Истиҥник санаан
Саха саргытын салайсар аналлаах дьон бу Орто туруу дойдуга ураты быһыыга-майгыга төрүүллэр диэн өйдөбүллээхпин. Кинилэртэн биирдэстэринэн саха тылыгар уонна литературатыгар уһуйан үөрэппит учууталым Раиса Реасовна Кулаковская буолар.
Уус Алдан улууһун үлүскэнниир сүүрүктээх, Өлүөнэлиир өрүстээх Суоттутугар мин дьолбор үтүөкэн да учууталлар үлэлээн ааспыттар эбит. Маҥнайгы кылааска үөрэх сырдыктаах ыратын арыйбыт бастакы учууталым А.И. Герцен аатынан Ленинградтааҕы Судаарыстыбаннай университеты бүтэрбит Ньурбаттан төрүттээх Варвара Гаврильевна Окоемова, кылааһым салайааччыта – эдэркээн математика учуутала Уус Алдан Түүлээҕиттэн төрүттээх, билигин Таатта Дэбдиргэтигэр олорор, үлэлиир Раиса Николаевна Ушницкая-Кузьмина, военрук Өлөөнтөн төрүттээх Николай Семенович Семенов, физик Мэҥэ Хаҥаластан төрүттээх Гаврил Гаврильевич Стручков, эдэркээн нуучча тылын уонна литературатын учууталлара Наталья Васильевна Декоямова-Попова, Екатерина Николаевна Дьяконова, организатор – Суотту нэһилиэгин олохтоох кыыһа Екатерина Ивановна Свинобоева, оччотооҕу кэмтэн кэлин бэйэм учуутал буолан Суоттум орто оскуолатыгар үктэниэхпэр диэри дириэктэрбит СӨ үтүөлээх учуутала Михаил Николаевич Абрамов, завучпут РФ, СӨ үтүөлээх учуутала Людмила Семеновна Тарская. Бу ааттар бары бэйэлэрэ туспа история тулхадыйбат кэрэһиттэрэ.
Раиса Реасовна мин олоххо көрүүлэрбэр, үлэһит киһи буолан тахсыыбар ураты суолталаах. Киниэхэ үөрэниэхпиттэн, 4 кылаастан, саха классик суруйааччыларын айымньыларын эккирэтэн туран ааҕар, ырытар буолбутум. Суруллубуту биирдэ эрэ ааҕыынан хаһан да муҥурдаммаппын. Кэлин улаатан да баран кинигэни эмиэ хастыыта да ааҕыталыыбын, ол аайы саҥаттан-саҥа көрүүлэр, өйдөбүллэр, иэйиилэр киирэллэр. Оннук санаа, арааһа, учууталым Раиса Реасовна сахабыт чулуу суруйааччыларын оҕо эрдэхпитинэ элбэхтик көрүһүннэрбититтэн буолуон сөп курдук. Оҕо сааспар аахпыт айымньыбын айбыт суруйааччым дойдутугар, айымньы айыллыбыт сиригэр бу улахан киһи буолан баран командировкаҕа сырыттахпына, илэ-чахчы оччотооҕу айымньыга кэпсэнэр быһыыны-майгыны эппинэн-хааммынан билэр курдукпун. Хас биирдии километр, хас мас лабаата, этэргэ дылы, тыыннааҕымсыйан көстөллөр. Ону ордук Бүлүү сүнньүгэр командировкаларым кэмигэр өйдөөбүтүм.
Тоҕо эрэ учууталбар наһаа тардыһар этим, кини эппитэ миэхэ төлөрүйбэт чиҥ сокуон курдуга. Биирдэ да Раиса Реасовнаттан мөҕүллүбүппүн да, сэмэлэнэрбин да өйдөөбөппүн. Кини наһаа ирдэбиллээх, кытаанах учуутал этэ. Бэриллибит дьиэҕэ үлэбин кини уруогар хаһан да оҥорбокко тиийбэт буоларым. Ол курдук төрөөбүт тылга, литератураҕа олус кичэйэн үөрэнэрим. Оннооҕор учууталым минньигэстик Таатталыы тартаран түөлбэ тылынан "уоннааҕар" диэни "уоннааҕай", "ыалдьыттар" диэни "ыалдьыктар" диэн саҥарар тыллара билиҥҥэ диэри чугдаархай куолаһынан олус чугастык иһиллэллэр. Оннооҕор оскуолаҕа үөрэнэ сылдьан буруйдаммыт-сэмэлэммит кэммэр учууталым өрүү өйдүүр, өйүүр этиитэ мин олохпун мэлдьи арыаллыыллар.
