Ийэ эрэлэ
(Дьиҥ олохтон кэпсээн)
Уу чуумпу хоско эмискэ төлөпүөн өрө тырылыы түстэ. Икки-үс мүнүүтэ ким эрэ тохтоло суох эрийдэ. Чочумча буолаат, төлөпүөн өссө улаханнык тыаһаата. Тимир орон кыыкынаатын кытта, биир киһи нэһиилэ оронон турда. Сууллубатаҕа ырааппыт муостаҕа бөх курдук бөссөхтөнө сыппыт таҥас быыһыттан төлөпүөнүн көрдөөн булумахтанна.
–Алло! Истэбин! – диэн хойуу куолас бардьыгынаата. Онтон тоҕо эрэ симик баҕайытык:
– Дорообо. Ээ, эбиэт кэнниттэн. Билигин туруом. Хаһан? (соһуйбут курдук) Киминэн? Сөп. Биллэрээр.
Кэпсэтии бүттэ. Били киһи эмиэ хос сытынан кэбистэ. Сүр ыараханнык өрө тыынна. Төбөтө ыаҕастаах уу курдук ыарахан, субу хампы барыахтыы ыалдьар. Икки илиитинэн саба тутунна. Онтон киҥэ-наара холлон, истиэнэҕэ лүһүгүр гына тыаһыар диэри охсуолаата. Ону баара, өссө эбии дьалкыҥнаан биэрдэ. Бэҕэһээ испит арыгыта, ама, барыта төбөтүгэр мустубут буоллаҕа дуу?
Кини аата – Эрэл. Уон аҕыһын бу кыһын туолбута. Ити ийэтэ Боккуойа эрийэ сырытта. Сарсын дойдутуттан устудьуон уолугар куоракка кэлээри үөрбүт-көппүт сонунун кэпсээтэ. “Босхо массыына көстүбүччэ”, – диэтэ. Эмиэ куул муҥунан кэһиилээх кэлээри, түбүгүрэ сырыттаҕа. Түүннэри бэрэски, хобуорас буһаран, соботун, күстэҕин ыраастаан, ыһаарылаан утуйбат буолуохтаах. Бу күһүн хаһааммыт лечотын, барыанньатын, хаппыыстатын оҕотугар аҕалаары уктан эрдэҕэ. Оо-дьэ…
Тула өттүн көрүннэ – тырыта-хайыта барбыт обуойдаах истиэнэ. Хаһааҥҥыта эрэ сып-сырдык өҥнөөх, дьэрэкээн сибэкки ойуулаах бэйэтэ, табах буруотуттан саһаран, быыл быһыта сиэн, кир-хох хонон хаалбыт. Дьэбин сиэбит икки тимир орон сэргэстэһэ турар. Муостаҕа баатата барыта таһыгар тахса сылдьар, кип-кирдээх тэллэх тэлгэнэ сытар. Ол таһыгар хас да кытай суумката кыстаммыт. Муннукка – кирдээх таҥас. Кэбис, устудьуоннар уопсайдара дии санаамаҥ. Бу үс уол куортамнаан олорор ыт уйатын саҕа кыбартыыралара.
Бээ, туруохха. Чаһы ырааппыт. Таҥныбыта буолла. Ыарахан сүгэһэрдээх киһи курдук, нэһиилэ хааман, куукунаҕа тиийдэ. Остуол үрдүгэр хас да кураанах бытыылка, хаппыт килиэп, табах күлэ уонна толору кирдээх иһит. Биир ыраас соҕус ыстакааны булан, тугу эрэ көрдөөбүттүү, эргиччи көрүтэлээтэ. Онтон «сур-сур» атаҕын соһон, кыраан диэки хаамта. Ыстакааныгар толору уу куттан, харса суох ыймахтаата. Сахара кумах куйаарыгар олорор да киһи итиччэ утаппата буолуо. Өссө төгүл уу куттан баран, киллиргэтэн кэбистэ. Бэҕэһээҥҥи бэчэрииҥкэттэн туох да ордубатах. Тугу эмит кучу-мачы гынан, хачыгырата түһүөм дии санаабыта да, барыта кураанах иһит. Кэнсиэрбэ бааҥкатын өҥөйөн көрбүтэ, тобус-толору табах күлэ. Онтон сиэптэрин хаспахтаата. Табаҕын булан, уматтан, остуол биир өттүгэр тиийэн олорунан кэбистэ. Сэниэтэ суохтук истиэнэҕэ сигэннэ. Эрэл олоҕо маннык буолбута сыл аҥаарыттан орто.
