12.03.2020 | 09:28

Изабелла Петрова: Барыта кыраттан саҕаланар

Ааптар: Киин Куорат
Бөлөххө киир

Бэйэлэрин дьыалаларын саҥа саҕалаан эрэр предпринимателлэр «туох барыта кыраттан саҕаланар” диэн сөпкө бэлиэтииллэр.

Сунтаартан төрүттээх Изабелла Григорьевна Петрова бизнес эйгэтигэр киирбитэ үһүс сылыгар барда. Кылгас кэм иһигэр диэтэххэ, ситиһиитэ элбэх.

Куорат олохтоохторо “Дом быта” атыы-эргиэн киинин 3-с этээһигэр “Үс балтылыылар” маҕаһыыннарыгар үгүстүк тиэстэр буолуохтаахтар. Тоҕо диэтэххэ, мантан иискэ сыһыаннаах наадалаах туттар матырыйаал арааһын булуохха сөп.

                          Бэйэ сатабылыттан саҕаламмыт

– Үтүө күнүнэн, Изабелла Григорьевна! Бизнескитин хаһан уонна хайдах саҕалаабыккытый?

- Биһиги бииргэ төрөөбүттэр биэспит. Кыргыттартан мин саамай улаханнарабын. Мин кэннибиттэн Лидия уонна Надежда диэн балтылардаахпын. Үс аҕас-балыстыы кыргыттар кыра сааспытыттан илиибитигэр дьоҕурдаах этибит. Баайарбыт, илиинэн оҥоруу араас көрүҥүн баһылаабыппыт, фантазиябыт киэҥ буолан, сонун оҥоһуктары оҥорорбут. Саамай сөбүлүүр дьарыкпыт ол этэ. Мин оҕо эрдэхпиттэн уруһуйдуурум, баайарым. Тэлгэһэбит аттыгар ыаллыы олорор Тойбохойтон төрүттээх Маргарита миигин баайарга үөрэппитэ. Оскуолаҕа үөрэнэ сылдьан биһиэхэ бириэмэни таах атаарыы диэн суох этэ.  Бары сөбүлүүр дьарыктаах буоларбыт. Онон да буолуо, үс сыллааҕыта бизнес хайысхатыгар кыыс, дьахтар аймахха туһалаах буолуо диэн санааттан, үс кыргыттар биир сүбэнэн “Үс балтылыылар” диэн ааттаах бэйэбит кыракый маҕаһыыммытын арыммыппыт. Балтыларым Лидия Новосибирскайга, Надежда Сунтаарга бэйэтигэр олохсуйан олороллор. Мин куоракка көһөн кэлбитим үһүс сылыгар барда.

– Хаһан тэриллибиккитий?

- 2018 сыллаахха сайын от ыйыттан үлэбитин саҕалаабыппыт. Үс балтылыылар биир сүбэнэн арыйбыт дьыалабыт буолар.

– Дьэ, аан бастаан кимиэхэ маннык тус дьыаланы арыныы идеята киирбитэй?

– Оннук санаа аан бастаан миэхэ киирбитэ. Тоҕо диэтэххэ, бэйэм айылҕаттан илиибэр талааннаах буоламмын, дьону дьарыктыыр этим. Дьарыктыыр кыргыттарым иистэнэргэ, баайарга наадалаах матырыйаал, туттар мал-сал тиийбэтэ кэккэ кыһалҕалары үөскэтэрин туһунан санааларын этинэллэр этэ. Дьэ, онно балтыларбынаан сүбэлэһэн баран, тус дьыалабытын тэриммит киһи диэн кэпсэтии тахсыбыта.

– Маҥнай, бука, уустук буолуо. Туох ыарахаттары көрсүбүккүтүй?

– Саамай улахан өйөбүлү кыра балтыбыт Надежда оҥорбута. Кини бизнеһинэн дьарыктаммыта 15 сыл буолла. Онон суолбутун солообут киһибитинэн ааттыыбыт. Куоракка кэлэн баран арыммыт дьыалабыт буолан, бастаан утаа ыарахаттар, кыһалҕалар бааллар этэ. Тоҕо диэтэххэ, арыанда сыаната ыарахан. Билигин илиинэн оҥоһуктары дьон сэҥээрэр буолла. Хас биирдии кыыс, ыал ийэлэрэ, эбээлэрэ интэриэстэринэн көрөн, илиинэн араас оҥоһугу оҥорор кэмнэрэ кэллэ. Онно бу биһиги бизнеспит табыгастаах буолла. Наадыйар табаардарын биир сиртэн кэлэн атыылаһан, эбиитин сакаастаан бараллар. Инникитин маннык дьон туһугар тэтимнээхтик үлэлээтэхпитинэ, атахпытыгар бигэтик туруохпут диэн эрэллээхпит. Үлэһит киһини үлэ бэйэтэ булар. Билигин бу үлэбэр кыыспын Аннаны сыһыардым. Оҕом кыра сааһыттан иискэ сыһыаннаах улааппыта. Бу эйгэни үчүгэйдик билэр. Бэйэтэ метеоролог идэлээх. Онон дьиэ кэргэн бизнеһэ буолар диэххэ.

