Иммунитет оһоҕос үлэтиттэн быһаччы тутулуктаах
Ыам ыйын 2 күнүгэр Өрөспүүбүлүкэтээҕи социальнай көрүү-истии кэлим киинин «Эрчим» өр кэмнээх көрүү-харайыы салаата аһаҕас аан күнүн тэрийэн ыытта. Идэтийбит исписэлиистэр, ыҥырыылаах ыалдьыттар аҕам саастаах дьоҥҥо чөл олох, уһун үйэлэнии, кэрэ буолуу кистэлэҥнэрин кэпсээтилэр, судургу эрчиллиилэри көрдөрдүлэр, араас туһалаах сүбэлэри биэрдилэр.
Онлайн тэрээһин бырагыраамата бэрт киэҥ уонна кэрэхсэбиллээх буолла. Фитнес, музыканан эмтэнии дьарыктара, тыыныы гимнастиката улахан сэҥээриини ыллылар. Киин аан ситимҥэ иһитиннэрбитинэн, онлайн тэрээһиҥҥэ барыта 376 киһи кытынна.
Бүгүҥҥү нүөмэрбитигэр медсиэстэрэ Ольга Иннокентьевна Божедонова «Аҕам саастаах дьон организмнарын ыраастаныылара» диэн лиэксийэтин сэргии истибиппитин ааҕааччыларбытыгар үллэстэбит.
Бэйэ эмтиэкэлэнэр табыллыбат
– Бастатан туран, оһоҕос үлэтин туһунан кылгастык кэпсиир тоҕоостоох. Бу уорган икки чаастан турар: 1) синньигэс оһоҕос (уһуна 6 миэтэрэ кэриҥэ) сүнньүнэн ас буһарар аналлаах; суон оһоҕос (уһуна быһа холоон 2 миэтэрэ кэриҥэ) ууну иҥэринэр уонна манна киһи хойуута оҥоһуллар.
Иммунитет оһоҕос үлэтиттэн быһаччы тутулуктаах. Сыыһа аһыыр уонна кыратык хамсанар киһи оһоҕоһун үлэтэ бытаарар, хойуута хаайтарар, устунан организма сүһүрүөн, доруобуйатын уопсай туруга мөлтүөн сөп. Сааһыран истэхпит аайы бэссэстибэ атастаһыыта барыта бытаарар. Синньигэс эбэтэр суон оһоҕос үлэтигэр кэһиллии тахсыбытын билбэккэ, бырааска көрдөрүммэккэ, сыыһа эмтэниэххэ сөп.
Сорох дьон норуот араас ньымаларын туһанан ыраастаналлар: аччыктаан, клизмаланан, үөһү, ииги таһаарар, хойууну сымнатар (слабительнай) эмтэри иһэн. Дьиҥэр, быраас сүбэтэ суох бэйэ эмтиэкэлэнэр табыллыбат.
Хас биирдии ньыма сөп түбэһиэн эбэтэр сөп түбэспэт буолуон сөп. Холобур, клизманы наһаа тутуннахха, оһоҕоско баар наадалаах бактериялары “сууйан” кэбиһиэххэ сөп. Уринотерапия бактериальнай инфекцияны киллэрэр кутталлаах. Аччыктааһын иммунитеты мөлтөтөн, организмҥа ордук улахан охсууну оҥоруон сөп. Онон хайаан да гастроэнтеролог бырааска көрдөрүнэн, кини сүбэтинэн эмтэниэхпитин наада.
Оһоҕос ыарыыларын сүрүн төрүөттэрэ:
- удьуордааһын;
- сыыһа аһааһын;
- уойуу;
- араас эми-тому (холобур, антибиотиктары, саахар таһымын түһэрэр) иһии содула;
- гастрит, холецистит курдук куртах-оһоҕос куолаҕайын (ЖКТ) үөһээҥҥи салаатыгар олохсуйбут ыарыылартан;
- куһаҕан дьаллыктар: табах, арыгы;
- авитаминоз.