Кини төрөөбүт ыйа – тохсунньу. Иккиэн Таҥха хаан ыйыгар төрөөбүппүт. Онон хайдах эрэ майгыбыт маарыннаһар өрүттэрдээх курдук.
Раиса Реасовна лыҥкынас куолаһынан кэпсээн, сэһэргээн бардаҕына, оҕо барахсан уйулҕата уһуктар ураты алыптаах. Аны кини сэһэнэ өрүү олоҕу кытта ыкса сибээстээх, туох эрэ ураты дьүрүлгэннээх дьикти буолааччы.
8 кылааска үөрэнэрбитигэр сааскы сынньалаҥҥа учууталбыт саха тылын уонна литературатын сэҥээрэн үөрэтэр "Сыккыс" литература куруһуогун оҕолорун талыы-талба Таатта сирин Чөркөөҕөр автобуһунан музейга сырытыннара илдьибиттээх. Бу мин олохпор биир бастакы ыраах сырыым этэ. Бу иннинэ Дьокуускайтан уонна Бороҕонтон ыраах сирдэргэ айаннаабатах оҕо киһи наһаа да өр айаннаан тиийбиппитин өйдүүбүн. Саха норуодунай суруйааччыта Дмитрий Кононович Сивцев - Суорун Омоллоон тэрийбит Сахабыт сиригэр бастакы аһаҕас халлаан аннынааҕы политсыылка музейын сөҕө-махтайа көрбүппүт. Ыалдьытымсах Таатта дьонун сахалыы эйгэтин билсибиппит.
Айар куттаах дьону кытта биир салгынынан тыыннарбыт, кинилэр умсулҕаннаах тылларын-өстөрүн эйгэтигэр кытыарбыт киһибит эмиэ учууталбыт Раиса Реасовна. Суотту олохтоох поэта, норуот талааннааҕа, Олоҥхоһут Көстөкүүн кыыһа, устар ууну сомоҕолуур уус тыллаах чабырҕахсыт идэлээх Екатерина Константиновна Местниковаттан саҕалаан саха норуота бүттүүн сүһүөхтээх бэйэтэ сүгүрүйэр суруйааччыларын, учуонайдарын, артыыстарын Суоттубут оскуолатыгар таһааран үйэлээх көрсүһүүлэри тэрийтэлиирэ. Ол курдук, Амма Аччыгыйа, Суорун Омоллоон, Леонид Попов, Николай Габышев, Рафаэль Баҕатаайыскай, Василий Протодьяконов-Кулантай о.д.а. суруйааччылар, саха бастакы учуонайа, история билимин дуоктара, профессор Георгий Прокопьевич Башарин, уһулуччу талааннаах артыыс Гаврил Гаврильевич Колесов курдук дьоһун дьону биһиэхэ, үөрэнээччилэригэр, анаан-минээн көрүһүннэрэрэ. Дьэ бу буолар учуутал идэтигэр ураты бэриниитин таһынан, оҕо аймахха үйэлэргэ умнуллубат күлүм түгэннэри өйгө-санааҕа хаалларыыта. Платон Ойуунускай кыра кыыһа – филология билимин хандьыдаата Сардана Платоновна Ойунская, Сергей Васильев-Борогонскай улахан кыыһа – фтизиатр-врач Светлана Сергеевна Донская-Васильева курдук аҕаларын суолун-ииһин салгыыр, аҕаларын олорбут олохторун кэрчигин уһатар, үйэтитэр үтүө-мааны кыргыттардыын эмиэ алтыһыннарбыта. Айыы тыыннаах, сырдык хааннаах киһи кэрэмэһэ, учууталым аҕата, суруйааччы Реас Алексеевич Кулаковскайы кытта эмиэ хаста да биир салгынынан тыынан, дьикти намыын куолаһын, ураты сэһэнин истибит дьоллоохпун. Кэлин улаатан баран Екатерина Константиновна Местниковалыын олус чугас доҕордуу буолбутум. Светлана Сергеевна Васильева-Донскаяны кытта эмиэ үгүстүк көрсөр, сэһэргэһэр, чугастык билсэр этим. Профессордар Карл Георгиевич уонна Зоя Константиновна Башариннары кытта эмиэ чугастык доҕордоһобун, сүбэ-ама ылабын. Дьэ ити курдук оҕо эрдэҕинээҕи үтүөкэн өйдөбүлүм улахан олохпор эмиэ төһүү күүс буолар.
