17.10.2021 | 18:00

Ипподром дьылҕата хайдах буолуой?

Ааптар: Айыына ДОНСКАЯ
Бөлөххө киир

Дириҥ историялаах, уруккута өрөспүүбүлүкэ ипподрома 1935 сыллаахха тэриллибитэ. 90-с сылларга Тыа хаһаайыстыбатын академиятыгар бэриллибит. 2017 сыллаахха ахсынньы 27 күнүгэр ипподромҥа федеральнай статус иҥэриллибит.

Историяттан кылгастык кэпсээтэххэ, Саха сиригэр өссө 1932 сыллаахха ипподрому оҥорор былаан баар буолбут. 1934 сыл сааһыгар сир наркома Семен Аржаков ипподром билигин турар сиригэр тиийэн, ол саҕана хонуу эрдэҕинэ, талбыттар. 1935 сыллаахха күрүөлээннэр бастакы ат сүүрүүлэрэ ыытыллар буолбуттар. 1938 сыллаахха сүүрүк Орловскай рысак боруода аттары аҕалбыттар, бастакы ититиитэ суох хапытаалынай көньүүһүнэлэри туппуттар. Ити көньүүһүнэлэр 1998 сылга диэри турбуттар, сүүнэ улахан бэрэбинэлэринэн тутуллубуттар үһү.

Ат сүүрүүтэ оннооҕор Аҕа дойду Улуу сэриитин сылларыгар тохтооботох, 80-с сылларга уонна уларыта тутуу саҕаламмытыгар кылгас кэмҥэ тохтуу сылдьыбыт. 1998 сыллаахха ипподром үлэтин тохтотор туһунан боппуруос турбут. Ол саҕанааҕы Тыа хаһаайыстыбатын академиятын ректора Леонид Владимиров көмүскээн, ити билигин турар  көньүүһүнэлэри, трибуналары туттарбыт, ипподрому саҥардан оҥорторбут. Сир федеральнай бас билиигэ бэриллибит. 1998 сылтан ат спордун Федерациятын бэрэсидьиэнинэн Айсен Сергеевич Николаев, бастакы вице-бэрэсидьиэнинэн Леонид Николаевич Владимиров буолбуттар. Дьэ, ол кэннэ сайдыы тэтимирэн, кыраныысса таһыттан ыраас хааннаах боруода сүүрүк сылгылары аҕалбыттар.

Сир-халлаан икки ардыгар хааллыбыт

Үлэһиттэр этэллэринэн, билигин АГАТУ диэн ааттаммыт тэрилтэ салалтата уларыйыаҕыттан олох атын хартыына буолбутун, боруода сүүрүк сылгылар оттуллубат, ититиитэ, уота суох көньүүһүнэҕэ, аһыыр-аһаабат икки ардынан туралларын туһунан хаһыаппыт ааспыт нүөмэригэр суруйбуппут. Салгыытын таһаараары ыйыталаспытым, хартыына маннык буолла.

Татьяна Копылова, ат спордун Федерациятын толорооччу дириэктэрэ, КСК завхоһа:

— Уоту уонна сылааһы 5 отсекка (онно АГАТУ сылгылара тураллар) уонна олорор сиргэ эрэ биэрдилэр. Олорор сиргэ таҥас уларыттар хостор, вахта бааллар уонна билигин мин олорор хоһум баар. Атын отсектар сылгылара син биир тымныыга, хараҥаҕа тураллар. Ити барыта прокуратура орооһон Кривошапкин холботто. Ол эрэн ити холбонуу алтынньы 15 күнүгэр диэри эрэ болдьохтоох. Ити кэннэ АГАТУ алта сүүрүк ата атыыга барара буолуо дии саныыбын. Оттон улуустар уонна биирдиилээн дьон сүүрүктэрэ чэппиэргэ, алтынньы 14 күнүгэр диэри, тахсыахтаахтар. Тус бэйэм туһунан этэр буоллахпына, туох да биллибэт. Уурайаҕын да, хаалаҕын да диэбэттэр, туох да уведомление суругу тута иликпин. Ол иһин дьылҕам быһаарыллыар диэри үлэлиир сирбэр син биир баар буолабын. Бэрэбиэркэ саҕаламмытыгар (билигин да ыытылла турар) сылгылары түргэнник аһатарга үс куул эбиэс уонна аҕыйах опилка биэрбиттэрэ, мас көөбүлэ балтараа денниккэ эрэ тиийбитэ (денник – биир сылгы турар сирэ), оту бэйэҥ көрдөн диэбиттэрэ. Ол эрэн от атыылаһарым сатаммакка  сылдьар, тоҕо диэтэххэ чааһынай дьон оттууллар, кинилэртэн ыларым табыллыбыт төрүөтэ – кинилэри кытта дуогабардаһар кыаҕым суох. АГАТУ счету уонна дуогабары ирдиир. Хас да киһиттэн ыйыталаһа сатаатым даҕаны, кимиэхэ да ити докумуоннара суох. Эбиэһи өссө биэриэхпит диэбиттэрин күүтэбин. Сылгыларбыт лептоспироз ыарыытын утары быһыыны ылан баран тураллар. Иммунизация болдьоҕо кырата икки нэдиэлэ диэн. Ол аастаҕына биирдэ ветеринарнай сулууспа тахсарбытыгар көҥүлү биэрэр. Оруобуна алтынньы 14 күнүгэр харантыыммыт болдьоҕо бүтэр.