Оһоҕос ыарыыларын үс бөлөххө араараллар:
- сыстыганнаах;
- сүһүрдэр;
- искэннээх (үксүн кутталлаах искэн).
Статистика көрдөрөрүнэн, оһоҕос искэнэ киһи аймах өлүүтүгэр тиэрдэр ыарыылар ортолоругар үс инники миэстэҕэ турар. Ыарыыны эрдэ быһаарар олус уустук, онон 55-тэн үөһэ саастаах дьон оһоҕос туругун чинчийэр колоноскопияны сылга биирдэ ааһаргытыгар сүбэлиибит.
Оһоҕос үлэтигэр кэһиллии баар буоллаҕына, киһи тириитигэр ол-бу хатаал, ымынах тахсар, иһэ үллэр, ыалдьар, түргэнник сылайар, аанньа утуйбат буолар, кыраттан кыыһыра сылдьар.
Ыраастаныы туох туһалааҕый?
Киһи тириитэ ырааһырар, утуйара тупсар, ыйааһына түһэр, айах куһаҕан сыта сүтэр, иммунитета бөҕөргүүр, онкология ыарыыларын сэрэтэр, хааҥҥа саахар, холестерин таһыма түһэр.
Хас биирдии киһи бэйэтин уратытын учуоттаан, ыраастаныы сүрүн сүбэлэрин сөпкө дьүөрэлээн туһанара ордук.
Сөпкө аһыыбыт
Оһоҕос ыраастанарыгар көмөлөөх астар: дьаабылыка (хаҕын ыраастаабакка), сүбүөкүлэ, хаппыыста, моркуоп, бобовай үүнээйилэр, суорат, кефир, йогурт, иэдьэгэй, кымыс. Манна хойуута хаайтарбыт киһи 1-2 күннээх сибиэһэй кефири иһэрэ ордук диэн тоһоҕолоон бэлиэтиибит.
Лүөн сиэмэтэ ас буһарыытын тупсарар, сүһүрүүнү утарар, куртах-оһоҕос бааһын оһордор аналлаах. Туораахтаах бородуукталар эмиэ олус туһалаахтар. Сельдерей хойууну сымнатар, ыраастыыр, киһи аһыыр баҕатын күүһүрдэр. Спирулина диэн водоросль оһоҕоһу сымнаҕастык ыраастыыр, бааһын оһордор. Курага, инжир, чернослив, бэйэбит отоннорбут ыраастыыр аналлаахтар.
Биһиги куруппалартан үксүн риһи, гречканы эрэ сиибит. Дьиҥэр, билиҥҥи үйэҕэ маҕаһыыннарга, холобур, булгур диэн бэрт туһалаах куруппа дэлэйдэ.
Ас астанарга рафинированнайа суох подсолнух, оливка арыытын туһанар ордук.
Куркуманы сөбүн көрөн тутуннахха, паразиттары утарар, куртах-оһоҕос куолаҕайын үлэтин тупсарар, токсиннары, чалахайы таһаарар. Сөрүүн ууга суурайан, мүөт эбэн, нэдиэлэҕэ хаста эмит иһиэххэ сөп. Укуруоп уута (укропная вода) ис үллүүтүгэр үчүгэй, сүһүрүүнү утарар.
Ыраастанабыт диир буоллаххытына, гаастаах утахтартан, кофеттан, хойуу чэйтэн аккаастанаҕыт. Күөх чэйи эбэтэр ыраас ууну эрэ иһиэхтээххит. Күҥҥүтүн биир ыстакаан ыраас ууттан саҕалыыры үтүө үгэс оҥостуҥ. Минеральнай уу эмиэ олус туһалаах. Дөлүһүөн, ромашка, душица, мята, чабрец курдук ыраастыыр аналлаах оттору оргутан иһиэххэ сөп. Ол эрээри олус үлүһүйэр табыллыбат, куурус курдук иһиллэр.
