28.03.2024 | 10:00

Иван Федоров: «Сылгы саҥарбат эрэ буруйдаах»

Иван Федоров:  «Сылгы саҥарбат эрэ буруйдаах»
Ааптар: Наталья КЫЧКИНА
Бөлөххө киир

Кулун тутар 21 күнэ – Саха Өрөспүүбүлүкэтигэр Сылгыһыт күнэ.  Статистика чахчыларын көрдөххө, 2024 сыл тохсунньу 1 күнүнээҕи туругунан Саха Өрөспүүбүлүкэтин үрдүнэн 178 856 төбө сылгы, ол иһигэр 122 452 биэ баар. Оттон 2017 сыллаахха, Сылгыһыт күнэ олохтоммут сылыгар, сылгы уопсай ахсаана 183 889 тиийэн турбут. Маны сэргэ ааспыт 2023 сылга өрөспүүбүлүкэҕэ сылгыны үөрдээн иитиини сайыннарыыга 607,3 мөл. солк. иэннээх судаарыстыбаннай өйөбүл оҥоһуллубутун, ол иһигэр федеральнай киинтэн 199,4 мөл. солк. киирбитин, быйыл, 2024 сылга, 559,5 мөл. солк., ол иһигэр федеральнай бүддьүөттэн 173,5 мөл. солк. иэннээх өйөбүлү оҥорор былаан баарын туһунан суруйаллар. Эт аспыт үс гыммыт биирэ сылгы, убаһа этиттэн турар омук сылгыны иитиигэ оҥоһуллар өйөбүллэри үөрэ эрэ истэбит.
Дьокуускай куоракка биллэр сылгыһыт Иван Юрьевич Федоровы, Тулагы Сыырдааҕын олохтооҕун, бааһынай хаһаайыстыба салайааччытын кытта сылгыны иитиигэ судаарыстыба өттүттэн оҥоһуллар өйөбүллэр уонна сылгыһыт түбүгүн туһунан кэпсэтиибитин билиһиннэрэбин.

Сылгыһыт күүстээх-уохтаах, сымса эрэ буолбакка, ат туйаҕынааҕар кытаанах тулуурдаах буолуохтаах, мөлтөх киһиэхэ үөр баһылыга кыайтарбат диэн этэллэр. Эн санааҕар, бу сөп дуо?

– Оннук бөҕө буоллаҕа. Атыыр үөрү тутан дьаһайан илдьэ сылдьар. Онтон эн бүтүн үөрү, атыырдыын, биэлиин, кулунчуктуун – барыларын харайан, туруктара хайдаҕын көрөн-истэн, кэмиттэн-кэмигэр аҕалан аһатан, ыарахан кыстыгы туоратыахтааххын. Онно, чахчы, күүс-күдэх, тулуур, энчирээбэт эрчим наада. Сылгы биир ыырдаах, үөрэммит сиригэр сылдьар, онно эрэ барар, онтон атын сиргэ мээнэ халбарыйбат. Атын сиргэ барбакка биир сири хаһан аһыыр, киирэ-тахса оннук сылдьар.

– Хаһаайыстыбаҕар төһө сылгылааххыный?

– Анаан аахпаппын да буоллар, 70-ча баар. Бэйэм ИП буолабын, бааһынай хаһаайыстыбалаахпын, онно соҕотохпун. Кэтэхпэр аҕыйах сүөһүлээхпин. Сүөһүгэ көрүүтүгэр да, сылгыбар да күтүөтүм көмөлөһөр, оттоһор, от тиэйсэр, уопсайынан, тэҥҥэ сылдьыһар.

– Сылгы, сүөһү иитиитин кистэлэҥэ үксүн дьоҥҥуттан, удьуоргуттан кэлэр. Эн хаһааҥҥыттан сылгыга сыстыбыккыный?

– Кыра эрдэхпиттэн, алта сааспыттан аҕам илдьэ сылдьыбыта. Аҕам сылгыһыт этэ. Онон атын сиэтэн, онно мииннэрэн илдьэ сылдьара. Онтон ыла үөрэнэммин бэйэм ат миинэр буолан хаалбытым. 4-5 кылаастартан окко барсыбытым. Харса суох этим, аттары наһаа сөбүлүүрүм, толлубакка миинэрим, уоммун эрэ ааспыт оҕо сайыны быһа аҕам ааҕы кытта оттоһорум.