Уол оскуоланы бүтэрбит сайыныгар, кинини үөрэххэ киллэрээри, дьиэ кэргэнинэн бары куоракка көһөн кэлбиттэрэ. Аймахтарыгар кыбыллымаары, кылгас кэмҥэ кыбартыыра куортамнаабыттара. Ийэтин уоппускатын харчыта уу курдук барбыта. Барахсан, оҕото үөрэххэ киирбитин истэн, үөрбүтүн омунугар ытамньыйан ылбыта. «Оҕом үөрэҕин бүтэрдэҕинэ, үлэһит буолан, ийэтигэр көмөлөһүө. Бырааттарын киһи-хара оҥортуо», – диэн билэр-билбэт дьонугар кэпсээбитэ. Хас да ый мунньубут харчытынан уолугар саҥа таҥас-сап, үөрэх тээбиринэ, уопсайга олороругар иһит-хомуос атыыласпыта. Эрэли олохтоон баран, икки уолун батыһыннарбытынан, төттөрү дойдулаабыта. «Үлэлээтэхпинэ, харчыны баҕас булуом. Оҕолорбун аччыктатыам кэриэтин утуйбакка да үлэлиэм. Хата, эрэйим таах хаалбата», – диэн ийэтэ үөрүүлээх дьиэлээбитэ.
Аҕалара Эрэл ахсыска, орто уол бэһискэ, оччугуйдара иккискэ үөрэнэ сырыттахтарына, соһуччу суох буолбута. Үс оҕолоох ийэ бу орто туруу бараан дойдуга чороҥ соҕотох хаалбыта. Онтон ыла аас-туор, инчэҕэй тирбэҕэ быстыбатынан олох саҕаламмыта. Боккуойа суон дурда, халыҥ хахха буолуохтаах киһитэ Эрэлэ этэ…
Уопсай көрдөөх-нардаах олоҕо саҕаламмыта. Билсиһии-көрсүһүү, күн кыһалҕата суох күүлэй, аныгылыы эттэххэ, бүтэр уһуга биллибэт «шоу», арыгы… Түмүгэ – бастаан уопсайтан, онтон үөрэхтэн үүрүллүү.
Каникулга барарыгар ийэтигэр соччото суох сонунун кэпсиир, устунан дойдутугар хаалар санаалааҕа. Онтон дьиэтигэр тиийбитэ, ийэтэ: «Оҕом сылайдаҕа. Үөрэххэ баттаттаҕа. Ырбыта-дьүдьэйбитэ сүрэ бэрт. Аһаа, тоойуом», – дии-дии, биир кэм илин-кэлин түспүтэ. Остуол хотойорунан ас-үөл бэлэмнээн түбүгүрбүтүн көрөн, уол иһигэр кыбыста санаабыта. Аны бырааттара ону-маны үрүт-үөһэ ыйыт да ыйыт буолбуттара, хас да күн харыс да халбарыйбакка, кини аттыттан арахпатахтара, ахтылҕаннарын таһаарбыттара. «Убаай кэлбит! Ураа!» – диэн кыра быраата үөрбүт сирэйэ-хараҕа бу көстөн кэлэр.
Ийэтэ үөрэххэ оройунан умса түспүт, онтон сылайбыт-элэйбит уолун төһө кыалларынан сынньатар санаалааҕа. «Тоойуом, уугун хана утуй», «тукаам, бэйэҥ гыныам» дии түһэрэ. Ол аайы Эрэл сирэйэ чоххо баттаммыт курдук кытарара, төбөтүн умса туттара.
«Мин убайым геолог буолар!» – диэн орто быраата ыалдьыттыы кэлбит табаарыһыгар киэн тутта кэпсии олорорун истэн олус сааппыта. Сиргэ тимириэн сир кытаанах этэ. Холобур оҥостор убайдара үөрэҕиттэн үүрүллүбүтүн иһиттэхтэринэ, төһө эрэ кэлэйэллэр! Ийэтэ эрэйдээх, түүннэри түбүгүрэн, күнүстэри хачыгырыйан, кууран-хатан хаалбытын, бэл, кырдьа быһыытыйбытын аһына көрбүтэ. Улахан уолун, баар-суох эрэлин үөрэттэрээри, икки үлэҕэ тиргиллэрэ.
