22.04.2023 | 16:00

Искусство этигэн тылынан

Муус устар 15 күнүттэн Марфа уонна Сергей Расторгуевтар ааттарынан Саха сирин судаарыстыбаннай циркэтигэр «Земля мамонта» этно-шоу буола турар. Төрөөбүт дойдубут хатыламмат кэрэтин киэн тутта кэпсиир, барҕа баайын сиэдэрэйдик көрдөрөр туруоруу дьон-сэргэ биһирэбилин ылыан ылла.
Искусство этигэн тылынан
Ааптар: Айыына КСЕНОФОНТОВА
Бөлөххө киир

Циркэ бу шоуга сыл кэриҥэ бэлэмнэммит, онуоха анаан 200-тэн тахса көстүүм тигиллибит. Сүдү бырайыак олоххо киирэригэр бэйэбит талба талааннаахтарбытын сэргэ аан дойду таһымнаах маастардар үлэлээбиттэрин бэлиэтиир тоҕоостоох. Ол курдук, этно-шоу күн сирин көрөрүгэр уран тарбахтаах Москва худуоһунньуктара, бутафордара үлэлэстилэр. Режиссердар халыҥ хамаандаларыгар Москваттан ыҥырыллыбыт «Росгосцирк» сүрүн режиссера Елена Петрикова уонна хореограф-режиссер Наталия Новичкова бааллар.

Тыас-уус, уот-күөс мааны. Көстүүмнэр сиэдэрэйдэр, реквизиттэр чаҕылхайдар.  Акробаттар, эквилибристэр, салгын гимнастара, ханаатынан хаамааччылар, жонглердар, балет артыыстара, клоуннар, дрессировщиктар аан дойдуга ирбэт тоҥ үрдүгэр турар соҕотох циркэбит таһымнааҕын, кэскиллээҕин бигэргэттилэр. Эчи, имигэстэрэ, сымсалара! Сиртэн тэйэн, чахчы, күҥҥэ тиийэ күөрэйиэх, ыйга диэри ыстаныах, кынаттанан көтүөх да курдуктар. Төрүт хамсаныыларбыт, норуот үтүө үгэстэрэ бэркэ киирбиттэр. Нүөмэрдэр, трюктар ымпыгар-чымпыгар диэри чочуллубуттар. Манна даҕатан эттэххэ, «Летающие мачты» – Арассыыйаҕа ханна да суох ураты нүөмэр.

Көрөөччүлэр кыралыын-улаханныын биир кэм сөҕө-махтайа, саҥа аллайа, өрө эккирии олордулар. Оттон аренаҕа алмаас таастыы күлүмүрдүүр талааннаах артыыстарбыт ытыс дохсун тыаһыгар сууланнылар.


Баҕа санаабыт – аныгылыы тупсаҕай арена

Елена Петрикова, режиссер, Арассыыйа үтүөлээх артыыһа, Удмуртия норуодунай артыыһа:

– Биһиги Наталия Новичковалыын этническэй бырайыактарга үлэлиибит. Бу шоуну бэлэмниирбитигэр Саха сирин туһунан элбэҕи биллибит-көрдүбүт. Олоҥхону сэргээн аахтыбыт. Саха сирин историятыттан саамай сүөгэйин-сүмэтин киллэрэ, норуот үтүө үгэстэрэ, уратыта арҕааҥҥы көрөөччүгэ уонна, биллэн турар, Саха сирин дьонугар-сэргэтигэр кэрэхсэбиллээх буоларын курдук туруора сатаатыбыт. Барыта табылынна ини диэн эрэнэбит.

 

Сергей Расторгуев, Саха циркэтин дириэктэрэ, уус-уран салайааччыта, Арассыыйа уонна СӨ үтүөлээх артыыһа:

– Бу бырайыакпытынан өрөспүүбүлүкэ таһыгар тахсар былааннаахпыт. Ол курдук, күһүн Орто Азия дойдуларынан айанныахпыт. Ону таһынан, Испанияҕа, Астанаҕа Норуоттар икки ардыларынааҕы бэстибээллэргэ ыҥырыллан олоробут. Биһиги циркэбит өйөбүл ылан, ситэ тутуллуон наада. Аан дойду таһымнаах бөдөҥ кэлэктииптэр кэлэллэригэр дьиэбит хоруйдаспат.  Онон аныгылыы тупсаҕай арена тутуллара буоллар диэн баҕа санаалаахпыт. Оччоҕуна эргэ манежпытыгар дьарыктар ыытыллар буолуохтара этэ.

Сергей Васильевич иһитиннэрбитинэн, бырайыак бүддьүөтэ 10 мөл. солк. тэҥнэспит. Циркэ бу бырагырааматынан ыраах айаҥҥа турунуохтаах. Айар кэлэктиип барҕа быйаҥнаах Саха сирин туһунан киэн тутта кэпсиир туруорууну аан дойду хайа баҕарар муннугар сонургуу, сэргии көрүөхтэрэ диэн бүк эрэнэр.

Доҕордоһуу түһүлгэтэ

Бу күннэргэ Саха циркэтэ доҕордоһуу түһүлгэтигэр кубулуйда. Премьераны Казахстан, Таджикистан, Кыргызстан, ону сэргэ Владивосток судаарыстыбаннай циркэлэрин салайааччылара кэлэн көрдүлэр. Ыҥырыылаах ыалдьыттар саҥа шоуну, артыыстары хайҕаан, үрдүктүк сыаналаан бардылар.

