Ирдэбил, кыах, иитии... //Олоххо туйгун буолуохха сөп дуо?
Кинилэр туохха барытыгар туйгун, уһулуччу, кыайыылаах буола сатыыллар. Үөрэхтэригэр, үлэлэригэр, дьиэ кэргэннэригэр. Оттон дьоллоохтор дуо?
Бүгүҥҥү нүөмэргэ “Синдром отличника” туһунан кэпсэтиэхпитин баҕарабыт. Онуоха үс киһи олоҕун холобурдуохха. Биллэн турар, ааттарын уларыттыбыт. Кинилэр мэтириэттэрин, ураты уйулҕаларын, олохторун укулаатын Өрөспүүбүлүкэтээҕи лицей-интэринээт педагог психолога Айина Гаврильевна Филиппова ырытарыгар көрдөстүбүт.
“Иэс” дуу, “ыарыы” дуу?
Лена оскуолаҕа туйгуннук үөрэммитэ. Художественнай, музыкальнай оскуоланы эмиэ кырылас “биэһинэн” түмүктээбитэ, хас да куонкуруска миэстэлэспитэ. Оччолорго оҕо барыта хайаан да пианиноҕа оонньуохтааҕын курдуга...
Биир да олимпиада кинитэ суох ыытыллыбата. Предмеккэ барытыгар бастыҥ буолан, хас эмэ нэдиэлэни быһа улуус киинигэр сытара. Кыайыылаах, призер аатын ылан, грамота, бириис тутуурдаах дьиэтигэр төннөрө. Оскуола, дьиэ кэргэн киэн туттуута кини этэ. Кылааһын оҕолоро, учууталлара Ленаны улахан хотун буолуо дии саныыллара. Кыыстан элбэҕи эрэйэ күүтэллэрэ.
Кыыс киһиэхэ барытыгар “иэстээх” курдуга: төрөппүттэригэр, учууталларыгар, оскуолатыгар, нэһилиэгэр. Мэлдьи туйгун буола сатыыра, эрэллэрин толоро сатыыра.
Эмиэ ийэтин сүбэтинэн учуутал үөрэҕэр туттарсыбыта. Дьиҥэр, быраас буолар ыралааҕа... Ол эрээри ийэтин баҕа санаатын “биэскэ” толорбута.
Билигин биир да уруогу биэрбэтэх учуутал аатын сүгэ сылдьар. Үрдүк үөрэхтээх учуутал онно-манна үлэлээн көрбүтэ да (оскуолаҕа эрэ буолбатах), баччааҥҥа диэри бэйэтин суолун булуна илик.
Кини этэринэн, “үһүнэн” үнүөхтээбит бииргэ үөрэммит оҕолоро быдан ситиһиилээхтэр. Чыын-хаан, аат-суол. Тыый, сорохтор туспа бизнестээхтэр, бөдөҥ тэрилтэ салайааччылара. Суох, кини кимиэхэ да ымсыырбат, хом санаабат. Арай өрүү туйгун буола сатыыр “ыарыы” олохпор мэһэйдээтэ диэн билинэр.
Психолог санаата:
– Биһиги оскуолабытыгар “синдром отличника”, “одаренный”, “перфекционист” курдук халыып (шаблон) тыллары туттубаппыт. Оҕону кытта үлэлиирбитигэр кини майгытын, олоҕун хаамыытын, бэрээдэгин, ситиһиитин төрүөтүн араас өттүттэн көрө сатыыбыт. Манна оҕо физиологията, төрүөҕүттэн бэриллибит кыаҕа, кинини тулалыыр эйгэтэ уонна иитии сабыдыала сүрүн оруолу ылалларын учуоттуубут.
