28.11.2024 | 08:00

Өкүүчэ

Өкүүчэ
Ааптар: Варя Егорова-Чэмэлиинэ
Бөлөххө киир

«Эдьиий, ити эбээ тоҕо охтоору гынар курдук хаамарый?» –аҕыстаах Лида эдьиийин батыһан сүүрэр икки хаамар икки ардынан иһэн ыйытта. Кини дэриэбинэҕэ киирэн дьоҥҥо лэппиэскэ сыыһын сиэбититтэн үөрбүтэ ааһа илик бадахтаах. Билигин сельсовет дьиэтин аттыгар туох буолбутун, тоҕо эбэтэ кини аҕатыгар умса түһэн ытыырын, атын дьон эмиэ тоҕо ытаһалларын, убайа Миитээ тэлиэгэлээх атынан аҕатын ааҕы ханна эрэ илдьэ барбытын өйдүөбэккэ сылдьар. Эдьиийэ эмиэ лэппиэскэ сиэн быһыылаах, тоҕо эрэ сүргэтэ көтөҕүллүбүт курдук хаамара түргэтээбит. Эргиллэ түһээт, эмискэ тохтуу биэрдэ уонна толкуйдаабыттыы туттан: «Кырдьык, эбээ Оппуруоһа туох эрэ буолбут. Лэппиэскэттэн сиэбэтэ даҕаны ээ. Баҕар, тээтэлээххэ уонна биһиэхэ эрэ бэрсибиттэриттэн хомойбута буолуо». Лида ону итэҕэйбиттии эбэтэ Даайалыын сыыры нэһиилэ тахсан чөҥөчөккө тохтоон эрэллэрин аһына көрдө. Били үөрбүтэ-көппүтэ кыл түгэнигэр ханна да суох буолла. Өкүүчэ балтын сиэтэн эбэтин аахха сүүрдэ.

– Эбээ, лэппиэскэ бэрсибэтэхпитигэр бырастыы гын,– Өкүүчэ ытыы олорор эбэтин кууһа түстэ. Кини эбэтэ ытыырын саҥа көрөн олус уолуйда. Лида эмиэ күҥҥэ быһа сиэппит төгүрүк сирэйэ ытаары гыммыттыы мэрбэҥнээтэ.

– Тоойуом, аҕаҕыт ырыых-ыраах барда. Аны хойут-хойут кэлэр,– эбэлэрэ хараҕын уутун туора соттоот, нэһиилэ саҥарда. Өкүүчэ аҕата сэриигэ барбытын тута сэрэйэн, эбэтин көрөөт: «Кини өлбөккө кэлиэ дии»,– диэмэхтээтэ.

Ити курдук ытаһа-ытаһа хас да көстөөх холкуостарыгар сатыы хаама турдулар. Арай сайыҥҥы былыта суох күөх халлаан барыта этэҥҥэ буолуо диэбиттии ырааһынан көрөн турда.

«Ыстахаанабыс» холкуоска күн-түүн оҕо, дьахтар аймах, кырдьаҕас эрэ өттүлэрэ хааланнар, оҕолуун-уруулуун түбүктээх, сындалҕаннаах үлэ үөһүгэр түстүлэр. Өкүүчэлээх Лида кыраларыгар ийэлэрин сүтэрбит буоланнар, соҕотох эбэлэригэр Оппуруоһа эмээхсиҥҥэ хааллылар. Онон ыаллара Даайыс үс уолун, кэргэнин сэриигэ атааран, кыра уон икки саастаах Маппый диэн уолунуун кинилэргэ дьукаахтастылар. Даайа түөрт уон алталаах хатыҥыр дьахтар. Баара-суоҕа биллибэт, аҕыйах саҥалаах, бэрт сытыары-сымнаҕас майгылаах, ыйаастыҥы хойуу кыламаннаах харахтаах. Өкүүчэ кини уһун суһуоҕун тараана олорорун көрдөҕүнэ, ийэтин санаан ылар. Ону сэрэйбиттии Даайа кинини кууһан ылан оргууйдук сыллыыр. Кыыс оҕону харыстыырдыы тугу да соруйбакка үксүн бэйэтэ үлэлиир. Ол оннугар эбэтэ Оппуруоһа: «Тоом, ону аҕал эрэ, маны гын»,– диэн соруйсар. Эбэтэ эдэр сылдьан бэрт кыайыгаһа, от охсорунан, мас кэрдэринэн ханнык да эр дьонтон хаалсыбакка үлэлиирэ эбитэ үһү. Аҕата уус буолан, илин-кэлин түсүһэн ону-маны барытын тутуһан-хабыһан, тэҥҥэ маһы эрбээн, хаптаһын, былаахы бэлэмнэһэрэ үһү. Билигин даҕаны аҕатын оҥорбут олоппосторо, ыскааптара алдьаммакка-кээһэммэккэ тураллар. Аҕата тимири уһанарыгар балтатын кыыһыгар туттаран тыын ылара үһү. Онуоха кыыһа бэрт холкутук туттан балтаны баһырҕаппытынан барара үһү.