Хойуулара хаайтаран эрэйдэнэр дьон кыра-кыралаан аһыыллара ордук. Минньигэстэн, үрдүк углеводтаах бородуукталартан, ыыһаммыт астан туттунуҥ. Ол оннугар күннэтэ миин арааһын астаныҥ диэн сүбэлиибит. Ууга, паарга, духуопкаҕа буспут ас эмиэ туох да буортута суох.
Күн устата сөпкө хамсаныҥ, тыыныы гимнастикатын оҥоруҥ, искитин имэриниҥ. Хамсаныы оһоҕос үлэтин тупсарар диэн өйдүөх тустаахпыт.
Күннээҕи рациоҥҥа – клетчатканан баай бородуукталары
Фасоль, горуох, күөх горошек, моркуоп, брокколи, брюссельскай хаппыыста, малина, моонньоҕон, клубника, ууга буспут хортуоппуй, пюре, эбиэс куруппа, перловка, кабачок, дьаабылыка (хахтыын), банаан, изюм, тыква, грецкэй эриэхэ, груша, нут (турецкай горуох). Балартан хааһы, пюре арааһын астаныахха сөп. Клетчатканан баай аһы аһыах иннинэ кыччаабыта 30 мүн. иннинэ биир ыстакаан сылаас ууну эбэтэр ханнык эмит оттон чэй оҥостон иһиллэр. Эриэхэлэри, хаппыт фрукталары, горуоҕу түүн устата ууга хоннорон баран сиэниллэр.
Клетчатканан баай бородуукталары күннээҕи рациоҥҥутугар сыыйа-баайа киллэриҥ, бэйэ-бэйэлэрин эбэтэр атын бородууктаны кытта сөпкө дьүөрэлииргэ үөрэниҥ. Холобур: эт+оҕуруот аһа, куруппа+тэллэй эбэтэр отон, йогурт+эриэхэ. Бобовай үүнээйилэри эти эбэтэр оҕуруот аһын кытта дьүөрэлиир үчүгэй. Ханнык баҕарар фруктаны сууйан баран (төһө кыалларынан, хаҕын ыраастаабакка) туспа, сарсыарда аччык искэ сиир үчүгэй. Аһаан баран сиэтэххэ, искэ киирэн аһыйан барар, туһалыахтааҕар, төттөрүтүн, киһи иһин үлүннэрэр.
Гастриттаах, холециститтаах, колиттаах, анемиялаах киһи клетчатканан баай бородуукталары сэрэнэн сиэхтээх.
Наар биир күдьүс аһынан сылдьар буоллахха эбэтэр мэлдьи белоктаах бородууктанан, бурдук аһынан аһаатахха, хойууҥ хаайтарар. Неврологическай кэһиллии ас буһарар уорганнар үлэлэрин бытаардыан сөп. Сорох дьон төрүөхтэриттэн эбэтэр кэлин суон оһоҕос клапаннара уратылаах буолар. “Синдром раздраженного кишечника”, аны “сүрэҕэ суох оһоҕос” диэннэр бааллар. Быраас эрэ сөптөөх диагноһы туруорар, гастроэнтеролог сүбэтинэн эмтэниэхтээххит.
Клизманан, хойууну сымнатар эмтэринэн олус үлүһүйүллүбэт. Абырыахтааҕар, төттөрүтүн, “алдьатыылаах” буолуохтарын сөп.
Уһуннук ыалдьыбыт, антибиотиктарынан, вируһу утары эмтэри испит дьон оһоҕос микрофлоратын чөлүгэр түһэрэр препараттары иһэллэрэ хайаан да наада.
***
Бу туһалаах лиэксийэттэн элбэҕи билиэххит, күннээҕи олоххутугар туһаныаххыт диэн эрэнэ хаалабыт.