Киһи олоҕор миэстэтин булбата бэйэтин кыаҕын билбэтиттэн буолар дии саныыбын. Кыаҕар сөп түбэспэт улахан ирдэбиллэриттэн эбэтэр бэйэтин сэнэнэриттэн, кыаҕар итэҕэйбэтиттэн. Хас биирдии киһи уратыта кини төрүөҕүттэн бэриллибит кыаҕар уонна иитии сабыдыалыгар сытар. Сорох киһиэхэ, кини кыаҕар күрэхтэһии, кыайыы, бастыҥ буола сатааһын, дьону салайыы, саҥаны куттаммакка боруобалааһын (риск) сөп түбэһэр. Итинник тургутуулары уйар кыахтаах, хотторортон куттаммат, бэйэтэ көрдөөн туран куоталаһа сатыыр, саҥаны боруобалыыртан куттаммат – бу кини сайдар суолун биир төрүөтэ. Сорох киһи уйбат, санаата кыайбат, күүһэ тиийбэт, ыарахаттары көрсөр. Ол кини төрүөҕүттэн бэриллибит ураты кыаҕыттан тутулуктаах. Дьиэ кэргэҥҥэ иитии улахан суолталаах. Киһи оҕо эрдэҕиттэн кыайары, хотторору сатаан аһарына үөрэниэхтээх. Сыыһар, хотторор, алҕаһыыр олоххо сайдыы суолун биир өрүтэ диэн өйдөбүл баар буолуохтаах.
Бу Лена олоҕун хаамыытын ырытан көрдөххө, биричиинэтэ эмиэ майгынныыр курдук. Бэйэтигэр эрэммэт буолан, “сыыһа-халты хамсаныыны оҥоруом, кыайыам суоҕа, дьон туох диэй” диэн санааттан бэйэтин баҕатыттан аккаастаммыт. Дьон сүбэтигэр, ыйыытыгар-кэрдиитигэр, сыанабыл биэрэригэр үөрэнэн хаалан, онно наадыйан ускул-тэскил сылдьан хаалбыт буолуон эмиэ сөп. Бэйэтигэр олус ирдэбиллээх буолан, баҕарар дьарыгар ылсыан да куттаныа, ол кэриэтэ чугаһаабакка да хаалыа. Лена сүрдээх толоругас, таба тайаммыт эйгэтигэр үрдүк таһымнаах үлэһит буолуон сөп. Ол эрэн бэйэтэ айан-тутан үлэлииртэн, дьону салайартан куттанар буолуохтаах. Дьон тылыгар олус улахан болҕомто уурарыттан олоҕор мэһэйдэри көрсөр.
Киһи олоҕор бэйэтин баҕатын таба тайанарыгар быһаарыныы ылынартан куттаммат буолуохтаах. Ол ыарахан. Төрөппүттэр этиилэринэн сылдьа үөрэнэн хаалан, олус истигэн майгылаах оҕолор улахан мэһэйдэри көрсөллөр. Сорох киһиэхэ оннук чэпчэки курдук. Үрдүкү кылаас оҕолоро эппиэтинэстэрэ үрдүүрүттэн сороҕор куттаналлар, долгуйаллар. Оҕолор ыгылыйан-ыксаан ылар түгэннэрэ баар. Ол эмиэ киһититтэн. Сорох оҕо аахайбат. Бэйэ быһаарыныытын иһин эппиэтинэс ылыы кимиэхэ эрэ кыаллыбат.
Өссө биир биричиинэнэн Лена чопчу биир дьоҕурун таба тайанан сайыннарбакка, элбэххэ аралдьыйан ыһыллан хаалыыта буолуон сөп. Барытын сатыыр, элбэххэ дьоҕурдаах курдук санааттан бириэмэтигэр интэриэһин, сайдар суолун чопчулаабатаҕа мэһэйдиэн сөп. Сорох киһиэхэ күүстээх өрүтүн таба тайанарыгар көмө, сүбэ наада. Төрөппүттэр амбициялара, баҕа санааларын соҥнооһуннара эмиэ биричиинэ буолуон сөп. Истигэн оҕо сыыһы-халты хамсаныылары оҥоруон сөп.
Эрэл уонна холобур
Аня кыра эрдэҕиттэн туйгуннук үөрэммитэ. Ыал улахан оҕото, ийэ, аҕа эрэлэ этэ. Төрөппүттэрэ кыра эрдэҕиттэн балыстаргар холобур буолуохтааххын диэн этиини соҥноон улаатыннарбыттара. Үчүгэйдик үөрэн, үлэһит буол, оҕолоргун (бииргэ төрөөбүттэрэ) атахтарыгар туралларыгар көмөлөһүөхтээххин дииллэрэ. Кырдьык, Аня университеты туйгуннук бүтэрбитэ, үлэһит үтүөтэ буолбута. Балтыларыгар баарынан-суоҕунан көмөлөспүтэ. Эдьиий аатын хаһан да түһэн биэрбэтэҕэ.