Ерик Жолжаксынов, Казахстан Өрөспүүбүлүкэтин үтүөлээх артыыһа, Астана куорат циркэтин генеральнай дириэктэрэ:

– Сергей Васильевичтыын 2014 сылтан доҕордоһобут. Кини Казахстаҥҥа күүтүүлээх ыалдьыт, Норуоттар икки ардыларынааҕы «Эхо Азии» циркэ бэстибээлигэр өрүү дьүүллүүр сүбэ чилиэнинэн үлэлиир. Бу сыл аайы ыытыллар бэстибээлгэ планета бастыҥ артыыстара кыттарга дьулуһаллар.

Аан дойдуга туох буола турарын билэбит. Ол да буоллар култуура сайдар, үүнэр. Циркэ – бүтэр уһуга биллибэт ураты искусство.

Циркэ аренатыгар Сахабыт сирин баай историятын, төрүт култуурабытын, аар айылҕабытын, төрөөбүт дойдубут кистэлэҥнээх кэрэтин киһи хайдах да көрдөрүөн сатаммат курдук. Ол эрээри, доҕоттор, искусство этигэн тылынан тугу баҕарар кэпсиэххэ сөп эбит! Ону бу «Земля мамонта» этно-шоу итэҕэттэ! Сонун көстүү, атын таһым!

Сүүстэ истибиттээҕэр биирдэ көрбүт ордук. Циркэҕэ сылдьыҥ, ыалдьыттааҥ!

 

Саха сирин судаарыстыбаннай циркэтин хаартыскалара

 

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

Ферум хорсун сырыыларын кэнчээри ыччата умнуо суоҕа
Дьон | 24.10.2024 | 18:00
Ферум хорсун сырыыларын кэнчээри ыччата умнуо суоҕа
2022 сыл алтынньы 19 күнүгэр Ферум Аммосов анал байыаннай дьайыыга эн биһиги туспутугар, дойдутун туһугар сулууспалыы сылдьан олоҕун толук уурбута. Сырҕан бааһы таарыйан, бииргэ төрөөбүт балтын, ону тэҥэ бойобуой доҕорун ахтыыларын чугас дьонугар, ийэтигэр, аймахтарыгар таһаарабыт. Ол ыарахан кэмнэри санаппыппар, бука диэн, алы гыныҥ дуу...   – Саргылаана, бииргэ төрөөбүт хаһыа...
Биэнсийэ туһунан тугу билиэххэ?
Тускар туһан | 17.10.2024 | 12:00
Биэнсийэ туһунан тугу билиэххэ?
Судаарыстыба социальнай өттүнэн көмүскэлэ суох нэһилиэнньэҕэ араас суол чэпчэтиилэри көрөр. Оттон ону бары билэбит, бырааппытын толору туһанабыт дуо?  Мантан аллара биэнсийэ уонна онно сыһыаннаах уларыйыылар, чэпчэтиилэр тустарынан санатыһан, быһаарсан ааһыаҕыҥ.   Үлэлиир уонна үлэлээбэт киһи биэнсийэтэ Биэнсийэ күннээҕи наадыйыыны толуйбатын быһыытынан, сынньалаҥҥа тахсан да баран салгыы үлэлии хаалааччы үгүс. Оччотугар кинилэр,...
«Таҥаһы кытта кэпсэтэр» Варвара
Дьон | 25.10.2024 | 14:30
«Таҥаһы кытта кэпсэтэр» Варвара
Бүгүн мин ааҕааччыларбар билиһиннэриэм этэ Саха сирин уус-уран ойууга-дьүһүҥҥэ мусуойун научнай-сырдатар үлэҕэ методиһа, СӨ култууратын туйгуна Заровняева Варвара Ильинична-Күндүүлэни.   —  Варвара, иис абылаҥар ылларыыҥ, иннэни, сабы хас сааскыттан туппутуҥ туһунан кэпсиэҥ дуо? — Оҕо сааспыттан иис-уус эйгэтигэр улааппытым. Ийэм, Саха Өрөспүүбүлүкэтин норуотун маастара Заровняева Варвара Гаврильевна өттүнэн эбээм, Бүлүү Баппаҕаайытыттан...
Дьадаҥыгын дуу, баайгын дуу?
Сонуннар | 18.10.2024 | 14:00
Дьадаҥыгын дуу, баайгын дуу?
Арассыыйа олохтоохторо киһи ыйы холкутук туорууругар төһө харчы наада буолар сууматын ыйбыттар. Онуоха анаан ыйытык ыытан чинчийии оҥорбуттарын бу соторутааҕыта социальнай ситимнэргэ бэчээттээтилэр. Оттон биһиги өрөспүүбүлүкэбитигэр ыйбытын  төһө хамнастаах, харчылаах киһи аччыктаабакка туоруон сөбүн, дьоллоохтук олорорго төһө суума наадатын аҕыйах киһиттэн ыйыталастыбыт.   Киэҥ Арассыыйа олохтоохторо, үлэһит киһи ыйга 43 тыһыынчаттан...