05.07.2019 | 10:38

Иван Бурцев: “Экология кэмитиэтэ тоҕо үлэлээбэт?”

Ааптар: Киин Куорат
Бөлөххө киир

Розалия ТОМСКАЯ

“Бүлүү” экологическай хамсааһыны төрүттэспит, радиационнай киртийиини утары охсуһар, өрөспүүбүлүкэ чөл айылҕатын туруулаһар уопсастыбаннай деятель, суруналыыс, чиҥ гражданскай позициялаах эколог, СӨ Айылҕа харыстабылын туйгуна, экология бэтэрээнэ, Сунтаар улууһун бочуоттаах олохтооҕо Иван Семенович БУРЦЕВ бүгүн биһиги хаһыаппытыгар ыалдьыттыыр:

– Билигин мин “Бүлүү” уопсастыбаннай экологическай кэмитиэт чилиэнэ буолабын. Еремей Константинович Чиряев диэн салайааччылаахпыт. Эһиил үлэлээбиппит 30 сыла буолар эбит.

– Былырыын Бүлүү өрүскэ буолбут экологическай иэдээн кэннэ, эн билэргинэн, туох оҥоһулунна?

–  Тойоттор “барыта этэҥҥэ” диэн ис хоһоонноохтук отчуоттаабыттара дии. Билигин сааскы уу кэмигэр боруоба бөҕө ылыллыбыт буолуохтаах, ол түмүктэрин  көрүөххэ наада...

Айсен Николаев өрөспүүбүлүкэ баһылыгынан талылларын саҕана бастакы ыйааҕым айылҕа харыстабылыгар ананыа диэн дуорааннаахтык иһитиннэрбитэ. Ол ыйааҕа тахсыбыта даҕаны, бастакы буолбатах, иккис нүөмэрдээх ыйаах эбит. Муҥар онтубутугар киһи “иилэн ылара” суоҕун туһунан “Якутск вечерний“ хаһыат сырдаппыта. Тойоммут аны Бүлүү уута киртийбэтэх, ыраас диэбитэ. Идэлээх уорганнар 22 миллиард солкуобай хоромньу таҕыста диэн суоттаабыттарын үрдүнэн...

“Тутулуга суох экологтар сойуустара” диэни эдэрдэр тэринэн үлэлии сылдьаллар. Олор бастаан уу киртийэрин саҕана бара сылдьыбыттара, быйылгы уу кэлиитигэр кыайан барбатылар.

Экология министиэристибэтэ “АЛРОСАттан” куттанар курдук. Курдук буолуо дуо, өрөспүүбүлүкэ бүддьүөтүн хаҥатааччы бөдөҥ тэрилтэни кытта сыһыанын хаахтытыан баҕарбата биллэр буоллаҕа дии.

УОПСАСТЫБА КЫҺАЛҔАТТАН ОРООҺОР

– Эн санааҕар, экология сытыы кыһалҕаларын тоҕо уопсастыбаннас эрэ туруорсарый?

– Уопсастыбаннас экология боппуруостарыгар кыһалҕаттан кыттыһар. Бүлүү киртийбитигэр норуот айдаарбатаҕа буоллар, туох да хамсааһын тахсыа суох этэ.  Бу бэйэлээх дьаабы буолбутун кэннэ “барыта үчүгэй” дииллэрэ сүрэ бэрт ээ.

Алмаасчыттар кирдээх ууларын Бүлүү эбэҕэ уруккуттан быраҕан кэллилэр. Ол эрэн урут син көрүнэ сатыыллара. Хонтуруол да баара.

2014 сыллаахха Бүлүүчээҥҥэ кэлбит улахан уу химическэй састааба олох куһаҕанын Ньурбатааҕы лаборатория быһаарбыт этэ. Онно даҕаны туох да миэрэ ылыллыбытаҕа. Бүлүүчээннэр өрүстэн эрэ ылан иһэр уулаахтар, хайыахтарай, испиттэрин курдук иһэ олорбуттара.

