12.03.2020 | 09:24

Ийэ үүтүн туһунан “сымыйа” уонна “кырдьык»

Ааптар: Киин Куорат
Бөлөххө киир

Бу орто туруу бараан дойдуга хайа да омук дьахтарын анала – ийэ буолуу.

“Мин үүтүм кыра буолан, эрдэ эмтэрэн бүппүтүм”, “Оҕом үүппэр тоторо буолуо дуо?”, “Хас сааһыгар диэри эмтэрэр сөп буолуой?” онтон да атын ыйытыылар хас биирдии ийэ буолбут дьахтар киһини долгуталлар.

Ийэҕэ кытта туһалаах

Ийэ үүтэ оҕо доруобуйатыгар туһатын туһунан хас да томнаах халыҥ кинигэни суруйуохха сөп. Барыта науканан, учуонайдарынан дакаастанан турар. Ийэ үүтүн эмсэхтээн улааппыт оҕо эт-хаан өттүнэн доруобай буоларын таһынан, улахан киһи буоллаҕына, бэйэтигэр эрэлэ күүстээх буолар диэн психологтар элбэхтик суруйаллар.

Ийэ уонна оҕо ситимэ – айылҕа бэйэтэ айбыт сүдү күүһэ хас биирдии киһи дьылҕатыгар улахан суолталаах.

Оттон ийэҕэ оҕону эмтэрии туһалааҕын туһунан үгүстүк кэпсээбэттэр. Холобур, “Лактационная аменорея” диэн баар – сууккаҕа 10-15 төгүл оҕотун эмтэрэр дьахтар хат буолбат. Бороһуок үүтү холбоотоххо, оҕо улаатан аҕыйахтык эмэр буолла да, бу “харысхал” кыччаан барар.

Оҕолоноот да эмтэрдэххэ, ийэ организмыгар окситоцин гормон үөскүүр – матка түргэнник кыччыырыгар көмөлөһөр, организм чөлүгэр түһэрэ түргэтээн биэрэр.

Ийэ остеопороз ыарыыттан харыстанар, тоҕо диэтэххэ эмтэрэ сылдьар ийэ күннээҕи аһылыгыттан кальцийы иҥэриниитэ хаһааҥҥытааҕар да тупсар. Ол иһин ийэ аһылыга доруобуйаҕа туһалаах уонна иҥэмтиэлээх буолуохтаах.

Эмтэрэр ийэҕэ яичник уонна түөс араага буолууттан харысхал үөскүүр.

Ийэ этэ-сиинэ, бүгүүрэтэ тупсар. Бастакы алта ый устата эдэр ийэ ыйааһынын эбэн уойуон сөп, онтон оҕо 6-9 ыйыгар урукку чөлүгэр түһэн барар.

Оҕону эмтэрии – уйулҕа уоскулаҥа

Ийэ оҕо күүтэ сылдьан чэпчэкитик быыһанар, этэҥҥэ оҕолонор уонна оҕотун эмиийдиир туһунан саныыр. Онно бэлэмнэнэн кини кинигэлэри ааҕар, интэриниэти хасыһар. Оҕону эмтэрэн барыы эриэ-дэхси буолбат, бастаан сатаан түөс тумугун уоптара үөрэтиэххэ, онтон үүт киириитин сааһылыахха наада. Онон оҕону эмтэрии – улахан үлэ.

Ийэ төрөөт да оҕотун түөһүгэр сыһыары тутар – ийэ уонна оҕо икки ардыгар көстүбэт ситим үөскүүр. Интэн ыла кинилэр иккиэн биир тэтимнээх олоххо киирэллэр. Ийэ настырыанньатын оҕо өтө билэр, таайар. Ол иһин ийэ төһө кыалларынан холкутук сылдьыан наада.

Оҕону эмтэрии ордук эдэр ийэлэргэ уустуктардаах. Оҕо ытыыр – ийэ айманар – ийэтэ айманарын оҕото билэн эмиэ ытыыр. Оҕону эмиийдээһини уоскулаҥ кэмин курдук санаан налыйар наада. Оҕоҕутун илиигитигэр ылан түөскүтүгэр сыһыардыгыт да, ханнык да атын кыһалҕаны санаамаҥ.

