«IT-Куб» оҕолору күүтэр
Аныгы үйэҕэ оҕону цифровой технология эйгэтигэр уһуйуу улахан суолталаах, кэскиллээх дьыала. Өрөспүүбүлүкэбит киин куоратыгар итинник хайысхалаах киининэн «IT-Куб» буолар.
Саха Өрөспүүбүлүкэтин Баһылыга Айсен Николаев 2019 сыл ахсынньы 3 күнүнээҕи «Саха Өрөспүүбүлүкэтигэр «IT-куб» цифровой үөрэхтээһин киинин тэрийии туһунан» 696-РГ №-дээх дьаһалыгар олоҕуран куорат уокуругар баар «Техническай айымньы Киинэ» эбии үөрэхтээһин тэрилтэтин базатыгар 2021 сыл балаҕан ыйын 1 күнүгэр «IT-куб» цифровой үөрэхтээһин Киинэ арыллыбыта. Киин «Цифровой үөрэхтээһин эйгэтэ» федеральнай уонна «Үөрэхтээһин» национальнай бырайыактар чэрчилэринэн тэриллэн структурнай салаа быһыытынан үлэлиир.
«IT-куб» – бырагыраамалааһын (программирование) эйгэтигэр оҕолор дьоҕурдарын сайыннарар хайысхалаах эбии үөрэхтээһин инновационнай балаһаакката. Бүгүҥҥү күннээҕи туругунан цифровой Кииҥҥэ Дьокуускай куорат үөрэҕириитин тэрилтэлэриттэн 853 оҕо үөрэнэр. Манна эбии үөрэхтээһин бырагыраамаларынан 13 педагог уһуйар. Педагогтар бары РФ үөрэҕириитин Министиэристибэтин, «IT-куб» цифровой Киин тэриллэрин туттааһыннаах, техническай хайысхалаах эбии үөрэхтээһин бырагыраамаларынан билиилэрин үрдэтэр куурустары ааспыттар.
Саргылана Никитична Иванова, Дьокуускайдааҕы «Техническай айымньы Киинэ» МБТ дириэктэрэ:
— «IT-Куб» Кииҥҥэ үөрэтии чуолаан Федеральнай оператордар бигэргэппит «кубтар» хайысхаларынан ыытыллар. Ол курдук, маннык хайысхалар бааллар: «Программирование на Python», «Мобильная разработка», «Разработка VR/AR - приложений», «Системное администрирование», «Основы алгоритмики и логики», «Программирование роботов». Федеральнай оператор бигэргэппит сүрүн хайысхаларын таһынан кииҥҥэ маннык бырагыраамаларынан дьарыктар ыытыллаллар: «3Д-прототипирование», «Программирование на Java», «Графический дизайн», «Motion-design», «Post в кино», «VE в кино».
Бырагыраамалары оҥоруунан үлүһүйэр үрдүкү кылаас үөрэнээччилэрин өйүүр сыаллаах цифровой кииҥҥэ 2021/22 үөрэх сылыгар «IT Школы Samsung» бырагыраама киирдэ. Итиннэ үөрэнээччилэр «IT» төрүттэрин уонна «Java» тылын холобурунан «объектно-ориентированное программирование» диэни үөрэтэллэр уонна Android платформатыгар олоҕуран бэйэлэрин мобильнай сыһыарыыларын оҥороллор. «Samsung» IT-Оскуолатыгар үөрэнии түмүгэр үрдүкү кылаас үөрэнээччилэрэ «Java» тылынан бырагыраамалыыр дьоҕуру, «Samsung» хампаанньаттан сертификаты ылаллар, үрдүк үөрэх кыһатыгар киирэргэ информатикаҕа «предпрофильнай» эксээмэни туттарар кыахтаналлар, «Samsung» ыытар куонкуруһугар кытталлар, Android платформатыгар олоҕуран бэйэлэрин мобильнай сыһыарыыларын оҥороллор.
Идэни талыы хайысхатынан интеллектуальнай, социальнай партнердары кытта үөрэҕирии бырагыраамаларын, «IT-куб» Киин хайысхаларын сайыннарыыны олоххо киллэриигэ кыттыгас маастар-кылаастар, куонкурустар, IT эйгэтигэр үлэлиир исписэлиистэри кытта көрсүһүүлэр тэриллэллэр.
Саргылана Никитична Иванова, Дьокуускайдааҕы «Техническэй айымньы Киинэ» МБТ дириэктэрэ:
— «IT-куб» хайа күн тэриллиэҕиттэн өрөспүүбүлүкэ уонна куорат таһымыгар элбэх куонкурустар, ити хайысханан дьоҕуру сайыннарар тэрээһиннэр ыытылыннылар: «Мир увлечений и знаний», оҕолорго информационнай куттал суох буолуутун хааччыйыыга Network Secrets, андроидка Quiz-оонньуулары оҥорууга, 3Д моделированиеҕа "Железные крылья", "Design IT" маастар-кылаастар; «Робобиатлон» робототехническай олимпиада; «Project-world Scratch» бырайыактар куонкурустара, персональнай көмпүүтэргэ уонна мобильнай тиэхиньикэҕэ сыһыарыылары оҥоруу күрэҕэ; онлайн-викториналар: «Будем знакомы: Я и IT-куб», «Вселенная-IT», «Дизайн в современной массовой культуре», «IT-DAY» компьютерщик күнүгэр аналлаах викторина; «Как создавать игры для телефонов»; "Creative scratch" тиэмэлэринэн IT-эйгэ бэрэстэбиитэлин кытта онлайн-көрсүһүү; «В поисках Деда Мороза» "Территория scratch" квест оонньуулар. Киин ыыппыт тэрээһиннэригэр, ол иһигэр дистанционнай көрүҥүнэн, барыта 1454 үөрэнээччи кытынна.
