04.11.2022 | 14:00

IT-хампаанньаларга 5 мөл. солк. көрүллэр

IT-хампаанньаларга  5 мөл. солк. көрүллэр
Ааптар: Киин Куорат
Бөлөххө киир

«One Click Yakutia” сайтка сэтинньи 7 күнүттэн аккредитацияламмыт IT-хампаанньаларга сайаапкалары ылыы саҕаланна. Өйөбүл IT-салаалар хампаанньаларыгар дьарыктаах буолууларын оннунан хаалларыыга туһуланар. Бэлиэтээн эттэххэ, көмө санкция усулуобуйаларыгар ыытыллар. Сайаапкалары сэтинньи 23 күнүгэр диэри биэриэххэ сөп.

Уопсайа 16 IT-хампаанньа тиксэр кыахтаах, муҥутуур өйөбүл 5 мөл. солк. тэҥнэһэр. Сүрүн сыала-соруга олохтоох IT-хампаанньаларыгар үлэ миэстэтин оннунан хаалларыы буолар.

Усулуобуйата хайдаҕый?

— Бастатан туран, IT-хампаанньа Саха сиригэр регистрацияламмыт буолуохтаах;

— Иккиһинэн, Арассыыйа цифровизацияҕа министиэристэбитигэр тустаах регистрация ирдэнэр;

— Үсүһүнэн, “Якутия” резиденэ буолуохтаах;

— Төрдүһүнэн, тэрилтэ саамай кырата 5 үлэ миэстэлээх (үлэһиттэр 12 ыйтан итэҕэһэ суох тутуһуллубут усулуобуйалара ирдэнэр);

— Бэсиһинэн, хампаанньа сайаапканы биэрии күнүгэр алта ыйтан итэҕэһэ суох үлэлии олоруохтаах.

Өйөбүл Саха сирин «Венчурнай хампаанньатын” уонна СӨ инновациятын сайыннарыы пуондатынан олоххо киирэр.

Билсэр төл.: +7 924 767 8400.

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

Аҕаа, бырастыы
Сынньалаңңа | 27.11.2024 | 10:00
Аҕаа, бырастыы
Уйбаан нэһиилэ сэттис этээскэ сынньана-сынньана кирилиэһинэн тахсан, кыыһа олорор ааныгар кэлэн, оргууй соҕус тоҥсуйда. Баҕардар дьиэҕэ ким да суоҕа дуу дии санаан, кулгааҕын ааҥҥа даҕайан иһиллээн тура түстэ. Киһи атаҕын тыаһа хааман кэлэн, сиэнэ уол куолаһа нууччалыы: «Кто там?» – диэн ыйыппытыгар: – Мин. Тоойуом, мин кэллим, ааҥҥын арый, –...
Кымыс Байбал ыра санаата туолуо дуо?
Сытыы муннук | 28.11.2024 | 14:00
Кымыс Байбал ыра санаата туолуо дуо?
Үөһээ Бүлүү улууһун Маҥаас нэһилиэгин 9 оҕолоох ыалын улахан уола Байбал Васильев оҕо эрдэҕиттэн эппиэтинэскэ үөрэммитэ, хайдахтаах да уустуктан чаҕыйбат, кыраларга холобур буола улааппыта күн бүгүнүгэр  диэри биллэр. Ытык киһибит быйыл 75-с хаарын санныгар түһэрдэ, сааһырда. Ол эрээри олоххо киллэрбит кыһыннары кымыстыыр дьарыгын тохтотуон, өбүгэ кымыстыыр үгэһин үйэтитэр баҕатыттан аккаастаныан...
Туох да мээнэҕэ буолбат
Сынньалаңңа | 25.11.2024 | 23:17
Туох да мээнэҕэ буолбат
Сардаана куруук да холку-наҕыл бэйэтэ, мэктиэтигэр хараҕын уута биллэ-көстө ыгыллан тахсыар диэри абатыйда. Кыһыйбытын омунугар „үөрүүлээх“ сонуну тиэрдибит суотабайын дьыбааҥҥа элиттэ. Хаарыан былаан!! Күүтүүлээх көрсүһүү хаалла!! Бүгүн үлэтигэр бардаҕына табыллар буолбут!   Саатар, бэҕэһээ биллибитэ буоллар. Түүҥҥү дьуһуурустубатын кэнниттэн сынньаммакка, түүннэри былаачыйа тиктэн „быччайан“ олоруо суох этэ! Кыргыттара төһө эрэ хомойоллор....
Күндү күтүөт, көмүс күтүөт, көйгө күтүөт...
Сонуннар | 01.12.2024 | 12:00
Күндү күтүөт, көмүс күтүөт, көйгө күтүөт...
«Теща» туһунан атын омуктарга олус элбэх анекдот, көр-күлүү баар. Оттон биһиги, сахалар, күтүөт уолбутун хайдах ылынабыт, сыһыаммыт хайдаҕый, төһө тапсабытый? Өйдөспөт түгэн таҕыстаҕына, кыыскын көмүскүүгүн дуу, күтүөт диэки буолаҕын дуу? Онон бүгүн күтүөттэр туһунан кэпсэтиэххэйиҥ.   Светлана Петровна: — Мин ыал буолбутум оруобуна 40 сыл буолла. Ол эбэтэр 1984 сылга дьонум...