Билигин туйгун аат-суол бөҕөтө. Ол эрээри баччааҥҥа диэри сулумах. Бэйэтин курдук, туохха барытыгар туйгун ханыы көстүбэтэҕэ.
Психолог санаата:
– Киһи барыта уопсастыбаҕа олохтоммут халыыбынан олоруохтаах диэн буолбатах. Ол сулумах сылдьыыта бэйэтин быһаарыныыта эмиэ буолуон сөп. Сорох дьон олохторугар приоритеттара айыы-тутуу, үлэ, дьыала тэрийии, үөрэнии буолар. Киһи олоҕор тугу инники туруорарын бэйэтэ быһаарар.Элбэх бириэмэ онно баранан хаалан, тус олоххо болҕомто уурбакка сылдьан хаалыы баар суол. Аня олоҕун суолун ырытан көрдөххө, олоҕор сыал-сорук туруордаҕына ситиһэр кыахтаах, күүстээх киһиэхэ майгынныыр.
Мин санаабар, олоххо сыыһа-халты хамсаныылар тахсыбаттарын, инникитин кэмсиммэт туһугар улаатан эрэр оҕону кытта инники олоҕун хайдах көрөрүн туһунан элбэхтэ кэпсэтэр, ырытар наада. Оонньуу кэриэтэ да буолуон сөп. Төрөппүт бэйэтин баҕатын соҥноон буолбакка, араас интэриэһинэй дьон олохторун ааҕан, ырытан кэпсэтэр ордук. Билигин оннук кинигэ олус элбэх. Оччоҕо оҕо олоххо араас вариант баарын, болҕомтону ордук туохха ууруон сөбүн эрдэттэн быһа холоон былаанныы үөрэнэр. Олоххо бэлэм буолар. Бу төрөппүттэргэ оҕолорун кытта кэпсэтэллэригэр биир туһалаах тиэмэ дии саныыбын. Үрдүкү кылаас оҕолоро маннык тиэмэҕэ сэһэргэһиини олус сэргээччилэр.
Аняны “отличник синдромнаах” диир эбит буоллахпытына, биричиинэтэ туохханый? Мин санаабар, дьоҥҥо олус үрдүк ирдэбиллэри туруорууттан эмиэ буолуон сөп. Маннык дьон бэйэлэригэр эрэ буолбакка, атын дьоҥҥо эмиэ үрдүк ирдэбили туруораллар. Киһи бэйэтин кытта үлэлээтэҕинэ, олоҕун уларытыан, дьоҥҥо сыһыана тупсуон сөп. Аня бэйэтэ ыал буолар наадатын өйдөөтөҕүнэ, бэйэтэ баҕардаҕына сыалын ситиһэр кыахтаах киһи. Онон кинини олоҕор табыллыбатах киһи диир сыыһа.
Үрдүкү үктэлтэн төкүнүйүөххэ сөп...
Коля эмиэ үөрэҕэр чаҕылхай этэ. Ханнык да ыарахан предмети таһаҕас оҥостубата. Учуутал барыта кинини хайгыыра, холобур оҥосторо. Эмиэ олимпиада, турнир, чемпионат үрдүкү үктэллэриттэн түспэтэ. Коля барытыгар бастыҥ, киниттэн ордук суох курдуга. Чиэһинэйдик эттэххэ, сулус “ыарыытыгар” ыалдьыбыта, кэнникинэн киһиргиирэ элбээбитэ.
Оскуола кэнниттэн үс үрдүк үөрэх кыһатыгар туттарсыбыта. Баала үрдүк буолан, барытыгар киирбитэ. “Пахай, манна үөрэниэм дуо? Москваны талабын”, – диэбитэ.
Дойду тэбэр сүрэҕэ кинини хаҕыстык көрсүбүтэ. Ким да кинини онно ытыс үрдүгэр түһэрбэтэҕэ. Манна бастыҥ сылдьыбыт уол, онно орто суокка сылдьыбыта. Ону туйгун уол тулуйбатаҕа. Саатар бэйэтэ да туран-олорон быстыбакка, утуйан, хойутаан, үөрэҕин көтүтэрэ үксээбитэ. “Ситиһиэм, ээ, чэпчэки” дии санаабыта. Ким да кинини сыспатаҕа-соспотоҕо. Бастакы семестр кэннэ үүрүллүбүтэ.