Аны улуус-улуус аайы “АЛРОСА” ууну ыраастыыр тутуулары дьэндэтиэҕэ диэтилэр. Ол тутуулар быстыбакка үлэлииллэрин хааччыйар эбээһинэһи олохтоох бэйэни салайыныы уорганнарыгар сүктэрдилэр. Манна холобурдаан кэпсээтэххэ, Ньурба Маалыкайыгар икки сыллааҕыта ууну ыраастыыр станция үлэҕэ киирбитэ. Үлэтин олохтоох дьаһалтаҕа сүктэрбиттэрэ да, муниципалитет ону хааччыйар харчыта суох, бүддьүөтэ кып-кыра. Ол иһин ыраас ууларын атыылаары соруммуттара. Оттон нэһилиэнньэ үйэлээх сааһын тухары айылҕаттан босхо ууну ылан олордоҕо дии, атыыласпата биллэр этэ.

Бу тутуулар фильтрдарын картриджтара уларытыллан иһиэхтээх. Ол барыта үтүмэн үбү эрэйэр. Ол аата хамнастаах үлэһит ананыахтаах. Мин саныахпар, маны барытын “АЛРОСА” бэйэтэ уйунуон наада этэ. Ону өрөспүүбүлүкэ салалтата туруорсуохтаах. Усулуобуйа туруоран дуу, хайдах дуу...

“Водоканал” улуустарга тахсан үлэлиирэ, табылыннаҕына, бэрт буолуо этэ буоллаҕа. Нэһилиэнньэҕэ ыраас ууну иһэрдээри улуустарга талаһара эрэ, эмиэ уһун солкуобайы сойуолаһыы эбитэ эрэ, ким билиэ баарай.

Бүлүү киртийиитигэр Норуот фрона, Уопсастыба палаатата мунньах бөҕө ыыппыттара. Арассыыйа салалтатыгар сурук суруйбуттара. Ол түмүгэ көстө илик.

- Уопсайынан, итинник суруктарга төһө эппиэттииллэрий?

- Ээ, үксүн буоллун-хааллын диэн буолар. Эппиэттээбит эрэ киһи диэн. Ол эрэн норуот санаатын этэрэ, баарын биллэрэрэ ордук. Хаһан баҕарар туруорсуохха, олохпутугар буортулааҕы утарсыахха наада. Холобур, ити Мэҥэ Хаҥаласка тутуллуохтаах химическэй собуоту норуот актыыбынайдык утарбаҕа, маассабай хамсааһын барбатаҕа буоллар, үлэлэтэн эрэр буолуох этилэр.

МИНИСТИЭРИСТИБЭ ҮЛЭТИН ТУҺУНАН

- Айылҕа харыстабылын министиэристибэтэ Экология министиэристибэтэ буолан хаалла...

- Арассыыйаҕа барбыт уларыйыы барыта регионнарга соҥнонор буоллаҕа дии. Бастатан туран, ити министиэристибэ аатын уларытан, боломуочуйатын сарбыйдылар. Айылҕа харыстабылын боломуочуйаларын Росприроднадзорга, Роспотребнадзорга хааллардылар, ол аата федеральнай былааска эрэ сүктэрдилэр.

Иккитэ мунньахха кыттыбытым. 2000 кэриҥэ үлэһиттээх Экология министиэристибэтэ үчүгэйдик үлэлээбэт, боломуочуйата барыта сарбыллар буоллаҕына, сабыахха да сөптөөх диэн санаабын эппитим. Биология института дьарыктаныахтаах бизоннарынан эҥин эрэ дьарыктанар сыалай министиэристибэ, айылҕа харыстабылыгар үлэлэспэт буоллаҕына, туохха нааданый?

Ойуур департамена кыччаатар кыччаан иһээхтиир. Урут авиациялаах эҥин улахан салаа этэ. Булт департамена эмиэ дьоҕуһатыллыбыта – дьиҥэ, биир сүрүн салаабыт этэ. Онон Экология министиэристибэтин оннугар 30-50 үлэһиттээх департамент да сөп буолуо этэ.

