Ийэ дойдуну көмүскүүр ытык иэс
Ыам ыйын 8 күнүгэр буолан ааспыт «Кыайыы сааһа» бырааһынньыктааҕы бырагыраама Аҕа дойду Улуу сэриитин бэтэрээннэригэр, Лениград блокадатын кыттыылаахтарыгар, тыыл дьоруойдарыгар уонна Арассыыйа аармыйатыгар сулууспалыы барааччыларга - Ийэ дойдуну көмүскүүр ытык иэһи чиэстээхтик толорооччуларга ананна.
Тэрээһиҥҥэ Дьокуускай уонна Ленскэй архиепискоба Роман, Саха Өрөспүүбүлүкэтин байыаннай хамыһаара полковник Александр Авдонин, ыччаттар, оскуола үөрэнээччилэрэ кыттыыны ыллылар.
Байыаннай хамыһаар Александр Авдонин хас да көлүөнэ норуокка эйэлээх халлааны бэлэхтээбит бэтэрээннэргэ махтанан туран: «Аҕа дойду Улуу сэриитин кыттыылаахтарыгар иитиллибит уопуппутун бүгүҥҥү уустук кэмҥэ үүнэр көлүөнэҕэ тиэрдэр соруктаахпыт», - диэтэ.
Дьокуускай уонна Ленскэй архиепискоба Роман Саха сирин буойуннарын үтүө үгэстэрэ салҕанарын, онон бүгүн аармыйаҕа барааччылар Арассыыйа Аармыйатын кэккэтигэр чиэстээхтик сулууспалыыр эбээһинэстээхтэрин эттэ.
Аармыйаҕа баран эрэр эдэр дьоҥҥо Дьокуускай куорат Олохтоох дьаһалтатын Ыччат управлениета өйдөбүнньүк бэлэхтэри туттарда.
Оттон призывниктар ааттарыттан харда тылы байыаннай-учуотунай идэ 2 №-дээх бөлөҕүн хамандыыра Григорий Шульгаҕа этэр чиэс бэрилиннэ.
Бэлиэ күнү Росгвардия хора, солист Арина Суюндюкова, «Эн сулускун» күрэх финалиһа Татьяна Ющенко ыллам ырыалара киэргэттэ. Полиция подполковнига Сергей Петров салалтатынан полиция отдельнай батальона бойобуой приёмнары көрдөрдө.