Ийэ тыл тыыннаах хаалара төрөппүттэн эмиэ тутулуктаах
Ийэ тылы харыстааһын уонна сайыннарыы хайысхатыгар «Ийэ тыл» түмсүүнү кытта «Барҕарыы» пуонда, «Олоҥхо» ассоциация, «Ийэ тыл кэскилэ», «Ааҕар Саха сирэ», «Саха тыла400», «Күөрэгэй», «Күн» оҕолор уопсастыбаннай хамсааһыннар уо.д.а. айымньылаахтык үлэлии сылдьаллар. Ааттаммыт түмсүүлэр күүстэрин холбоон, ийэ тылы хараанныыр баараҕай үлэни сүрүннүүр сыаллаах-соруктаах «Ийэ тыл – 2024» форум сүбэлэһии, санаа атастаһыы быһыытынан үрдүк таһымнаахтык кулун тутар 5 күнүгэр буолан ааста.
Форум үлэтэ уон хайысханан секцияларга арахсан ыытылынна. Манна “Дьокуускай куорат саха оскуолаларын төрөппүттэрин Сүбэтин үлэтэ”, “Төрүт тыл” логопед түмсүүтэ, “Ааҕар Саха сирэ”, “Сахалыы тыыннаах оскуолалар уонна уһуйааннар”, “Саха тыла аныгы кэмҥэ”, “Биридимиэти сахалыы үөрэтии (сахалыы учебниктары оҥоруу), “Төрөөбүт тылга олоҕуран элбэх тылланыы”, “Уол оҕо ийэ тыл эйгэтигэр”, “Ийэ тылбыт – итэҕэлбит” уонна оҕолор түһүлгэлэрэ үлэлээтилэр. Сахалыы тыыннаах тэрээһин буолла да, эйгэбитин ахтарбыт оччотуттан эбитэ дуу, хааммытыгар дойдунаат оргуйан кэлэриттэн эбитэ дуу, эдэрдиин-эмэнниин, үөрэхтээхтиин, үөрэҕэ суохтуун сүрэхтиин-быардыын өрүкүйэн туран кыттыһары сатыырбытынан маладьыастарбыт. «Киин куорат» хаһыат кэрэспэдьиэннэрэ секциянан үллэстэн, хас да сиргэ сырыттыбыт.
Саҥа кэмҥэ саха тылын эйгэтин кэҥэтэр-сайыннарар соруктаах маҥнайгы уопсастыба түмсүүтэ аҕыс уонус сыллар бүтүүлэригэр Дьокуускай куоракка тэриллибитэ. Түмсүүнү Тэрис салайбыта. 90-с сылларга үөрэҕирии национальнай кэнсиэпсийэтэ (Е.П.Жирков) олоххо киириитин саҕана «Ийэ тыл» көҥүл түмсүү тэриллибитэ.
Саха тылын эйгэтэ кыараан уонна аан ситим сайдыытын сабыдыалынан элбэх оҕо төрөөбүт тылынан саҥарбат буолла, 2010-с сыллар кэннэ төрөөбүт саха оҕото үксэ нууччалыы тылланна. Маннык куттал суоһаабыта биллибитин кэннэ 2021 сылтан саҕалаан «Ийэ тыл» түмсүүнү кэҥэтэр, күүһүрдэр үлэ барбыта.
Кыттааччылар араас түһүлгэлэринэн арахсан сарсыардаттан хорутуулаахтык үлэлээтилэр, киин куорат сахалыы тыыннаах оскуолалара онуоха тирэх буоллулар. Онтон күнүс 15:00 чаастан Саха тыйаатырын уораҕайыгар ТОЙОН МУННЬАХ буолан ааста.
Сахалыы оскуолалар төрөппүттэрин сүбэтэ диэн баар
Дьокуускай куорат сахалыы оскуолаларын төрөппүттэрин Сүбэтин үлэтин “Ийэ тыл кэскилэ” уопсастыбаннай хамсааһын салайааччыта Вилюяна Никитина иилээн-саҕалаан ыытта. Төрөппүттэр Саха гимназиятын библиотекатыгар олорон 3 чаастан ордук ууларыгар-хаардарыгар киирэн кэпсэттилэр, арааһы ырытыстылар. Вилюяна Николаевна бэлиэтээбитинэн («Киин куорат» хаһыат ол туһунан таһааран турар-Аапт.), Төрөппүт сүбэтэ былырыын тэриллэн баран, кэмигэр салайааччы талыллыбакка, былаан чуолкайдык торумнаммакка сылдьыбыт. Күүстээх үлэ онон быйылгыттан дьэ барыахтаах. Кулун тутар 5 күнэ нэдиэлэ ортото буолан, төрөппүт халҕаһалыы анньан кэлбэтэ эрдэттэн биллэр этэ да буоллар, улуустартан, Дьокуускай сахалыы тыыннаах оскуолаларыттан уонна сахалыы кылаастаах атын орто оскуолалартан төрөппүттэр кэлбиттэрэ үөртэ.