Өскөтүн Айылҕа харыстабылын департамена буолара буоллар, улуус инспектордара буруйу оҥорууну бэлиэтээн баран, баһылыкка, прокуратураҕа уонна ити Департамеҥҥа иһитиннэрэллэр. Салҕыы бу уорганнар дьаһайаллар. Урут маныаха маарынныыр систиэмэнэн үлэлээбиттэрэ.

- Былырыын Дьааҥыга көтөр маассабайдык өлө сытарын булбуттара. Ол туох диэн буолла этэй?

- Норуот айдаарса сатаабыта. Онтуката айманыы, соһуйуу эрэ быһыытынан этэ. “Кыым” хаһыат дьону мунньан кэпсэтии ыыта сылдьыбыта. Мин эмиэ онно сылдьыбыттаахпын. Тустаахтар дьокутаакка хандьыдааттыылларын пиарданыы курдук барбыта.

Ол көтөрдөрү булалларын саҕана бөртөлүөттэр көппүттэр, туман түспүт, күрүлүүр күнүс күн хараҥарбыт диэн баара. Усуйаанаҕа эмиэ оннук курдук “дьиктилэр” бэлиэтэммиттэр этэ.

Ити туох эрэ улахан буолбута сымнатыллан хаалла. Тута Бырабыыталыстыба таһымнаах хамыыһыйа тэриллиэхтээх, күүстээх бэрэбиэркэ барыахтаах этэ. 

Онтон биир анаалыска формальдегид 9 төгүл нуорматтан тахсыыта бэлиэтэммит этэ. Бу гептил диэн ракета уматыгын састаабыгар туттуллар, кини умайыытыгар тахсар эттик. Плецескэйтэн Камчаткаҕа ракетаны ыталлар. Ол содула буолуон сөп. Туохха да кыһамматылар эмиэ, айдааны эрэ хаптатан кэбистилэр.

1986 сыллаахха Мииринэйгэ олорон “Бүлүү уута ыраас буолуохтун” диэн ыстатыйабын оччотооҕу “Кыымҥа” таһаарбыттара. Дьиҥэ, эрдэ суруйбуппун, эрэдээктэр остуолун анныгар уурунан кэбиспит этэ. Ону кини уоппускаҕа барбыт кэмигэр уолаттар ылан бэчээттэээн кэбиспиттэр. Алтынньыга тахсыбыта. Онно Бырабыыталыстыба хамыыһыйата тэриллэн, Доруобуйа харыстабылын миниистирэ, кылаабынай санитарнай быраас, учуонайдар о.д.а. буолан бара сылдьыбыттар этэ. Ыстатыйа сөпкө суруллубут диэн түмүккэ кэлбиттэрэ. Онтон ыла салҕыы Сунтаар, Ньурба, Бүлүү айдааран барбыттара.

Дьааҥылар ити быһылааннарын кэннэ оннук сытыытык туруорустахтарына туох эмэ миэрэ ылыллыа эбитэ буолуо... Урут Адыаччыгэ ГЭС тутуллуохтааҕын утарсыбыт Н.Г. Божедонов диэн күүстээх уопсастыбанньык киһилээхтэрэ. Күүскэ утарсыбыппыт – Бырабыыталыстыба, хаһыат барыта биһиги диэки буолбуттара, бары биир сомоҕо этибит. Билигин буоллар экология боппуруоһугар бары аҥы-маҥы эрдэ сылдьабыт, түмсүү суох.

КҮӨЛЛЭРИ БӨҔҮНЭН КӨМӨН БҮТЭРДИЛЭР

- Химическэй собуот тутуллубат буолтун кэннэ, аны целлюлоза-кумааҕы оҥорор собуот тутаары гыннылар, бадаҕа...

- Маннык собуот урут Байкалга үлэлээбитэ, ону утарылаһан, дэлби киирсэн, тохтоппуттара. Аны оннугу биһиэхэ тутуохтаахтар үһү. Ону бар дьонуҥ утарар. Тутулуга суох экологтар мунньах ыыттылар. Иркутскайдар эмиэ утараллар, олору кытта холбоһон, хамсааһын таһаарыахха диэн санаабын эппитим.