Оҕо төһө тоторун быһаарабыт

Ханнык баҕарар ийэ бастаан  “Оҕом мин үүппэр тотор дуо?” диэн долгуйар. Тоторун, топпотун быһаарарга бэрэбиэркэлээн, оҕобутун кэтээн көрүөхпүтүн наада:

Оҕо ыйааһына ый аайы эбиллэн иһиэхтээх. 3 ыйыгар диэри оҕо биир нэдиэлэҕэ кыччаабыта 125 гр эбиэхтээх, ол аата ый аайы ыйааһына кыччаабыта киилэ аҥаарынан эбиллэн иһиэхтээх. Оҕоҕут ыйааһынын үчүгэйдик эбэн иһэр, ытаабат буоллаҕына – үчүгэй, үүтүгэр тотор эбит диибит;

Сууккаҕа 10-12 таҥаска ииктиэхтээх. Оҕо сууккаҕа төһөнү ииктиирин ааҕарга 12 чаас устата төһөтө ииктээбитин ааҕан баран иккигэ төгүллээн кэбиһэбит. Маннык суоттааһын аҥаардас эмиийинэн эрэ сытар оҕоҕо барсар. Эбии ууну, бороһуок үүтү иһэр оҕоҕо ааҕыллыбат. 

“Мин кыра үүттээхпин”, “уолан хаалбытым”, “үүтүм суох” диир эмиэ сыыһа. Ийэ үүтэ элбэҕэ-аҕыйаҕа бэйэтиттэн тутулуктаах. Оҕотун түүн эмтэрэр буоллаҕына, үүт үчүгэйдик киирэр. Күнүс бириэмэтин тутуспакка оҕотун түөһүгэр сыһыардаҕына, эмиэ үүт киириитэ эбиллэр. Ийэ буоларга сиппит-хоппут, уйулҕа өттүнэн бэлэм дьахтар үүтэ уолан хаалбат, аҕыйаабат.

Аныгы кэм ирдэбиллэрэ

Дьокуускайга эмтэрэр ийэлэргэ сүбэ-ама биэрэр дьон баар буолбута ыраатта. Урут интэриниэт, бассаап диэн киэҥник тарҕана илигинэ оҕону эмиийдээһиҥҥэ сүбэһиттэр нүөмэрдэрин ЯКТ.ру сайтан булааччыбыт. Билигин инстаграмҥа кытта баар буоллулар.

Аны туран, поликлиникаларга оҕону эмтэриигэ куурустар, эдэр ийэ оскуолалара үлэлииллэр. Оҕолонон баран эмиийдээһиҥҥэ кыһалҕалары көрүстэххитинэ, педиатргытыттан сүбэһиттэр нүөмэрдэрин көрдөөҥ.

Билиҥҥи медицина ийэҕэ уонна оҕоҕо сыһыана сымнаата. Эмэр оҕоттон да, эдэр ийэттэн да чааһынан эрэһиими тутуһууну ирдээбэттэр. Быраастар, бэл, эмэр оҕоҕо көннөрү ууну биэрэри булгуччулаах диэбэттэр.

Былыргы курдук «оҕо хайаан да 3 чаас аччыктаан баран эмиэхтээх, эмэн баран уу иһиэхтээх” диэн быраабыланан олорор билигин наадата суох. Ийэлэргэ өссө роддомтан саҕалаан “оҕоҕут ытаата да, эмтэрэн иһиҥ” диэн сүбэлээн таһаараллар.

Оҕоломмут ийэҕэ эмтэрии туһунан сүүс сүбэни чугас дьоно, аймахтара, дьүөгэлэрэ биэриэхтэрэ. Онно эбии ийэ интэриниэттэн араас информацияны булан ааҕыаҕа. Маны барытын наардаан, сааһылаан олоххо туһанар чахчы ыарахан. Маныаха психологтар сүбэлэринэн, ийэ саамай кылаабынайа бэйэтин билиитигэр уонна сэрэйэн көрүүтүгэр эрэниэхтээх. Оҕотугар  туох туһалааҕын төрөппүт ийэ эрэ сэрэйэр кыахтаах.

