Ипподром дьылҕата хайдах буолуой?
Былыр-былыргыттан саха норуотугар сылгы Дьөһөгөй айыы оҕотунан ааттанара. Өбүгэ саҕаттан биир да ыһыах ат сүүрүүтэ суох ааспат буолара. Кэлин даҕаны ити үгэс уостубатаҕа, салгыы сайдан, өссө үрдүк кэрдиискэ тахсан испитэ. Соҕурууттан сүүрүк боруода сылгылары аҕалан иитэн-тарҕатан, көрөн-истэн бүөбэйдээн барбыттара. Хомойуох иһин, өрөспүүбүлүкэ киэн туттуута буолбут ипподроммут – сүүрүк аттар турар, дьарыктанар сирдэрэ эстэр, ыһыллар турукка киирдэ.
Үһү-бадах курдук истиэхтээҕэр биирдэ көрбүт ордук дииллэринии, үлэһиттэри кытта кэпсэтэн баран, үөскээбит балаһыанньаны кытта билсэ ипподромҥа тиийдим. Халлаан лаппа тымныйан, хаар-самыыр түһэ турдаҕына үлэһиттэр уонна кинилэр иитиллээччилэрэ – сүүрүк сылгылар барахсаттар оттуллубат, тымныы, эбиитин уота суох им-балайга олороллор-тураллар эбит. Хабыс-хараҥа көрүдүөрүнэн илиим иминэн харбыалаһан, салайааччы олорор хоһун нэһиилэ буллум. Татьяна Васильевна Копылова тыбыс-тымныыга быыкаайык ититэр тэрили холбонон (уот бу эрэ хоско баар үһү, улахан кыамталаах тэрил холбонно да арахсан хаалар), сэбиэскэй кэмҥэ барааҥка диэн ааттанар овчина тулууп кэтэн олорор эбит. Салгыы бэйэбин билиһиннэрэн баран, маннык уустук балаһыанньаҕа хайдах тиийбиттэрин кэпсииригэр көрдөстүм.
Татьяна Копылова, ат спордун Федерациятын толорооччу дириэктэрэ, КСК завхоһа:
– Билиҥҥи туругунан АГАТУ көньүүһүнэтигэр 30-тан тахса сүүрүк ат турар, онтон алтата – университет сылгыта. Ону сэргэ улуустар уонна биирдиилээн дьон сүүрүктэрэ. 1998 сыллаахха ипподрому суох оҥорор туһунан боппуруос тура сылдьыбыт. Ону оччоотооҕу ЯГСХА ректора Леонид Владимиров көмүскээн, ити сыл бу билиҥҥи көньүүһүнэбитин, трибуналары туттарбыт, ипподрому саҥардан оҥорторбут. Ол эрэн сири федеральнай бас билиигэ биэрбиттэр. 1998 сылтан ат спордун Федерациятын бэрэсидьиэнинэн Айсен Сергеевич Николаев, бастакы вице-бэрэсидьиэнинэн Леонид Николаевич Владимиров буолбуттар. Дьэ ол кэннэ сайдыы тэтимирэн барбыт, кыраныысса таһыттан ыраас хааннаах боруода сүүрүк сылгылары аҕалбыттар. 2004 сыллаахха Вячеслав Анатольевич Штыровка суруйан СӨ бэрисидьиэнин бирииһигэр сүүрүүнү олохтообуттар. 2005 сыллаахха ити бириискэ күрэхтэһии саҕаламмыт, боруода сүүрүк ат ахсаана элбээбит, сайдыы быдан үрдүк таһымҥа тахсыбыт. Билигин даҕаны Уһук Илиҥҥэ ыраас боруода аттарын ахсаанынан уонна сайдыы таһымынан биһиги инники күөҥҥэ сылдьабыт. 2017 сыллаахха Уһук Илиҥҥи федеральнай уокурукка биһиги ипподроммут соҕотоҕун РФ тыатын хаһаайыстыбатын министиэристибэтиттэн лицензия ылбыппыт. Болдьоҕо – 2021 сыл ахсынньы ыйыгар диэри. Быйыл биир даҕаны күрэхтэһиини тэрийбэтибит, онон, хомойуох иһин, лицензиябытын сүтэрэбит. Саха сиригэр бу ипподром эрэ саас эрдэттэн – муус устарга уонна ыам ыйыгар сүүрүүнү ыытарга барсар.
