Изабелла ПОПОВА: “Өссө да киэһэриэ илик”
Киһи төһөнөн күүстээх даҕаны, Дьылҕа Хаан киниэхэ оннук олоҕу аныыр – дьулууру, дьүккүөрү, сытыы толкуйу эрэйэр уустук дьылҕаны. Дьэ, ону уйбуттары бэйэтин көрүүтүнэн маанылыыр быһыылаах – үтүө сүрэҕинэн, баай, аһыныгас дууһанан, дьоҕурунан, талаанынан...
Изабелла Ильинична Попова – Арассыыйа үөрэҕириитин туйгуна, Учууталлар учууталлара, Саха сирин үөрэҕириитин бочуоттаах үлэһитэ. Поповтар 300-тэн тахса сыл ыстаастаах педагогическай династияларын бас-көс киһитэ, Сунтаар нэһилиэгин бочуоттаах олохтооҕо, норуот маастара. Изабелла Ильинична бу суруллубут сүрүн регалияларын таһынан убайа норуодунай суруйааччы Леонид Андреевич Попов сырдык аатын үйэтитиигэ сүҥкэн кылааттаах.
– Мин Сунтаар Тойбохойугар сэрии бүтүүтэ, 1944 сыллаахха, от ыйын 11 күнүгэр төрөөбүтүм. Ол ыар кэмнэр туһунан дьонум кэпсээннэринэн эрэ өйдүүбүн. Ханна эрэ дьон аччыктаан өлбүтүн, элбэх ыарыы, өлүү-сүтүү баарын куттана-куттана истэр буоларбыт. Ол да буоллар мин оҕо сааһым ханан да былыта суох, күндэлэс халлааҥҥа тэҥнээхтик ааспыт эбит дии саныыбын.
8 оҕолоох учуутал дьиэ кэргэнигэр 4-үс оҕонон күн сирин көрбүтүм. Аҕам Илья Андреевич Попов Саха АССР үтүөлээх учуутала, норуот үөрэхтээһинин туйгуна этэ.
Оҕо сааһым “көнө-налыы хонуулаах, үгүс мааны дьоннордоох” Тойбохойго ааспыта. Саамай чаҕылхай өйдөбүлүм – убайдарым, балтым уонна үс кыра бырааттарым. Элбэх оҕо күө-дьаа буолан уһун остуолга олорон аһыырбыт, кинигэ ааҕарбыт. Аҕабыт саахымакка уолаттары кытта оонньуура, балтым биһикки йэбитигэр көмөлөһөөччүбүт, илии-атах буоларбыт.
Тобохойго ботаническай саад тэриллэн, оҕо барыта онно үлэлэһэрэ. Саамай өйбөр хаалбыта: саас олбуорбут иһэ музыканан туолара. Убайдарым байааҥҥа, гармошкаҕа бэркэ да оонньууллара. Биһигини ыллата-ыллата, күлэн уҥа сыталлара, балтым Лида үчүгэйдик да ыллыыра... Сэлиэнньэ оҕото биһиэхэ мустан ыллыыра-туойара. Интеллигенция оҕолоро буолан, музыкальнай инструменнардаах, бэлисипиэттээх эҥин этибит...
Сунтаар 1-кы нүөмэрдээх оскуолатын бүтэрбитим. Аҕам Лесной оскуолаҕа учууталынан, баспытааталынан үлэлээбитэ. Ыраах сиртэн сатыы хааман үөрэммиппит. Оскуолаҕа үөрэнэ сылдьан спордунан дьарыктанар этим. Ордук чэпчэки атлетиканан, сүүрүүнэн, хайыһарынан үлүһүйэрим. Ыһыахха мүһэнэн бириэмийэлэнэн, дьоммун сөхтөрбүппүн өйдүүбүн.
Оскуолам кэнниттэн биир сыл баспытааталлаан баран үөрэххэ киирбитим. Учуутал буолуохпун кырабыттан ыраланар этим – оҕолору мунньан оскуолалаах оонньотон да биэрэрим.
1969 сыллаахха СГУ-ну бүтэрэн, нуучча тылын уонна литературатын учуутала буолбутум. 40-ча сыл идэбинэн үлэлээбитим. Элбэх оҕону олох суолугар таһааран, үгүстэрэ учуутал идэтин талан, өрөспүүбүлүкэ араас улуустарынан үлэлии-хамсыы сылдьаллар.
Убайым аатын үйэтитэн
– Суруйааччы Леонид Попов – эн убайыҥ, бэйэҥ да сааһыран баран ордук суруйар буоллум диигин. Бу дьоҕур кимтэн бэриллибит дии саныыгын?