Раиса Реасовна биһиги Суоттубутугар олохсуйуоҕуттан мин тус бэйэм олус элбэҕи киниттэн аан бастаан истэн, билэн үөрэммитим, дойдум туһугар өрүү киэн туттар санаам үөскээбитэ. Саха уһулуччулаах бөлүһүөгэ Алексей Аржаков - Сэһэн Ардьакыап туһунан аан маҥнай Реасовнаттан истибитим. Хайдахтаах курдук хорсун, муударай өбүгэлээх эбиппин билбитим. Биллиилээх поэт, бөдөҥ уопсастыбаннай уонна судаарыстыбаннай деятель, П.А.Ойуунускай аатынан Судаарыстыбаннай бириэмийэ лауреата Сергей Степанович Васильев-Борогонскай туһунан эмиэ маҥнай Раиса Реасовна сырдаппыта.
Раиса Реасовна тулхадыйбат санаанан Сэргэй Васильев пропагандиһа буолар. 1983 сыллаахха аан маҥнай С.С. Васильев аатынан бириэмийэ олохтонуоҕуттан оскуолабыт выпускниктарыгар күн бүгүҥҥэ диэри иҥэрэллэр. Выпускниктар лауреат үрдүк аатын сүгэн, чиэстээхтик үөрэҕи, үлэни хас эмэ көлүөнэ Суотту оскуолатын выпускниктара өрө тутабыт.
1986 с. Раиса Реасовна режиссер Татьяна Афанасьевна Гоголевалыын республикатааҕы маҥнайгы "Васильевскай ааҕыылары" тэрийбиттэрэ. Бу ааҕыыларга Дуня Петухова, Таня Аммосова, Сережа Софронов, Костя Окоемов, Сережа Абрамов, Ганя Портнягин, Зина Сивцева, Туяра Кривошапкина, Ганя Портнягин уонна мин Сергей Васильев айымньыларын аахпыппыт. Мин "Улуу Ильмень" балладаны ааҕаммын бу ааҕыылар бастакы лауреаттара буолар чиэстэммитим. Ол кэмтэн төһө да хас эмэ уонунан сыл аастар, бу айымньыны иэйэн-куойан туран билигин да ааҕааччыбын... Ол курдук дууһабар, сүрэхпэр иҥэн хаалбыт эбит. Биирдэ оҕотук сылдьан араадьыйанан Сэргэй Баһылайап бэйэтэ "Улуу Ильменин" ааҕарын холбообуттарын истэн турардаахпын, дьэ онно этэ эбээт, дириҥ муҥатыйыылаах, дууһа кылын таарыйар эҥсилгэннээх поэзия музыката дьиҥнээх бэйиэт ытылҕанынан истээччигэ тиийиитэ... Күн бүгүҥҥэ диэри ол ааҕыыны, ол куолаһы, ол тыллары харах уута суох истэр кыаҕым суох. Билигин да Уус Алдантан төрүттээх оччотооҕу оҕолору да, улахан дьону да көрүстэххэ, бастакы ааҕыылар туһунан олус үтүөкэн өйдөбүллээх хаалбыттарын истэн дуоһуйабын.
