Исидор Барахов төрөөбүтэ 125 сыла бэлиэтэннэ
Олунньу 12 күнүгэр, Дьокуускайга өрөспүүбүлүкэни төрүттэспиттэртэн биирдэстэрэ, Саха сирин социальнай-экономическэй сайдыытыгар сүдү кылаатын киллэрбит политическай уонна судаарыстыбаннай деятель Исидор Никифорович Барахов төрөөбүтэ 125 сылынан пааматынньыгар сибэкки дьөрбөтө уурулунна диэн СӨ Баһылыгын уонна Бырабыыталыстыбатын пресс-сулууспата иһитиннэрдэ.
Исидор Барахов Максим Аммосовы, Платон Ойуунускайы сэргэ Саха АССР төрүттэспитэ.
«Кылгас, ол эрэн чаҕылхай олоҕун Исидор Никифорович төрөөбүт өрөспүүбүлүкэтигэр сулууспалааһыҥҥа уонна биир дойдулаахтарын интириэстэрин туруулаһыыга анаабыта. Хорсун санаа, политическай дьулуур, норуоттарын дьылҕатын туһугар эппиэтинэс – өрөспүүбүлүкэни төрүттээччилэр ураты бэлиэлэрэ», - диэтэ Ил Дархан Айсен Николаев. Үгүс мөккүөр, туруулаһыы көмөтүнэн Саха сирэ автономнай статустаммыта.
Араас сылларга Исидор Барахов судаарыстыбаны салайыыга саамай эппиэтинэстээх дуоһунастарга үлэлээбитэ: 1922-1924 сылларга – Саха АССР Совнаркомун бэрэссэдээтэлэ, 1926-1928 сылларга – ВКП(б) обкомун маҥнайгы сэкирэтээрэ, 1933-1938 сылларга – ЦК ВКП(б) Илин Сибиирдээҕи уонна Уһук Илиҥҥи тыа хаһаайыстыбатын салаатын сэбиэдиссэйэ.
И.Н. Барахов төрөөбүтэ 125 сылын чэрчитинэн кэккэ тэрээһиннэри ыытыы былааннанар. Кини төрөөбүт Үөһээ Бүлүү улууһун Харбалаах нэһилиэгэр саҥа Култуура киинэ арыллыаҕа, онно Исидор Барахов аатынан Өрөспүүбүлүкэ судаарыстыбаннай музейа баар буолуоҕа.
Үбүлүөйдээх даатаны көрсө «Молодая Гвардия» кинигэ кыһатыгар (Москва), «Уһулуччулаах дьон олохторо» серияҕа, Алексей Амбросьев – Сиэн Мунду «Исидор Барахов» документальнай кинигэтэ күн сирин көрдө. Итини сэргэ Дьокуускай уонна Москва куораттарга уопсастыбаннас үөрүүлээх мунньахтара ыытыллыахтара.