ИЛЬМЕНЬ КҮӨЛГЭ ТРАГЕДИЯ
Аҕа дойду Улуу сэриитин биир хаан тохтуулаах, элбэх өлүүлээх кыргыһыытынан Ильмень күөлгэ биһиги биир дойдулаахтарбыт, саха уолаттара сырдык тыыннара быстыбыта буолар. Бу кыргыһыыны биһиги ордук чугастык сүрэхпитигэр-быарбытыгар ылынабыт. Кинилэр өлүүлэрин историктар сыыһа бирикээс, соруйан өлөр өлүүгэ уган биэрбиттэрин курдук этэллэрэ эмиэ да оруннаах курдук. Ол курдук наһаа ыраах сиргэ сатыы ыыппыттар, онон халлаан сырдаабытын кэннэ тиийэн хаалбыттар. Дьиҥинэн түүн тиийбиттэрэ буоллар киһи өлүүтэ кэм аҕыйах буолуо эбит. Билигин кэлэн хайыахпытый, төһөлөөх эдэркээн уолаттар алаастарын, төрөөбүт дойдуларын, ийэлэрин, аҕаларын муустаах тымныы ууга түһэн иһэн харахтарыгар көрбүттэрэ буолуой...
19-с туһунан хайыһар биригээдэтигэр 1712 нуучча, 597 саха, 253 украинец, 95 татаар, 66 белорус уонна 200 киһи араас омук баара. Бу чуолаан Саха өрөспүүбүлүкэтиттэн ыҥырыллыбыт саллааттартан талыллыбыт, таҥыллыбыт сэриилэһэр чаас этэ.
1943 сыл тохсунньу 10 күнүгэр 19-с туһунан хайыһар биригээдэтэ фроҥҥа аттаммыта. Барыта 21 күн устата айаннаабыттара. 12-с гвардейскай стрелковай корпус иннигэр, хайыһар биригээдэтэ кини састаабыгар киирэрэ, маннык сорук турбута: Ильмень күөлү туораан кини соҕуруу биэрэгин бас билии, ол кэннэ Старай Руссаҕа кимэн киирии, Шимскайга туһуланар туох баар өстөөх коммуникацияларын суох оҥоруу, онон Старай Руссаҕа хотуттан уонна соҕуруулуу-хотуттан кимэн киирэргэ бэлэмнэнэр 27-с сүрүн бөлөххө суолларын ситиһиилээхтик арыйан биэрии. Ильмень күөл уһуна – 45 килэмиэтир тэҥэ, кэтитэ 35 км курдук, дириҥэ 9,7 миэтирэ.
Олунньу 22 күнүгэр хайыһар биригээдэтэ Маяк Железный диэн миэстэҕэ Ильмень күөл биэрэгэр үктэммитэ. Ып-ыраас уонна чараас муус устун отуттан тахса килэмиэтири барыахтаах этилэр. Сатыы дьоҥҥо уонна артиллерияҕа саһар да, хахха да сир суолларыгар суоҕа. Компас эрэ көмөтүнэн суола суох сиринэн им бүтэй хараҥа устун айаннаабыттара.
Олунньу 23 күнүгэр сарсыарда биэс чаас саҕана үс-түөрт килэмиэтир ыраах үрдүк биэрэк көстүбүт, биригээдэттэн 200-300 миэтирэ тэйиччи ньиэмэстэр төгүрүйэн сытар Ретле диэн дэриэбинэлэрэ баар эбит. Биһиги саллааттарбыт кимэн киирэн дэриэбинэҕэ ытыалаһыы саҕаламмыт. Ньиэмэстэр чугуйбуттар. Ол эрэн киэһэтин саҥа күүстэри бэйэлэригэр тардан, ахсааннарынан лаппа баһыйан тахсыбыттар. Салгын авиацията көмөҕө кэлбит, артиллерия уонна миномет куһууран олорбут. Биһиги сорох чаастарбыт халлаан сырдыар диэри күөл соҕуруу биэрэгэр кыайан бөҕөргөтүү оҥостубатахтар. Өстөөхтөр бөлөмүөтүнэн, минометунан уһун күнү быһа унньуктаах уот ыыппыттар. Маннык балаһыанньаҕа ньиэмэстэр босхоломмут дэриэбинэлэри бас билэн, илиилэригэр ылан, биһиги саллаттарбытын күөлгэ чугуппуттар. Өлүү-сүтүү элбээбит. Ол да буоллар сэбиэскэй буойуннар хорсуннук көмүскэммиттэр.