Андрей Неустроев, Үөһээ Бүлүү улууһун ат сүүрүүтүгэр Федерациятын бэрэссэдээтэлэ:

— Харантыыммыт бүттэ да тахсаҕыт диэн буолла. Биһиги сүүрүктэрбитин Хаҥалас улууһун Нөмүгүтүгэр илдьэбит, мин дойдубар. Үлэһиттэрбит хайдах буолаллара биллибэт, куоракка олороллор. Билиҥҥитэ биир үлэһиттэнэбит быһыылаах. Бэйэбит көрөрбүт буолуо. Тренербит, баҕар, кыһын ортото кэлиэҕэ, билиҥҥи туругунан туох да биллибэт. Атын сүүрүк аттардаах улуустар ханна баралларын чуолкай билбэппин. Син биир ханна эрэ бара сатыыллара буолаахтыа. Урут эрдэттэн былааннаах үлэлээччибит. Билигин аттарбыт дьарыктамматтар. Эһиилги сылга хайдах буоларбыт, халаандарынан былааммыт, ханна сүүрүү буолара биллибэт. Урут эрдэттэн биллэр этэ, ыам ыйын 9 күнүгэр – Кыайыы күнүгэр сүүрүү хайаан даҕаны манна, ипподромҥа, буолааччы. Ыам ыйыгар буолар сүүрүүлэр бары ипподромҥа ыытыллаллар этэ. Онтон сүүмэрдиир уонна Ил Дархан бирииһигэр сүүрүүлэр Үс Хатыҥҥа буолааччылар. Пандемия кэмигэр дьарык эрэ курдук манна сүүрдэ сылдьыбыппыт. Баҕар, сүүрүү манна буолуо диэн эрэнэ санаан, эрдэттэн сааскы ууну ыытарга анаан үлэни оҥордум. АГАТУ салалтата липовай экспертизанан саптан, кини этэрэ кырдьык курдук буолан хаалла, онон биһиги тахсарга күһэллэбит. Былыр-былыргыттан кырдьык үрдүгэр сымыйа ыттыбат диэн саха өс хоһооно баара. Биһиги балаһыанньабытыгар, хомойуох иһин, онтубут таҥнары буолан хаалла. Буруйу оҥорооччулар биһиги буолан таҕыстыбыт. Итиэннэ туох да эбэрим суох курдук. Биллэн турар, биһиэхэ хомолтолоох, кыһыылаах. Хайдах гыныахпытый, олорбуппут курдук олоробут, үлэлээбиппит курдук үлэлиибит буоллаҕа.

Мария Романова, тренер көмөлөһөөччүтэ:

— Туох да диэхпин, хайдах да буолуохпутун билбэппин. Кэргэним уонна мин тренер быһыытынан үлэлээбиппит, бу кэм тухары сүүрүк сылгылары дьарыктыыр  этибит. Бэйэм манна 15 сыл үлэлээтим, атын үлэҕэ барарбын билиҥҥитэ өйүм хоппот, наһаа хомолтолоох. Аттарбытын наһаа таптыыбыт, убанан хаалбыппыт. Ол эрэн ыраах оройуоҥҥа дьиэбитин-уоппутун быраҕан барар кыахпыт суох. Ол туһунан толкуй да суоҕа, барыта наһаа соһуччу. Аны оҕобут кыра, оскуола оҕото. Билиҥҥитэ сир-халлаан икки ардыгар хааллыбыт.

Санаалара түспүт, идэлэригэр бэриниилээхтик үлэлээбит дьон итиннэ эбэн этэллэрэ да суох курдук. Хобдох кэпсээммитигэр саатар быыкаайык сырдык сыдьаайы киллэрээри, дьоммун сэргэхситэ түһээри, Татьяна Васильевнаны ситиһиилэриттэн кэпсии түһэригэр көрдөстүм.