Уруоктарын тас өртүнэн литератураны, историяны, култуураны сэҥээрэр оҕолору түмэн Раиса Реасовна куруһуок үлэлэтэр этэ. Бу куруһуокка айар үлэҕэ холонорбут. Ол курдук Раиса Реасовна бэйэтин салайар кылааһыттан Октя Оконешникова "Нэрэлики сайылык", Алеша Заровняев "Почтальон Маппыыча", мин кылааһынньыктарым Рая Охлопкова "Мин дойдум", Саргы Татаринова "Быраһаай, тапталлаах оскуолам" о.д.а. хоһооннору айбыттарын субу курдук өйдүүбүн. Мин бэйэм ордук өйтөн суруйууну сөбүлүүрүм, арай биирдэ бастакыбын "Балтым Нарыйа" диэн хоһоону суруйбуттааҕым. Маны сэргэ оскуолабыт завуһа Людмила Семеновна Тарская 93-с №-дээх «Сардаҥа» юнкор пуоһун үлэлэтэрэ. Онон бу суруйууларбыт "Бэлэм буол" хаһыакка сойбот сонун буолан тахсан иһэллэрэ.
1996 с. Суоттум орто оскуолатыгар учууталлыы кэлбитим. Ол кэмҥэ дириэктэрим Михаил Николаевич Абрамов дьоһуннук көрсөн үлэҕэ ылан, салгыы иитэр үлэҕэ солбуйааччынан үлэлээбитим. Бу сылларга учууталбыт Раиса Реасовна тэрийбит өрөспүүбүлүкэҕэ иккис миэстэлээх саха тылын уонна литературатын кабинетыгар олус долгуйан уруоктары ыытарбыт. Бу кабинет иһигэр киирдэххэ, учууталбыт хайдах курдук ураннык уурбута, туппута, кини сылаас тыына өрүү илгийэр курдуга. Бэйэбит көмөлөһөн оҥорсубут араас тематическай паапкаларбыт, таблицаларбыт, альбомнарбыт олус күндүлэрэ. Учууталбытыттан үөрүйэх ылыммыппытынан кылааһы таһынан араас хабааннаах үлэни үөрэ-көтө, өрө көтөҕүллэн, астына тэрийэрбит. Екатерина Местникова, Сергей Васильев ааҕыыларын, Степан Гаврильевич Охлопков "Төлкө түстэниитэ" бастакы кинигэтинэн ааҕааччылар конференцияларын ыытарбыт. Оҕолорбутун айар үлэ умсулҕаныгар уһуйарбыт. Бу кэмнэргэ Суотту орто оскуолатын выпускниктара Ирина Романовна Ядрихинская, Саргылана Михайловна Пухова, Зинаида Николаевна Бочкарева, Екатерина Егоровна Ермолаева уонна мин саха тылын, литературатын, төрүт култуураны, Марфа Михайловна Охлопкова уруһуйу үөрэтэрбит. Бары биир ураты "оскуоланы" ааспыт дьон буоламмыт, олус иллээхтик, айымньылаахтык, көхтөөхтүк үлэлиирбит. Биһиги үөрэнээччилэрбититтэн үгүс оҕо эмиэ учуутал идэтин талбыта.
Биһиги үөрэнэрбит саҕана кинигэни, сурунаалы илиинэн суруйан, таҥан таһаарар этибит. Онтубут олус да күндү буолара. Онтон бэйэбит үлэлиир кэммитигэр компьютернай технология сайда быһыытыйбыт буолан, оччотооҕу информатика учууталлара Екатерина Дмитриевна Готовцева, Юрий Семенович Яковлев, лаборант Светлана Анастасьевна Окоемова көмөлөрүнэн кыра буклеттары, альбомнары, хаһыаттары бэчээттээн таһаарарбыт. Бу кэмҥэ уруккулуу "Сыккыс" диэн оҕолорбут айымньыларынан хомуурунньук таһаарбыппыт. Ууһуйааччыттан утум салҕанара диэн бу буоллаҕа, хаһан эрэ учууталбыт саҕан кэбиспит "сыккыһын уута" быстан хаалбакка уста турара кэрэтиэн.
