17.11.2022 | 14:00

Ини-бии Ноговицыннар хапсаҕайга XVII турнирдара

Сэтинньи 12-13 күннэригэр “Модун” спорткомплекска бырааттыы Ноговицыннар хапсаҕайга “А” категориялаах XVII турнирдарыгар 305 бөҕөс күөн көрүстэ. Тустууктар биир дойдулаахтара дьааҥылар турнир бириистэрин туруортаатылар.
Ини-бии Ноговицыннар хапсаҕайга XVII турнирдара
Ааптар: Баһылай ПОСЕЛЬСКАЙ
Бөлөххө киир

Ыраах диэбэккэ, Дьааҥыттан элбэх киһи, ол иһигэр нэһилиэктэр баһылыктара, Верхоянскай куораттан Михаил Садовников, Элгэстэн Святослав Слепцов, Табалаахтан Анна Рожина,  улуус дьокутааттарын бэрэссэдээтэлэ Екатерина Ноговицына, улуус баһылыга Владислав Иванов бэйэтинэн кэлэн, хапсаҕайдьыт уолаттарыгар астына-дуоһуйа “ыарыйдылар”. Хоту сир хоһуун ыччаттара Егор Находкин 57 кг бастакы миэстэни, Дьулустаан Попов 95 кг үсүһү ылаттааннар ыраахтан кэлбит биир дойдулаахтарын үөртүлэр, сүргэлэрин көтөхтүлэр.

Дьааҥы бөҕө-быһый дьонун туһунан Ноговицыннар турнирдарын көтүппэккэ кэлэн көрөр, улуу тренер Д.П. Коркин иитиллээччитэ, үтүөлээх тренер Петр Васильевич Портнягин тэрийбит спорка албан аат Музейыгар баар суруктан-бичиктэн, баай экспонаттартан бэрт үгүһү билиэххэ сөп.

Валентин, Трофим, Иван, Павел, Михаил, Моисей, Василий — сэттэ бииргэ төрөөбүт ини-биилэр бары тустуунан дьарыктанан улааппыттара. Улуустарын, бүтүн Сахаларын сирин соргулаахтык ааттаппыттара.  Учуутал уонна алгысчыт аҕалара Василий Павлович уолаттарын бэйэтин кытта батыһыннара сылдьан айылҕаҕа “буһарара-хатарара”, сир-дойду, күүстээх дьон тустарынан бараммат кэпсээннэри иҥэрэн улаатыннартаабыта. Ытык аҕаларын үөрэҕин оҕо эрдэхтэриттэн дириҥник ылыммыт уолаттар спорка, норуот  хаһаайыстыбатын араас салааларыгар холобурга сылдьар туруу үлэһиттэр.

Элбэх биллиилээх бөҕөстөрү таһаартаабыт турнир аан бастаан 1998 сыллаахха тэриллибитэ. Өрөспүүбүлүкэ хапсаҕайга Федерациятын толорооччу дириэктэрэ Алексей Егорович Мостахов көҕүлээһининэн тустууну олохторун аргыһа оҥостубут сэттэ дьоһун-мааны уоллаах ытыктанар аҕа Василий Павлович Ноговицын 75 сааһыгар анаммыта. Уон сэттэ  турнир күүрээннээх хапсыһыыларын Александр Васильевич Васильев-Көрдүгэн күн бүгүнүгэр диэри кэпсээн-ипсээн, түһүлгэни улаханнык сэргэхситэр.

Хапсаҕай эриэккэс албастара хото туттулуннулар. Сытыы бырахсыылар буоллулар. 

Сылбырҕа, түргэн хамсаныылаахтар кыайыылары ситистилэр.

57 кг Егор Находкин (Дьааҥы), Олимпий Васильев (Үөһээ Бүлүү), Иван Степанов (Уус Алдан); 65 кг Айсен Поскачин (Кэбээйи), Юрий Сыромятников (Томпо), Гаврил Илларионов (Үөһээ Бүлүү); 75 кг Рустам Прокопьев (Үөһээ Бүлүү), Ньургун Андреев (Мииринэй), Семен Владимиров (Таатта); 85 кг Константин Власов (Мэҥэ Хаҥалас), Олег Чернов (Томпо), Анатолий Сивцев (Чурапчы); 95 кг Николай Николаев (Бүлүү), Сергей Семенов (Нам), Дьулустаан Попов (Дьааҥы); 95 кг үөһэ Андрей Аронов (Мииринэй), Иван Алексеев (Бүлүү), Увар Тимофеев (Үөһээ Бүлүү) туһааннааҕынан бастакы, иккис, үһүс миэстэлэри ылаттаатылар, өйдөбүнньүк мэтээллэри, дипломнары сэргэ 30-20-10 тыһ.солк. уонна сыаналаах бириистэринэн наҕараадаланнылар.

Аан Дархан аатын 75 кг Кэбээйи Мукучутун хапсаҕайга оскуолатын иитиллээччитэ, Чурапчы институтун IV кууруһугар үөрэнэр Иван Семенов ылла.

