Өкүүчэ
(Салгыыта, иннин “Холумтан” сыһыарыы алтынньы 10 күнүнээҕи нүөмэригэр ааҕыҥ)
Күһүҥҥү күннэр күлүгүрэн турдулар. Биир күн Ааллаах Үүнтэн убайдара Миитэрэй таһаҕас тиэйиититтэн кэлэн, эбиитин бу эрэ иннинэ аҕаларыттан сурук тутан, дьиэлээхтэр санаалара чэпчии сылдьар кэмнэрэ.
Миитэрэй 20-гэр чугаһаабыт, түргэн-тарҕан туттуулаах, сытыы-хотуу харахтаах, уҥуоҕунан кыра соҕус да буоллар, дьоһуннук туттар эдэр киһи. Холкуоска от, саах тиэйээччи, нуормаһыт. Ааллаах Үүҥҥэ бурдук таһарга холкуостартан биирдии киһини ылаллара. Бу бүгүн эмиэ өлүүтүн кэһии гынан мунньан аҕалбыт. Онон дьоро күн. Сороҕо түүнүгүрбүт да буоллар, ону ол диэбэккэ үөрэ-көтө сииллэр.
Миитэрэй, айан киһитэ, төһө да сылайдар, сылдьыбыт сырыытын киһи эрэ истэ олоруох курдук интэриэһинэйдик кэпсиир. Ол кэнниттэн дьэ олохторун-дьаһахтарын, күннээҕи түбүктэрин быһаарсан, былаанныыллар. Кыһын эмиэ Миитэрэй үс-түөрт сыарҕа аттаах таһаҕас тиэйэ Ааллаах Үүҥҥэ, уһун айаҥҥа турунуо.
Оппуруоһа хатыҥ сэбирдэҕин хомуйтарар, кыра бурдук эбэн бутугас хааһы оҥорор. Бөрүөк от мээнэ үүммэт. Буллахтарына лэппиэскэҕэ булкуйан буһаран быыкаа өлүүлээн биэрэр. Хас киэһэ аайы куобах тириитин имитэр, имиттэрэр. «Кыайыы фондугар» диэн куобах истээх үтүлүк, бэргэһэ тигэллэр.
Дьон үксэ хастыы да ыал буолан дьукаахтаһан олороллор. Сорох нэһилиэктэргэ ыалынан хоргуйан өлөн эрэллэр үһү диэн ботур-ботур кэпсэтэн ылалларын Өкүүчэ истэн оҕо сүрэҕэ ыалдьан ылар.
Миитэрэй күн аайы тыаттан оһоххо оттор мас тиэйэн аҕалар. Ону быыс эрэ буллаллар Өкүүчэлээх тахсан, кыахтара тиийэринэн эрбээн муҥнаналлар.
Алтынньы ый саҕаланыыта, биир күн Даайа Өкүүчэни ыҥыран сарсын оскуолаҕа үөрэнэ барарын туһунан эттэ. Өлөөнө диэн дьахтарга ырбаахы тиктэрбитин кэтэрдэн көрдө. Өкүүчэ саҥа таҥас диэни бүтэһигин хаһан кэппитин өйдөөбөт эбит.
Долгуйан эбитэ буолуо, түүнүн аанньа утуйбата. Уон икки сааһа даҕаны, маҥнайгы кылааска саҥа киирэр. Учуутал, оҕолор хайдах көрсөллөр? Сарсыныгар американскай сон кэтэрдэн, куултан тигиллибит үрүсээги сүктэрэн, элэйбит да буоллар ынах этэрбэһин кэтэртилэр. Дьэ уонна уһун суһуоҕун кур сыыһынан баайан кэбистилэр.
Өкүүчэ санаатыгар маанымсыйан саҥата суох мичээрдиир эрэ. Оттон балта Лида эдьиийин сайыспыттыы көрөн ылар, мэктиэтигэр ытаары гынар быһыылаах. Өкүүчэ балтын аһынан тиийэн хатыҥыр саннын кууһан ылла. Лида аһыннаттарбыт киһи быһыытынан өссө уйадыйан биэрдэ, куолайын туох эрэ хам тутта.
– Чэ, чэ, кытаат, Өкүүчэ, – Миитэрэй үгэһинэн тиэтэппитинэн аҥаардас ууну иҥсэлээхтик омурдаат таһырдьа ыстанна.
– Ээйиис, бу да кыргыттар, Лида, чэ, кытаат, аны эн миэхэ көмөлөһүөҥ. Ээх дуо? – диэн баран Оппуруоһа иҥиир сап хата олорон көбдьөөрө хаалла.
***
Убайдара Миитэрэй хас да ыал оҕолорун оҕус тэлиэгэтигэр олордон оскуола диэн сиргэ айанныыллар. Өкүүчэ күннээҕи олоҕор туох эрэ дьикти уларыйыы буолан эрэриттэн эмиэ да үөрэр, эмиэ да толлор.