Дьокуускайга кэлэн баран биир сыл дьонугар иитиллибитэ. Нөҥүө сайыныгар атын үөрэххэ киирбитэ. Онно да уһуннук үөрэммэтэҕэ. Эмиэ бырахпыта. Үһүс үөрэҕин “миэнэ буолбатах” диэн быһа бааччы быһаарбыта. Билигин төрдүс үөрэҕэр үһүс сылын үөрэнэр.
Бэйэтэ этэринэн, үөрэҕи чэпчэкитик ылынар, предмеккэ барытыгар “туйгун” буолар куһаҕан эбит. Ханнык хайысхаҕа барыахтааххын кыайан быһаарбаккын. Булкуллаҕын-тэккиллэҕин. Бэйэҥ суолгун өр көрдөнөҕүн. Онтон эрэйдэнэҕин.
Манна даҕатан эттэххэ, Коляны, баҕар, бэрээдэгэ мөлтөх буолуо дии саныаххыт. Суох, оннук буолбатах. Күүлэй оннугар көмпүүтэр иннигэр олорору ордоруо. Аһыы утаҕы ахсарбат. Оччо элбэх доҕоро да суох.
Психолог санаата:
– Үөһээ этиллибитин курдук, оҕо оскуолатыгар үгүс предмеккэ кыахтаах буоллаҕына, идэтин таларыгар ыарахаттары көрсөрө баар суол. Кини олоҕор табыллыытыгар үөрэҕэр уһулуччу кыахтааҕа сүрүн оруолу оонньообот. Маннык түгэҥҥэ эмиэ болҕомтону киһи төрүөҕүттэн тус ураты кыаҕар, тулалыыр эйгэтигэр уонна иитиигэ уурар наада.
Коля түбэлтэтигэр биир сүрүн биричиинэ – сатаан бэйэтин салайына (саморегуляция) үөрэммэтэҕэ. Кини кыра да ноҕуруусканы, тургутууну, уһун бириэмэҕэ күүстээх өй үлэтин, кытаанах усулуобуйаны сатаан тулуйбата көстөр. Бу төрүөҕүттэн бэриллибит уратыта буолар, ол эрэн иитии көмөтүнэн оҕо эрдэҕиттэн эрчиллэн, көннөрүнэн, сааһыланан олоххо бэлэмнэниэхтээх этэ. Бу иитии өттүттэн сыыһалар түмүктэрэ буолар. Төрөппүт, учуутал этиитинэн бэлэмҥэ чэпчэкитик сылдьа үөрэммит, улахан ноҕуруускаҕа үөрэммэтэх, бэйэтин сатаан салайына, быһаарына үөрэммэтэх оҕо олоҕор ыарахаттары көрсөр. Стрессовай ситуацияҕа киирдэҕинэ, Коля курдук дьон ыһыллар, ыгылыйар, өсөһөр аакка бараллар, дьону уонна ситуацияны бэйэлэригэр утары туруораллар.
Лена дьону кытта сатаан алтыһар, тулуурдаах, истигэн, бэрээдэктээх буолан, бэркэ үөрэнэн идэтин баһылаабыта ырааппыт буолуо этэ. Аня түргэнник адаптацияны ааһан, күүстээх, үлэһит, бэйэтин сатаан салайынар кыахтаах буолан, сүрүн сыалын ситиһэр туһугар, баҕар, үөрэҕин төһө да сөбүлээбэтэр, бэйэтигэр сөптөөх суолу тобулан балаһыанньаттан кыайыылаах тахсыа этэ.
Төрөппүт уонна учуутал бииргэ үлэлээн, үөрэнээччи күүстээх уонна мөкү өрүттэрин бириэмэтигэр таба бэлиэтии көрөн, иитии уонна сайыннарыы үлэтин сөпкө дьаһанан ыыттахтарына, улаатан эрэр оҕоҕо олус улахан көмөнү оҥоруохтарын сөп. Оҕо бэйэтин күүстээх уонна кыаммат өрүттэрин билэ улаатыахтаах дии саныыбын.