Бу сэриигэ сахалартан Иннокентий Иванович Бысыгин, Гавриил Дмитpиевич Дьячковский, Василий Егорович Егоров, Петр Романович Федоров, Иннокентий Степанович Суханов, Пуд Кириллович Николаев, Павел Петрович Петров, Михаил Евсеевич Белолюбский уо.д.а. сырдык тыыннара быстыбыт. Кинилэр Новгородскай уобалас Старорусскай оройуонун Ретле дэриэбинэтигэр Ильмень күөл биэрэгэр көмүллэ сыталлар. Сэрии кэнниттэн өлбүттэр кырамталарын Буреги дэриэбинэҕэ бырааттыы ииҥҥэ көмпүттэрэ, пааматынньык туруорбуттара. Бу дэриэбинэ нөҥүө Новгород – Старай Русса айан суола ааһар.
Маны таһынан, 1943 сыл олунньу 23 күнүгэр Ретле дэриэбинэтигэр кимэн киириигэ үгүс саха буойуннара сураҕа суох сүппүттэрэ. Барахсаттар, Ильмень күөл анныгар үйэ саас тухары хаалбыт буолуохтарын сөп.
Үөһэ этиллибитин курдук, хайыһар биригээдэтин байыастара халлаан сырдыар диэри биэрэккэ сатаан тиийбэтэхтэр, онон саба түһүүттэн хайдах да быыһанар кыахтара суох эбит. Биригээдэ салгынтан күүстээх атаакаҕа түбэспит. Дьон ханна да саһар кыахтара суох буолбут. Күн устата халлааҥҥа 25-тэн 32-гэ диэри буомбалааччы куруук иилэ көтө сылдьыбыт, кинилэр 10 тыһыынчаттан тахса буомба араас калибрын бырахпыттар. Тыыннаах хаалбыт байыастар олунньу 23-тэн 24 күнэ буолар түүнүгэр Маяк Железный диэн хайысхаҕа барбыттар. Фашистары кытта кытаанах киирсиигэ Саха сириттэн хорсун быһыыларын Алексей Константинович Егоров, Иван Иванович Мигалкин, Афанасий Аркадьевич Прудецкий, Николай Прокопьевич Иванов, Семен Михайлович Илларионов, Михаил Александрович Корчагин, Леонтий Спиридонович Мочаков, Семен Михайлович Осипов, Петр Егорович Петров, Прокопий Яковлевич Капитонов онтон да атыттар көрдөрбүттэр. Кинилэр бүтэһиккэ диэри дойдуларын иһин иэстэрин чиэстээхтик төлөөбүттэр, сырдык тыыннарын толук уурбуттар.
Онон, былааннаммыт эпэрээссийэ ситиһиини аҕалбатаҕа. Хамандыырдар буруйдарынан кимэн киирии олус элбэх сиэртибэлээх буолбута, үксүлэрэ муус анныгар барбыттара. Оччотооҕу кыргыһыы туоһулара ахталларынан: “Кыргыһыы уһун күнү быһа буолбута. Сарсыныгар Ильмень күөлү көрбүппүт, муус үрдэ барыта өлүктэринэн туолан сытара”.
1943 сыл олунньу 25 күнүгэр кылгас сынньалаҥ кэннэ 19-с туһунан хайыһар биригээдэтэ кимэн киириитин салҕаабыта. Кинилэр иннилэригэр сорук турбута – өстөөхтөр бөҕөргөтүммүт Старорусскай оройуон Взвад дэриэбинэтин ылыы. Гитлеровецтар ким да кыайбат кириэппэһин оҥостон олоробут дии саныыллара: уу хаххалыыр, миинэлээх киэҥ хонуулар, хатыылаах боробулуоханан бүөлэнии, ол устун өссө электрическэй туок барара. Хайыһар биригээдэтин байыастара соһуччу кимэн киирэн чугас дэриэбинэлэри ылан Взвады соҕуруулуу-арҕааттан төгүрүйбүттэрэ. Нөҥүө күн сарсыардатыгар Взвад сэбиэскэй саллааттар илиилэригэр баар буолбута. Кимэн киириигэ 200 кэриҥэ өстөөҕү өлөрбүттэрэ, 38 саллааты уонна эписсиэри билиэн ылбыттара.