Дэриэбинэ ортотугар оскуолалара турар эбит. Түннүгүнэн оҕолор одуулуу туралларын көрөн Өкүүчэ киириэн баҕарбата. Саамай бүтэһик түһэн аат харата кэннилэриттэн батыста.
Көрүдүөргэ саһан көрбүтэ, убайа саас ортолоох, киппэ соҕус, төгүрүк мытырыйбыт сирэйдээх, илиилэрин холбуу сис туттан турар киһини кытары кэпсэтэ турар эбит. Көрдөххө, таҥаһа-саба мааны. Чочумча буолаат, Миитэрэй ыҥыран: «Учууталы батыһан кылааскар киир», – диэн баран барда.
Учуутала кини санныгар уурбут илиитэ ханан сирдээбитинэн биир уол аттыгар чугаһаан олордо.
– Бу Лебедев Алампадоннуун олорор буолуоҥ. Оҕолор, биһиэхэ Чичахова Өкүүчэ диэн саҥа оҕо кэллэ. Бары эйэлээхтик сылдьан үөрэниэхтээххит. Мин Макаров Хабырыыл Уйбаанабыс диэммин, – диэн бэйэтин билиһиннэрдэ.
Өкүүчэ көрдөҕүнэ тулатыгар кып-кыра оҕолор оҥой-соҥой көрөн олороллор. Саамай улаханнара кини эбит. Аттыгар олорор уола Өкүүчэни хайдах эрэ дьээбэлээхтик көрө-көрө ырбаахытын сиэҕиттэн тардыалыырын быыһыгар: «Моҕотой-моҕотой, чыычаах-чыычаах», – диэн элэктээтэ. Өкүүчэ уоһун толлотоот, кырыылаахтык көрдө, онтон тулуйумуна уолу кинигэнэн төбөҕө охсоот, туран көрүдүөргэ ойдо.
Сарсыныгар Миитэрэй ситэри үөрэммэтэх балтын мөҕө-мөҕө оскуолаҕа сатыы хаамтаран аҕалла.
Уруок кэмигэр учуутала Өкүүчэҕэ чугаһаан эттэ:
– Хаҥас илиигинэн суруйаҕын дуу, уҥа илиигинэн суруй.
– Оннук сатаабаппын.
– Үөрэн.
Ханна эрэ эмэ сыһыгыраһан күлэр саҥа иһилиннэ. Өкүүчэ өһөспүттүү көрөн баран: «Миэхэ бу илиибинэн үчүгэй», – диэн иһин түгэҕэр саҥарда. Учуутала саҥата суох көрүдүөргэ таҕыста. Ханна эрэ аан арыллар-сабыллар тыаһа иһилиннэ. Алампадон уол эмиэ: «Моҕотой-моҕотой, чыычаах-чыычаах», – диир саҥатын истээт, Өкүүчэ абатыттан сымыһаҕын быһа ытырда. «Эмиэ убайбыттан мөҕүллэр киһи буоллум», – дии саныы олордоҕуна, учуутала кэлэн хаҥас илиитигэр үтүлүк кэтэрдэн баран быанан баайда.
Кыыс көрдөҕүнэ, учууталын сирэйэ тимир-тамыр курдук. Өкүүчэ соһуйан илиитин көрбүтүнэн таалан олордо. Онтон улам-улам хараҕа уунан туолан иэдэһин устунан сүүрдэ. Оҕолор да соһуйдулар быһыылаах, кылаас иһэ уу-чуумпу буола түстэ. Арай учуутал кыһаллыбакка миэстэтигэр сис туттан чонойо хаамта.
Үс сыл биллибэккэ ааһа оҕуста. Аҕаларыттан сурук биллибэтэҕэ хас да ый буолла. Оппуруоһа уола сураҕа суох сүппүтүн истибитин кистии сылдьар. Уйадыйан хараҕын уута сүүрдэҕинэ, дьонугар көрдөрүмээри туора хайыһар. Долгуйдахтарына, санаатахтарына, хат-хат илдьирийбит кумааҕылары ааҕаллар. Аҥаардас ол суруктары ааҕаары Өкүүчэ кыһанан үөрэнэр. Ордук физкультура уруогар, Яков Михайловичка хайҕанар. Онно ирдэбил кытаанах. Илиилэрэ тоҥо-тоҥо хайыһардыыллар, хаарга сыыллаллар, тоҥуу хаарга сүүрэллэр.
Кыстык кэмтэн саҕалаан Өкүүчэ интэринээккэ олорон үөрэнэр буолла. Манна кэлэн саҥа ыраас таҥаска утуйар үөрүүтүн биллэ. Улахан кылаас кыргыттара табахтыыллар. Кинилэр көрдөһүүлэрин ылынан Өкүүчэ дьонтон испиискэ, табах булан биэрэр. Кыргыттар онно махтанан өлүү килиэптэриттэн, кэмпиэттэриттэн бэрсэллэр. Ону мунньан Өкүүчэ дьонугар кэһии гынан илдьэр.
