08.10.2023 | 14:00

Ийэ, аҕа тапталын бары билбэттэр

Ийэ, аҕа тапталын бары билбэттэр
Ааптар: Наталья Кычкина
Бөлөххө киир

Бүгүҥҥү ыстатыйам аатын ааҕан баран, баҕар, тулаайах оҕолор туһунан тиэмэ дии саныаххыт. Хомойуох иһин, “тыыннаах тулаайах” диэн этии биһиги олохпутугар эмиэ туттуллар, ол аата төрөппүттээх эрээри кини тапталын билбэтэх, оҕо дьиэтигэр олорор, эбэтэр ийэлээх, аҕалаах эрээри, куруук туора көрүллэр, атаҕастанар, мөҕүллэр-этиллэр.
Маннык түгэн үксүн кииринньэҥ ийэ эбэтэр аҕа өттүттэн буолуон сөп эрээри, бүгүҥҥү кэпсээнньиттэрим төрөппүт ийэлэригэр хомолтолорун кэпсииллэр. Ол эрэн кэлин бэйэлэрэ ийэ-аҕа буолан баран өйдөөбүттэрин этэллэр.

Вераны уруккуттан билэр этим, эдэр эрдэхпитинэ биир кэмҥэ үрдүк үөрэххэ үөрэммиппит, куурустарбыт эрэ атыттар этэ. Наһаа бодоруспатарбыт да, иккиэн актыыбынай буоламмыт араас тэрээһиннэри, биэчэрдэри ыытарга кэпсэтэрбит, билсэрбит.

Үөрэхпитин бүтэрэн баран куоракка биирдэ эмит көрсөн, алтыһан ааһарбыт. Кини куорат биир оскуолатыгар алын кылаас учууталынан ананан үлэлээбитэ. Хас да сыл көрсүбэккэ буолан баран бу соторутааҕыта поликлиника таһыгар көрсө түстүбүт – кини хайыы үйэ биэнсийэҕэ тахсыбыт эбит, арааһа, үлэлээбит ыстааһынан да буолуо, мин аҕыйах сыл балыс буолан иликпин.

Кини да, мин да бэйэ-бэйэбитин тута биллибит, олус сылаастык илии тутуһан, куустуһан дорооболостубут. Верам хайдах эрэ санаарҕаабыт, сылайбыт көрүҥнээх этэ. Ыскамыайкаҕа олорон кэпсэттибит. Устудьуоннаабыт кэмнэрбитигэр дьүөгэлии да буолбатарбыт, бу сырыыга хайдах эрэ чугастыы дьон курдук олохпут-дьаһахпыт, оччотооҕу устудьуоннаабыт сылларбыт, доҕотторбут туһунан олус истиҥник, ис сүрэхпититтэн кэпсэтэн бардыбыт.

Арай Верам бэйэтин туһунан кэпсииригэр ытамньыйан киирэн барда: бу күннэргэ ийэтэ олохтон бараахтаабыт эбит. Кини хараҕын уутун соттон баран дууһатын барытын миэхэ арыйан киирэн барда:

– Мин аҕам тоҕустаахпар биһигиттэн арахсан барбыта, быраатым сэттэ саастааҕа, ийэм 35-һэ эрэ этэ. Ийэм ол курдук аҕам таҥнаран барбытын иһин кинини олох ис сүрэҕиттэн абааһы көрөрө, онтун сороҕор биһиэхэ таһаарара. Миэхэ ордук улаханнык кыыһырара. Тоҕо диэтэххэ мин аҕабар быдан чугас этим уонна киниэхэ маарынныырым. Аҕам туһунан куһаҕаны, быдьары иһиттэхпинэ куруук көмүскэһэ сатыырым. Оччолорго кини биһигини быраҕан атын дьиэ кэргэҥҥэ барбытын билбэт этим.

Ол курдук ийэм миигин мөхпүт күнүгэр кыһыыбыттан түүннэри ытыырым. Кини кырдьык миэхэ олус тыйыстык, тымныытык сыһыаннаһара: күн аайы уруокпун үөрэппиппин ыйытара, хатылатара, дьиэни хомуйтаран тахсара, маҕаһыыҥҥа баран кэллэхпинэ харчым тобоҕун хайаан да аахтаран-суоттатан ылара, кини көҥүлэ суох биир да сакалааты, кэмпиэти, минньигэһи сиэбэт этибит.