Оппуруоһа хойутуу Уйбаан диэн киһиэхэ дуруусканан кэргэн тахсыбыт. Аҕыйах сыл олорбуттарын кэннэ кэргэнэ бултуу сылдьан ууга түһэн, икки оҕону кытары тулаайах хаалбыт. Кыыһа Мотуруона сэбиргэхтэтэн үстээҕэр олохтон туораабыт. Онон Өкүүчэлээх аҕаларыныын Сүөдэрдиин иккиэ бэйэлэрэ хаалан от-оттоон, мас-мастаан, бултаан-алтаан олорбуттар. Балыктыылларын олус сөбүлүүллэр үһү. Оппуруоһа муҥха бэчимэтигэр бэйэтэ быа хатан уолунуун чугас ыалларын кэрийэн балык бэрсэллэрэ үһү. Оппуруоһаттан тоҕо эрэ дьон толлор этэ.  «Бэйи, Оппуруоһа туох диир. Оппуруоһа билэрэ буолуо» дииллэрэ.

Билигин кырдьан алларыйбыкка дылы. Быйыл сэттэ уон икки сааһыгар үктэннэ. Өкүүчэ эбэтин олус таптыыр. Ханна да бардын, тэҥҥэ батыһа сылдьар. Иистэнэ олорорун ордук интэриэһиргээн көрөр. Иннэтигэр сап уган биэрэр. Саамай сөбүлүүрэ диэн эбэтэ иистэнэригэр урукку олоҕуттан, үһүйээннэртэн кэпсиирэ. Биитэр ханна эрэ уоһун иһигэр киҥинэйэн ыллыыра.

 Өкүүчэ аҕата үлэ үөһүгэр сылдьар буолан сарсыарда эрэ көрөрө. Кини сорсуннаах булчут.  Икки быһыт сохсолооҕуттан биирэ – тоҕус уонча, иккиһэ алта уонча айахтаахтар. Аҕата сохсолоруттан куобаҕы, мас көтөрүн аҕалара. Сороҕун кыамматтарга бэрсэрэ. Булчут, балыксыт буолан кинилэр хаһан да быстарбакка олорбуттара. Билигин кинитэ суох хайдах олоруохтарын, ханнык уустуктары көрсүөхтэрин Өкүүчэлээх дьэ кэлэн өйдөөтүлэр.

Даайа холкуоска ыанньыксыттыыр. Ынахтарын күҥҥэ түөртэ ыыллар. Өкүүчэлээх Лида ынах этэрэн, ньирэй тутан биэрэллэр. «Маҥааччыйа – миэнэ, Өрүөстээх – эйиэнэ» диэн кыргыттар күн аайы ынахтары, ону тэҥэ борооннору, ньирэйдэри үллэстэн тахсаллар. Даллары, ынах хойууларын ыраастыырга көмөлөһөллөр. Икки Өлөөнөлөр баалларын иһин, Бостуук Өлөөнө, Асчыт Өлөөнө диэн тус-туһунан ааттыыллар. Аҕыйах кырдьаҕас баар. Оҕолор Климентов Никииппэр диэн өкчөһүйбүт хатыҥыр, торум курдук хара бытыктаах оҕонньору батыһан киэһэ оҕуһунан «сухалыы» диэн бараллар. Кинини тоҕо эрэ истибэтигэр Хоххоллой диэн хос ааттыыллар эбит.

Оҕолортон саамай улаханнара Бааска диэн муру-мултугур муруннаах, сүүһүн анныттан өрүтэ сиэлийтэлээбит сытыы харахтардаах уол оҕустарын көлүйэр, сухаларын оҥорор эбээһинэстээх. Ол курдук күн тахсыар диэри түөрт-биэс суханан үлэлээн, утуктаан, сылайан сукуҥнууллар. Күнүһүн утута сытыарыахтара дуо, дьоҥҥутугар көмөлөһө барыҥ диэн буолар. Арыт кураанах чэйи иһэ сылдьан, аат харата эрэ накыҥнаһаллар. Үксүгэр атах сыгынньах сылдьар буолан, хайыта барбыт атахтара хаанынан оҕуолуур, хараара хатар.

