13.10.2022 | 14:00 | Просмотров: 758

Ийэ уонна Аҕа күннэрин бэлиэтиэхпит

Өрөспүүбүлүкэҕэ Саха сиринээҕи Ийэ уонна Арассыыйатааҕы Аҕа күннэрин көрсө кэккэ тэрээһиннэр ыытыллыахтара диэн регионнааҕы Үлэ министиэристибэтин пресс-сулууспата иһитиннэрдэ.
Ааптар: Киин Куорат
Бөлөххө киир

Ийэҕэ анаммыт ыйы СӨ ийэлэригэр судаарыстыбаннай наҕараадалары, «Ийэ албан аата» куорат уокуругун бочуоттаах бэлиэтин үөрүүлээх быһыыга-майгыга туттарыы түмүктүөҕэ.

Муниципальнай тэриллиилэргэ онлайн-быыстапкалар, экскурсиялар, маастар-кылаастар, төгүрүк остуоллар, аахсыйалар, хаартысканан куонкурустар, психологическай трениннэр, консультациялар уо.д.а. тэрээһиннэр ыытыллыахтара.

«Арассыыйа ийэлэрэ» Бүтүн Арассыыйатааҕы хамсааһын регионнааҕы салаата «Ийэ кыыһынаан» өрөспүүбүлүкэтээҕи күрэҕи тэрийиэҕэ. Аҕа күнүгэр анаан «Папы-дочки – мамы-сыночки» куонкурус ыытыллыаҕа.

Киин куоракка алтынньы 16 күнүгэр Ийэ пааматынньыгар сибэкки дьөрбөтүн ууруу, саҥа төрөөбүт кырачааннары балыыһаттан үөрүүлээх быһыыга-майгыга дьиэлэригэр таһаарыы ыытыллыаҕа.

Санатар буоллахха, Ил Дархан Айсен Николаев Саха АССР 100 сыллаах үбүлүөйэ бэлиэтэнэр 2022 сылы Ийэ сылынан биллэрбитэ.

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

Ытарҕата тал
Сынньалаңңа | 16.11.2026 | 19:00
Ытарҕата тал
Сөбүлүү көрбүт ытарҕаҕын тал, бэйэҕин бил.
СВО кыттыылаахтарыгар уонна кинилэр дьиэ кэргэннэригэр анаммыт чат-бот баар буолла
Сонуннар | 11.11.2026 | 17:00
СВО кыттыылаахтарыгар уонна кинилэр дьиэ кэргэннэригэр анаммыт чат-бот баар буолла
Ол онно киирэн судаарыстыба оҥорор өйөбүллэрин туһунан иһитиннэриини, ыйытыыларга харданы ылыахха сөп.
Сулусчут сүбэтин туһан
Сонуннар | 12.11.2026 | 07:30
Сулусчут сүбэтин туһан
Сэтинньи 12 күнүнээҕи гороскоп
Сулусчут сүбэтэ: Сэтинньи 16 - 22 күннэрэ
Сонуннар | 16.11.2026 | 07:30
Сулусчут сүбэтэ: Сэтинньи 16 - 22 күннэрэ
Бу нэдиэлэҕэ үлэ хаамыыта хайдах тэриллибитигэр болҕойон, ону чопчулууртан, тупсарыыттан саҕалыыр ордук. Нэдиэлэ дьиҥ түмүгэ көстөн кэлэр үлэни толоро сатааҥ.