Улаатарым саҕана, 12-13 сааспар ийэбин кытары аахсар буолбутум. Онуоха ийэм миигин уоспун быһа охсоро, дьарыйара. Ону мин аҕам курдугум иһин кыһыытын, абатын миигинэн таһаарар, киниэхэ иэстэһэр дии саныырым.

Оскуола кэнниттэн үрдүк үөрэххэ киирбитим, үчүгэйдик үөрэммитим. Ол да буоллар ийэм син биир ис буолбат этэ, истипиэндьийэбин мээнэ тутуннарбат, тугу да атыылаһыннарбат, барытын отчуоттатар, оннооҕор косметика ылыннахпына кытары барытын аахтарара. Уопсайынан, наадата суох малга-салга харчыны барыыгын диэн мөҕөрө.

Кэргэн тахсан баран дьэ ийэбиттэн тэйбитим. Кыыстаммыппыт, туһунан ыал буолан дьиэ-уот тэринэн олорбуппут. Ийэбэр син биир бара сылдьарым, ол гынан бырааппынааҕар аҕыйахта тиийэрим. Кини ийэтигэр ордук маарынныыра, ол да иһин киниэхэ быдан сымнаҕастык сыһыаннаһара.

Ол курдук хас да сыл бэйэ-бэйэбитин мэһэйдэспэккэ, наһаа наадыйсыбакка олорбуппут. Ийэм төһө да сааһырдар элиэр этэ, аһын-үөлүн барытын бэйэтэ атыылаһара, кими да соруспат этэ.

Онтон бу соторутааҕыта ыарытыйан сытынан кэбистэ. Быраатым дьоллоох олохтон барбыта, онтон сылтаан мөлтөөтө быһыылаах. Мин күн аайы ийэбэр тиийэн көрөрүм-истэрим. Ийэм эмиэ уруккутун курдук миигин тымныытык көрсөрө, улаханнык үөрбэтэ-көппөтө, ол да буоллар син махтанара. Ол да сытан син биир миигин үөрэтэ сытара, төһө эмит бэйэм сиэннэрдээх, эбээ буолбут киһини. Уруккум, оҕо эрдэҕинээҕим курдук буолбакка, тылга тииспэккэ, син тулуйарым.

Ийэм бэргээн истэ, балыыһаҕа киллэрэргэ кэпсэттим. Онно да күн аайы тиийэбин, сороҕор хонсобун. Ол курдук аттыгар илиитин тутан баран олоробун. Арай биир күн ийэм барахсан мин диэки көрдө уонна мичээрдээтэ, кырдьыкпын эттэххэ, ийэм миэхэ мичээрдээбитэ да ахсааннаах, эбэтэр олох да суох этэ дуу, өйдөөбөппүн даҕаны эбит. Ити күн кини суох буолбута.

Хайыахпыный, ийэбитин кистээн баран дьиэтин малын-салын дьаһайдым. Онно оҕо, эдэр эрдэҕинээҕи малларбын булбутум. Ийэм мин оскуолаҕа ылбыт грамоталарбын барытын мунньа сылдьыбыт эбит. Эргэ чымадааҥҥа оҕо эрдэҕинээҕи былаачыйабын наһаа кичэйэн уурбут этэ.

Өссө биир долгуйбут, уйадыйбыт түгэмминэн дьахтар күнүгэр, төрөөбүт күннэригэр биэрбит бары бэлэхтэрбин уура сылдьыбыт эбит, оҥоһуктарбын уонна аккырыыккаларбын. Аккырыыккаларым наһаа үчүгэй оруосабай лиэнтэнэн баалла сылдьаллара. Ол курдук мин ытыы-ытыы ийэм сыттаах, оҕо сааспын санатар маллары бэрийбитим.

Верам ытаан санна титирэстээн барбыта, мин онуоха кинини кууһан оргууйдук имэрийэ олорбутум.