Фашистары кытта Взвад дэрибинэҕэ Афанасий Кириллович Коммунаров, Дмитрий Иванович Габышев, Ардальон Николаевич Ипатов, Петр Павлович Аргунов, Ананий Васильевич Ноговицын, Андрей Филиппович Павлов, Андрей Васильевич Николаев, Егор Федотович Никитин о.д.а. сырдык тыыннарын толук биэрэн туран дьоруойдуу кыргыспыттара. 19-с туһунан хайыһар биригээдэтэ мөлтөх хаххалаах буолан элбэх сүтүктэммитэ.
Олунньу 27 күнүттэн кулун тутар 2 күнүгэр диэри ньиэмэстэр ылан сытар Балагижскай бөҕөргөтүүлээх сирдэригэр сэрии салҕанан бара турбута. Маныаха туруоруммут сорук төрдүттэн туолбатаҕа.
Старай Русса оройуонугар Дмитрий Прокопьевич Скрябин, Иннокентий Михайлович Стручков, Афанасий Григорьевич Новгородов, Иван Егорович Кузьмин, Иннокентий Егорович Шараборин, Иннокентий Афанасьевич Хохолов, Иван Львович Кондратьев, Иван Иванович Степанов, Павел Андреевич Кульбертинов онтон да элбэх байыас сэриилэспитэ. Үгүстэрэ дьоруойдуу өлбүттэрэ.
Кулун тутар 10 күнүгэр 15 күннээх ыарахан, элбэх хаан тохтуулаах кыргыһыылар кэннилэриттэн хайыһар биригээдэтэ ыһыллыбыта. Биригээдэ тобохторо атын чаастарга холбоспуттара. Бу биригээдэ састаабыгар сэриилэспиттэр үгүстэрэ төрөөбүт дойдуларыгар эргиллибэтэхтэрэ.
Саха буойуннара бу дьоруойдуу сэриилэспит историяларын биһиги хантан билэбитий?
Биллиилээх историк Д.Д. Петров 1968 сыллаахха архыып докумуоннарыттан “Якутяне в боях на озере Ильмень” диэн кинигэни икки тылынан таһаарбыта, онон саха дьоно сүүһүнэн биир дойдулаахпыт, эдэркээн уолаттарбыт хорсун быһыыларын билбиппит, аахпыппыт. Маны тэҥэ Д.Д. Петров биир улахан дьоһун хардыыны оҥорбута – саха буойуннарын хорсун быһыыларын үйэтитэр туһунан.
Ильмень күөлгэ саха буойуннарыгар турбут обелиск бэйэтэ туһунан историялаах: 1967 сыллаахха Д.Д. Петров Ильмень күөлгэ олохторун толук уурбут саха уолаттарын туһунан архыып матырыйаалын булан баран Новгородскай уобаласка хаста да бара сылдьыбыта. Кинилэр бойобуой суолларынан сылдьан баран Д.Д. Петров Старорусскай уонна Новгородскай уобалас салалтатын иннигэр саха буойуннарын үйэтитэр туһунан боппуруоһу көтөхпүтэ.
Новгородецтар маныаха учуонай этиитин сөптөөхтүк ылынан пааматынньык туруорууга быһаарыы ылыммыттара. Петров пааматанньык туруохтаах сирин талбыта – Ретле дэриэбинэ аттыгар Ильмень күөл биэрэгэр, Москва – Санкт-Петербург айан суолун таһыгар.
1968 сыллаахха бу ыйыллыбыт оройуоҥҥа көстөр сиргэ обелиск туруоруллубута. Онно кыһыл көмүс буукубаларынан «Вечная слава воинам-якутянам, погибшим в боях за освобождение Старорусского района от немецко-фaшистских захватчиков в 1943 году» диэн суруллубута.
Пааматынньык аһыллыытыгар Д.Д. Петров брошюрата бэчээттэнэн тахсыбыта. Биллиилээх бэйиэт С. Васильев, архыып докумуоннарын үөрэтэн баран “Улуу Ильмень” диэн баллада суруйбута. Муосчут А. Бурцев мамонт сэлиититтэн биир дойдулаахтарын хорсун быһыыларын туһунан ураты экспозиция айан таһаабыта. Ону Новгородскай уобаласка бэлэх быһыытынан туттарбыттара.
Ильмень күөл биэрэгэр граниттан оҥоһуллубут обелиск үйэ-саас тухары ыраах Хоту сир уолаттара – сахалар, Новгородскай уобалас Старорусскай оройуон иһин 1943 сыллаахха тыыннарын толук уурбут, бу хааннаах кыргыһыыга кыттыбыттарын туоһулуу турар биир ытык бэлиэ буолар.