– Бу иннинэ сүрүн дьарыккыт туох этэй?

– Оҕуруонан тиһэр уонна бэйэбит фантазиябытынан дьүөрэлээн дьэрэкээн өҥнөөх маллаах иһиттэри оҥорор этибит. Бу барыта ис сүрэхтэн, истиҥ иэйииттэн тахсар буолан, бу дьыаланы тэринэрбитигэр тирэх буолбута диэм этэ. Туох барыта кыраттан саҕаланар ээ. Ол маллаах иһиттэрбитин көннөрү хортуонунан оҥорон, таһын экотириинэн бүрүйэн, оҕуруонан араастык тиһэн, киэргэтэн оҥорор этибит. Бу мал угар иһиккэ кыргыттар, дьахталлар иистэнэр малларын угуохтарын сөп. Кэлин санаатахпына, экологическай өттүнэн ылан көрөр эбит буоллахха, айылҕаҕа харыстабыллаах сыһыан бу дьарыкпытыгар эмиэ баар эбит. Билигин туттуллубут ханнык баҕарар матырыйаалтан, киһи иэйиитинэн, дьоҕурунан көрөн, тугу баҕарар толкуйдаан таһаарар буолла дии. Саха киһитэ хараҕынан көрдөҕүнэ, илиитинэн туттаҕына-хаптаҕына биирдэ астынар, араас өй-санаа барыта киирэр буоллаҕа.

– Табааргытын хантан ылаҕытый? Сакаастыыгыт дуу?

– Москва уонна Новосибирскай куораттарга баар анал фирмалартан иискэ аналлаах табаарбытын саккаастыыбыт. Бу куораттары кытта ыкса ситимнээхтик үлэлэһэбит. Бэйэбитинэн баран, көрөн-истэн, үөрэтэн, бу наадалаах эбит диэтэхпитинэ атыылаһабыт. Сакаастаабыт табаарбыт тимир суолунан ыйы быһа айаннаан кэлэр. Култуура тэрилтэлэрин кытта дуогабар түһэрсэн үлэлиибит. Кинилэргэ элбэх ансаамбыллар бааллар. Үлэбит сүрүн хайысхата итиннэ сытар.

– Хоту улуустары кытта сүрдээҕин үлэлэһэ олорор эбиккит. Дьэ, онно баар буоллахтара иистэнньэҥ ааттаахтара.

- Аан бастаан Үөһээ Дьааҥы, Эбээн Бытантай, Абый, Муома улуустарын кытта сибээһи олохтообуппут. Кэлиҥҥи кэмҥэ Орто Халыма, Булуҥ, Аллайыаха, Анаабыр, Өлөөн, Өймөкөөн улуустара сибээскэ таҕыстылар. Кинилэргэ, биллэн турар, суоллара-иистэрэ мөлтөх буолан, иискэ сыһыаннаах матырыйаал отой атыыламмат эбит. Биһигиттэн наадыйар табаардарын сакаастаан абыранныбыт диэн махтаналлар. Хоту дойдуга айылҕаттан талааннаах иистэнньэҥнэр, норуот маастардара элбэхтэр. Сүрүн дьарыктара оҕуруонан тиһии буоллаҕа. Кинилэр биһиэхэ наадыйар табаардарын сакаастыыллар. Ону бириэмэтигэр тиэрдэ, хааччыйа сатыыбыт. Сорох сакаастар почтанан ыытыллар буолан, биир ыйынан тиийэллэр. Сорохтор куоракка билэр дьоннорунан ыллараллар. Илин эҥээр улуустары кытта эмиэ үлэлэһэбит. Онон үлэбит тэтимэ түргэн, сакаас киириитэ элбэх.

– Маны таһынан кэрэ аҥаардарга маастар-кылаас ыытар эбиккит.

