26.03.2024 | 16:18

Ийэ дойдуга бэриниилээх буолууга иитии, төрүт үгэстэри бөҕөргөтүү – култуура эйгэтин сүрүн соруга

Ийэ дойдуга бэриниилээх буолууга иитии, төрүт үгэстэри бөҕөргөтүү – култуура эйгэтин сүрүн соруга
Ааптар: Киин Куорат
Бөлөххө киир

Сыл ахсын кулун тутар 25 күнүгэр дойду үрдүнэн Култуура үлэһитин күнэ бэлиэтэнэр.
СӨ Ил Дархана Айсен Николаев бэлиэтээбитинэн, федеральнай уонна региональнай өйөбүллэр көмөлөрүнэн өрөспүүбүлүкэ култууратын эйгэтэ тэтимнээхтик сайдарын култуура тэрилтэлэригэр 2019 сылтан 1,8 төгүл элбэх киһи сылдьар буолбута, аҥаардас 2023 сылга өрөспүүбүлүкэ нэһилиэнньэтэ 21,6 мөл. төгүл култуура тэрээһининэн хабыллыбыта туоһулуур. 
«Биһиги өрөспүүбүлүкэбит хатыламмыт култуурата – саҥа саҕахтары, сонун санаалары сомсор, ийэиилэри ылар бараммат баайбыт. Ол иһин биһиги төрүт сыаннастарбытын, өбүгэбит култууратыгар харыстабыллаахтык сыһыаннаһабыт»,– диэн бэлиэтиир Айсен Николаев.


Саха Өрөспүүбүлүкэтэ билигин дойду үһүс бөдөҥ киинэ оҥорор регионун аатын сүгэр. 2023 сыллаахха саха киинэлэрэ 100 мөл. солк суумалаах рекорднай көрдөрүүнү ситистилэр. «Экстра Синема» технологиятынан өрөспүүбүлүкэ улуустарыгар 17 киинэ саалата арыллан үлэлиир. 2023 сыл ыам ыйыгар бу бырайыак дойду баһылыга Владимир Путин биһирэбилин ылан, Арассыыйа атын муннуктарыгар тарҕанар.
Владимир Путин көҕүлээһининэн олоххо киирэр «Култуура» нацбырайыагынан култуура тэрилтэлэрин инфраструктуратын тупсарыыга киэҥ далааһыннаах үлэ ыытыллар. Ол курдук биэс сыл иһигэр 54 култуура эбийиэгэ үлэҕэ киирдэ, ол иһигэр аҥаардас  2023сылга – 6 эбийиэк. 
2024 сылга 17 эбийиэк, ол иһигэр өрөспүүбүлүкэни төрүттэспит улуу дьоммут төрөөбүт-үөскээбит дойдуларыгар Нам улууһун Хатырыгар, Таатта улууһун Чөркөөҕөр, Үөһээ Бүлүү Харбалааҕар үлэҕэ киирээри турар. Владимир Путин дьаһалынан Бэс Күөл бөһүөлэгэр элбэх функциялаах киини тутуу түмүктэнээри турар. 


Чугастааҕы сылларга өрөспүүбүлүкэҕэ Арктикатааҕы эпос уонна искусство киинин, Музыка үрдүкү оскуолатын, киинэ павильонун дьиэлэрэ тутуллуохтара.
2021 сылтан «Пушкин каартата» бырагыраама кыттыылаахтарыгар 1,5 тыһыынча култуурунай тэрээһин ыытылынна, бырагырааманан туһанааччы ахсаана 71 тыһыынчаны куоһарда. 
Дойду баһылыга быйылгы Туһулааһыныгар «Пушкин каартата» бырагырааманы кэҥэтэр уонна саҥа «Земскэй култуура үлэһитэ» бырагырааманы олоххо киллэрэр туһунан иһитиннэрбитэ. 
Култуура тэрилтэлэрэ анал байыаннай дьайыы кыттыылаахтарыгар уонна кинилэр дьиэ кэргэттэригэр араас хабааннаах өйөбүлү оҥороллор, ол иһигэр байыаннай чаастарга уонна госпиталларга кэнсиэртии бараллар. 