Дэриэбинэ дьоно Эрэлтэн устудьуон олоҕун сураһаллара. Уулуссаҕа көрүстэхтэринэ: «Маладьыас, ийэҥ ыра санаатын толорон эрэргиттэн үөрэбит», – дииллэрэ. Араппыана эмээхсин: «Дьиэ кэргэн эрэлэ эн буоллаҕыҥ. Кытаат, үөрэхтэнэн, үлэһит буолан ийэҕэр күүс-көмө буол», – диэбитэ.
Оскуолаҕа выпускниктары кытта көрсүһүүгэ ыҥырбыттара. Барбат буола сатаабытын ийэтэ: «Оҕолор көрдүннэр ээ. Учууталларыҥ хомойо сылдьыахтара», – диэбитэ. Аҕата эдэр сылдьан кэппит көстүүмүн уура сыппытын таһаарбыта, бүрүүкэтэ кырыыланыар диэри кичэйэн өтүүктээбитэ. Эрэл, хайыай, быстыа дуу, ойдуо дуу, бардаҕа дии. Кылаас чааһыгар ууну омурдубут курдук олорбута. Бэйэтэ да улахан саҥата-иҥэтэ суоҕун билэллэрэ, ол иһин уһуннук доппуруостаабатахтара. Хата, бииргэ үөрэммит оҕолоро былдьаһа-тарыһа кэпсээбиттэрэ. Онон быыһаммыта.
Биирдэ табаарыһыттан кэлбитэ, ийэтэ бэлимиэн, кэтилиэт, бэрэски астыы сылдьара. Таһырдьа таһааран тоҥортоон кэбиспитэ. «Оҕом уопсайга аһыырыгар», – диэн төлөпүөнүнэн кимиэхэ эрэ сэһэргии олороро. Дьиҥэр, ол киэһэ ийэтигэр билинэрдии, барытын кэпсиирдии, ох курдук оҥостон кэлбитэ. Күндү киһитэ тиэстэ охсо турара. Онтон куукуна иһигэр төттөрү-таары хаамыталыырын, киҥинэйэн ыллыы сылдьарын саҥата суох көрөн турбута. Хайдах эрэ тыла тахсыбатаҕа. Оннук ийэтигэр тугу да эппэккэ, куул муҥунан астаах-үөллээх куоракка төннүбүтэ.
Аҕыйах күн аймахтарыгар олорбута. «Хоһум уолаттара кэлэ иликтэр», – диэн албыннаабытын кулгааҕа эрэ истэн хаалбыта. Уопсайынан, сымыйаччы ааттааҕа буолбута. Кырдьык-хордьук сарсыарда аайы «үөрэнэ» барара.
Биирдэ түүн итирик кэлбитэ. Таайа саҕатыттан ыйаан туран илгиэлээбитэ, дэлби мөхпүтэ, сэмэлээбитэ. «Балтыбын эрэ аһынар буолан эппэппин», – диэбитэ. Онтон сотору бэйэтин курдук уолаттары кытта куодарыһа охсубута. Үһүө буолан дьиэ көрдөммүттэрэ. Хата, чэпчэки сыанаҕа булбуттара.
Бу көҥүл күүлэйдээбиттэрэ номнуо иккис ыйа. Ол тухары ийэтэ үстэ харчы, биир суумка эт уонна балык атыылаһан ыыппыта. Киэһэ аайы арыгылааһын, айдаан-куйдаан, сороҕор охсуһуу буоларын хантан билиэй? Бу дьиэҕэ көргө-нарга баҕалаах атас-доҕор толору мустар. Күн аайы оннук хартыына. Быстарбыт кэмнэригэр эрэ тохтууллар. Аҕыйах күн куруусчуттаабыта, уу таспыта буолан, айахтарын булуналлар. Онтон кимиэхэ эмит төрөппүттэрэ харчы ыыттахтарына, көр-нар дьоро киэһэлэрэ саҕаланаллар.
Сарсыарда бииргэ олорор уолаттара эмиэ ханна эрэ суксуруспуттара. Эрэл кыайан турбатаҕа.
Ийэм кэлэр. Барытын билиэ. Оо, төһө эрэ кэлэйэр-хомойор? Бу сытан нухарыйан барда…
… Устата-туората биллибэт күөх халлаан күндээрэр күөнүттэн күлүмнэс күн тыыннаах кыымнары тамнааттыыр. Сардаҥа саатаан оонньуур ыраас үрүйэтигэр үс уол оҕо чомполоно сылдьар. Онтон сыыр үрдүттэн туран, ийэ барахсан оҕолорун ыҥырар саҥата иһиллэр: “Чыычаахтарыам, ууттан тахсыҥ!”