***

– Чэ, оҕолор, баран аны аһыыҥкалааҥ, – бостуук Аана айаҕар тугу эрэ уоба сылдьар курдук бөлүөстүгэстик саҥарар.

Үгэһинэн, киһи сирэйин таба көрбөккө ханна эрэ туора көрө сылдьар. Ыксаатаҕына халыҥ халтаһаларын симириктэтэн ылар. Өкүүчэ аһыыҥкалыырын сөбүлээбэт. Кураан туруоҕуттан, от-мас хатан, оҕолору аһыыҥкалаппыттара хас да хонно. Кураан күннэргэ күн уота киһи сыгынньах этин быһа сиир, бэл, салгын хамсаабат, киһи тыынын хаайар курдук буолар. Онно эбии уу-ньамаан хааһыны эрэ сиэн сылдьар аччык оҕолор сэниэлэрэ эстэн нэһиилэ хамсанаахтыыллар. Бааһына тула аһыҥа тыаһа сып-сырдырҕас. Туох барыта кууран-хатан, бэл, күөллэр уолан хаалбыт курдуктар. Өкүүчэ төһө даҕаны куйааска бустар-хаттар, утатан ытамньыйан ыллар, көлөһүнүн сотто-сотто оҕолору батыһан, тэҥҥэ сылдьан син үөрэнэн истэ. Бурдуктарын тула дириҥ ханааба, дьаама хастараллар. Онтон-мантан таҥас сыыһа куул булан муҥха оҥостоллор. Иккилии киһи – кытыытыгар, иккилии киһи ортотугар туран кэриччи бараллар. Манна Маппый уол үчүгэйдик хамаандалыыр. Дьаамаларыгар аһыыҥкалары түһэрэн тэбииллэр уонна бэрбээкэйдэригэр диэри сүөкэммит аһыыҥкалары кэһэ сылдьан баллырҕаччы үктүүллэр. Онтон сороҕун куулга кутан маска ыйаан туруораллар. Көҕөрүмтүйэн көстөр арыыта түспүтүн кэннэ от оҕустарар массыынаны, сэппэрээтэри оҕунуохтуурга тутталлар. Арыт нуорма лэппиэскэлэригэр умньаан сиэн ылаллар, хатырбыт атахтарын соттоллор.

Ол курдук эрэйдээхтик сайылаан, күһүҥҥү күннэр үүннүлэр. Өкүүчэ эбэтиниин куобах кулгааҕа, кучу, бараан муоһа оттору чэйдэригэр хомуйаллар.

 – Эбээ, бу хатыҥнар барахсаттар үөстэрин быстахпытына ыалдьаллара буолуо дуо? – Өкүүчэ кырдалы батыһа үүммүт хатыҥнар быыстарынан хааман иһэн ыйытар.

– Ыалдьымына. Тыынар тыыннаах барыта ыалдьар, ытыыр, кэхтэр, иинэр-хатар. Ол эрээри кинилэр эмиэ биһигини аччык дьону өйдүүллэр, өлүүлээн бэрсэллэр. Дьэ, бу хам сыстан сылдьаллар дии, – Оппуруоһа хатыҥ чэриитин быһаҕынан логлорута анньан барда. Өкүүчэ сатаабат буолан сымнаҕастары быһаҕын биитинэн быһар.

 – Эбээ, тээтэбит хаһан кэлиэй? – Өкүүчэ эмискэ аҕатын санаан курус гынна.

 – Кэлиэҕэ, тоом, сэрии бүттэҕинэ кэлиэҕэ.

– Оттон сэрии хаһан бүтүөҕэй?

– Биллибэт.

– Арай хаһан да бүппэтин?

– Бу да оҕо тылын. Кэбис, инньэ диэбэттэр. Бүттэр эрэ кэлиэ дии. Чэ, ыл, бара охсуох, күн-дьыл ыраатта. Өкүүчэ эбэтин тылыттан сүргэтэ көтөҕүллэн, бэл аччыктаабытын да умнан суолу быһа чообугуруу истэ.

***

– Ийээ, биһиги бааһынаттан кутуйах хасааһын буллубут, – Маппый уол турулуччу көрөн сүүрэн аҕыластаан киирдэ.

 – Тыый, көрдөр эрэ, – Өкүүчэлээх Лида чуопчаара түстүлэр, Маппый ытыһыгар сиэбиттэн хостообут кумахтаах бурдугун көрө тула турунан кэбистилэр.