Сүбэһит санаата

Ирина Трифонова “Консультант по ГВ” диэн ааттанан ийэ буолар дьолу билбит дьахталларга көмөлөспүтэ хас да сыл буолла. Кини тэттик сүбэлэрин таһаарабыт:

Оҕону эмтэрэргэ сүбэһит буолар консультаннары үөрэтэр кииннэр Арассыыйа киин куораттарыгар бааллар. Биһиги онно үөрэнэн сертификат ылабыт. Урут поликлиникаларга ийэлэри эмиийдииргэ үөрэтии көхтөөхтүк барар этэ. Билигин “Эдэр ийэлэр оскуолалара” бааллар, онно кыратык эмиийдээһин туһунан кэпсээн ааһаллар.

Оҕо өр да өр сытан эрэ эмэр эбэтэр наһаа ытыыр, ийэ түөстэрэ 2-3 чааһынан туолбат буоллахтарына, хайаан да үүтэ тиийбэт диэн буолбат.

Оҕо 3 ыйыттан эмиийин сүгүн ылбат, эмэ сытан туора хайыһар, тыаһы батыһар буолуон сөп. Бу аата кини эмиийиттэн аккаастанна диэн буолбат  – кини көннөрү тулалыыр эйгэтин үөрэтэр, аралдьыйара элбиир. Онон оҕону эмтэрэргэ төһө кыалларынан чуумпу сиргэ бүгэр ордук.

Оҕолонон баран 2 хас ыйынан ийэлэр үүт киирэрэ бытааран хаалла диэччилэр. Ол үүттэрэ аҕыйаабытыттан буолбакка, оҕо аһыыр тэтимигэр ийэ организма үөрэммититтэн буолар. Оҕо төһөнү эмэн ылар да, оччо эрэ үүт үөскүүр.

“Лактационный криз” диэн баар. Оҕо 3, 6, 9 ыйыгар эмиийтэн арахпакка эмиэн баҕарар, топпот курдук өрүсүһэр. Ону төһө эмэринэн эмтэриэхтэрин наада, тоҕо диэтэххэ бу криз оҕо төһө үүт наадатын үөскэппитин кэнниттэн ааһан хаалар.

Эмтэрэр ийэ аһын көрүнэрэ, бэйэтин көрүнэрэ барыта бобуу, хааччахтааһын буолара табыллыбат. Сандал сааспыт салаллан кэллэ. Ханнык баҕарар кэрэ аҥаар тупсуон, киэргэниэн баҕарар. Эмтэрэр ийэ баттаҕын кырааскаламмат, косметологка сылдьыбат дииллэрэ эмиэ сыыһа. Баттаҕы кырааскалааһын, химичэскэй завивка көҥүллэнэр. Баттах кырааскатын химията үүккэ дьайар гына күүстээх буолбат. Ол эрэн организмҥа гормональнай уларыйыылар баар буоланнар, кырааска үчүгэйдик ылымыан, баттах сатаан эриллимиэн сөп. 2-3 ыйыгар диэри кыра оҕо ханнык баҕарар сыты сытыытык ылар буолан сэрэхтээх буолуохха наада.

Эмтэрэр ийэ спордунан дьарыктаныан сөп. Бастаан кыраттан саҕалыахха наада, наһаа спордунан үлүһүйдэххэ, үүккэ кислотата элбиир, ол аата үүт амтана уларыйар, оччоҕо оҕо аккаастанан кэбиһиэн сөп.

Косметология мааскалара, кириэмнэрэ эмиэ ийэ үүтүгэр хайдах да дьайбаттар. Оттон химическэй пилинг, ыраастаныы процедураларын оҕо эмтэрэ сылдьан оҥотторботох ордук, тоҕо диэтэххэ, эмтэрэр ийэ гормоннара сааһылана илик буолаллар. Химическэй ыраастаныы кэнниттэн сирэйгит эбирдэнэн тахсыан сөп.

