18.10.2021 | 14:00

Иван Иванов: «Ыарыһах 75-80 бырыһыана суһаллык киирэр»

Иван Иванов:  «Ыарыһах  75-80 бырыһыана  суһаллык киирэр»
Ааптар: Айыына Ксенофонтова
Бөлөххө киир

 Ааспыт нэдиэлэ бүтүүтэ Өрөспүүбүлүкэтээҕи 2 №-дээх балыыһа кылаабынай бырааһа Иван Иванов социальнай ситимнэргэ быһа эфиргэ тахсан, пандемия кэмигэр тэрилтэ хайдах үлэлиирин, туох саҥа уларыйыылары киллэрбитин кэпсээтэ, нэһилиэнньэ ыйытыыларыгар хоруйдаата. Ону таба тутан көрбөтөх, истибэтэх ааҕааччыларбытыгар анаан кылгатан, сааһылаан бэчээттиибит.

Иван Сергеевич пандемия кэмигэр балыыһа төһө да уустуктары көрсүбүтүн иһин, син биир үлэтэ-хамнаһа тохтообот, түбүгэ бүппэт диэтэ. Суһал медицинскэй көмө оҥоһуллар, ол эрээри кэккэ уларыйыылар киирбиттэрин кэпсээтэ. Ыарыы намырыар диэри былааннаммыт приемнар быстах кэмҥэ тохтотуллубуттарын иһитиннэрдэ.  

– Бүгүҥҥү туругунан балыыһа иһинэн өрөспүүбүлүкэтээҕи Сосудистай киин, ону сэргэ Травматология киинэ үлэлии тураллар. Онно суол быһылааныгар, о.д.а. оһолломмут, араас эчэйиилэри ылбыт дьон кэлэллэр. Санавиацияны кытта ыкса үлэлиибит. Манна даҕатан эттэххэ, суһаллык киирэр ыарыһах уруккутун курдук элбэх. Үксүн ыарахан туруктаах дьон, сорохторо өйө суох буолаллар. Ол иһин наадалаах анамнез хомуйар кыах суох, аны туран, бу киһи коронавируһунан ыалдьыбытын-суоҕун тута быһаарар уустук. Онон тустаах миэрэлэри ыларга күһэллибиппит. Холобур, урут биһиэхэ инфекционнай салаа суоҕа. Ол иһин атын салааларбыт үтүрүллэн биэрдилэр, – диэн кэпсээнин саҕалаата.


Инфекцияны тута быһаарар уустук

– Бүгүҥҥү туругунан биһиги балыыһабытыгар COVID-19 диагнозтаах 89 ыарыһах баар – 500 куойка баарын учуоттаатахха, бу олус элбэх. Маны таһынан провизорнай чаастаахпыт, онно коронавируска уорбаламмыт дьон сыталлар. Ыарыһах балыыһаҕа киирэригэр инфекцияны быһаарар уустук. Сороҕор вирус баар эрээри, көстүбэт. Эбэтэр ыалдьыбыт сибикитэ биллибэт, холобур, инкубационнай кэмэ буолуон сөп. Ол иһин балыыһаҕа киирэр дьону, туох ыарыылааҕыттан тутулуга суох,  компьютернай томографияҕа (КТ) ыытабыт. Ону таһынан ыарыһах араас лабораторнай чинчийиилэри ааһар. Ол кэннэ быраас ыарыһах “ыраас” зонаҕа эбэтэр “ковид зонатыгар” барарын быһаарар.

Кырдьык, коронавирус содула олус ыарахан, онон бу инфекция ордук кутталлаах. Инсульт, инфаркт, онтон да атын сүрэх-тымыр ыарыыта элбээтэ. Биһиги балыыһабытыгар ковид содулун кэнниттэн сүрэх-тымыр ыарыылаах дьону үгүстүк көрсөҕүн. Бу  дьон соторутааҕыта ковидтаабыт эбэтэр өссө да ыалдьа сылдьар буолаллар. Коронавирус дьаҥа уодаһыннаах, ол иһин быһыыттан атын харыстанар ньыма билиҥҥитэ суох.