- Дьокуускайдааҕы айылҕа харыстабылын кэмитиэтэ эһигини, экологтары, кытта төһө үлэлэһэрий?

- Олох үлэлээбэт. Бэс чагданы кэрдэн бараатылар, уулары барытын уоллардылар. Дьон айылҕа бэйэтэ үөскэппит ууларын, күөллэрин бөҕүнэн көмө-көмө, учаастак оҥостоллорун истэ-билэ сырыттахтара дии.

Покровскай тракт, 7 км

Покровскай тракт  7-с килэмиэтиригэр суол хаҥас өттүнэн кимнээх эрэ кэнники сылларга баар уулары суох оҥорууга ылсан эрэллэр. Манна урут араас көтөр кэлэн түһэр, балык үөскүүр этэ. Ону бөҕүнэн, буорунан, кумаҕынан көмө-көмө сир оҥостубуттарын, номнуо гаас ситимэ тардыллан сытарын, производстваннай эбийиэктэр тутуллан үлэлии туралларын, өссө сыбаайалар турбуттарын – барытын Тутулуга суох экологтары ыҥыран, илдьэ сылдьан көрдөрдүм. Хаартыскаҕа түһэрдилэр-хайаатылар. Министиэристибэҕэ “Экология сокуоннарын кэһии тахсыбата дуо? Күөлү көмөн, тутуу ыытар сөп дуо?” диэн ис хоһоонноох сурук суруйбуттара.

Дьиҥэ, маннык айылҕа ууларын, кыра күөл курдук уу мустар сирин барытын Өлүөнэ сааскы уута ыраастаан барар этэ. Билигин ону онон-манан быһыттаан сытыттыбыт, хаалбыттары учаастак оҥостоору куурда сатаан бөҕү дьапталҕалаан кэбиһэр буоллубут. Атын сайдыылаах судаарыстыбалар искусственнай ньыманан күөллэрин элбэтэ сатыыр кэмнэригэр, биһиги куурда сатааһын үлэтин ыытабыт. “Водоохранная зона” диэн өйдөбүл айылҕа харыстабылын эйгэтигэр былыргыттан баар. Ону таарыттарбат, харыстыыр туһугар бу Дьокуускайдааҕы кэмитиэт үлэлиэхтээх этэ даҕаны, кыһаллыбат буолбуттара ыраатта.

- Оттон маннык түгэннэргэ сокуон тоҕо үлэлээбэтий?

- Бобор сокуон баар, ону Кэмитиэттэр үлэлэтиэхтээхтэр. Хатыҥ Үрэх диэки бардахха эмиэ оннук хартыына. Күөллэри бүтэрэн эрэллэр. Дьокуускайдааҕы айылҕа харыстабылын кэмитиэтэ наһаа дьадаҥы буолбатах буолуохтаах, тиэхиньикэтэ да баар курдук. Үлэлэрэ таһаарыта суох, мөлтөх дии саныыбын.

90-ус сылларга Айылҕа харыстабылын миниистиринэн В.Г. Алексеев үлэлиир кэмигэр, куорат кэмитиэтин С.П. Александров салайбыта. Сергей Петрович сокуону кэспит дьону ыстырааптаан да биэрэр этэ. Тыаны олох кэттэрбэтэҕэ.

- Куорат бөх мунньар полигонун туох дии саныыгын?

- Баары баарынан – дьаабы диибин. Улааттар улаатан иһэр. Сайын умайар. Ол тоскичнай сытынан, буруотунан тыынабыт. Дьиҥнээх тутулуга суох бэрэбиэркэни ким да иилээн ыыта илик буолан, буортутун кээмэйдээбэппит.

Бөҕү сортировкалааһын кыаллыан сөп. Сөптөөх дьаһал оҥоһулуннаҕына, үп көрүлүннэҕинэ. Дьоппуоннар бөҕү кытта сыһыаннарын курдук таһымҥа тиийэрбит олох ыраах да буоллар...

Хаһан эрэ Германия оҥоруута – бөҕү бэйэтэ наардыыр, сортарга араарар тэрили көрдөрө сылдьыбыттара. Оннук хабааннаах тиэхиньикэлээх буоллахха, тоҕо кыаллыа суоҕай?