 – Бэйи, айдаарымаҥ! – Даайа көмүлүөк оһоҕун иннигэр тирии имитэ олорон тохтуу биэрдэ.

 – Көр бу, ийээ, кырдьык этэбин, – Маппый ийэтигэр тиийэн уунна. Туох эрэ күндү көмүһү булбут курдук дьоһуннук туттан туран субуруйан түһээри гыммыт сыыҥын өрүтэ сыҥсыйда.

 – Ити, ити буоллаҕына, мантан киэһэ лэппиэскэ сиибит дуо?! – Өкүүчэ үөрэн саҥа аллайа түстэ.

– Һыллыа, кимиэхэ да эппэтиҥ, көрдөрбөтүҥ ини? – Даайа долгуйбуттуу уолун диэки көрөн ылла.

 – Суох, ийээ, ким даҕаны билбэт, – Маппый сибигинэйэ быластаан оргууй эттэ.

– Билигин кутталлаах кэм, үҥүстэхтэринэ, дьэ, хайдах буолабыт. Иһиттигит дуо, оҕолор, кимиэхэ эмэ быктара сылдьаайаҕыт. Аны буллаххытына даҕаны ылбаккыт. Ээх дуо? Аҕал чэ, бу иһиккэ кутуохха, – Даайа ким эрэ киирэн көрүө диэбиттии, ыксаабыттыы туос кыра иһити ылан тоһуйда.

Даайа мээнэҕэ долгуйбатаҕа. Кутуйах да хасааһын хомуйар улахан бобуулаах этэ. Кыһынын эбии нуорма ылаары Маппыйы сааһын эбэн холкуоска үлэлэтэ биэрдилэр. Сыл бүтүүтэ кыра нуорма бурдук ылан суорума таастаах ыалга бурдук тартаран абыраналлар. Оппуруоһа бэс охторон талах салаасканан соһон аҕалаллар.

– Чэ, манна ирэ сыттын, – Оппуруоһа талах олоппоско өкчөһүйэн олордо.

– Тоҕо манна сытыаҕай? – Өкүүчэ оһох иннигэр иттэ турда.

 – Ирдэҕинэ быһаҕынан кыһыахпыт, оччоҕо лапса курдук субай тахсыа. Ону ыламмыт кыра бурдук эбэн миин иһиэхпит.

– Иэхэйбиин! – оҕолор үөрэн күө-дьаа буола түстүлэр.

Кинилэр эбэлэрэ тугу барытын сатыыр, кыайар курдук. Өкүүчэ саҥата суох эбэтин тиийэн кууспахалыыр, мырчыстыбыт иэдэһиттэн сэрэнэ сыллыыр. Эбэтэ күлэн мүчүҥнүүр. Кинилэргэ ол түгэн эриэккэс күндү.

Өкүүчэ биирдэ эмэ аҕатын суохтаан саһан ытыыр. Кыараҕас харахтарын быыһыгар хойуу кыламаннара сыстыһан ньылбаардахтарына, балта Лида тута билэн: «Өкүү, тоҕо ытаатыҥ?» – диэн дьэргэлдьиччи көрөр. Онуоха сүр түргэнник битийиктээн тиийэн кимиэхэ эмэ этэн биэриэ диэбит курдук, Өкүүчэ, сутуругун көрдөрөөт, сүүһүн аннынан көрөн кэбиһэр. Ол эрээри кинилэр үксүн эйэлээхтэр. Оҕо-оҕо курдук оонньообокко, куруутун үлэ үгэнигэр сылдьан дьонноругар илии-атах буолан көмөлөһөллөр.

Сут-кураан кэмэ да буоллар, үрэх сирдэринэн оттууллар. Отунан отуу оҥостон, от тэллэхтэнэн хоно сыталлар. Чэй сыыһа өрүнэн бутугас сииллэр, сорох күҥҥэ суорат иһэллэр.

Биирдэ эмэ ардах түстэҕинэ, от кэбириир диэн хотуурунан оҕустараллар. Өкүүчэ от охсорго үөрэнэн, сүргэтэ көтөҕүллэн сылдьар. Хайа, тээтэтэ кэллэҕинэ, ону билэн төһө эрэ соһуйар, үөрэр. Хотуурун сүрдээх дьоһуннук туттан игиинэн сытыылыыр. Маҥнай илиитин быһа сотон эрэйи көрбүтэ, онон сэрэнэн туттар. Маппыйдыын оонньуу-оонньуу охсоллор.