Баанньык, сауна, бассейн – барыта көҥүллэнэр. Саамай сүрүнэ, бу кэннэ тымныйыа суоххутун наада.

Сыл аайы атырдьах ыйын саҥатыгар Аан дойдутааҕы оҕону эмтэрии күннэрэ бэлиэтэнэллэр.

Оҕону эмтэрэр ийэлэргэ аналлаах семинардар, куурустар, вебинардар, онлайн сүбэ-ама сигэлэрэ:

akev.ru
gvinfo.ru
am-am.info
new-degree.ru
Бу интэриниэт саайтарга специалистар уонна сертификаттаах сүбэһиттэр үлэлэрэ тахсаллар.

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

Якут Шурик: «Атахпын быстыбатаҕым буоллар, өлүөхтээх этим»
Дьон | 21.11.2024 | 12:00
Якут Шурик: «Атахпын быстыбатаҕым буоллар, өлүөхтээх этим»
Суруналыыс кэпсэтэр киһитин кытта кини олоҕун, үөрүүтүн, үлэтин-хамнаһын, кыһалҕатын тэҥинэн үллэстэр. Оннук эрэ сүрэҕэр чугастык ылынан суруйдаҕына, ааҕааччыга тиийэр ыстатыйа тахсар. Мин Александрдыын кэпсэтэрбэр, чэчэгэйим кэйиэлээн, төбөм ыараан да ылбыта, сотору атаҕын быстарын кэпсиир, ону хайдах эрэ тулуйан истибит киһи дии олорбутум. Хараҕым уута да сүүрэрэ, күөмэйбин туох эрэ кэлэн...
Аҕаа, бырастыы
Сынньалаңңа | 27.11.2024 | 10:00
Аҕаа, бырастыы
Уйбаан нэһиилэ сэттис этээскэ сынньана-сынньана кирилиэһинэн тахсан, кыыһа олорор ааныгар кэлэн, оргууй соҕус тоҥсуйда. Баҕардар дьиэҕэ ким да суоҕа дуу дии санаан, кулгааҕын ааҥҥа даҕайан иһиллээн тура түстэ. Киһи атаҕын тыаһа хааман кэлэн, сиэнэ уол куолаһа нууччалыы: «Кто там?» – диэн ыйыппытыгар: – Мин. Тоойуом, мин кэллим, ааҥҥын арый, –...
Кымыс Байбал ыра санаата туолуо дуо?
Сытыы муннук | 28.11.2024 | 14:00
Кымыс Байбал ыра санаата туолуо дуо?
Үөһээ Бүлүү улууһун Маҥаас нэһилиэгин 9 оҕолоох ыалын улахан уола Байбал Васильев оҕо эрдэҕиттэн эппиэтинэскэ үөрэммитэ, хайдахтаах да уустуктан чаҕыйбат, кыраларга холобур буола улааппыта күн бүгүнүгэр  диэри биллэр. Ытык киһибит быйыл 75-с хаарын санныгар түһэрдэ, сааһырда. Ол эрээри олоххо киллэрбит кыһыннары кымыстыыр дьарыгын тохтотуон, өбүгэ кымыстыыр үгэһин үйэтитэр баҕатыттан аккаастаныан...
Туох да мээнэҕэ буолбат
Сынньалаңңа | 25.11.2024 | 23:17
Туох да мээнэҕэ буолбат
Сардаана куруук да холку-наҕыл бэйэтэ, мэктиэтигэр хараҕын уута биллэ-көстө ыгыллан тахсыар диэри абатыйда. Кыһыйбытын омунугар „үөрүүлээх“ сонуну тиэрдибит суотабайын дьыбааҥҥа элиттэ. Хаарыан былаан!! Күүтүүлээх көрсүһүү хаалла!! Бүгүн үлэтигэр бардаҕына табыллар буолбут!   Саатар, бэҕэһээ биллибитэ буоллар. Түүҥҥү дьуһуурустубатын кэнниттэн сынньаммакка, түүннэри былаачыйа тиктэн „быччайан“ олоруо суох этэ! Кыргыттара төһө эрэ хомойоллор....