Уопсай куоластааһынынан Төрөппүт сүбэтин сүрүннүүр киһинэн юрист идэлээх, Айыы кыһатын үлэһитэ, Дьокуускай куорат Дууматын дьокутаатынан быйылгыттан талыллан үлэлээн эрэр Владимир Шиндикеевич Ю талылынна.
Вилюяна Никитина ийэ тылы харааннааһыҥҥа биллэр-көстөр уопсастыбанньык быһыытынан төрөппүт түмсүүтүн соруктарын быһааран биэрдэ:
– Дьокуускайга сахалыы оскуола тиийбэт, аҕыйахтар. Ону ааһан биир кэлим ирдэбиллэр (ФГОС) саха тылын уонна литературатын чааһын аҕыйатарга күһэйэллэр, учуобунньуктар эмиэ тутатына оҥоһуллан, бигэргэнэ охсон иһэллэрэ кыаллыбат. Хаалан иһэбит. Ол иһин төрөөбүт тылы харыстааһын, оҕолорбутун сахатытыы үөрэҕинэн буолбакка, иитиинэн эрэ барар кыахтанар.
Дьиэ кэргэҥҥэ сахалыы эйгэ тэриллибэтэҕинэ, аҥаардас оскуола иитиитинэн оҕону сахатытар уустук. Ол гынан баран дьиэ кэргэнинэн эрэ оҕону төрөөбүт тылынан иитэн-үөрэтэн таһаарар эмиэ олус уустук. Ол иһин бука бары күүспүтүн холбуохпутун наада – уһуйаан, оскуола уонна дьиэ кэргэн.
Төрөппүт кэмитиэтэ – улахан күүс. Төрөппүт учуутал этэрин үксүн бирикээс курдук ылынар буоллаҕына, атын төрөппүт көҕүлээтэҕинэ, “ээ, кырдьык даҕаны” диэн, үтүктүһүү саҕаланар. Биһиги оҕолорбутун «хамнастаах учууталлар ииттиннэр, үөрэттиннэр» диэн найылыа суохтаахпыт.
Олох сахалыы оскуола Дьокуускайга үс эрэ – Айыы кыһата, Саха гимназия, Дьокуускай куораттааҕы национальнай гимназия. Кинилэр сүрүннүүр күүс буолар кыахтаахтар. Ону таһынан, сахалыы кылаастаах үчүгэй оскуолалар бааллар – СПЛ, 17-ис оскуола, Саха-Канадскай о.д.а. Төрөппүттэр биирдиилээн сылдьан сахалыы кылаас тиийбэт диирбит татым, түмсүүлээх буоллахпытына, күүһүрэ түһүөхпүт этэ.
Валентина Васильевна Софронеева – Саха гимназиятын дириэктэрэ: “
– 2001 сыллаахха Дьокуускай куораттааҕы национальнай гимназияҕа миэстэҕэ хапсыбатах оҕолор төрөппүттэрэ туруорсан, гимназия дириэктэрэ Н.К.Чиряев оскуолатын биир дьиэтин туран биэрэн, филиал арыйан, кыһалҕаттан тахсар суолу тобулбута. Манна оҕону сахалыы иитиигэ туруу үлэһит учууталлар С.С.Семенова, Т.А.Скрябина, төрөппүт кэмитиэтин бэрэссэдээтэлэ Е.Э.Егорова сүрүн кылааты киллэрбиттэрэ. Кып-кыра дьиэбитигэр төрүт үгэстэргэ, норуот педагогикатыгар олоҕуран сахалыы эйгэлээх усулуобуйаны төрөппүттэр бэйэлэрэ тэрийбиттэрэ.
Онон биһиги, Саха гимназията, көннөрү оскуола буолбатахпыт, төрөппүт туруорсан арыйбыт оскуолата буоламмыт, улахан эппиэтинэһи сүгэбит.
Ити курдук, бастаан 324 оҕолоох бэйэбит бүгүн 770 үөрэнээччилээх олоробут. Ол тухары төрөппүт кэмитиэтин кытта ыкса үлэлиибит. Төрөппүтэ суох биһиги быһаҕас буолуо этибит. Кинилэри собуоттаан баран, элбэх кыаҕы биэрдэххэ, үгүһү кыайыахпыт.
Владимир Ю – көхтөөх төрөппүт, уопсастыбанньык, Айыы кыһатын үлэһитэ. Куорат Дууматын дьокутаата:
– Айыы кыһатыгар төрүт үгэстэргэ уһуйуу баарын бары билэр буолуохтааххыт. Ордук муҥхабыт, куйуурбут киэҥ эйгэҕэ таҕыста.
Учууталбыт Дабыл үөрэҕинэн “Олохсун олордуута” диэн кылаас аайы баар буолла – чороон, кытыйа, дэйбиир, сэргэ туруорабыт – бу ый өйдөбүллэрин олордуу, оҕолорбутун сиэри-туому толорорго үөрэтии.
