28.07.2023 | 14:00

Ийэ хапытаалын дьиэни атыылаһыыга хайдах туттуохха сөбүй?

Ийэ хапытаалын дьиэни атыылаһыыга хайдах туттуохха сөбүй?
Ааптар: Розалия Томская
Бөлөххө киир

Ийэ хапытаалын көмөтүнэн олорор усулуобуйаны тупсарыыга хас да ньыма баар:

Номнуо баар ипотеканы сабыахха сөп. Кирэдьиит сууматыттан көрөн, сороҕун эбэтэр толору төлүөххэ сөп.

Кыбартыыраны эбэтэр чааһынай дьиэни атыылаһыахха сөп. Ипотека ылар буоллаххытына: 1) Ийэ хапытаалынан ипотека ылан баран сороҕун сабыахха сөп. 2) Ийэ хапытаалын ипотекаҕа киирэргэ бастакы усунуос быһыытынан туһаныахха сөп.

Бастакы усунуос быһыытынан туһаныы сокуонунан көҥүллэнэр. Маныаха атыылыыр дьон Социальнай пуондаттан түһэр харчыны кэтэһэргэ сөбүлэһиэхтэрин эрэ наада.

Дьиэни уу харчынан атыылаһар буоллаххытына, Ийэ хапытаалын эбии туттуоххутун сөп. Ол эрэн маннык туһанарга оҕо 3 сааһын туолбут буолуохтаах.

Кыбартыыраны киэҥ кыбартыыраҕа атастаһарга туттуохха сөп. Холобур, үс хостооҕу икки хостооххо атастаһарга. Эбии төлөбүрүгэр Ийэ хапытаалын угаҕыт.

Дьиэ туттарга туһаныахха сөп. Дьиэни билигин уу харчыга эбэтэр ипотека кирэдьиитигэр туттар кыах баар. Манна хас биирдии түгэҥҥэ Ийэ хапытаала өйөбүл буолуон сөп.

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

Медик: «Бааһырбыт байыаспын дөйүтэн баран соһорум»
Дьон | 20.12.2024 | 12:00
Медик: «Бааһырбыт байыаспын дөйүтэн баран соһорум»
Олус ыарахан кэпсэтии буолла. Ааҕааччыга тиэрдэр гына суруйуохха наада. Дьоруойум сөбүлэҥин ылыахпын наада. Тоҕо диэтэххэ кини анал байыаннай дьайыыга сылдьыбыт кэрэ аҥаар,  ийэ, медик. Кэпсии олорон ытаатаҕына, сырҕан бааһын таарыйаммын диэн кэмсинэн ылабын, онтон эмиэ чочумча буолан баран салгыыбыт.   Кини позывнойун кистиир, ханна баарын, билигин ханна олорорун эмиэ эппэппит. Сөбүлэһэн...
Үчүгэйи көрөргө хаһан үөрэнэбит?
Сонуннар | 14.12.2024 | 13:15
Үчүгэйи көрөргө хаһан үөрэнэбит?
Сиэн көрө куоракка кыстыыбын. Күн аайы оптуобуһунан оҕобун оскуолаҕа илдьэбин-аҕалабын. Быйыл, дьэ, этэргэ дылы, үйэ тухары хамсаабатах маршруттарга уларыйыылар таҕыстылар. Бассаапка үөхсэн туох туһа кэлиэй, төттөрүтүн, дьону күөртээн эрэ биэрии курдук. Ол иһин бу турунан туран Дьокуускай куорат сахалыы тыллаах хаһыатыгар санаабын тиэрдэргэ соруннум.  Бииринэн, нэһилиэнньэбит ахсаана күн-түүн улаата турар....
Сатаан салайыы, тэрийии — эмиэ талаан
Дьон | 14.12.2024 | 18:00
Сатаан салайыы, тэрийии — эмиэ талаан
Харах ыларынан хаһан да бүппэттии көбүүс-көнөтүк тыргыллар бэс чагда устун айан суолунан сыыйылыннаран иһэн, «Дьиикимдэ» диэн суруктаах бэлиэҕэ биирдэ баар буола түстүбүт. Туох-хайдах дьарыктаах, тугунан тыынар нэһилиэккэ киирэн эрэрбитин аартыкка баар суруктаах бэлиэ кэпсииргэ дылы.  Бүгүн биһиги “Дьиикимдэ дьээбэлэрэ” көр-күлүү тыйаатырын артыыһа, режиссера, продюсера Артур Николаевич Егоровтыын нэһилиэк култуурунай олоҕун...