75 кг үөһэ саамай ыарахан  ыйааһыннаахтарга Ньурба аатыттан тустубут М.К. Аммосов аатынан Хотугулуу-Илиҥҥи федеральнай университет спорка институтун II кууруһугар үөрэнэр Муома ыччата, өрөспүүбүлүкэ көҥүл тустууга уонна хапсаҕайга чөмпүйүөнэ, Саха сирин көҥүл тустууга сүүмэрдэммит хамаандатын чилиэнэ, икки тустуу маастара Никита Хабаров Увар Тимофеев, Николай Николаев, Андрей Аронов, Степан Гаврильев, Платон Саввинов курдук күүстээх маастардары кэннигэр хааллартаан, Аан Дархан аатын ылары ситистэ.

“Бу турнирга оҕо эрдэхпиттэн  миэстэлэһиэхпин баҕарар этим. Төрдүбэр күүстээх дьон, аймахтар бааллар. Олимпийскай эрэл училищетыгар үс-түөрт сыл үөрэммитим. Тренерим Алексей Сергеевич Некрасов, куруутун  аттыбар баар, көмөлөһөр.  Күүс-уох өттүнэн күүскэ үлэлээммит эбилинним. Онон тренербэр махтанабын. Сотору Арассыыйа Кубогар, онтон Ярыгин турнирыгар кыттыахтаахпын. Арассыыйа тустууктарыгар баһыйтарабын. Ол эрээри күүскэ эрчиллэн эбиллиэм, икки-үс сылынан үчүгэй буолуом дии  саныыбын. Дойдубар сылдьыбатаҕым икки сыл буолла. Саҥа дьылга дьоммор тиийэр баҕалаахпын, – диэн кэпсээтэ Никита Хабаров.

 

Турниртан турнирга саҥаттан саҥа ааттар тахсаллар. Эдэрдэр кимиэллээхтик киирэллэрэ саха тустуута кэскиллээҕин кэрэһилиир.

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

Герман Отов: «Пригороднай аныгылыы улахан бөһүөлэк буолар чинчилээх...»
Дьон | 05.09.2024 | 10:00
Герман Отов: «Пригороднай аныгылыы улахан бөһүөлэк буолар чинчилээх...»
Дьокуускай куорат уокуругар куорат таһынааҕы – Кангалаас, Маҕан, Марха, Тулагы, Табаҕа, Владимировка, Хатас уонна Пригороднай нэһилиэктэрэ киирэллэр. Биһиги бүгүҥҥү ыалдьыппыт – 2000-2005 сылларга «Пригороднай сэлиэнньэтэ» муниципальнай тэриллии баһылыгынан үлэлээбит СӨ тыатын хаһаайыстыбатын туйгуна, Ас-үөл индустриятын туйгуна, СӨ үөрэҕириитин бочуоттаах мецената Герман Егорович Отов. Кинини кытта  кэпсэтиибитин Пригороднай нэһилиэк историятыгар туһаайдыбыт.  ...
Кыыдаана Игнатьева:  «Худуоһунньук бэйэтин көрүүтүнэн салайтарыахтаах...»
Дьон | 06.09.2024 | 12:00
Кыыдаана Игнатьева: «Худуоһунньук бэйэтин көрүүтүнэн салайтарыахтаах...»
Куорат устун хааман иһэн эбэтэр массыынаҕа, оптуобуска олорон элбэх мэндиэмэннээх таас дьиэлэр тас эркиннэригэр уруһуйдаммыт хартыыналарга хараххыт хатанар дуо? Аҕыйах сыллааҕыта Киров уулуссатыгар турар икки уопсай дьиэ оннук тупсан хаалбытын соһуйа, эмиэ да сонургуу көрбүппүт. Онтон ыла сыл аайы Дьокуускайга арт-эбийиэк элбии турар. Бүгүн киин куоракка МУРАЛ диэн куорат тас...
НВК Саха бырагыраамата балаҕан ыйын 2-8 күннэригэр
Сонуннар | 01.09.2024 | 10:14
НВК Саха бырагыраамата балаҕан ыйын 2-8 күннэригэр
Понедельник, 2 сентября 6:00 Тиэргэн 6+ 6:30 Мы вам покажем 12+ 7:00 Сана кун 6+ 8:00 Утро Якутии 6+ 9:00 Сана кун 6+ 10:00 Утро Якутии 6+ 11:00 Тиэргэн 6+ 11:30 Актуальное интервью 12+ 11:45 Дойдум дьоно 12+ 12:00 "Якутия" информационная программа 12+ 12:15 Сайдыс 6+ 12:45 Асчыттар 6+ 13:30...
Дойдутун, дьонун-сэргэтин туһугар
Дьон | 30.08.2024 | 10:00
Дойдутун, дьонун-сэргэтин туһугар
(Петр Николаевич Захаров 90 сааһын көрсө)