Оскуолам коридорунан хаамтахпына, учууталларым барахсаттар чэпчэки-чэпчэкитик дугунан, сып-сырдык мичээр аргыстаах, сурунаал кыбыныылаах, бартыбыал тутуурдаах кабинеттарын диэки чуораан чугдаархай тыаһынан арыаллатан иһэллэрэ көстөргө дылы буолааччы. Бу оскуолабыт, сахабыт тылын уонна литературатын кабинета ураты эйгэлэринэн хас биирдиибитин үтүөҕэ-кэрэҕэ угуйа, ыраата сырыттахха кынаттаан эрдэхтэрэ. Бу барыта хаһааҥҥы эрэ оҕотук дууһабыт ыраас өйдөбүлэ хас биирдии выпускник сүрэҕэр иҥэн хааллаҕа.
Дьокуускай куоракка сахалыы тыллаах дьон-сэргэ уутуйан олохсуйбут Сайсары түөлбэтин 14 №-дээх орто оскуолатыгар үлэлиир кэмнэрбэр эмиэ эргийэн кэлэн С.С.Васильев-Борогонскай тематынан учууталларбын Раиса Реасовнаны, Татьяна Афанасьевнаны, С.С.Васильев – Борогонскай улахан кыыһа, чугас доҕорум Светлана Сергеевна Васильева-Донскаяны, народнай суруйааччы Рафаэль Дмитриевич Ермолаев-Баҕатаайыскайы тэрээһиннээх улахан көрсүһүүгэ ыҥыран, кинилэр тылларын-өстөрүн үөрэнээччилэрбэр, бииргэ үлэлиир коллегаларбар иһитиннэрэн турабын. Бу кэмнэргэ 14-с оскуолаҕа Суоттуттан сыдьааннаах элбэх киһи мин тус ыҥырыыбынан тэҥҥэ үлэлээн турардаахпыт; ол курдук Саргылана Ефремовна Маркова социальнай педагогунан, тэрийээччинэн, Илья Иванович Ксенофонтов учууталынан, тэрийээччинэн, Петр Егорович Неустроев АХЧ сүбэһитинэн, Светлана Иннокентьевна Павлова психологынан (күн бүгүҥҥэ диэри үлэлиир). Аны бу кэмҥэ кылаас салайааччылара Изабелла Ананьевна Сергеева, Елена Ивановна Данилова көмөлөрүнэн өрөспүүбүлүкэтээҕи "Васильевскай ааҕыыларга" куорат оскуолаларыттан бастакынан улахан дэлэгээссийэнэн кыттыбыппыт. Бу үлэбэр күүс-көмө буолбуттара оччотооҕу СГУ ФЯФК госпрактикаларын бара сылдьар устудьуоннарым Светлана Попова, Тускулаана Кобельянова (бу кыргыттар билигин өрөспүүбүлүкэҕэ биллэр араадьыйа уонна телевидение суруналыыстара, наар этэбин кинилэр суруналыыстыкаҕа кэлбэтэхтэрэ буоллар, олус үрдүк таһымнаах учуутал буолуохтара этэ диэн) о.д.а. 14-с оскуола оҕолоро уонна учууталлара Сергей Степанович Васильевы бастакынан омук тылынан саҥардыбыппыт. Алеша Посельскай диэн үөрэнээччибит Сергей Васильев ааҕыыларыгар өрөспүүбүлүкэҕэ уонна Арассыыйаҕа бастакынан Гран-При буолбуттаах. Алеша саха, нуучча, аангылыйа тылынан дакылаат оҥороро. “Васильевскай ааҕыылар” оройуон, улуус таһымыгар ыытыллар этилэр, Маныаха учууталларым, үгүстүк алтыспыт дьонум-сэргэм көрүүлэрэ, санаалара барыта киирбитэ. Маны таһынан "Улуу Ильмень" балладаны оҕолорум биэс омук тылынан аахпыттара, онуоха омук тылын уопуттаах бэтэрээн учууталларын көмөлөрө баһаам буоллаҕа, аангылыйа тылынан – Ия Григорьевна Сивцева, ньиэмэс тылынан – Римма Петровна Захарова, француз тылынан – Тамара Петровна Иваниченко. Бу биэс тылынан аахпыт айымньыбытынан араадьыйа-биэрии оҥоһуллан, Арассыыйатааҕы «Птенец» көрүүгэ бастыҥ духуобунай-патриотическай биэрии диэн номинация кэлбиттээҕэ.