Сылгы иитиитигэр улахан кистэлэҥ суох, бириэмэтигэр үөнүн түһэриэххэ, укуолларын биэриэххэ наада, эбиэһи эҥин эмиэ барытын көрөн аһатаҕын. Билигин эбиэһиҥ сыаната барыта ыараан хаалла. Дьиэ сүөһүтүгэр эмтээһини, быһыыны оҥорууну барытын олохтоох бэтэринээрдэр оҥороллор. Кистээбэккэ эттэххэ, билиҥҥилэр уруккуларга тиийбэттэр, билиилэрин таһыма да намыһах, хамсаныылара барыта харчы. Сороҕор бэйэҕиттэн ыйыталлар, хамсанан-имсэнэн биэрбэттэр, куттанан баран көрөн тураллар. Дьиҥинэн, кинилэр киирэн-тахсан, маннык наада эҥин диэн билиэхтээхтэр этэ буоллаҕа дии. Бачча кэмҥэ маннык укуол оҥоһуллуохтаах, кулуннааһыны утары биэрдэххэ үчүгэй буолар эҥин диэн сүбэлээбэттэр, ол оннугар, дьэ, ирдииллэрэ элбэх.

– Чааһынай дьоҥҥо судаарыстыбаттан өйөбүл төһө оҥоһулларый, өссө туох тиийбэтий, бэйэҥ этиилээҕиҥ буолуо?

– Чааһынай сылгыны иитэр билигин, мин санаабар, туһата кыра диэххэ сөп. Чааһынай сылгылаахтар, бастатан туран, билбэттэрэ элбэҕэ бэрт, мээнэ ииттэллэр, ииттибит да байабыт, кыаҕырабыт диэн курдук. Билиҥҥи кэмҥэ оннук буолбатах, сылгы иитиитэ туһунан элбэх уустуктардаах.

Убаһа биэрэн баран эһиилгитигэр тута убаһа көрдүүллэр, дьиҥэр, убаһаланыаххын баҕарар буоллаххына, 4-5 сааһыгар диэри иитиэххэ наада, онтон дьэ төрөтөҕүн, эрдэ төрөөтөҕүнэ, сааһын ситэ илик оҕо оҕоломмутун курдук буоллаҕа. Көрүүтэ-истиитэ да уустуга элбэх. Саатар ыттар наһаа бэйдиэ бардылар, кулуну туталлар, ол иһин чааһынайдарга тутар, көрөр туһата суох, олох аҕыйах эрэ киһи үчүгэйдик көрөр. Сылгы дала алдьанар эҥин диэҥҥэ наадыйбаттар, өрөмүөҥҥэ ким да харчы биэрбэт, дэлээнэни ылыыга сэлээркэ наада, ойууру кэрдии, дьону наймылаһыы – барыта улахан үлэттэн тахсар, ону билбэттэр, кыһынтан кыһын кэлэллэр да, убаһа көрдөөбүтүнэн бараллар.

Өйөбүл туһунан аһаҕастык эттэххэ, субсидия эрэ биэрэллэр, уонна туох да суох. Сылгы баазатын туруорсубутум уонтан тахса сыл буолла, сир кыайан ылбакка сылдьабын. Быйыл докумуоммутун эмиэ хаттаан туттардым, бу сырыыга хайыыллар дьэ.

Ыстараап тохтобулу начаас туттулар, харчы бэрт түргэнник буллулар. Конебаза туһунан этиибин уон сыл анараа өттүгэр эппитим, сирдэ аҕалыҥ, оччотугар куоракка сылгы киириэ суоҕа диэн, кыһамматтар, сатаан олоххо киирбэт дьыала буолаары гынна.

