ылар ордук. Ордук күөх дьаабылыка барсар. Бэлэмнэммит аспытын саахарга уган суогун таһаарабыт. 2-3 чаас турбутун кэннэ кубиктыы кырбаммыт дьаабылыканы орто уокка биэс мүнүүтэ тэптэрэн ылабыт. Ол кэннэ уоттан ылан, 5-6 чаас сойутабыт уонна ыраас бааҥкаларга кутан сойутабыт.
Түргэнник маринуйданар хаппыыста
Эһиэхэ наада:
3 киилэ хаппыыста,
2 устуука орто моркуоп,
2 устуука минньигэс кыһыл биэрэс,
1 л уу,
ыстакаан аҥаара 9%-наах уксус,
1 ост. ньуоска саахар,
3 ост. ньуоска туус,
2 орто чеснок.
Хаппыыстаны, биэрэһи соломолуу кырбыыбыт, моркуоппутун теркалыыбыт. Хаппыыстаны илиибитинэн ньыһыйан, сымнатан биэрэбит, оччоҕо кини уута-хаара тахсар. Онтон биэрэспитин уонна моркуоппутун ылан кутабыт.
Маринад ырысыаба: уксустан уратыны барытын кутабыт уонна 5 мүнүүтэ оргутан ылабыт. Онтон уоттан ылан, уксуһу эбэн, булкуйан биэрэбит. Хаппыыстаны итии маринадынан кутабыт уонна холодильникка 12 чаас устата туруорабыт.
Минньигэс аджика
Эһиэхэ наада:
2 киилэ үчүгэй помидор,
1 төбө чеснок,
3 ост. ньуоска кыһыл биэрэс тумата,
2 ост. ньуоска корица,
1 ост. базилик,
3 ост. ньуоска саахар,
2 ост. ньуоска паприка,
3 ост. ньуоска томат пастата,
2 ост.ньуоска хара биэрэс тумата,
1 ост. ньуоска 70%-наах уксус.
Помидорбутун сууйан, мясорубкаҕа эрийтэрэбит. Ордук убаҕаһын сиидэлиэххэ сөп. Салгыы помидорбутун 20 мүнүүтэ устата тумаларбытын кытта кутан, булкуйан оргутабыт. Итии аджиканы ыраас бааҥкаларга кутабыт, сөрүүн сиргэ сойутабыт.
Лечо
Эһиэхэ наада:
4 киилэ помидор,
3 киилэ минньигэс биэрэс,
2 өлүүскэ чеснок,
0,5 л уксус,
1 ыстакаан саахар,
1 ыстакаан мас арыыта,
2 ост. ньуоска туус.
Помидору үчүгэйдик сууйуллар уонна итии уунан саба кутуллар. Оччоҕуна сиппит помидор чэпчэкитик хаҕыланар. Помидору тута мясорубкаҕа эрийиллэр. Дириҥ иһиккэ биэрэстэн ураты бары састаабын кутан 20 мүнүүтэ оргутаҕыт. Ол бириэмэҕэ минньигэс (болгарскай) биэрэстэри 4-6 гына туруору өлүүскэлэргэ араараҕыт. Оргуйбут пюрены биэрэскэ саба кутаҕыт уонна сойо түспүтүн кэннэ иккистээн чаас аҥаарын кэриҥэ оргутаҕыт.
Ириистээх лечо
Эһиэхэ наада:
1 киилэ помидор,
1 киилэ минньигэс биэрэс,
1 киилэ эриэппэ луук,
1 киилэ моркуоп,
2 улахан кабачок,
1 ыстакаан саахар,
туус,
киилэ аҥаара ириис,
уксус,
мас арыыта,
чеснок,
уу.
Ууга соломолуу кырбаммыт кабачоктан ураты оҕуруот аһын барытын кутабыт. Онтон моркуобу уонна луугу мас арыытыгар ыһаарылыыбыт. Кабачокпутун кубиктыы кырбыыбыт. Барытын бииргэ холбоон баран, оргуйа турар оҕуруот аһыгар кутабыт уонна ыстакаан ирииспитин кутабыт. Туустаан, саахарын кутан баран өссө 15 мүнүүтэ буһарабыт. Уксуспутун арахсыан 10 мүнүүтэ иннинэ кутабыт. Уопсайынан, лечону уһуннук буһарар соччото суох, ол иһин 20-чэ мүнүүтэ сөп буолар. Кэлин, бааҥкаҕа кутуллубутун кэннэ, бэйэтин суогугар буһар.
Хаппыыстаттан минньигэс салаат
Эһиэхэ наада:
2 киилэ хаппыыста,
2-3 орто моркуоп,
4 өлүүскэ чеснок,
1 устуука кыра сүбүөкүлэ,
1 устуука дьаабылыка.
Маринадыгар наада: уу – 0,5 лиитирэ, мас арыыта – 150 мл, 9%-наах уксус – 150 мл, саахар – 100 г, туус – 2 остолобуой ньуоска, лавровай лиис – 3 устуука, төгүрүк хара биэрэс – 5 устуука.
Бу ааттаммыт оҕуруот аһын барытын уһун синньигэс гына кырбыыбыт, моркуоппутун орто кээмэйдээх теркаҕа анньабыт, чесногу илдьиритэн, кыра гына кырбыыбыт. Барытын күүскэ булкуйан, суогун таһаарабыт уонна ыраас бааҥкаларга кутан кэбиһэбит. Маринад уута эмиэ хаппыыста үрдүгэр, бааҥка ортотугар диэри кутуллар. Биир суукка турбутун кэннэ сиэххэ сөп буолар.
«Тещин язык»
Дьон үксэ бу ас ырысыабын билэллэр, ол эрээри хас биирдии киһи кистэлэҥэ араас буолар. Макароҥҥа, эт эбэтэр балык аһылыкка сүрдээх тотоойу эбии аһылык.
Эһиэхэ наада:
2 киилэ кыһыл помидор,
3 киилэ кабачок,
700 г минньигэс биэрэс,
1,5 төбө чеснок,
2 ост. ньуоска туус,
130 гр. саахар,
140 мл. мас арыыта,
1,5 ост. ньуоска 70%-наах уксус.
Оҕуруот аһын ыраастыыбыт, сууйабыт, чеснокпутун үлтүрүтэбит. Биэрэһи, кабачогу уһун синньигэс гына кырбыыбыт. Помидорбутун мясорубкаҕа эрийтэрэбит уонна кыра уокка тууһу, саахары, арыыны, кыһыл уонна хара биэрэс туматын кутан оргутабыт. 10 мүнүүтэнэн кабачокпутун кутабыт уонна уоппутун аччатабыт. 15 мүнүүтэнэн уксууһу эбэн биэрэбит. Салгыы өссө биэс мүнүүтэ буһаран баран, билиитэбитин арааран кэбиһэбит. Стерилизованнай бааҥкаларга кутабыт, хаппаҕын сабан баран, сөрүүн сиргэ уурабыт.