– Оннук, үөрэниэн баҕалаахтары маҕаһыыммытыгар ыҥыран оҕуруонан тиһиигэ, валяниеҕа, туочуканан уруһуйдааһыҥҥа (точечная роспись) үөрэтэбит. Сунтаартан төрүттээх биир дойдулаахпыт Галина Владимировна Федорова кэлэн, сиэлинэн оҥоһуктарга маастар-кылаастары ыытан көмөлөһөр. Халандаарынай бырааһынньыктар чугаһаатахтарына, онно сыһыаннаах оҥоһуктары оҥорорго үөрэтэбит. Атыыга саҥа инструменнар кэллэхтэринэ, туохха туттулларын быһаарар, көрдөрөр дьарыктары ыытабыт. Маннык табаары атыылыыр да кэккэ уустуктардаах, туттар даҕаны судургута суох. Оҕуруонан портрет, харысхал тиһэн атыылыыбыт. Дьарыктарбытыгар ийэлэр кыргыттарын илдьэ кэлэллэр. Оҕо барытыгар сыстаҕас буола улааттаҕына, олоҕор ситиһиилээх буолар. Онон ийэлэр оҕолорун кыра саастарыттан сырытыннарыахтарын, уһуйуохтарын наада. Дьарыкка биһиги туттар малы барытын бэйэбит маҕаһыыммытыттан биэрэбит. Эдэр кыргыттар маннык дьарыктарга сылдьан, билигин бэйэлэрэ туһунан бизнес арынан үлэлии сылдьаллар. Биһиэхэ махталлара улахан. Биллэриибитин социальнай ситимнэринэн тарҕатабыт. Онон дьон-сэргэ олоххо бэйэтин дьыалатын арынарыгар сэмэй кылааппытын киллэрэрбититтэн астынабыт. Киһи сатаабата диэн суох. Барыта кыраттан саҕаланар, ол иһигэр бизнес эмиэ. Билиҥҥи кэмҥэ киһи бэйэтин өйүнэн, тарбаҕын талаанынан оҥорон таһаарар бородууксуйата ордук сыаналанар буолла.

– Инники былааҥҥытын сэгэтэ түһүөҥ буолаарай.

Инникитин үлэлиир хайысхабытын кэҥэтэр баҕалаахпыт. Маҕаһыыммытыгар миэтэрэлээх табаары атыылыыр былааннаахпыт. Улуустарынан көһө сылдьан атыы-эргиэн өҥөтүн нэһилиэнньэҕэ киэҥник тарҕатар санаалаахпыт. Улуустар ыҥыраллар. Барытын кэм-кэрдии көрдөрөн иһиэ диэн бигэ эрэллээхпит.

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

Медик: «Бааһырбыт байыаспын дөйүтэн баран соһорум»
Дьон | 20.12.2024 | 12:00
Медик: «Бааһырбыт байыаспын дөйүтэн баран соһорум»
Олус ыарахан кэпсэтии буолла. Ааҕааччыга тиэрдэр гына суруйуохха наада. Дьоруойум сөбүлэҥин ылыахпын наада. Тоҕо диэтэххэ кини анал байыаннай дьайыыга сылдьыбыт кэрэ аҥаар,  ийэ, медик. Кэпсии олорон ытаатаҕына, сырҕан бааһын таарыйаммын диэн кэмсинэн ылабын, онтон эмиэ чочумча буолан баран салгыыбыт.   Кини позывнойун кистиир, ханна баарын, билигин ханна олорорун эмиэ эппэппит. Сөбүлэһэн...
Үчүгэйи көрөргө хаһан үөрэнэбит?
Сонуннар | 14.12.2024 | 13:15
Үчүгэйи көрөргө хаһан үөрэнэбит?
Сиэн көрө куоракка кыстыыбын. Күн аайы оптуобуһунан оҕобун оскуолаҕа илдьэбин-аҕалабын. Быйыл, дьэ, этэргэ дылы, үйэ тухары хамсаабатах маршруттарга уларыйыылар таҕыстылар. Бассаапка үөхсэн туох туһа кэлиэй, төттөрүтүн, дьону күөртээн эрэ биэрии курдук. Ол иһин бу турунан туран Дьокуускай куорат сахалыы тыллаах хаһыатыгар санаабын тиэрдэргэ соруннум.  Бииринэн, нэһилиэнньэбит ахсаана күн-түүн улаата турар....
Сатаан салайыы, тэрийии — эмиэ талаан
Дьон | 14.12.2024 | 18:00
Сатаан салайыы, тэрийии — эмиэ талаан
Харах ыларынан хаһан да бүппэттии көбүүс-көнөтүк тыргыллар бэс чагда устун айан суолунан сыыйылыннаран иһэн, «Дьиикимдэ» диэн суруктаах бэлиэҕэ биирдэ баар буола түстүбүт. Туох-хайдах дьарыктаах, тугунан тыынар нэһилиэккэ киирэн эрэрбитин аартыкка баар суруктаах бэлиэ кэпсииргэ дылы.  Бүгүн биһиги “Дьиикимдэ дьээбэлэрэ” көр-күлүү тыйаатырын артыыһа, режиссера, продюсера Артур Николаевич Егоровтыын нэһилиэк култуурунай олоҕун...