– Эн санаан көрүүй, мин ийэм миигин үйэтин тухары сөбүлээбэт, абааһы көрөр дии саныырым, онтон ити маллары, бэлэхтэрбин уонна былаачыйабын булан ыллым дии. Онно дьэ ийэм миигин куруук таптаабытын уонна харыстаабытын дьэ биллим. Аҕабар күнүүлээн, баҕар, итинник майгыламмыта буолуо, бүтэй киһи буолан онтун аһаҕастык эппэтэ, таһаарбата. Кини биһигини таҥнарбытын мин да оччолорго билбэт, өйдөөбөт буоллаҕым. Мин онно ийэбин уоскутуохтааҕар, төттөрүтүн, киниэхэ хомойорум уонна араастаан саҥаран тылга тииһэрим.

Верам эмиэ ытаан барбыта.

– Верочка, бэйэҕин буруйданыма. Эн ийэҥ наһаа үчүгэй кыыһы иитэн таһаарбыт уонна кырдьыар диэри уһуннук олорбут, хос сиэннэрин кытары көрбүт. Хайа таптаабат кыыһа кини аттыгар олорон бүөбэйдиэй, ийэтин тиһэх суолугар атаарыай. Ийэҥ туһунан сырдык өйдөбүл хаалбытын оҕолоргор, сиэннэргэр тиэрдэн, кини туһунан ыраастык санаан, кэпсээн хаалларыаххын наада, кини эн дьоллоох буолуоххун баҕарбыт уонна бэйэҕин буруйдумматыҥ туһугар олорбут буолуохтаах диэбиппэр Верам сөбүлэспитэ уонна дьэ мичээрдээн ылбыта.

Ити курдук Вера сааһын тухары ийэм таптаабат дии санаабыт. Арай кинилэр дьүөгэлии курдук эрдэттэн аһыллан кэпсэппиттэрэ, өйдөспүттэрэ буоллар, бэйэ-бэйэлэригэр сыһыаннара төһөлөөх уларыйыа, истиҥ буолуо эбитэй.

***

Мин ыал кыра оҕотобун. Икки убайдаахпын, икки эдьиийдээхпин. Кыра, мурун бүөтэ буолан атаах буолуо дии саныыллар да, олох оннук буолбатах. Эдьиийдэрим, убайдарым улаатан дьиэлэриттэн эрдэ тэйбиттэрэ, мин ийэлээх аҕабын кытта бэйэм хаалбытым. Кинилэртэн син арыттаах, хас да сыл буолан баран төрөөбүт күүтүүлээх, кэтэһиилээх оҕо этим. Ол да буоллар миигин тоҕо эрэ бары атаҕастыыллара, күлүү-элэк гыналлара, улахаттар куруук дьээбэлииллэрэ, атаҕастыыллара даҕаны. Онно ийэлээх аҕам хаһан да көмүскэспэт этилэр, тоҕотун билигин да билбэппин. Хомойбут, хоргуппут кэммэр наадата суох эрээри алҕас төрөппүттэр, мэһэй буолабын дуу дии саныырым, оннооҕор иитэ ылбыттар дуу диэн санаа кытары киирэн тахсара.

Ол курдук бары дьиэлэриттэн тэйбиттэрин кэннэ бэйэм хааллым. Тииҥ курдук төттөрү-таары сүүр да сүүр. Дьонум туохха да алы буолбаттар. Куруук иҥнэн, мөҕөн-этэн тахсаллар. Ис сүрэхпиттэн астаабыт аһым минньигэһэ суох, туга эрэ тиийбэт аатырара, дьиэ ыһыллаҕас, кирдээх, ийэм малларын атын сиргэ уурбут үһүбүн, аҕам таҥастарын сууйбатахпын. Уопсайынан, уруокпун да ааҕар бириэмэтэ суох этим, били остуоруйа кыыһын курдук үлэлээн тахсарым. Онтон эдьиийдэрим, убайдарым бырааһынньыкка эҥин кэллэхтэринэ мөҕүллэрим өссө элбиирэ. Кинилэргэ манньыйыы бөҕөлөрө буолаллара, сыҥаах баттанан баран кэпсэтии-ипсэтии, ол кэмҥэ мин дьиэ дьонугар барыларыгар ас астыы кэлэрим-барарым, сүүрэрим-көтөрүм. Биллэн турар, эдьиийдэрим көмөлөһөллөрө да, аҕыйах хоноот барар буоллахтара.