Өссө 14-с оскуолаҕа үлэлиир кэммэр учууталым Татьяна Афанасьевна Гоголева көҕүлээһининэн "Сардаҥалаах сырдыгынан" диэн араадьыйа-уруок ыытар этим. Звукорежиссерум олус талааннаах киһи – Анна Николаевна Пудова. Бастакы уруокпун, биллэн турар, Сергей Васильевынан саҕалаабытым. Бу араадьыйа-уруокпар үөрэнээччилэрим Саша Антонов, Сардана Давыдова, Лира Рожина, Ян Васильев бастыҥ көмөлөһөөччүлэрим буолаллара. Оскуолатааҕы кэллиэгэлэрим, аҕа табаарыстарым Галина Гаврильевна Попова, Елена Константиновна Санникова эмиэ күүс-көмө, сүбэ-ама буолаллара.
Оттон учууталым Татьяна Афанасьевна Гоголева ыҥырыытынан "Хотугу сулус" Оҕо телерадиоакадемиятыгар үлэлии кэлиэхпиттэн араадьыйанан да, телевидениенан да Сергей Васильевка, "Улуу Ильмеҥҥэ" уонна учууталбар Раиса Реасовнаҕа, кини чугас дьонугар сыһыаннаах үгүс биэриилэри бэлэмнээтибит. Хас сырыы ахсын учууталбын саҥаттан арыйар курдукпун. Ол эрээри оччотооҕу, оҕо эрдэхпинэ истибит лыҥкынас, ып-ыраас куолаһым, өрүү истэн улааппыт инникигэ сирдиир үлүскэннээх санаам утаҕа өйбүттэн тахсыбат гына дууһабар иҥмиттэр. Санаабар оччотооҕу кэмҥэ, учууталым умсулҕаннаах уруогар тиийэн хаалабын. Дьэ, кырдьык да, оҕону эрэ, киһини эрэ угуттуур күүстээх санаа, дириҥ билии-көрүү, сатаан тылынан хоһуйбат кэрэ куолас барыта холбоммут киһитэ – Раиса Реасовна!
Бу кэнники сылларга учууталлаан бүтэн да бараммын, билии-көрүү аартыгын кимиэхэ эмэ арыйсыбыт киһи диэн санааттан, бэйэм кыра бөлөҕү дьарыктаабыттааҕым. Бу бөлөхпүн "Кустук-медиа" диэн ааттаабытым. Уһуйуллааччыларым Света Румянцева, Света Павлова, Ася Бурнашева, Наташа Лаптева, Алиса Васильева – бары Дьокуускай куорат 38 №-дээх оскуолатын үөрэнээччилэрэ. Бу кыргыттары кытта эмиэ "Улуу Ильмень" балладаны түөрт омук тылынан саҥардыбыппыт. Төрөппүттэрбит сүрдээҕин өйүүллэрэ. Аны С. Васильев "Эрчимэн Бэргэн" олоҥхотунан куукула тыйаатырынан синтез-испэктээк туруорбуппут. Маныаха Дьокуускайдааҕы Саха политехническай лицей, Национальнай гимназия, 38-с, 12-с нүөмэрдээх орто оскуолалар үөрэнээччилэрэ кыттыбыттара. Аны өссө омук тылынан олоҥхобутун саҥардыбыт киһи диэн баҕалаах этибит.
Бу иннинэ "Эрчимэн Бэргэн" олоҥхо телевизионнай варианын Дьокуускай куорат 38-с №-дээх оскуолатын 3-с кылааһын үөрэнээччилэрин кытта туруоран, төрөппүттэр өйөбүллэринэн (көстүүм, реквизит оҥороннор) эфиргэ таһаарбыппыт. Маныаха Нарыйа Семеновна Попова, Саргылана Борисовна Николаева, уопуттаах телевидение оператордара Илья Жараев, Александр Слепцов, эрэдээктэр Светлана Хрисанфовна Элякова көмөлөрө баһаам.