Сүһүөх эндопротезированиета

– Бу ыйытыы үгүстүк киирэр. Кылгастык быһаара сатыам. Тобук, өттүк, о.д.а. сүһүөх эндопротезированиета курдук үрдүк технологиялаах медицинскэй көмөҕө наадыйар дьон олорор сирдэригэр баар поликлиникаларга тиийиэхтэрин наада. Улуус олохтоохторо, биллэн турар, улуус киин балыыһатыгар бастакы чинчийиини ааһаллар, рентгеҥҥэ түһэллэр, кыаллар буоллаҕына, томографияҕа эмиэ. Маны таһынан ыарыһахтар тустаах анаалыстары туттараллар. Бу докумуоннар доруобуйа харыстабылын министиэристибэтигэр тиэрдиллэллэр. Ону штаты таһынан үлэлиир кылаабынай исписэлиис – травматолог быраас көрөн эндопротезирование ыытылларын эбэтэр ыытыллыбатын уонна ханнык баазаҕа оҥоһулларын быһаарар. Билигин ыарыһахтары өрөспүүбүлүкэ таһыгар ыытар кыах баар, ол министиэристибэ штаты таһынан үлэлиир кылаабынай исписэлииһэ – травматолог быраас быһаарыытыттан тутулуктаах. Салгыы уочарат олохтонор уонна ыарыһахтары приемҥа ыҥырабыт. Манна өрөспүүбүлүкэтээҕи 2 №-дээх балыыһаҕа былааннаммыт приему тохтотуу ортопедия салаатын таарыйбатаҕа диэн бэлиэтиэхпин баҕарабын.

Балыыһа кылаабынай бырааһа быһаарбытынан, бу дьаһалы эндопротезированиеҕа уочарат улаханын учуоттаан, медицинскэй көмө бу көрүҥүн атахтаабат туһуттан ылыммыттар.   

 

Биһиэхэ ханна да суох салаалар бааллар

Быраастары кытта хайдах сибээскэ тахсыахпытын сөбүй? Онлайн консультациялыыгыт дуо?

– Кими даҕаны онлайн консультациялаабаппыт. Оройуоннары кытта телемедицина уруккуттан баар. Ол эрээри быраас—быраас эрэ схеманан үлэлиибит, ыарыһах баарыгар бырааһы кытта консультациялаһабыт. Медико-хирургическай кииннээхпит, онно бэйэҕит кэлэн консультация ылыаххытын сөп.

– Үлэһиттэргит квалификацияларын хайдах үрдэтэллэрий?

– Бу хаһан даҕаны тохтообот бырассыас. Манна чопчу былааннаахпыт. Хас биирдии медицинскэй үлэһит, чуолаан быраас 5-тии сыл буола-буола квалификациятын үрдэтинэр. Ону таһынан саҥа хайысхалары киллэрэбит, аныгы оборудованиеларга үлэлиибит. Онуоха медицинскэй көмөнү оҥорор исписэлиистэр хайаан да үөрэнэллэр.

– Эһиги балыыһаҕытыгар ханнык өҥөлөр баалларый?

– Өҥөбүт элбэх. Инстаграммытыгар, сайтпытыгар киирэн көрүөххүтүн сөп.

Биһиги балыыһабытыгар өрөспүүбүлүкэ араас муннугуттан 89% ыарахан туруктаах ыарыһах киирэр. Тоҕо диэтэххэ, биһиэхэ ханна да суох салаалар бааллар. Лор салаата, ожоговай киин, челюстно-лицевой хирургия салаата, о.д.а.

Биһиги бастакы таһымнаах травматологиябыт киинэ оройуон кииннэрин кытта ыкса ситимнээхтик үлэлиир. Өрөспүүбүлүкэ үрдүнэн иккис таһымнаах травматология киинин ахсаана – 6.   Манна даҕатан эттэххэ, ыарыһах 75-80%-на суһаллык киирэр. Куораттан, улуустааҕы киин балыыһалартан кэлэллэр.