Бөҕү тиэйиигэ-харайыыга эмиэ Москваттан соҥноммут сокуону олоххо киллэрэ сатааһын барда. Туох да улахан бэлэмэ суох регионнааҕы оператор диэни тала оҕустубут. Билиҥҥитэ туһата нэһилиэнньэҕэ улаханнык көстө илик, арай төлөбүрбүт эрэ үрдээтэ, бөхпүт тиэллиитэ тупсуоҕунааҕар мөлтөөтө.

- Оттон бөҕү переработкалааһын, хаттаан ону-маны оҥорон таһаарыы кыаллыа дии саныыгын дуу?

- Кыаллыа этэ. Специалистары булан, хамнастаан үлэлэттэххэ. Өссө баһылык Павел Бородин саҕаттан бу тиэмэ ырытыллар. Омуктары тоҕо үтүктүбэппит? Баран үөрэтэн, уопуттарын үтүктэн туһаныахха баара... Чэ, биһиэнэ наар аанньа, наар туга эрэ кыаллыбат аатырар.

АНЫ КЭЛЭН ТУОХТАН ДА КУТТАММАППЫН

- Наар оппозицияҕа сылдьар, былаас ылыммат да кырдьыгын туруулаһар хайдаҕый? Куттаммат этиҥ дуо?

- Суох. Аны кэлэн туохтан куттаныахпыный. Урукку айдааннаах ыстатыйаларым иһин оччотооҕу “Кыымтан” уураппыттара. 3,5 сыл Мииринэйтэн собкоррдаабытым кэннэ этэ. Ол олорон бастакынан Бүлүү эбэ киртийиитин туһунан аһаҕастык суруйдаҕым дии.  Суруналыыс буоламмын араас таһымнаах мунньахтарга, архыыптарга, сорох докумуоннарга чугаһыырым көҥүл этэ. Оччотооҕу “Кыым” Обком уоргана буоллаҕа. “Оччоҕо, эһиги, алмааһы хостотумаары гынаҕыт дуо?” – диэбиттэрэ...

Суруналыыс идэтиттэн төттөрү геологиябар көспүтүм. Ол иннинэ Буотубуйатааҕы эскпедицияҕа, “Якутпромалмаз” институкка үлэлээбитим.

Бэрэсидьиэн М.Е. Николаев саҕана Саха сиригэр сир аннынааҕы ядернай тоҕута тэптэриилэр содулларын суох оҥорор, радиациялаах эттиктэри, сокуоҥҥа олоҕуран харайар судаарыстыбаннай управление баара. Иван Семенович Бурцев ону салайбыта. Ол саҕаттан экология боппуруостарыгар  бэйэтин санаатын хорсуннук этэр.

Саха сиригэр экологическай хамсааһыны төрүттэспит киһинэн норуокка биллэр. 90-ус сылларга үөскээбит экологическай хамсааһын биир бастыҥ холобурунан буолбут “Бүлүү” түмсүү билигин даҕаны өрөспүүбүлүкэ экологтарын барыларын түмэр, ыйааһыннаах тыллаах тэрилтэ. “САПИ” финансовай корпорация, “Доруобуйа института”, “Хоту сир прикладной экологиятын института” – бу уопсастыбанньыктар оччотооҕу актыыбынай үлэлэрн түмүгэр тэриллибиттэрэ. САПИ алмаастаах провинция 8 улууһун чөлүгэр түһэриигэ үлэлиэхтээх этэ...

Иван Бурцев, суруналыыстыка аксакала Дмитрий Бубякин уонна норуот дьокутааттарын суруйууларыттан саха дьоно 70-ус сылларга “секретно” диэн грифтээх ыытыллыбыт сир аннынааҕы ядернай тоҕута тэптэриилэр тустарынан билбиттэрэ. 12 эстииттэн иккитэ саахаллаах эстии буолара арыллыбыта: “Кристалл” уонна “Кратон-3”.