Мин билигин да, урут да этэр этиим диэн, сылгыны куоракка киллэриэххитин баҕарбат буоллаххытына, сылгылаах дьоҥҥо үөһэ сирдэ биэриҥ, мыраан үрдүгэр, куорат онно сирдэрдээх. Сылгы мэччийэ сылдьар сирин былдьаан ыланнар араас тутуу бөҕөтө ыыталлар, онтон куотан, тэйдэр тэйэн, куоракка киирэн хаалар. Урут Сатал эҥин сиригэр мэччирэҥ этэ буоллаҕа, билигин бүтүн дэриэбинэ, онон миэстэтин былдьаппыт сылгы барахсан ханна бараахтыай, куорат диэки киирэр буоллаҕа (Хаһан эрэ 202-с түөлбэҕэ сылгылар кэлэн мэччийэ сылдьалларын тутан ыстарааптыыр сиргэ илдьибиттэрин дьон: "Сылгылар манна кэлбэтэхтэрэ, бэйэҕит дьиэ-уот туттан кинилэр сирдэрин былдьаан кэллигит", – диэн суруйбуттарын ааҕан баран, кырдьык даҕаны дии санаабыттаахпын. Урут төһөлөөх өрүс кытыытыгар ыраас салгыҥҥа, сибиэһэй күөх оту сиэн сылдьыбыттара буолуой? - Ааптар).

– Сылгы иитиитин салаата үрдүк көрдөрүүнү ситиһэригэр туох тиийбэтий?

– Бастакынан, сир суох, аллараа арыыга ылаары гыннахха, ууга барар диэн биэрбэттэр, үөһээ ылаары гыннахха – Лесхоз сирэ дииллэр. Сылгы баазата баар буолуохтаах, ыстарааптана олорон хайдах сайдыаххыный, тугу ситиһиэххиний.

Дьиэтэ суох куортамнаан олордоххо, эрэй бөҕөтүн көрөҕүн дии, бэйэҥ тугу да бас билбэккин, ол курдук буоллаҕа.

– Биир улахан кыһалҕанан мэччирэҥ тиийбэтэ буолар диэтиҥ. Куорат сылгылара барахсаттар суол кытыытыгар, аспаал суол устун хаамса сылдьаллар. Саахалга да түбэһиилэрэ, уоран да барыы түбэлтэтэ тахсара буолуо.

– Мэччирэҥ тиийбэтэ, дьэ, улахан кыһалҕа. Урут сопхуос саҕана мэччирэҥҥэ анаан хаар типтэрэллэр этэ. Сааһыары, тыалырдаҕына, хаарын көтүтэн кэбиһэр дии, ону көтүппэт гына тыраахтар төттөрү-таары хаһан хаары хаалларан чигди оҥорор, ол туран тоҥон хаалар, сыыйа-баайа ууллан сииктээх турар. Онно, дьэ, биллэн турар, үүнээйи, этэргэ дылы, хамсыы-хамсыы үүнэр. Ити туһунан Бырабыыталыстыба мунньаҕар хаста да этэ сылдьыбытым. Тоҕо манныгы киллэрбэттэр диэн, харчы суох, уйумматтар диэн ытыстарын эрэ нэлэҥнэтэллэр.

Билигин мэччирэҥ суох, кууран-хатан, саһаран баран турар, киһи, этэргэ дылы, тапочканан хаамар, өртөөһүнү эмиэ бобон кэбистилэр,  урут барыта күп-күөх этэ буоллаҕа.

Онон билигин күөх от оннугар эрбэһин таҕыста. Биһиэхэ алаас диэн суох, сылгыларбыт, сүөһүлэрбит суол нөҥүө тахсаллар да, барыта хагдаҥ оту хастыыллар, алаастары аһыҥка сиэтэҕинэ, хагдарыйан, өлөн хаалар дии, ол курдук манна кубарыйан-хатан хаалар, уутун кытыытын эҥин эрэ сииллэр.

Алаас сылгытын этэ-аһа, биллэн турар, ордук; биһиэнэ арыы сир, ону таһынан оппут сымнаҕас буолан, этин амтана атын.

Өртөөһүн хайаан даҕаны наада, оччоҕо эрэ мэччирэҥ боппуруоһун кыайыахпыт этэ. Дьиҥинэн, кыахтаах киһи, мэччирэҥҥэ диэн, хаар ууллубутун кэннэ, уу иннинэ эбэтэр күһүн даҕаны, от сиэмэтин түһэрдэххэ, үүнүө аҕай этэ, кырыһы сэргэхситэн. Дьаһалтаҕа эмиэ ол туһунан этэн көрбүтүм да, хаалбыта.