***
Хоххоллой оҕонньор харытын ньыппарынан, быакаллан, быар куустан турар. Иннигэр оскуола оҕолоро кини сорудаҕынан кирпииччэ үктүү, сорохтор иин хаһа, уот отто, кирпииччэ сааһылыы сылдьаллар. Маппый диэн остуорас оҕонньор бакыйан хааман иһэн тохтоон, туора баран кэпсэттилэр.
– Туох кэпсиэ баарый, эһиги диэки? – Хоххоллой оҕонньор хамсатын хостуу туран ыйытта.
– Биһиги диэки диэ. Дьэ сонун бөҕө. Өлөөнө кэргэнэ баара дии, бии Бүөтүр оҕонньор. Кыанар кыыһыгар ыксаан баран иһэн хоргуйан, сэниэтэ баранан, аара суолга охто сытарын хата кимнээх эрэ быыһаан оройуон балыыһатыгар киллэрэн быыһаабыттар үһү, – күн уотуттан хараҕа саатан сабыччы көрөн кыыкынаата. – Аны куор диэн ыарыыттан сайылыкка дьукаах олорбут ыалларбыт оҕолоро куһаҕаннаттылар.
– Бай. Ээ, инньэ диэн баара, – Хоххоллой хамсатын буруотугар хахсайда. Дьэ, иэдээн диэтэҕиҥ. Бии, бокуонньук Оппуруоһа кыра сиэнэ барда этэ дуу.
– Эээ-эх. Инньэ дииллэрэ. Биир кыыстара ыалдьан баран нэһиилэ өрүттүбүт. Хараҕар охсон көрбөт буолбут дииллэрэ. Хара сордоохтор диэтэҕиҥ.
– Дьэ. Оттон биир дьахтар баара. Дьукаахтара этэ быһыылааҕа. Ол ханна дьөлө түспүтүй?
– Ээ, бары Майалаабыттар үһү. Хара сордоохтор. Хата, тыыннаах эрэ сырытталлар.
– Дьэ, диэмэ. Оппуруоһа бокуонньук баара буоллар, дьылҕалара атыннык таайыа эбитэ буолуо.
– Ээ, ол эмээхсин быыһыыр дьэ. Ол да буоллар Миитэрэй балтын Төҥүлүгэ көрбөттөр оскуолаларыгар киллэртэрбит үһү. Хор, санаата күүһүн. – Ээ-һэх, Миитэрэй, дьэ, маладьыас. Дьонун кини иитэн баччаҕа кэллэхтэрэ. Эһиги быйыл от сии бааркыт дуо?
– Баран. Арҕаа Хаҥаласка хата сүөһүлэрин кыстаттылар.
– Чэ, бэйи, ити оҕолору баран көрүөххэ. Дьаабаллар кирпииччэлэрин кыҥнары уурталаары гыналлар. Оҕонньоттор аргыый аҕай миэстэлэриттэн сыҕарыйдылар. Кэннилэриттэн хара ыт салбыҥнаан батыста.
***
1946 сыл. Сэрииттэн фронтовиктар кэлбиттэрин көрсөллөр үһү диэн буолла.
Өкүүчэ улуус киинигэр Миитэрэйдиин остолобуойтан таҕыстылар. Өкүүчэ улаатан тупсубут. Көнө дьылыгыр уҥуохтаах, самыытыгар тиийэр уһун суһуохтаах, туналы маҥан ньуурдаах. Арай иччитэ суох харахтара киһиэхэ быраҕыллаллар. Ааһан иһэр дьон хараҕынан көрбөт буолбут кыыһы хайыһан аһына көрөллөр.
Болуоссакка миитин буола турар сиригэр тиийдилэр. Дьон бөҕө тоҕуоруспут. Кимнээх эрэ тыл этэ тураллар. Миитэрэй билэр дьонун көрсөн тохтоон кэпсэттэ.
Өкүүчэ убайыттан тэйэн дьон саҥатын батыһа тарбахтарын саратан сэрэнэ хаамар. Сотору-сотору иһиллэр-иһиллибэттик «Тээтэ» диир. Арай аҕатын куолаһа иһиллэргэ дылы гынна. Өкүүчэ иннигэр баттыкка өйөммүт төбөтүгэр бэрэбээскилээх фронтовикка чугаһаан тохтоото. Тарбаҕын иминэн фронтовик синиэлин тутан көрдө.
– Тээтэ, бу эн дуо? Мин Өкүүчэбин дии.
– Оо, оҕом барахсан. Мин Уйбаан Мэхээлэбис диэммин.
Өкүүчэ билбэт киһитин куолаһын истээт, салгыы хааман истэҕинэ, эмискэ убайын илиитэ тутта.
– Өкүүчэ , массыына кэллэ. Бара охсуохха!
2022 с.