– Маппый, эн ыксыыр буолаҥҥын көрбөккүн, суолуҥ кирдээх, – Өкүүчэ хомуруйбута буолар.

 – Ханна? – Маппый отун охсон иһэн эргиллэн суолун көрөр. Сэтиэнэхтээх дии. Хата, мин тэлиибин көр. Өкүү, уолаттары кытары сырсыбаттар. Сэрэнээр эрэ, хата, атаххын.

– Маппый, хата, маннык эргийэ баран утары көрсөбүт дуо? Арыы оҥоруохха уонна көмүс көрдөөн онтубутун охсон кэбиһиэххэ.

– Хата, ити үчүгэйдик эттиҥ ээ. Чэ, бу курдук барыахха. Оҕолор үс «арыыны» охсон баран дьэ өйдөөн көрөн үөрдүлэр. Оонньуубут диэн элбэҕи да охсон кэбиспиттэр. Арыт дулҕалаах сиринэн охсоллор. Өкүүчэ хотуурун арыт маска быһа саайан ыксыыр, арыт умса батара анньан да ылар.

 

Салгыытын “Холумтан” сыһыарыы аныгыскы таһаарыытыгар ааҕыҥ

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

Валентин Баһылайап: «Эмээхсин өтө көрбүт быһыылаах»
Дьон | 08.12.2024 | 14:00
Валентин Баһылайап: «Эмээхсин өтө көрбүт быһыылаах»
Биһиги ортобутугар араас дьылҕалаах, үлэлээх-хамнастаах, дьарыктаах дьон элбэх. Хас биирдии киһи син биир туох эрэ уратылаах, талааннаах, киһи кэрэхсиир кэпсээннээх. Биир оннук киһини кытта сэһэргэспиппин ааҕааччыларбар тиэрдиэхпин баҕарабын.   — Валентин Титович, кэпсэтиибитин билсиһииттэн саҕалыахха. — Бэйэм Сунтаартан төрүттээхпин, Хатырыкка олохсуйбутум 44 сыл буолла. Хадан нэһилиэгэр 1951 сыллаахха төрөөбүтүм. Бииргэ төрөөбүт...
Күндү күтүөт, көмүс күтүөт, көйгө күтүөт...
Сонуннар | 01.12.2024 | 12:00
Күндү күтүөт, көмүс күтүөт, көйгө күтүөт...
«Теща» туһунан атын омуктарга олус элбэх анекдот, көр-күлүү баар. Оттон биһиги, сахалар, күтүөт уолбутун хайдах ылынабыт, сыһыаммыт хайдаҕый, төһө тапсабытый? Өйдөспөт түгэн таҕыстаҕына, кыыскын көмүскүүгүн дуу, күтүөт диэки буолаҕын дуу? Онон бүгүн күтүөттэр туһунан кэпсэтиэххэйиҥ.   Светлана Петровна: — Мин ыал буолбутум оруобуна 40 сыл буолла. Ол эбэтэр 1984 сылга дьонум...
Ийэ буор
Сынньалаңңа | 07.12.2024 | 10:00
Ийэ буор
Гаврильева Оксана Павловна – Айсана 1963 с. Мииринэй оройуонун Ботуобуйа нэһилиэгэр күн сирин көрбүтэ. 1982 с. Н.Г. Чернышевскай аатынан Бүлүүтээҕи педагогическай училищены бүтэрбитэ, 1988 с. Дьокуускайдааҕы судаарыстыбаннай университеты бүтэрэн, нуучча тылын уонна литературатын учууталын идэтин ылбыта. Ити идэтинэн Н.Е. уонна П.Н. Самсоновтар ааттарынан Хатас орто оскуолатыгар үлэлиир. Педагогическай билим хандьыдаата,...
Өкүүчэ
Сынньалаңңа | 01.12.2024 | 16:18
Өкүүчэ
(Салгыыта, иннин “Холумтан” сыһыарыы алтынньы 10 күнүнээҕи нүөмэригэр ааҕыҥ)   Күһүҥҥү күннэр күлүгүрэн турдулар. Биир күн Ааллаах Үүнтэн убайдара Миитэрэй таһаҕас тиэйиититтэн кэлэн, эбиитин бу эрэ иннинэ аҕаларыттан сурук тутан, дьиэлээхтэр санаалара чэпчии сылдьар кэмнэрэ. Миитэрэй 20-гэр чугаһаабыт, түргэн-тарҕан туттуулаах, сытыы-хотуу харахтаах, уҥуоҕунан кыра соҕус да буоллар, дьоһуннук туттар эдэр киһи....