90-сыллар бүтүүлэригэр, 2000 сыллар саҥаларыгар, дьэ, кырдьык, сүөһү, сылгы сүтүүтэ элбэх этэ, билигин, онно холоотоххо, уоруу диэн суох. Киһи үксэ сылгылаах буолан, сир кыччаан, арыый тохтоотулар быһыылаах. Холобур, оччолорго Аччыгый Мархаҕа, Саталга эҥин диэри туох да суох, барыта аһаҕас, онон көрүлэтэллэр этэ.

Массыынаҕа, тиэхиньикэҕэ киирэн биэрии баар, түбэһэллэр. Бырабыыталыстыбаҕа хаста да туруорсаммын, манна ИДьМ миниистирэ мунньахтыы кэлэ сырыттаҕына санаабын этэммин,  бэрт түргэнник бэрээдэк оҥорбута. Трассаҕа сылгы саахалга түбэһэр, түҥнэри көтөллөр, быраабыла быһыытынан бэлиэ туруохтаах, оннук суох, ханна тиийэн кимиэхэ этэбит диибин. Өйүүҥҥүтүгэр тута олохтоох дьаһалтаҕа ыҥырдылар, онно бараммын мантан манна, мантан онно диэн анал бэлиэлэри туруортарбытым, онтон ыла түҥнэри көтүү аҕыйаата.

Алта килэмиэтир буола-буола туруохтаах эбит, ол бэлиэ иһигэр түҥнэри көтүү таҕыстаҕына – массыына, оттон бэлиэни таһынан саахал таҕыстаҕына, сылгылаах, сүөһүлээх киһи буруйдаах буолар. Билигин суоппардар бэлиэни көрөн кэм бытаараллар, онон кэнники кэмҥэ быһылаан наһаа тахсыбат буолла.

– Күһүн, кыһын аайы сылгыларын сүтэрэр, көрдүүр дьон элбэх, тыа сиригэр эбиитин бөрө буулуур. Маныаха чип эҥин туруорабыт дииллэр, бу төһө туһалааҕый?

– Чип олох туһата суох, биир эрэ миэтэрэттэн булар, уон миэтэрэ ыраатта даҕаны, хаппат. Ол сылгыҥ чиптанным диэн биир сиргэ туруо дуо, айылҕа оҕото буоллаҕа, күөх далай устун көччүйэ, мэччийэ барар. Онон чиптааһыны, харчы ылаарылар, хаһаайыстыбалар сүүс бырыһыан туруортарары ирдииллэр.

Биһиги диэки бөрө суох. Манна нэлэгэр сиргэ тимиргэ атыллан өлүөхтэрин сөп, даачалаахтар туалет дьааматын хаһан баран баран хаалаллар, онно эҥин түһэн өлөллөр. 

– Сылгы наһаа өйдөөх, хаһаайыныгар олус бэриниилээх  дииллэр. Араас кэпсээн, сэһэн суруллар. Эн, холобур быһыытынан, тугу эмит ааҕааччыларга кэпсиэҥ дуо?

– Ол хайдах иитэргиттэн, киниэхэ сыһыаҥҥыттан, үөрэтиигиттэн тутулуктаах. Сылгы, дьиҥинэн, этэргэ дылы, саҥарбат эрэ буруйдаах буоллаҕа. Өбүгэлэрбит үлэҕэ, ыраах айаҥҥа үөрэтэннэр, эрэллээх көлө, бэриниилээх доҕор да буоллахтара. Мээнэ сылгы оннук уһун айаҥҥа барбат ээ, барыта үлэттэн тахсар, хатарааһынтан, кыралаан таһаҕас тастаран эҥин, оччоҕо эрэ сылгыҥ үөрэнэр. Билигин оннук диэн эһиннэ, бары тиэхиньикэҕэ көһөн хааллыбыт, манна сыарҕалаах биир-икки эрэ киһи баар.

Мин сылгыларым, ыҥырдахпына, эбиэһинэн ымсыыртахха, батыһаллар. Аныгылар оннук буоллубут. Урут эккирэтэн, үүрэн аҕалар этибит, куоттаран биһэн, охтон түһэн-хайаан, арааһынай көрүдьүөс буолааччы. Билигин манна күһүн хаппыыста үүннэрэр буолан абыранныбыт, онно кэлбиттэрин кэннэ алта-сэттэ буолан биирдэ үүрэн аҕалабыт. Онтон дьэ арыыга сылдьааччылары иккиэ-үһүө буолан аҕалабыт, сороҕор бэйэлэрэ тиийэн кэлэллэр.