Татьяна Копылова, ат спордун Федерациятын толорооччу дириэктэрэ, КСК завхоһа:

— 2016 сыллаахха Дьокуускай куоракка ыытыллыбыт «Северный Тарпан» бэстибээлгэ Гран-прини сүүйбүппүт. Итини сэргэ элбэхтэ куорат уонна өрөспүүбүлүкэ чемпионаттарын манеһынан сүүрүүгэ (манежная езда) уонна конкурга кыайыылаахтара буолааччыбыт. Ол курдук, 2019 сыллаахха Бүтүн Арассыыйатааҕы иккис пони-оонньууларга кыттан 2, 3, 5 миэстэлэргэ тиксибиппит, Москва куоракка ыытыллыбыт «Пегас» КСК куонкуруһугар аһаҕас чемпионат кыайыылаахтара буолбуппут. Москва олохтоохторо биһиги оҕолорбут атынан хайдах таһымнаахтык айанныылларын көрөн олус сөхпүттэрэ, үөрбүттэрэ.  Уон хонук иһигэр оҕолор олох билбэт аттарын мэҥэстэ сылдьан Арассыыйа сүүмэрдэммит хамаандатын тренерэ Владимир Белецкэй улахан хайҕалын ылбыттара. Быйыл атырдьах ыйын бүтэһигэр кулууптартан биһиги эрэ чемпионат ыыппыппыт (кулууптарга анаан, сабыылаах күрэхтэһиини). Быйыл  Малдьаҕар диэн сүүрүкпүт ыстаҥаҕа Саха сирин рекордун куоһаран Юлиана Луковцеваны кытта 160 см үрдүгү ойбута.

2020 сыллаахха СӨ ат спордун Федерациятын кытта иппотерапияҕа Арассыыйа Бэрэсидьиэнин гранын сүүйбүппүт. Кулгаахтарынан уонна харахтарынан инбэлииттээх 100 оҕо биһиэхэ кэлэн босхо дьарыктанар этэ...

Түмүккэ, бу сыллар тухары үлэтигэр туох баар сыратын, дууһатын биэрбит салайааччы Татьяна Васильевна Копылова сүүрүк аттарбыт барахсаттар үчүгэй илиигэ түбэһэллэрэ буоллар диэн баҕа санаатын эттэ.

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

Медик: «Бааһырбыт байыаспын дөйүтэн баран соһорум»
Дьон | 20.12.2024 | 12:00
Медик: «Бааһырбыт байыаспын дөйүтэн баран соһорум»
Олус ыарахан кэпсэтии буолла. Ааҕааччыга тиэрдэр гына суруйуохха наада. Дьоруойум сөбүлэҥин ылыахпын наада. Тоҕо диэтэххэ кини анал байыаннай дьайыыга сылдьыбыт кэрэ аҥаар,  ийэ, медик. Кэпсии олорон ытаатаҕына, сырҕан бааһын таарыйаммын диэн кэмсинэн ылабын, онтон эмиэ чочумча буолан баран салгыыбыт.   Кини позывнойун кистиир, ханна баарын, билигин ханна олорорун эмиэ эппэппит. Сөбүлэһэн...
Үчүгэйи көрөргө хаһан үөрэнэбит?
Сонуннар | 14.12.2024 | 13:15
Үчүгэйи көрөргө хаһан үөрэнэбит?
Сиэн көрө куоракка кыстыыбын. Күн аайы оптуобуһунан оҕобун оскуолаҕа илдьэбин-аҕалабын. Быйыл, дьэ, этэргэ дылы, үйэ тухары хамсаабатах маршруттарга уларыйыылар таҕыстылар. Бассаапка үөхсэн туох туһа кэлиэй, төттөрүтүн, дьону күөртээн эрэ биэрии курдук. Ол иһин бу турунан туран Дьокуускай куорат сахалыы тыллаах хаһыатыгар санаабын тиэрдэргэ соруннум.  Бииринэн, нэһилиэнньэбит ахсаана күн-түүн улаата турар....
Сатаан салайыы, тэрийии — эмиэ талаан
Дьон | 14.12.2024 | 18:00
Сатаан салайыы, тэрийии — эмиэ талаан
Харах ыларынан хаһан да бүппэттии көбүүс-көнөтүк тыргыллар бэс чагда устун айан суолунан сыыйылыннаран иһэн, «Дьиикимдэ» диэн суруктаах бэлиэҕэ биирдэ баар буола түстүбүт. Туох-хайдах дьарыктаах, тугунан тыынар нэһилиэккэ киирэн эрэрбитин аартыкка баар суруктаах бэлиэ кэпсииргэ дылы.  Бүгүн биһиги “Дьиикимдэ дьээбэлэрэ” көр-күлүү тыйаатырын артыыһа, режиссера, продюсера Артур Николаевич Егоровтыын нэһилиэк култуурунай олоҕун...