Алмаастаах Мииринэй оройуонугар 9 ядернэй эстии буолбута, бу Арассыыйа үрдүнэн ыытыллыбыт ядернай тоҕута тэптэрии 13 бырыһыаныгар тэҥнэһэр көрдөрүү. Бүлүү өрүс сүнньүнэн сытар нэһилиэктэр бары радиация дьайыытыгар хабыллыбыттара.

Алдаҥҥа уонна Өлүөхүмэҕэ уран рудата аһаҕас халлаан анныгар харайылла сытарын, ракета гептиллээх токсичнай түһүмэхтэрэ дойдубутугар түспүттэрин  уонна да атыны уопсастыбаннаска биир бастакынан иһитиннэрбит эмиэ Уйбаан Бурцев этэ.

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

Якут Шурик: «Атахпын быстыбатаҕым буоллар, өлүөхтээх этим»
Дьон | 21.11.2024 | 12:00
Якут Шурик: «Атахпын быстыбатаҕым буоллар, өлүөхтээх этим»
Суруналыыс кэпсэтэр киһитин кытта кини олоҕун, үөрүүтүн, үлэтин-хамнаһын, кыһалҕатын тэҥинэн үллэстэр. Оннук эрэ сүрэҕэр чугастык ылынан суруйдаҕына, ааҕааччыга тиийэр ыстатыйа тахсар. Мин Александрдыын кэпсэтэрбэр, чэчэгэйим кэйиэлээн, төбөм ыараан да ылбыта, сотору атаҕын быстарын кэпсиир, ону хайдах эрэ тулуйан истибит киһи дии олорбутум. Хараҕым уута да сүүрэрэ, күөмэйбин туох эрэ кэлэн...
Аҕаа, бырастыы
Сынньалаңңа | 27.11.2024 | 10:00
Аҕаа, бырастыы
Уйбаан нэһиилэ сэттис этээскэ сынньана-сынньана кирилиэһинэн тахсан, кыыһа олорор ааныгар кэлэн, оргууй соҕус тоҥсуйда. Баҕардар дьиэҕэ ким да суоҕа дуу дии санаан, кулгааҕын ааҥҥа даҕайан иһиллээн тура түстэ. Киһи атаҕын тыаһа хааман кэлэн, сиэнэ уол куолаһа нууччалыы: «Кто там?» – диэн ыйыппытыгар: – Мин. Тоойуом, мин кэллим, ааҥҥын арый, –...
Кымыс Байбал ыра санаата туолуо дуо?
Сытыы муннук | 28.11.2024 | 14:00
Кымыс Байбал ыра санаата туолуо дуо?
Үөһээ Бүлүү улууһун Маҥаас нэһилиэгин 9 оҕолоох ыалын улахан уола Байбал Васильев оҕо эрдэҕиттэн эппиэтинэскэ үөрэммитэ, хайдахтаах да уустуктан чаҕыйбат, кыраларга холобур буола улааппыта күн бүгүнүгэр  диэри биллэр. Ытык киһибит быйыл 75-с хаарын санныгар түһэрдэ, сааһырда. Ол эрээри олоххо киллэрбит кыһыннары кымыстыыр дьарыгын тохтотуон, өбүгэ кымыстыыр үгэһин үйэтитэр баҕатыттан аккаастаныан...
Туох да мээнэҕэ буолбат
Сынньалаңңа | 25.11.2024 | 23:17
Туох да мээнэҕэ буолбат
Сардаана куруук да холку-наҕыл бэйэтэ, мэктиэтигэр хараҕын уута биллэ-көстө ыгыллан тахсыар диэри абатыйда. Кыһыйбытын омунугар „үөрүүлээх“ сонуну тиэрдибит суотабайын дьыбааҥҥа элиттэ. Хаарыан былаан!! Күүтүүлээх көрсүһүү хаалла!! Бүгүн үлэтигэр бардаҕына табыллар буолбут!   Саатар, бэҕэһээ биллибитэ буоллар. Түүҥҥү дьуһуурустубатын кэнниттэн сынньаммакка, түүннэри былаачыйа тиктэн „быччайан“ олоруо суох этэ! Кыргыттара төһө эрэ хомойоллор....