– Атын улуус сылгыһыттарын кытта билсэҕит дуо?

– Билиҥҥи төлөпүөн үйэтигэр билсэн бөҕө буоллаҕа. Миэннэрэ боруодалара приленскэй диэн, өрүстэн арҕаа өттүлэрэ. Оттон илин эҥэрдэр киэннэрэ ленскэй диэннэр.

Бэйэм сүүрдэр сылгым суох. Сайын Туймаада ыһыаҕын саҕана Үс Хатыҥҥа тыраахтарынан сүүрэр суолларын оҥоробун.

– Өрөспүүбүлүкэбитигэр Сылгыһыт күнэ бэлиэтэммитэ 8-с сыла буолла. Бу күнү хайдах ылаҕыт?

– Биһиги диэки аата эрэ Сылгыһыт күнэ диэн, улуустарга буолуо, дьиҥнээх бырааһынньык. Үнүр семинарга икки эрэ киһи кэлбит үһү дииллэр. Намынан, Мэҥэнэн, Хаҥалаһынан ол күннэргэ күрэхтэһии буолбута, кыайбыттар муус устар 5-6-7 күннэригэр Дьааҥыга баралларын сүүмэрдиир күрэхтэр. Онон сылгыһыт барыта да онно сырыттахтара.

Бэйэм кэнсиэргэ кыттыбытым, ыллаабытым, син саала аҥаара дьон баар этэ.

Куорат кытыытынааҕы нэһилиэктэр сылгыһыттара туох да сүбэбит, түмсүүбүт суох.

Биһиги тыа дьонун статуһугар киирбэппит, тыа олохтоохторо буолбатахпыт, Тыа хаһаайыстыбатын министиэристибэтэ биһигини өйөөбөт диэххэ да сөп. Ханнык эрэ пуунунан тыа сирэ буолбакка сылдьабыт, Куорат уокуругар киирэбит. Ону эмиэ дьокутааттарга этэ, туруорса сатаабытым, тоҕо биһигини тыа хаһаайыстыбата оҥорбоккутуй диэн. Онон ханнык да бырагыраамаҕа, граҥҥа кыттыбаппыт.

– Эдэр сылгыһыттарга сүбэ-ама быһыытынан тугу этиэҥ этэй?

– Сылгыларын үчүгэйдик көрө-истэ сырыттыннар, тиэхиньикэҕэ  наһаа убамматыннар, үөһэ сир көрдөөннөр, сылгыларын таһаарыа этилэр. Сотору кэминэн мэччирэҥ олох суох буолуоҕа. Манна тарбахха баттанар аҕыйах эрэ уол сылгылаах.

Саамай кылаабынайа, сирдэрин быһаардыннар, аһыы аска сыстыбатыннар, сылгы көрүүтүгэр тулуур наада.

– Иван, дьиэ кэргэнинэн сүрдээх актыыбынай ыалгыт, эн Сылгыһыт күнүгэр кэнсиэргэ кытынныҥ. Чугас дьоҥҥун билиһиннэриэҥ дуо?

– Кэргэним Людмила Дмитриевна олохтоох кулуупка үлэлиир, фольклорнай оҕо ансаамбыллаах, үс кыыстаахпын, сиэннэрдээхпин, икки күтүөттээхпин.

"Ат сүүрдэҕинэ, ыт сүүрэр" дииллэринии, кыралаан ыллаабыта буолабын, дьону батыһабын. Аҕыйах сыллааҕыта кэргэним "Далбар Хотун" куонкуруска кытта сылдьыбыта, онно өйөөн кыттыһан турардаахпын.

– Төрдүҥ-ууһуҥ хантан силис тардарый?

– Төрдүм Уус Алдан Дүпсүн нэһилиэгэ, ийэм Екатерина Николаевна олохтоох Дүпсүн, аҕам Федоров Юрий Иванович манна Тулагыга төрөөбүт, ийэтэ, эбэм, Дүпсүн эбит.