– ПЦР чинчийиини оҥороҕут дуо?

– Бу анаалыһы оҥорор оборудованиены былырыын ылбыппыт. Онон ыарыһахтар балыыһаҕа түргэнник киирэр кыахтаннылар. Урут атын тэрилтэлэргэ, холобур, СПИД кииҥҥэ, Роспотребнадзорга ыытар этибит. Ол иһин бэйэбит атыылаһарга, чинчийиини оҥорорго быһаарыммыппыт.

Маны таһынан төлөбүрдээх өҥө баар. Сарсыарда 8 чаастан күнүс 15.00 чааска диэри ПЦР туттарыаххытын сөп. Түмүгэ ол күн биллэр, СМС кэлэр, бэчээттээх, илии баттааһыннаах ыспыраапканы биэрэбит.

Пандемияны кыайыахха

– Коронавирус утары вакцина киһини толору харыстаабат, арай ыарыыга сыстар кутталы аччатар. Вакцина ылбыт дьон ыарыыны чэпчэкитик эбэтэр ортотук аһараллар. Биһиэхэ сыппыт дьону кэтээн көрдөххө, вакцината суохтар ыарахан туруктаах буолаллар. Онон хайаан да коронавируһу утары быһыыны ылыҥ диэн сүбэлиибин.

Сорох дьон “ситэ чинчийиллибэтэх, үөрэтиллибэтэх вакцинаны туруоран биһигини эксперимент оҥостоллор” дииллэрин өйдөөбөппүн. Бу типичнэй вакцина. Грипп, о.д.а. ыарыыны утары быһыылары сыл аайы ылабыт дии. Син биир оннук курдук. Арай носителэ эрэ атын. Састааба киһиэхэ буортуну аҕалбат. Онон итинник сэрэйэн этиилэр, таайыылар оруна суохтар, тугу да билбэт, быһаарсыбат дьон итинник саҥараллар дии саныыбын.  

– Доруобуйа сылыгар дьоҥҥо-сэргэҕэ тугу сүбэлиэҥ этэй? 
– Пандемия кэмигэр бэйэҕитин харыстаныҥ. Мааскаҕытын кэтэ, илиигитин сууна сылдьыҥ. Вирус салгынынан тарҕанар. Оннооҕор биир иһитинэн-хомуоһунан аһыыр буоллахха бэриллиэн сөп. Урукку олохпутугар төннөрбүт курдук, биллэн турар, вакцинацияны ааһарбыт тоҕоостоох. Ханнык баҕарар эпидемиологияҕа учебнигы ыллахха, пандемияны кыайарга, нэһилиэнньэ иммунитетын олохтуурга 75% куоһарыахтаахпыт диэн суруллар. Билигин көрдөрүү намыһах.

 

Инфарктан, инсултан өлүү бастакы миэстэҕэ турар

– Өрөспүүбүлүкэтээҕи Сосудистай киин төрүттэммитэ 10 сылынан эҕэрдэлиибит. Ситиһиигит туһунан кылгастык кэпсии түһүөҥ дуо?

– Бу киин аһыллыыта бэйэтин кэмигэр улахан ситиһии этэ. Тоҕо диэтэххэ, инфарктан, инсултан өлүү бастакы миэстэҕэ турар. Сосудистай киин баар буолуоҕуттан көрдөрүү намтаата.

Иллэрээ сыл федеральнай бырагырааманан саҥа географ ылбыппыт. Сыаната олус ыарахан тиэхиньикэ, араас эпэрээссийэни оҥорорго көмөлөһөр. 

– Бу күннэргэ эһиэхэ туох бэлиэ түгэн буолла?

– Бүгүн сэдэх склероз киинин (Центр рассеянного склероза) аһыллыытыгар аналлаах конференция үлэтэ саҕаланна. Быйыл бу киин үлэлээбитэ 15 сыла буолар. Саха сиригэр маннык уустук диагнозтаах 330 киһи, ону таһынан ньиэрбэ систиэмэтин араас ыарахан ыарыытыгар ылларбыт 400 кэриҥэ киһи баара биллэр. Онон киин ыарахан ыарыыны суһаллык быһаарар, кэмигэр эмтиир, кэтээн көрөр тоҕоостоох үлэни ыытар.  