АГАТУ ректорын эбээһинэһин толорооччу Кривошапкин Константин Константинович кэлиэҕиттэн ыла КСК-ны (конно-спортивный комплекс) уонна ипподрому суох гынары саҕалаата. Кини этэринэн, дьиэ хаарбах туруктаах, манна үлэлиир, сылгылары туруорар сатаммат. Ол туһунан 2021 сыл олунньу 12 күнүгэр хамыыһыйа быһаарыыта тахсыбыта. Биһиги ити хамыыһыйа түмүгүн кытта сөбүлэспэппит. “Экспертиза” ааттаахха биһиги баар этибит, барытын көрбүппүт-истибиппит. “Профит+” фирматтан үс дьахтар кэлбитэ уонна АГАТУ инженерэ Спиридонов баар этэ. Үрдүнэн-аннынан көтүмэхтик көрбүттэрэ, куһаҕан сыттаах диэн аттар турар көньүүһүнэлэригэр улаханнык киирэ да сатаабатахтара. Хамыыһыйа көрбүт түмүгүн биһигиттэн өр кистии сылдьыбыттара. Бырабыыталыстыба бэрэссэдээтэлин солбуйааччы көмөтүнэн нэһиилэ ирдэһэн билбиппит, олох да хаарбах туруктааҕынан билиниллибит. Оннооҕор бетон муоста 80%, түннүк эмиэ 80% элэйбит, туһаттан тахсыбыт. Көньүүһүнэ 6 секцияттан турар. Төрдүс отсек уонна олорор сир сороҕо хаарбах туруктаах, атыттара оннук буолбатахтар. Урукку ректор өрөмүөн оҥорору былаанныы сылдьыбыта. Биһиги тутулуга суох экспертизанан өссө төгүл бэрэбиэркэлэтэбит диэн ирдэһиибитин Кривошапкин утарар. Кини көҥүлэ суох ыыттарар бырааппыт суох. Куортаммыт харчытын төлүү сатаабыппытын ылбатаҕа, сайыны быһа уубутун, уоппутун арааран эрэйдээтилэр. Сайын 35 кыраадыстаах итиигэ уубутун араарбыттара, аттарга аһылыктарын уонна мас көөбүлүн киллэрэрбитин боболлор. Баһаар да түбэлтэтигэр уубут суох этэ. Роспожнадзорга үҥсэбин эрэ диэбиппэр ууну холбообуттара. Сүүрдэ, дьарыктыы тахсар сирбитигэр киирэр ааннары барытын хатаабыттара. Аны күһүн ититиини араартардылар. Ааспыт нэдиэлэҕэ АХЧ үлэһиттэрин мунньаҕар сылгылар биир ый сииллэригэр 17 куул эбиэһи биэрэллэрин курдук сайабылыанньам түмүгүн ыйыппытым. Ону кылаабынай бухгалтер ити наһаа элбэх, 7 эрэ куулу уйунабыт диэбитэ. Онуоха Кривошапкин уонна сылгылар аһылыктарыгар кэппиэйкэни да биэрбэппит диэн эбэн эттэ. АГАТУ 6 сүүрүктэрин ректор биирдиилээн буолбакка, кууһунан атыылыы сатыыр. Киинэ устааччылар кинилэри 400 тыһ. солк. мунньан атыылаһа сатаабыттарын АГАТУ аккаастаата, 534 тыһ. солк. атыылыыбыт диэн.
Дьиҥэр, Татьяна Васильевна өссө да киһи сөҕөрүн, бэркиһиирин элбэҕи кэпсээтэ да, биир балаһаҕа барыта баппат. Аны сүүрүк аттары дьарыктыыр, көрөр-харайар үлэһиттэр санааларын истиэҕиҥ.
Андрей Неустроев, Үөһээ Бүлүү улууһун ат сүүрүүтүгэр Федерациятын бэрэссэдээтэлэ:
– Сууллан эрэр диэн сымыйа экспертиза оҥорторон баран эрэйдээтилэр. Биһиги урут саас-сайын итиннэ турар этибит, былырыыҥҥыттан саҥа кыстаабыппыт. Быйылгы “Манчаары оонньууларыгар” кыттаары, соҕурууттан икки аты аҕалбыппыт. Мин итиннэ 2016 сылтан баарбын, экспертиза түмүгүн кытта отой сөбүлэспэппин. Ипподром көньүүһүнэтигэр алта сүүрүк сылгыбыт турар. Үөһээ Бүлүү улууһун хамаандата 2017 сылтан баарбыт. Уубутун, уоппутун араарбыттара. От ыйыгар кулууппутугар сылдьар сирбитин барытын хаайбыттара. Инньэ гынан дьарык барбата, аттарбыт туран хааллылар. Оту, эбиэһи, мас көөбүлүн киллэртэрбэттэр. Уулаах баахпытын түҥнэри анньан кэбиспиттэрэ. Уоруйахтар курдук саһа-саһа аттарбыт аһылыктарын кыра-кыралаан киллэрэбит. Быйыл “Манчаарыга” кыттаары уоран тахсыбыппыт уонна эмиэ оннук киирбиппит. Ол да буоллар быйыл Дербигэ кыайдыбыт, маннааҕы төрүөх үстээх сылгыларга Нумизматик диэн сүүрүкпүт кыайбыта. Биир атыырбыт бырабыыталыстыба сүүрүүтүгэр иккис буолбута, биир аппыт “Манчаарыга” үһүстээбитэ. Балаҕан ыйыгар 11 күнүгэр Мэҥэ Хаҥалас Харатыгар күрэхтэһэн биир сүүрүкпүт бастаабыта, биир аппыт иккистээбитэ, икки аппыт үһүс-бэһис миэстэ буолбуттара.