– Эһэм бастакы уола – мин аҕам Илья Андреевич Попов, иккиһэ – саха норуодунай суруйааччыта Леонид Андреевич Попов.
Айар дьоҕур биһиги аймахха эбэбититтэн Аксинья Угаровнаттан бэриллибит диибин. Кини биир үөрэҕэ суох буолан баран, тута хоһуйуу, остуоруйа маастара этэ. Кэпсээҥҥэ киирбит үтүө майгылаах эбит. Мин аҕам Леонид Попов эһэтэ Николай Алексеевич Попов олус баай киһи эбит. Тулаайахтары үөрэххэ ыытар идэлээҕэ үһү, кэлин дьиэтигэр оскуола астаран үлэлэппит эҥин. Ол оскуола дьиэтэ билигин даҕаны нэһилиэккэ көһөн киирэн, интэринээт дьиэтэ буолан турар. Кинилэр Тойбохой уонна Уһун Күөл икки ардыгар Харба Күөл диэн улахан сыһыыга олорбуттар. Оҕолорун барыларын үөрэттэрбит, тулаайахтары иитэ ылан, эмиэ үөрэхтээх дьон оҥортообут.
Ол эһэм реальнай училищеҕа үөрэнэ сылдьан, 21 саастааҕар, Мэҥэ Хаҥалас Тараҕайыттан 35 сыл кинээстээбит кыахтаах киһи 17 саастаах кыыһын таптаан, кэргэн кэпсэтиннэрэн, Сунтаарга илдьэ барар. Икки кыахтаах аймах холбоһоругар, кыыс дьоно халыым таһынан өссө ат туйаҕын суолун аайы биирдии империал харчыга кэпсэтэллэр. Сунтаардар ол соругу барытын толорон, кыыһы сүгүннэрэн аҕалаллар. 1966-67 сылларга устудьуоннуурбар ол эбээбэр олоро сылдьыбытым.
Оччолорго суруйааччы убайым ийэтин кытта олорор. Ол бииргэ олорор сылларбар суруйааччы буолар дьон “эрэйин” илэ харахпынан көрбүтүм. Убайым түүнү супту төттөрү-таары хаамар, ботугуруур этэ. Ону эбээм “ити убайыҥ суруйар “туоҕа” киирбит” диэн миигин, куттамматын диэн, уоскутара. Леонид Андреевич үксүн, “суруйа” диэн, Москва эҥин диэки баран хаалара, эбээм соҕотох хааларыттан, миигин олордубуттара. Ону кэргэн таҕыстым диэн тахсан барбытым.
Суруйааччы убайым кабинетыгар, кини суоҕуна, мин эксээмэммэр бэлэмнэнэрим, хонон турарым. Наһаа элбэх кинигэлээх буолара. Бибилиотекатыгар “Леониду Попову от Анны Ахматовой” диэн илии баттааһыннаах поэтесса кинигэлэрин ылан ааҕарым. Ол саҕана оскуола бырагырааматыгар Ахматованы үөрэппэт этибит...
Суруйааччы Леонид Попов иккитэ кэргэннэнэ сылдьыбыттан биэс оҕолоох, биирэ эрдэ өлбүтэ. Биир да оҕото сахалыы барбатах. Кэмэ да, ирдэбил да оннук этэ. Төрөөбүт тылынан саҥаралларын ордук ыччат кыбыстара... Оҕолор аҕаларын дойдутугар сылдьа да иликтэр, быйыл хайыыллар...
Убайым аатын үйэтитиигэ мин эрэ үлэлэһэр кыахтаахпын диэн, кыаҕым баарынан сылдьабын. Эһэм, аҕам, убайым тустарынан матырыйаал хомуйбутум. Аҕалаах убайым тустарынан “Ини биилэр” диэн кинигэ оҥороору. Онтон хомуйбут матырыйаалым аһара элбээтэ диэммин, тус-туһунан таһаартыыр буоллубут. Убайым 100 сааһыгар кини туһунан кинигэ тахсарга бэлэм. Эһиил аҕам 110 сааһыгар эмиэ бэлэмниибин.
Аҕам суруйааччы буолбут быраатын туһунан “мин көхсүбэр улааппыт киһи” диэн күлэн кэпсиир буолара. 9 сыл аҕа буолан, сүгэ сылдьан атаахтаппыт, таптаабыт оҕото этэ. Саатар иккиэйэхтэр эрэ буоллаҕа.