Онон оскуоланы бүтэрэрбин наһаа да күүппүтүм. Аны туран үөрэххэ бараары гыммыппын дьонум ыытымаары гыммыттара, бэлэм хамначчыт наада буоллаҕа дии. Мин бу сырыыга, хаһан да дьоммун утары барбат киһи, күүспүнэн докумуоммун ыламмын чугастыы куоракка буолбакка, Алдаҥҥа үөрэнэ барбытым. Хата эбээлээх, эһээлээх буоламмын кинилэр айаммын уонна бастаан туттар харчыбын биэрбиттэрэ. Кинилэргэ, билигин суох да буоллаллар, күн бүгүн махталым олус улахан.

Чэ, үгүһү, элбэҕи, олохпун барытын ырыта барбакка кэпсээтэхпинэ, тиийээт, үөрэххэ киирбитим, медицинскэйгэ, тута сүүрэн-көтөн үлэ булбутум, үлэттэн баҕас билигин да толлон турбаппын уонна дьоммуттан биир-биэс солкуобайы ылбакка үөрэнэн, үлэһит, ыал буолан дьоллоохтук олоробун.

Дьоммор хомолтом ол курдук ааспатаҕа, хам-түм эрэ билсэбин, тоҕо миигин таптаабатахтарын, туораппыттарын ол курдук билигин да билбэппин, билиэхпин да баҕарбаппын. Онон, тыыннаах төрөппүттэргэ да тулаайах туора оҕо курдук улааталлар эбит диэн итэҕэйэбин.

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

Медик: «Бааһырбыт байыаспын дөйүтэн баран соһорум»
Дьон | 20.12.2024 | 12:00
Медик: «Бааһырбыт байыаспын дөйүтэн баран соһорум»
Олус ыарахан кэпсэтии буолла. Ааҕааччыга тиэрдэр гына суруйуохха наада. Дьоруойум сөбүлэҥин ылыахпын наада. Тоҕо диэтэххэ кини анал байыаннай дьайыыга сылдьыбыт кэрэ аҥаар,  ийэ, медик. Кэпсии олорон ытаатаҕына, сырҕан бааһын таарыйаммын диэн кэмсинэн ылабын, онтон эмиэ чочумча буолан баран салгыыбыт.   Кини позывнойун кистиир, ханна баарын, билигин ханна олорорун эмиэ эппэппит. Сөбүлэһэн...
Үчүгэйи көрөргө хаһан үөрэнэбит?
Сонуннар | 14.12.2024 | 13:15
Үчүгэйи көрөргө хаһан үөрэнэбит?
Сиэн көрө куоракка кыстыыбын. Күн аайы оптуобуһунан оҕобун оскуолаҕа илдьэбин-аҕалабын. Быйыл, дьэ, этэргэ дылы, үйэ тухары хамсаабатах маршруттарга уларыйыылар таҕыстылар. Бассаапка үөхсэн туох туһа кэлиэй, төттөрүтүн, дьону күөртээн эрэ биэрии курдук. Ол иһин бу турунан туран Дьокуускай куорат сахалыы тыллаах хаһыатыгар санаабын тиэрдэргэ соруннум.  Бииринэн, нэһилиэнньэбит ахсаана күн-түүн улаата турар....
Сатаан салайыы, тэрийии — эмиэ талаан
Дьон | 14.12.2024 | 18:00
Сатаан салайыы, тэрийии — эмиэ талаан
Харах ыларынан хаһан да бүппэттии көбүүс-көнөтүк тыргыллар бэс чагда устун айан суолунан сыыйылыннаран иһэн, «Дьиикимдэ» диэн суруктаах бэлиэҕэ биирдэ баар буола түстүбүт. Туох-хайдах дьарыктаах, тугунан тыынар нэһилиэккэ киирэн эрэрбитин аартыкка баар суруктаах бэлиэ кэпсииргэ дылы.  Бүгүн биһиги “Дьиикимдэ дьээбэлэрэ” көр-күлүү тыйаатырын артыыһа, режиссера, продюсера Артур Николаевич Егоровтыын нэһилиэк култуурунай олоҕун...