Мария Романова, тренер көмөлөһөөччүтэ:
– Мин 2010 сылтан үлэлиибин. Ол тухары маннык балаһыанньаҕа бастакыбын түбэстим. Урут ДьТХА (АГАТУ) салалтатын өттүттэн куруук өйөбүл, көмө, бэрээдэк баара. Барытын кэмиттэн кэмигэр өрөмүөннээн иһэллэрэ. Аттар көньүүһүнэттэн тахсан мэччийэр сирдэрэ урукку сылларга тыраахтарынан ыраастанар, ноһуом таһыллар этэ. Билигин бэйэбит илиибитинэн ыраастыыбыт, таһабыт. Урукку салалта тыраахтарынан тэҥнэтэн, кумах кутан, үчүгэй суоллары оҥороро. КСК ДьТХА-ҕа элбэх дохуоту киллэрэрэ, куортам сыаната чэпчэкитэ суох, ол эрээри аттарын туруорааччы элбэх этэ. Аты миинэргэ үөрэтэр оскуола үлэлээн эмиэ аҕыйаҕа суох дохуоту киллэрэр этэ. Онно ипподромҥа ат сүүрүүтэ тэрилиннэҕинэ билиэт сыанатын эбиҥ. ДьТХА урут ректор кубогын бирииһин туруорара. Сылгыларбыт аһылыктарын, мас көөбүлүн киллэртэрбэттэр, итии уу суох. Аттары уулатаары, тренердэр ыраахтан биэдэрэнэн таһабыт. Бэс ыйын 12 күнүгэр Үс Хатыҥҥа СӨ бэрэсидьиэнин бирииһигэр рейтинговай ат сүүрүүтүгэр барбыппыт. Сорох аттарбыт манна хаалбыттара. Кэлбиппит – уулаах баахпытын тохпуттар, ааннарбытын киирбэтиннэр диэн хатаабыттар. Хайыахпытый, иһигэр баар аттарбытын эмиэ аһатыахпытын-уулатыахпытын наада, киирдэхпит дии. Онно Росгвардияны ыҥыраннар, “незаконное проникновение” диэн биһигини манна тутан олорбуттара, Татьяна Васильевна кэлиэр диэри. Ол кэннэ сүүрэр суолга тахсар калиткалары барытын хатаан тураллар, дьарыктыыр кыах суох. Сайын “Манчаары оонньууларын” кэмигэр манна биир кулунчук ыалдьыбыта. Быыһаныан сөптөөх кэмигэр бэтэринээрдэр киирэллэрин көҥүллээбэккэ, кулунчук эрэйдэнэн өлбүтэ. Биир ат атаҕын тоһуппутугар рентген оҥорор тэриллээх массыынаны эмиэ киллэрбэтэхтэрэ. Ростов куоракка ипподрому сабаары гыммыттарыгар саҥа ипподрому тутан биэрбиттэр. Биһигини буоллаҕына уулуссаҕа быраҕаары гыналлар.
Николай Громов, Амма улууһа, Строд аатынан СХПК тренерэ:
– Манна биэс сылгыбыт турар. Куортам иһин биир төбөҕө ыйга 8-9 тыһыынча солкуобайы төлүүр этибит. Тахсыҥ диэн баран барытын арааран кэбистилэр. Билиҥҥи туругунан ханна барарбытын олох билбэппин.
1935 сыллаахтан үлэлиир историческай суолталаах ипподром (ат сүүрүүтэ оннооҕор Аҕа дойду Улуу сэриитин кэмигэр тохтооботоҕо) дьылҕата хайдах буоларын истээри, АГАТУ салайааччытыгар тиийдим, биэс мүнүүтэлээх кэпсэтиини көҥүллээтилэр.
Константин Кривошапкин, Арктикатааҕы судаарыстыбаннай агротехнологическай университет (АГАТУ) ректорын эбээһинэһин толорооччу:
– Аудит ыыппыппыт түмүгүнэн көньүүһүнэ хаарбах туруктааҕа, сууллаары турара этиллибитэ. Куортамҥа турааччылар тыа хаһаайыстыбатын министиэристибэтин сөбүлэҥин ылбакка киирбиттэр. Биһиги кинилэри бу территорияттан тахсалларын курдук суукка биэриэхпит. АГАТУ алта сылгытын атыылыахпыт, атыы туһунан (торги) биллэрбиппит. Барыларын бииргэ атыылыыбыт, сыаната 500-тэн тахса тыһ. солк. АГАТУ тэрийээччитэ РФ тыатын хаһаайыстыбатын министиэристибэтэ, бу территория эмиэ кинилэр бас билиилэрэ. Барытын министиэристибэ быһаарар.
Хаһыат матырыйаалын бэлэмнии сырыттахпына, өрөспүүбүлүкэ прокуратуратыттан уонна туһааннаах тэрилтэлэриттэн састааптаах хамыыһыйа кэлэн бэрэбиэркэ саҕаланна. Үлэһиттэр биллэрбиттэринэн, АГАТУ аттара эрэ турар уонна салалта олорор сиригэр ититиини, уоту холбообуттар. Атыттар хараҥаҕа, тымныыга тураахтыыллар. Салгыы туох буоларын күүтэбит.