Өбүгэлэрбэр сүгүрүйэн
– Өбүгэлэриҥ туһунан элбэҕи да билэр эбиккин. Анаан-минээн үөрэтэҕин дуу, дьонуҥ кэпсээннэринэн дуу, - диибин Изабелла Ильинична былыргы, мааны да мааны таҥастаах дьоһун дьон хаартыскаларын көрдөрбүтүгэр.
– Аҕам бэйэтин удьуордарын туһунан үчүгэйдик кэпсиирэ. Хаартыскалара саалаҕа наар ыйанан тураллара. Хос эһэтэ Алексей Ильич Попов Хочоҕо кулуба эбит. Онтон кини уола Николай Алексеевич Попов эмиэ кулубалаабыт. Үөрэхтээх, мындыр өйдөөх киһи. Сэбиэскэй кэмҥэ “көмүскүн ханна кистээтиҥ” диэн, туох да суута-сокуона суох, тыаҕа таһааран үлтү кырбаан баран ытан өлөрбүттэр. Ол иһин суруйааччы Леонид Поповтан “дьонуҥ туһунан тоҕо кэпсээбэккин?” диэтэхтэринэ, мин дьонум туһунан “Тоҕой Сэлэ” айымньыбар баар диэн кэбиһэрэ үһү. Ол айымньыга баар эһээтэ көмүһүн барытын курданардыы эринэн баран, ууга тимирэн өлөр – художественнай ханарытыыта оннук буолбут. Ити дьон төрдүлэрэ – Моонньо кулуба. Моонньо кулубаттан Мойбордоох Мотуруона диэн кыыс төрүүр. Ону Суоһалдьыйа Толбонноох диэн кини олоҕун кэпсээбиттэрэ диэн үһүйээн баар. Кинилэртэн уол төрүүр, ол уолтан мин дьонум бараллар.
Суруйааччы убайым биһиэхэ чэйдии олорон элбэҕи ахтан ааһара уонна “өбүгэлэргит туһунан билиэхтээххит, убаастыахтааххыт” диирэ. Мин ол кэпсээннэрин наһаа интэриэһиргээн истэрим. Ол иһин да буолуо, быйыл Леонид Попов 100 сааһыгар анаан кинигэ суруйан бэчээккэ биэрбитим. Бу күһүн тахсыахтаах. Онно төрүттэрим туһунан барытын сиһилии сааһылаан суруйбутум.
Онон мин төрдүм: аҕам өттүнэн Сэбиэскэй кэмҥэ кулаахтар диэн элбэхтик сирэйгэ-харахха анньыллыбыт аатырбыт баай Поповтар; ийэм өттүттэн Мэҥэ Хаҥаластар, бэрт Маарыйа сыдьааннара.
Учуутал эһэбин 1935 сыллаахха “кулаахтаабыттар”, онуоха Сунтаартан борохуотунан Дьокуускайга көһөн кэлбиттэр. Ол саҕана суруйааччы буола илик Леонид Попов 16 саастаах уол, дьонун кытта куоракка кэлсибит. Мин аҕам 25-тээх, үөрэхтээх киһи учууталлыы хаалбыт. Бэлиэтээн эттэххэ, кыахтаах дьон оҕото буолан, аҕам реальнай училищены, онтон кэлин Бүлүү педучилищетын бүтэрэн, 19 сааһыттан учууталлаабыт. Ол хаалан Мэйиккэ, Хадаҥҥа, Илимниир диэн учаастакка – үс оскуоланы туттарбыт.
Аҕам ийэбин – 17-лээх, 4 кылаас үөрэхтээх дьадаҥы кыыһы таптаан, кэргэн ыллым диэн атыгар мэҥэстэн аҕалбыта үһү. Эбээм буоллар кытаанах эмээхсин этэ, ону сөбүлээбэтэх. Уолугар үөрэхтээх кыыһы баҕарар эбит, өссө биир кыыһы киниэхэ анаан көрө сылдьан үөрэттэрбиттэр эҥин эбит...
Аҕам уонна эһэм туһунан докумуоннары, сэдэх хаартыскалары барытын мин харайан илдьэ сылдьабын. Учуутал идэтин көлүөнэттэн-көлүөнэҕэ утумнаан илдьэ сылдьар педагогическай династия буолабыт. Мин балтыларым эмиэ бары учууталлар этэ.
– Олох араастык эрийэр-мускуйар кэмнэрин ааспыккын. Туох күүс-көмө буолар этэй?
– Ийэлээх-аҕам утуу-субуу мин эдэрбэр бараахтаабыттара. Мин 26 саастаахпар 2 оҕолоох хаалбытым: кырам 1 саастаах, улаханым үстээх. Уонна 3 тулаайах хаалбыт бырааттарбын бэйэм илиибэр туппутум.