Үөрэх дьыла бүтүөр диэри «IT-куб» Киин арыллыытын чэрчитинэн эбии үөрэхтээһин педагогтарын өрөспүүбүлүкэтээҕи маастар-кылаастарын, «Я и далекий космос» диэн тиэмэҕэ оҕолор плакаттарын куораттааҕы куонкуруһун уонна «Go to hack» диэн сыһыарыылары оҥорууга куораттааҕы хамаанданан аһаҕас «IT – Хакатон» ыытар былааннаахпыт. Ити туһунан сиһилии информацияны кытта http://itcube.yaguo.ru биһиги сайтпытыгар билсиэххэ сөп.
Билиҥҥи кэмҥэ «IT-куб» Киин быстах болдьоххо Ломоносов уулуссатын 37/1 №-гэр үлэлиир. Цифровой үөрэхтээһин киинэ көһүөхтээх Горькай уулуссатын 98/1 №-гэр турар дьиэтин хапытаалынай өрөмүөнэ түмүктэнэн эрэр. Бу туһунан Instagram ситимигэр куорат баһылыга Евгений Григорьев бу курдук суруйар: «Эбийиэк 98% бэлэм. Биһиги сорукпут – үөрэҕирии инфраструктуратын тэрийии, итиннэ оҕолор бэйэлэрин инженернай-техническэй уонна информационнай дьоҕурдарын сайыннарыахтара. Кинилэр биэс саастарыттан программированиеҕа, дизайнҥа, креативнай толкуйга үөрэниэхтэрэ. Дьокуускайга айар уонна интеллектуальнай сайдыыга, үүнэр көлүөнэни аныгы технологияҕа идэтийэн үөрэтэргэ туһуламмыт балаһааккалар тэриллэллэр. Улаатан, саҥа билиини уонна сатабылы иҥэринэн истэхтэрин аайы, оҕолор социальнай-технологическай лифт көмөтүнэн салгыы тахсан иһиэхтэрэ».
«IT-куб» дьиэтэ аныгы уонна ирдэнэр халыыпка толору эппиэттиир. Эбии үөрэхтээһин тэрилтэтин техническэй хайысхатын учуоттаан, дизайн-бырайыага федеральнай оператор ирдэбилигэр олоҕуран оҥоһуллубут, кэбиниэттэр аныгы тэрилинэн толору хааччыллыбыттар. Оҕолор үөрэнэллэригэр бары усулуобуйа тэриллибит – кинилэр 3D-моделлааһын төрүттэрин, робототиэхиньикэни, аныгы уонна билиҥҥи кэмҥэ бырагыраамалааһын наадалаах хайысхаларын (Python, Java, Scratch), графическай дизайны, көмпүүтэр араас үлэтин уо.д.а. техническэй сатабылы толору баһылыыр кыахтаахтар.
Алта толору үөрэх эйгэтин сэргэ кииҥҥэ үөрэҕирии, научнай-эйгэни чинчийэр зоналар баар буолуохтара: коворкинг-киин, лекториум, медиатека, интерактивнай саала, саахымат хоһо уо.д.а.
Дьокуускайдааҕы «Техническэй айымньы Киинэ» МБТ дириэктэрэ С.Н. Иванова бэлиэтээбитинэн, цифровой киин арыллыытын кытта оҕо техническэй хайысханан дьоҕура сайдыыта быһаччы сибээстээх, ону төрөппүттэр да, оҕолор да сыаналыахтара. Итинник кыах баар буолбута киин куорат олохтоохторугар ураты, историческай суолталаах түгэн. Тэрилтэ кэлэктиибэ «IT-куб» аныгы хайысхалаах, кэскиллээх Киин арыллыыта Саха АССР төрүттэммитэ 100 сылын кытта дьүөрэлэспититтэн үөрэр. Итини сэргэ Техническэй айымньы Киинэ быйыл тэриллибитэ 50 сылын бэлиэтиир. Үбүлүөйдээх сылларын аныгы технологиялаах саҥа дьиэҕэ, инновационнай балаһааккалардаах үөрэҕирии туонатыгар көрсөллөрүттэн педагогтар да, үөрэнээччилэр да сүргэлэрэ улаханнык көтөҕүллэн сылдьар.
Саргылана Никитична Иванова, Дьокуускайдааҕы «Техническэй айымньы Киинэ» МБТ дириэктэрэ:
— Түгэнинэн туһанан, сандал саас кэлбитинэн, сааскы бырааһынньыктарынан «Киин куорат» хаһыат эрэдээксийэтин уонна ааҕааччыларын эҕэрдэлиибин! Бары этэҥҥэ, доруобай буолуҥ. Айар хамаандаҕа былааннаргыт бары олоххо киирэллэригэр, салгыы чэчирии сайдаргытыгар, ситиһиилээх буоларгытыгар баҕарабын.
Түмүккэ төрөппүттэргэ туһаайан этиэм этэ, оҕолоргутун «IT-куб» цифровой үөрэхтээһин Киинигэр ыҥырабыт, кэскиллэрин санаан техническэй эйгэҕэ сыһыарыҥ диэн сүбэлиибит. Эһигини күүтэбит, мэлдьи бииргэ үлэлииргэ уонна алтыһарга бэлэммит