Ол эбэм мин аҕабын төрөтөн баран оҕотун ылан дойдутугар Тулагыттан баран хаалаллар. Онтон 1963 с. ийэбиниин ыал буолаллар, 1964 с. сайын мин төрүүбүн. 1968 с. эһэм уолун Тулагыга ыҥыран ылар, онтон ыла манна олоробут. Бииргэ төрөөбүттэр алтыабыт. Саамай улаханнарабын, эһэлээх аҕам сүөһүлэрин, сылгыларын мин тутан хаалбытым.

Кыра эрдэхпинэ эһэбин батыһар этим, үһүс кылааска сылдьан кыраабыл тутан эһэбиниин оттоспутум. Эһэм хотуурунан охсор этэ, мин субуу оҥоробун, бугул түгэҕин эҥин харбыыбын быһыылаах, ип-итиигэ олорон аһыырбытын өйдүүбүн. Ол курдук кэлин аҕабар сыстан, оскуолаҕа үөрэнэ сылдьан окко барбытым, онтон ыла акка убанан хааллаҕым дии.

Машка диэн биэлээх этим, олус сымнаҕас барахсан, миинэрим, волокуша соһоро, бугул аҕалар этибит. Сүүрбэтигэр тиийэн баран өлбүтэ. "Эмээхсин", бээ, уһуннук оттообута, ол быыһыгар төрүүр этэ, оҕотун окко эҥин илдьэ сылдьарбыт.

Ат сүүрүүтүнэн үлүһүйэллэр этэ, онно ат сүүрдээччи буоларым. Кыайыы өрөгөйүн хаста да билбиппит, куорат ипподромугар эмиэ сүүрдэ сылдьыбытым, ити 1978-79 сылларга.

Эһэбиттэн да, аҕабыттан да иккиэннэриттэн үөрэҕи ылбытым, ынах-сүөһү иитиитин өттүн – эһэбиттэн, эһэм биригэдьиир, манна тарбахха баттанар үтүө үлэһит киһи этэ, сылгы өттүн аҕабыттан ылбытым. Ол сыдьааннара билигин соҕотох мин сылгынан дьарыктанар киһи сылдьабын.

Ийэм тыа хаһаайыстыбатыгар, кэлин дьыссаакка эмиэ үтүө суобастаахтык үлэлээбитэ. Ийэм барахсан иистэнньэҥэ, асчыта, билигин да сиэннэригэр, күтүөттэригэр үтүлүк бөҕөтүн тигэр, этэҥҥэ аттыбытыгар баар, 83-һэ буолар.

– Сылгыны аҕыйах тылынан ойуулаан биэр эрэ, кини майгытын, өйүн, туһатын.

– Саха сылгыта суох саха буолбатах диэн былыргылар этэллэрэ. Сылгы барахсан туйаҕыттан төбөтүгэр тиийэ сиэлэ, кутуруга, этэ, иһэ туохха барытыгар наада, аны туһатын туһунан этэ да барыллыбат. Ол туһунан саха хааннаах бэйэтэ да билэр. Өйө-мэйиитэ диэн хайдах үөрэтиигиттэн барыта тахсар. Биһиги үскүн эбиэһинэн аһатабыт, 500-чэ туоннаны оттуубут. Быраатым, күтүөтүм көмөлөһөллөр, аныгы тиэхиньикэ үйэтигэр халлаан туран биэрдэҕинэ киһи өр гыммат.

– Омук сириттэн мөлүйүөнүнэн сыаналаах ыраас боруода сылгылары аҕалаллар, сүүрдэллэр, онно эн санааҥ?

– Ат сүүрдүүтэ эмиэ спорт биир көрүҥэ буоллаҕа. Саха былыр-былыргыттан өбүгэтин оонньуута, төһөлөөх элбэх саханы түмпүтэ, сэргэхсиппитэ, аралдьыппыта буолуой, бу дьөһөгөй оҕолоро барахсаттар илин-кэлин түсүһэн, ыһыы-хаһыы, уруй-айхал ортотугар кыраһыабайдык туттан сүүрэллэрэ көрүөххэ кэрэ ээ. Сайдыыбыт бара турар туоһутунан омук сылгыларын аҕалар буоллахтара. Ол сылгылар кэлэннэр дьону-сэргэни түмэллэрэ, мааны, сыаналаах сылгыны көрө кэлэллэрэ үчүгэй буолбатах дуо? Араас мааны, омук  массыынатыгар олорор үчүгэй дии. Ол тэҥэ буоллаҕа. Чааһынай киһи кыайабын диэн аҕалар буоллаҕа. Уйунар, улахан кыахтаах буоллаҕына, аҕаллын ээ, мин ону олох утарбаппын.