Устудьуоннуу сылдьан бииргэ үөрэммит уолбар кэргэн тахсыбытым. 7-8 сыл олорон баран, арахсыбыппыт. Оччолорго үксүн эдэрдэр арыгыга убанан олохторо сатарыйбыта. Кэлин кини кэргэннэммитэ. Мин – суох, бу 75-пэр диэри олоҕум аргыһа суох олорон кэллим. 5 киһини иитиэххэ, атахтарыгар туруоруохха наада этэ, тус олох оҥостор туһунан толкуйдуур соло да суоҕа. Хайдах тиийинэн, аһаталаан, таҥыннартаан олорбуппун билигин кэлэн сөҕөбүн. Хаһан да тугум эрэ суох диэн дьоҥҥо муҥнаммыппын өйдөөбөппүн. Харчы, аһылык тиийбэт диэн кимиэхэ да ытаммат этим. Боростуойдук, тыа ыалын сиэринэн дьаһанан олорбуппут. Бырааттарым улаатан үлэһит дьон буолан көмө буолбуттара. Биир уол кэргэннэммитэ, уол оҕолоох. Икки уол миигин кытта олорбуттара. Икки дьиэ тутан биэрбиттэрэ. Уонна сааһыран баран олохтон туораабыттара.
Улахан кыыһым фармацевт идэлээх этэ, биолого-химическай факультеты бүтэрбитэ. Биир сыл учууталлаан баран, “миэнэ буолбатах эбит” диэн фармацевтка эбии үөрэнэн, Мииринэйгэ таһаарыылаахтык үлэлии сылдьыбыта. Оҕом барахсан соһуччу массыына саахалыгар түбэһэн, 2007 сыллаахха олохтон туораабыта. Баара-суоҕа 39 эрэ саастааҕа. 3 оҕо тулаайах хаалбыта. Кыра кыыһым үөрэттэрэн, көрөн-истэн сылдьар. Улахан уолун мин көрбүтүм, билигин үлэһит буолла, уол оҕолоох. Онон хос эбээ ытык аатын сүкпүтүм номнуо сэттис сылыгар барда.
Кыра кыыһым Надя оскуоланы үрүҥ көмүс мэтээлинэн бүтэрэн, Москватааҕы Пирогов аатынан медицинскэй институту бүтэрбитэ, билигин бырааһынан үлэлиир. Кэргэннээх, икки оҕолоох. Сиэним кыыс Москваҕа Норуот хаһаайыстыбатын академиятын бүтэрэн кэлэн, үлэлээн эрэр, кыра сиэн 9-ус кылааһы бүтэрдэ.
Киһи оҕолорунан, сиэннэринэн олоҕо салҕанар. Кинилэр тустарыгар олорон эрчимирэҕин, барыны кыайыах курдук буолаҕын.
Олоҕу кытта тэҥҥэ хардыылаан
– Билигин тугунан дьарыгыраҕын?
– 2008 сыллаахха куоракка көһөн кэлбитим. Соҕотох олоробун. Соҕотох диибин эрээри, күҥҥэ сэттэтэ киирэр-тахсар оҕолордоохпун, кыыспын кытта чугастыы олорор буоламмыт, наһаа үчүгэй.
Куоракка кэлиэхпиттэн оҕолору БКЭ-ҕэ бэлэмнээн, дьон көрдөһүүтүнэн репетиторствонан дьарыктанан кэллим. Биир кэлим эксээмэн урукку үөрэхтээһин систиэмэтиттэн уратыта элбэх, таайан да туттарыахха сөп диэн сөбүлээбэтэрбин да, үлэлэспитим. Урукку оҕо толкуйдуур этэ, өйтөн суруйууну кыайара. Билиҥҥи оҕо санаатын сааһылаан суруйуу, толкуйдааһын уонна ааҕыы өттүгэр мөлтөөтө. Айымньыны ырытарыгар, ааҕарыгар көмөлөһөн биэриэххэ наада буолла.