Глобализация сүүрээннэрин көрдөххө, үөрэҕириигэ саха тылын чааһын сарбыйыы күүскэ барар. Саҥа биридимиэттэр киирэллэр, оттон СанПИН оҕо үөрэнэр чааһын нуорматын тутуһары ирдиир. Бу түмүгэр саха тылын чааһа аҕыйыыр. Үөскээбит балаһыанньаны төрөппүт ылсыбатаҕына, саха тыла эстэр турукка киирэр кутталлааҕын билигин бары көрдүбүт.
Учуобунньуктарбыт аһара уустуктар – тыл учуонайдара суруйаллар, Олоҥхо курдук ыараханнык өйдөнөллөр. Биһиги саха тылын учуобунньуктарын саҥаттан бэчээттииргэ үлэ ыытыахпытын баҕарабыт. Сахалыы учуобунньугунан өрөспүүбүлүкэ үрдүнэн алын сүһүөххэ Дьокуускай 3 оскуолата эрэ үөрэтэр – Саха гимназия, Айыы кыһата, Дьокуускай куораттааҕы национальнай гимназия. Бу дьиҥнээх трагедия. Бытовой кыһалҕа быыһыгар маннык глобальнай кыһалҕаны сатаан көрбөппүт!
Дьокуускай баһылыга, бэйэтэ сахалыы оскуолаҕа үөрэммит буолан, былырыын үчүгэй хамсааһын таҕыста. Ол курдук, Яна Угарова салайааччылаах СахаТыла400 Дьокуускайга аан бастакытын уулусса аатын сахалыы суруйтарда – “Ойуунускай уулуссата” диэн табличка ыйанна. Мин өссө “уулуссата” буолбакка, “суола” диэххэ диибин. “Михаил Ефимович Николаев проспега” диэбэккэ, “суола” диэххэ. Сахаҕа «уулусса» диэн тыл суоҕа, ол оннугар «олох суола», «дьылҕа суола» курдук киэҥ өйдөбүллэр бааллар эбээт. Араас хамыыһыйаларга этэ сатаатым, истибэтилэр – утарылаһар күүстэр кыралаан син биир бааллар...
Секция кыттааччылара араас этиилэри, бэйэлэрин санааларын үллэһиннилэр. Чурапчыттан, Мэҥэ Хаҥаластан, Амматтан тиийэ кэлбиттэр.
“Айан педагогиката” диэн оҕону сахалыы тыынныырга сүрдээх күүстээх ньыма баарын, онуоха оҕо айанын тэрийиигэ баар араас хааччахтары туруорар сокуоннары, баҕарар буоллахха, сатаан тумнуохха сөбүн туһунан 12-ис оскуола учуутала Алексей Константинович Чиряев төлөннөөх кэпсээнин истэн, бары ымсыырдылар. “Чахчы даҕаны” дэстилэр.
Сахалыы оскуолалар төрөппүттэрин мунньаҕар киин куораппыт нууччалыы тыллаах оскуолаларыттан хас да төрөппүт кэлбитэ өссө биир сытыы кыһалҕаны арыйда – ийэ тылы туруулаһыы сахалыы тыыннаах эрэ оскуолалар кыһалҕалара буолбатах эбитин чорботто. Кырдьык, көннөрү орто оскуолаларга сыллата саха кылаастара арыллаллар, сорох оскуолаларга олохтоох дьаһалта кыһамньытынан, төрөппүттэр туруорсууларынан өссө эбиллэллэр даҕаны. Ол аата прописканан оҕолорун оскуолаҕа илдьэр төрөппүттэр эмиэ сахалыы үөрэттэрэр баҕалаахтарын көрдөрөр. Сүбэ салайааччылара инникитин сахалыы кылаастаах оскуолалары эмиэ хабан үлэни ыытыахха сөп эбит дэспиттэрэ үөртэ.
Секция үлэтин түмүгүнэн Тойон мунньахха маннык этиилэр киирдилэр:
1) Дьиэ кэргэҥҥэ нэдиэлэ биир күнүгэр гаджеттартан аккаастаныыны киллэриэххэ – оҕолору кытта алтыһыахха.
2) Айан педагогикатын туһаныахха – Саха сирин кэрийэр суоллары тобулуохха.
3) Ийэ тылы хараанныыр информацияны Сүбэ нөҥүө киэҥник тарҕатарга үлэлиэххэ.
4) Куорат дьаһалтатыгар сахалыы тыыннаах оскуолаларга Ыһыахтыыр сир ананарын туруорсуохха.
5) Сахалыы тыыннаах сайыҥҥы лааҕырдары үлэлэтиэххэ.
6) Ырытыһыы кулууптарын тэрийиэххэ – киинэлэри, ойуулуктары, испэктээктэри о.д.а. түмсэн кэпсэтиини таһаарыахха.
7) Сахалыы учуобунньугунан үөрэнэр оскуола ахсаанын элбэтиэххэ.
8) Төрүт култуура чааһа оскуолаҕа баар буоларын төрөппүттэр бэйэбит туруорсуохха.
9) Сахалыы кылаастаах нуучча тыллаах оскуолалары түмэн үлэлиэххэ.