Саха Өрөспүүбүлүкэтигэр уопсайа 1242 култуура тэрилтэтэ үлэлиир, ол иһигэр 11 тыйаатыр, 89 музей, 489 култуурунай-арылдьытар тэрилтэ, 504 библиотека, 4 кэнсиэр тэрийэр тэрилтэ, 4 орто анал үөрэх кыһата, 1 цииркэ, 130 оҕо искусствотын доскуолата, 51 киинэ тыйаатыра уонна киинэ саалата бааллар. Оттон култуура эйгэтигэр 10 000 тыһыынчаттан тахса киһи үлэлиир, диэн иһитиннэрэр Ил Дархан уонна Бырабыыталыстыба пресс-сулууспата.

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

Валентин Баһылайап: «Эмээхсин өтө көрбүт быһыылаах»
Дьон | 08.12.2024 | 14:00
Валентин Баһылайап: «Эмээхсин өтө көрбүт быһыылаах»
Биһиги ортобутугар араас дьылҕалаах, үлэлээх-хамнастаах, дьарыктаах дьон элбэх. Хас биирдии киһи син биир туох эрэ уратылаах, талааннаах, киһи кэрэхсиир кэпсээннээх. Биир оннук киһини кытта сэһэргэспиппин ааҕааччыларбар тиэрдиэхпин баҕарабын.   — Валентин Титович, кэпсэтиибитин билсиһииттэн саҕалыахха. — Бэйэм Сунтаартан төрүттээхпин, Хатырыкка олохсуйбутум 44 сыл буолла. Хадан нэһилиэгэр 1951 сыллаахха төрөөбүтүм. Бииргэ төрөөбүт...
Күндү күтүөт, көмүс күтүөт, көйгө күтүөт...
Сонуннар | 01.12.2024 | 12:00
Күндү күтүөт, көмүс күтүөт, көйгө күтүөт...
«Теща» туһунан атын омуктарга олус элбэх анекдот, көр-күлүү баар. Оттон биһиги, сахалар, күтүөт уолбутун хайдах ылынабыт, сыһыаммыт хайдаҕый, төһө тапсабытый? Өйдөспөт түгэн таҕыстаҕына, кыыскын көмүскүүгүн дуу, күтүөт диэки буолаҕын дуу? Онон бүгүн күтүөттэр туһунан кэпсэтиэххэйиҥ.   Светлана Петровна: — Мин ыал буолбутум оруобуна 40 сыл буолла. Ол эбэтэр 1984 сылга дьонум...
Ийэ буор
Сынньалаңңа | 07.12.2024 | 10:00
Ийэ буор
Гаврильева Оксана Павловна – Айсана 1963 с. Мииринэй оройуонун Ботуобуйа нэһилиэгэр күн сирин көрбүтэ. 1982 с. Н.Г. Чернышевскай аатынан Бүлүүтээҕи педагогическай училищены бүтэрбитэ, 1988 с. Дьокуускайдааҕы судаарыстыбаннай университеты бүтэрэн, нуучча тылын уонна литературатын учууталын идэтин ылбыта. Ити идэтинэн Н.Е. уонна П.Н. Самсоновтар ааттарынан Хатас орто оскуолатыгар үлэлиир. Педагогическай билим хандьыдаата,...
Өкүүчэ
Сынньалаңңа | 01.12.2024 | 16:18
Өкүүчэ
(Салгыыта, иннин “Холумтан” сыһыарыы алтынньы 10 күнүнээҕи нүөмэригэр ааҕыҥ)   Күһүҥҥү күннэр күлүгүрэн турдулар. Биир күн Ааллаах Үүнтэн убайдара Миитэрэй таһаҕас тиэйиититтэн кэлэн, эбиитин бу эрэ иннинэ аҕаларыттан сурук тутан, дьиэлээхтэр санаалара чэпчии сылдьар кэмнэрэ. Миитэрэй 20-гэр чугаһаабыт, түргэн-тарҕан туттуулаах, сытыы-хотуу харахтаах, уҥуоҕунан кыра соҕус да буоллар, дьоһуннук туттар эдэр киһи....