Хас да сыллааҕыта биир дойдулааҕым, Суотту орто оскуолатыгар бииргэ үлэлээбит кэллиэгэм Наталья Иннокентьевна Мордовская куорат оҕолорун олоҥхоҕо уһуйарын билэммин, киниэхэ бу аҕыйах сыл иһигэр С. Васильев бэчээккэ тахсыбыт олоҥхолорун телевизионнай варианын оҥоруохха диэн идея биэрэммин, талааннаах режиссер, мультипликатор Константин Тимофеевы кэпсэтэн, биэс олоҥхоттон турар диискэ тахсыбыта.
Мин бу суруйуум барыта ис-сүрэхтэн ытыктыыр учууталым Раиса Реасовнаҕа ананар, ол саарбахтаммат. Онтон ааҕааччы, баҕар, тоҕо наһаа элбэх атын дьон аата ааттанар диэн соһуйбутуҥ буолуо. Мин учууталым арыйан биэрбит аартыгынан айанныырбар олохпор үтүөкэн дьону, оҕолору көрсүбүтүм, кинилэр ааттара күндү киһим, учууталым, туһунан суруйуубар хайаан да киириэхтээхтэр дии саныыбын.
Бу сирдээҕи олохпор көрсүбүт Ытык киһим, таптыыр Учууталым Раиса Реасовна Кулаковская ийэ тылынан этэн хаалларбыт сомоҕо өйдөбүллэрэ, истиҥ иэйиитинэн саҕан биэрбит үтүө санаалара барыта дууһабар сүппэттик, харыстабыллаахтык уонна чиҥник иҥэн сылдьаллар. Биһиги кылааһы кини олус ураты истиҥник таптаан туран үөрэппитэ, такайбыта, олус элбэҕи иҥэрбитэ. Үлэһит дьон да буолбуппут кэннэ өрүү сураһар, кэпсэтэр этэ. Мин үлэлэһэр биэриилэрбин биири да көтүппэккэ болҕойон көрөрө, төлөпүөннээн санаатын үллэстэрэ. Өссө биир ураты сыһыаны бэлиэтиэхпин баҕарабын, Раиса Реасовна хаһан да бэйэтин санаатын соҥнообот буолара, ол кини учуутал быһыытынан биир ньымата буолуон сөп. Хайдах эрэ элбэх көҥүлү биэрэрэ дии саныыбын бу билигин. Оннооҕор уруогар биир халыып сорудаҕы хаһан да биэрбэтэ, өрүү талардаах, көҥүллээх буоларбыт. Эн хайаан да ону оҥоруохтааххын, эбэтэр хайаан да маннык этиэхтээххин диэбитин олох өйдөөбөппүн. Ытык учууталбыт Раиса Реасовна төрөппүттэрбитин сэргэ биһиэхэ төрөөбүт төрүт түөлбэбитигэр күүстээх тапталы, бэриниилээх буолууну, дойдунан киэн туттууну, сир ийэ анаан-минээн төрөппүт бэлиэ дьонун ытыгылааһыны уонна норуокка чугас, дьиэ кэргэҥҥэ төһүү буолууну уратытык иҥэрэн ииппитэ, үөрэппитэ.
Оҕуурдаан тутар оҕо саас барахсан олус түргэнник ааһар, бу билигин үйэ аҥаарыттан ордук саастаах киһи санаабар олох соторутааҕыта эрэ оҕо курдук этим. Сааһыран истэххэ оччотооҕу кэмнэр, оонньуур-сырсар оҕо сааспыт, ырыа-тойук аргыстаах оскуолаҕа үөрэммит кэммит, устудьуон саастарбыт олус да күндүлэр. Ону сэргэ үөрэппит, уһуйбут учууталларбыт, алтыһан ааһар дьоһун-мааны дьоммут, төрөппүттэрбит, бииргэ төрөөбүттэрбит олус күндүтүйэн, кэрэтийэн иһэллэр.