Өссө Сунтаарга учууталлыы сылдьан санааларбын хоһоонунан таһаарар идэлээх этим. Онтукабын чугас дьүөгэлэрбэр эрэ ааҕан иһитиннэрэрим. Куоракка кэлэн баран Үһүс көлүөнэ оскуолатыгар хомуска, ырыаҕа эҥин сылдьан испитим. Онтон кэнники литературнай куруһуокка ыллардым, “Литературнай көстүүнэйгэ” дьарыктанар буоллум. Быйыл 75 сааспын көрсө “Өссө да киэһэриэ илик” диэн хомуурунньукпун таһаардым. Бары холбоһон “Хоһоон суһума” диэн иккитэ хомуруунньуктары таһаардыбыт. Салайааччыбыт – Мария Егоровна Степанова. Дьарыкпыт барыта буор-босхо, бэйэбит ону-маны ыларга диэн кыратык харчынан кыттыһааччыбыт. Мустан кэпсэтэбит, бырааһынньыктары бэлиэтиибит, кырдьаҕастар дьиэлэринэн сылдьан кэнсиэрдиибит, литературнай киэһэлэри ыытабыт. Салайааччыбыт сорудах биэрдэҕинэ, тута хоһоон айабыт, дьиэбитигэр сорудах ылан кэлэн, эппиэтинэстээхтик толоробут.
Хаартыскаҕа түһэрэрбин сөбүлүүбүн. Төлөпүөммэр да түһэрэн баран, үчүгээй диэбиппин бэчээттэтэбин. Дьоммор бэлэхтиибин, хартыына курдук ыйыыбын.
Кэнники компьютер кууруһугар үөрэнним. Бэчээттииргэ уонна интэриниэти туһанарга босхо үөрэттилэр. Бэчээттиирбин олохпор туһанным – убайым кинигэтин, бытааннык да буоллар, бэйэм бэчээттээн оҥордум. Оттон интэриниэппин сороҕор умнабын-хайыыбын, оччоҕо сиэннэрбин көмөлөһүннэрэбин.
Сунтаарга сылдьан баайыынан үлүһүйэн, норуот маастарын аатын ылбытым. Олох умнулла быһыытыйбыт дьарыгы күөдьүтэн, бырааттарым тутан биэрбит саҥа дьиэлэрин бүтүннүү бэйэм илиибинэн куруһуба баайан киэргэтэн, хаһыаты уонна тэлэбиидэнньэни бараабыттаахпын. “Сыл бастыҥ эбээтэ” буолбуттаахпын.
Өссө биир сөбүлүүр дьарыгым – быысапка. Хотуобай схеманан буолбакка, былыргылыы ааҕан-суоттаан таһаарар кириэһинэн быысапкалары оҥоробун. Кыраһыабай дьахталлар уобарастарын быысапкалыырбын сөбүлүүбүн. Автопортреппын быысапкалаабытым. Ордук кыһыҥҥы уһун киэһэлэргэ киһи илиитинэн тугу эрэ дьарыгырара үчүгэй.
Биэнсийэҕэ тахсан баран сири-дойдуну кэрийиинэн дьарыктаммытым: Вьетнамҥа, Турцияҕа, Тайлаҥҥа, Италияҕа, Францияҕа, Испанияҕа, Германияҕа, Голландияҕа сылдьыбытым.
Дьоммор-сэргэбэр этиэм этэ: олох хас биирдии түгэнин мүччү туппакка, сатабыллаахтык сыһыаннаһыҥ. Сааһырыы боруогун атыллаабыт киһи дьарыктаах буолуохтаах. Өйүн-санаатын кинигэ ааҕан, кроссворд таайан эрчийиэхтээх. Быысапкалаан, баайан, үүнээйи олордон о.д.а. дьарыктанан, сэргэхтик сылдьыахтаах. Доҕотторгун, оҕолоргун, аймахтаргын мунньан, үөрэн-көтөн, биир остуолга олорон аһаан, сэһэргэһэн ааһар үчүгэй. Испэктээкиллэргэ, быыстапкаларга, кэнсиэртэргэ дьэ сылдьыахтаах. Биэнсийэҕэ тахсыбыт киһи олоҕун көмүс күһүнэ дьэ саҕаланар.
Бүгүн киэһэ, дьүөгэлээр,
Бэрт сэргэхтик симэнэн,
Банкеттыыр сырдык саалаҕа
Барыаҕыҥ, эдэри санатыһа.
Үтүөҕэ, кэрэҕэ тардыһан,
Үҥкүүлээн битийиэҕиҥ,
Ыччат тэтимин батыһан,
Ыллаан-туойан ньригитиэҕиҥ.
Эдэр саас ырыата сүрэххэ
Эстибэт эрчими биэриэҕэ,
Оһуокай үҥкүүтэ сүһүөххэ
Охтубат сэниэни эбиэҕэ.
Кыргыттаар, санаабыт түспэтин,
Кырдьары, ыарыыны умнуохха,
Киэһэриэ өссө да эрдэ диэн,
Күлүөххэ-үөрүөххэ, оонньуохха!