Инники былаан

– Хас биирдии киин куорат олохтооҕо син биир хаһан эмит Өрөспүүбүлүкэтээҕи  2 №-дээх балыыһа приемнай салаатыгар сылдьыбыт буолуохтаах. Аныгы ирдэбиллэргэ эппиэттээбэтин өйдөөн көрдөххүт.

Дьиҥэр, суһал медицинскэй көмө приемнай салаата саҥа ирдэбиллэринэн хас да зонаҕа арахсыахтаах. “Күөх зонаҕа” орто туруктаахтар, “араҕас зонаҕа” суһал көмөҕө наадыйааччылар сытыахтаахтар, “кыһыл зона” реанимация буолуохтаах.

Онон 2024 сылга диэри приемнай салаа тутуутун туһунан СӨ Ил Дархана Айсен Сергеевич Николаев ыйааҕа баттаммыта. Онон медицинскэй көмө оҥоһуллар хаачыстыбата үрдүүрүгэр эрэнэбит.

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

Өксөкүлээх суолунан...
Дьон | 27.09.2024 | 10:00
Өксөкүлээх суолунан...
Саха норуотун сайдыытын суолун түстэспит улуу киһибит А.Е. Кулаковскай-Өксөкүлээх Өлөксөй олорбут олоҕо, сүҥкэн суолталаах айымньылара күн бүгүн ааҕылла, үөрэтиллэ тураллара кини сүдүтүн, кэрэхсэбиллээх олоҕу олорон ааспытын туоһулуур. Өксөкүлээх Өлөксөй олоҕун биир дойдулааҕа, С.Р. Кулачиков-Эллэй аатынан Чычымах орто оскуолатын алын сүһүөх учуутала  Вера Богдокумова чинчийэн үөрэтиитин бу нүөмэргэ билсиэҕиҥ. Вера Васильевна...
Римма Бережнева: «Кинилэр иннилэригэр төлөммөт иэстээхпит!»
Дьон | 26.09.2024 | 16:00
Римма Бережнева: «Кинилэр иннилэригэр төлөммөт иэстээхпит!»
Анал байыаннай дьайыыга тыылга көмөлөһөр дьоммут уолаттарбытыгар биир улахан тирэх, өйөбүл буолалларын ааҕан сиппэккин. Кинилэр тустарынан хайаан да билиһиннэрэр, дьоҥҥо-сэргэҕэ кэпсиир эбээһинэстээхпит.   2022 сыл сэтинньи ыйтан анал байыаннай дьайыы тиэмэтигэр суруйабын. Ийэлэри, уолаттары, сүтүктээхтэри, волонтердары... Биһиги, суруналыыстар, кинилэри сырдатарбыт, кэпсиирбит, ааҕааччыларга тиэрдэрбит олус наада. Сорох ардыгар суруйар дьоруойгун көрдүүрүҥ уустуктардаах...
«Кыһыл көмүс» выпуск
Сонуннар | 27.09.2024 | 12:00
«Кыһыл көмүс» выпуск
Бүлүү педучилищетын 50 сыл анараа өттүгэр баһаатай идэтин баһылаабыт эдэркээн кыргыттар, уолаттар пионерскай үлэҕэ оҕо аймаҕы үөрэтэ, сырдыкка угуйа туруммуттара. Бүгүн бу выпуск туһунан СӨ үөрэҕириитин туйгуна, методист-баһаатай Любовь Николаевна Сидорова кэпсиир. Сыл-хонук түргэнник да ааһар эбит. 1970 сыллаахха кырылас кумахтаах Бүлүү куоратыгар турар Н.Г. Чернышевскай аатынан педучилищеҕа саҥа арыллыбыт...
Тапталга уйдаран
Спорт | 26.09.2024 | 12:00
Тапталга уйдаран
(1-кы чааһа)