– Саха сирин олохтоохторугар баҕа санааҥ.

– Бастакынан, аастар даҕаны, Сылгыһыт күнүнэн эҕэрдэ буоллун, сахабыт сылгыта сайда-чэчирии турдун, бородууксуйата элбээн истин. Сахабыт сирин дьоно ыалдьыбатыннар, бэйэлэрин харыстанныннар, сылгыларын аһынан аһаатыннар, оччоҕо үйэбит уһуо этэ.

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

Якут Шурик: «Атахпын быстыбатаҕым буоллар, өлүөхтээх этим»
Дьон | 21.11.2024 | 12:00
Якут Шурик: «Атахпын быстыбатаҕым буоллар, өлүөхтээх этим»
Суруналыыс кэпсэтэр киһитин кытта кини олоҕун, үөрүүтүн, үлэтин-хамнаһын, кыһалҕатын тэҥинэн үллэстэр. Оннук эрэ сүрэҕэр чугастык ылынан суруйдаҕына, ааҕааччыга тиийэр ыстатыйа тахсар. Мин Александрдыын кэпсэтэрбэр, чэчэгэйим кэйиэлээн, төбөм ыараан да ылбыта, сотору атаҕын быстарын кэпсиир, ону хайдах эрэ тулуйан истибит киһи дии олорбутум. Хараҕым уута да сүүрэрэ, күөмэйбин туох эрэ кэлэн...
Тулагыга «Икки булчут» скульптура баар буолла
Сонуннар | 12.11.2024 | 17:14
Тулагыга «Икки булчут» скульптура баар буолла
Баай Байанай ыйыгар түбэһиннэрэн, сэтинньи 9 күнүгэр Тулагы Киллэм нэһилиэгэр «Икки булчут» пааматынньык үөрүүлээх арыллыытын Тулагы оскуолатын үөрэнээччилэрэ киинэҕэ устаннар, сурукка тиһэннэр, нэһилиэк биир бэлиэ түгэнин үйэтиттилэр. Муниципальнай хантараак чэрчитинэн боруонсаттан кутуллубут скульптурнай композиция ааптарынан Арассыыйа худуоһунньуктарын сойууһун чилиэнэ Роман Викторович Босов буолар. Композицияҕа уончалаах уолчаан убайын таҥаһын кэтэн, бобуччу...
Кэлэр нэдиэлэттэн, сэтинньи 18 күнүттэн, куорат оптуобустара саҥардыллыбыт схеманан айанныахтара
Сонуннар | 14.11.2024 | 14:28
Кэлэр нэдиэлэттэн, сэтинньи 18 күнүттэн, куорат оптуобустара саҥардыллыбыт схеманан айанныахтара
Сэтинньи 18 күнүттэн куорат уопсастыбаннай тырааныспарын ситимин уларытыы бырайыагын маҥнайгы түһүмэҕин быһыытынан бастакынан 2, 4, 5, 6, 7, 14, 16, 19, 35 №№-дээх оптуобустар саҥардыллыбыт схеманан айаннаан саҕалыахтара. Быйылгыттан маны кытта икки урут суох, саҥа маршрут киирдэ – 11 №-дээх уонна 12 №-дээх. Санатар буоллахха, 11 №-дээх маршрут алтынньы 14...
Кэрэтик да иһиллэр «Кэрэтик»...
Дьон | 16.11.2024 | 10:00
Кэрэтик да иһиллэр «Кэрэтик»...
Прасковья Николаева, Кюннэй Андреева, Надежда Саввинова уонна Анастасия Фёдорова – түөрт иистэнньэҥ дьүөгэлиилэр «Кэрэтик» диэн кэрэ ааттаах мастарыскыайы тэрийбиттэр. Сөбүлүүр дьарыккынан бэйэ дьыалатын саҕалыыр икки бүк кынаттыыр!    Ийэ бэйэтэ тигэрэ ордук! Туох барыта кыраттан саҕаланар, ханнык баҕарар бэйэ дьыалата кыырпах саҕа санаа кыымыттан саҕыллар. 2017 сыллаахха Прасковья иккис оҕотугар олорон...