29.03.2024 | 18:00

Иллэҥ кэмҥитин туһалаахтык атаарыҥ!

Иллэҥ кэмҥитин туһалаахтык атаарыҥ!
Ааптар: Айыына ДОНСКАЯ
Бөлөххө киир

Оҕо аймах биир саамай күүтэр сааскы сынньалаҥ үгэннээн турар кэмигэр төрөппүттэр быыс-арыт булан, дьиэ кэргэнинэн ханнык эмэ тэрээһиннэргэ сылдьаллара туһалааҕа чуолкай. Оҕолорго үтүө өйдөбүлү хаалларар, култуурунай, интеллектуальнай өттүнэн таһымнарын үрдэтэр курдук, куорат иһигэр ханна сылдьыахха сөбүй?

Сааскы каникулларга – музейга!

Өрөспүүбүлүкэ Национальнай уус-уран музейыгар (Киров уул., 9) кулун тутар 23 күнүттэн «Весенние каникулы в музее!» бырагыраама ыытыллар. Кулун тутар 28, 29, 30 уонна 31 күннэригэр 12.00 уонна 15.00 чаастан оскуола оҕолорун «Өбүгэ тыына» экскурсия уонна «Аптаах холбуйачаан» арт-практикум күүтэллэр.

 «Өбүгэ тыына» быыстапкаҕа оҕолор Сахабыт сирин ааптардара айар күүрээни этнографическай айаннартан, олоҥхоттон, хотугу норуоттар остуоруйаларыттан, өс хоһоонноруттан, үһүйээннэртэн ылбыттарын туһунан чахчылары билиэхтэрэ. Быыстапка ойуулуур-дьүһүннүүр искусство арааһын (графика, живопись, скульптура, декоративнай-прикладной искусство, инсталляция), историяны уонна национальнай үгэстэри билиһиннэриэҕэ.

«Аптаах холбуйачаан» арт-практикумҥа кыттааччылар гуашь, фломастер көмөтүнэн айар үлэ умсулҕаныгар умсуохтара, талбыт тиэмэлэринэн уруһуйдуохтара. Итини сэргэ арт-практикум бырагырааматыгар Саха сирин интерактивнай оонньуулара киирдилэр.

Билиэт сыаната (18 саастарыгар диэри оҕолорго) – 300 солкуобай, 6 саастарыттан үөһээ саастаах оҕолор киирэллэр. 

«Алыптаах Хомус» испэктээк

Кулун тутар 29 күнүгэр 09:00 уонна 18:00 чаастан Ф. И. Авдеева аатынан Оҕо айымньытын дыбарыаһыгар (Киров уул., 20) Арассыыйаҕа Дьиэ кэргэн уонна Саха сиригэр Оҕо саас сылыгар анаан Үҥкүү национальнай тыйаатыра Марфа уонна Василена Шариналар кинигэлэринэн туруоруллубут «Алыптаах Хомус» остуоруйаҕа ыҥырар.

Остуоруйа сүрүн геройа – Кустукчаана диэн хорсун кыыс, кини ыарахаттартан чаҕыйбакка, норуотун уонна төрөөбүт дойдутун улахан дьаҥтан өрүһүйээри ыраах айаҥҥа турунар. Аара суолга кини Үрдүк Айыылары кытта билсиһэр, сүбэ-соргу ылар, кинилэр көрдөһүүлэрин барытын толорор. Манньатын киниэхэ ыарыылары үтүрүйэр, дьаҥтан, хара дьайтан ыраастыыр сүдү күүстээх аптаах хомуһу бэлэх ууналлар.

Билиэт сыаната – 300-500 солкуобай.

«Тайна третьей планеты» испэктээк

Кулун тутар 30 күнүгэр 17:00 чаастан А. С. Пушкин аатынан Судаарыстыбаннай академическай нуучча тыйаатыра (Ленин просп., 21) оҕолору «Тайна третьей планеты» испэктээккэ күүтэр.

Санаан көрүҥ, космос куйаарыгар төһөлөөх элбэх биһиги билбэт планеталарбыт, цивилизацияларбыт, харахтаан көрбөтөх харамайдарбыт бааллара буолуой!

Айымньы сүрүн геройа Алиса баара-суоҕа 12 саастаах эрээри, наһаа элбэх планеталары кэрийбит, араас дьикти олохтоохторун кытта билсибит. Кини аҕата Игорь Селезнев – биллиилээх учуонай, профессор, биолог, Москва зоопааркатын үлэһитэ. Космическай научнай  экспедицияларга кыысчаанын илдьэ сылдьан, араас планеталарга сэдэх кыыллары көрдүүллэр. Испэктээккэ сылдьыбыттар кинилэр араас интэриэһинэй, мүччүргэннээх сырыыларын көрүөхтэрэ, тэҥҥэ «айаннаһыахтара», үһүс планета кистэлэҥнэрин чинчийиэхтэрэ.

Билиэт сыаната – 500 солкуобай.

«Маҥнайгы учуутал» испэктээк

Саха Өрөспүүбүлүкэтин Судаарыстыбаннай эстрада тыйаатыра (Ленин просп., 47), кулун тутар 30-31 күннэригэр 09:00 чаастан биллиилээх суруйааччы Чингиз Айтматов төрөөбүтэ 95 сылынан уонна ааспыт Учуутал уонна уһуйааччы сылын чэрчитинэн режиссер Сергей Потапов «Маҥнайгы учуутал» испэктээгэр оҕолору уонна төрөппүттэри күүтэр (испэктээк сахалыы тылынан барар).

Сүрүн оруолларга: Иван Константинов, Амгаяна Нестерева, Парасковья Варламова.

 Испэктээккэ ааспыт үйэ 20-с сылларыгар саха алааһыгар буолбут түбэлтэлэр көстөллөр. Эдэр уолчаан оскуоланы тэрийээри, оҕолору сурукка-бичиккэ үөрэтээри, төрөөбүт дойдутугар эргиллэр. Урукку хаалынньаҥ олохтон тэйэ илик биир дойдулаахтара учууталы атыҥырыы көрсөллөр. Оттон оҕолор оскуолаҕа үөрэ-көтө бараллар. Биир кыыска учуутал кэлиитэ олоҕун тосту уларытар.

Билиэт сыаната – 700 - 1600 солкуобай.

«Дитя и волшебство» испэктээк

Д. К. Сивцев-Суорун Омоллоон аатынан Судаарыстыбаннай опера уонна балет тыйаатыра (Ленин уул., 46/1) кулун тутар 31 күнүгэр 10:00 уонна 20 чаастан Морис Равель «Дитя и волшебство» биир аакталаах оператыгар ыҥырар.

Композитор бу айымньыны Франция суруйааччыта Г. Колетт либреттотыгар Монте-Карло опернай тыйаатырыгар туруорарга айбыта, опера 1925 сыл кулун тутар ыйыгар ситиһиилээхтик буолан ааспыта. Айымньы 2020 сыл тохсунньу ыйыттан Судаарыстыбаннай опера уонна балет тыйаатырын репертуарыгар бигэтик киирдэ.

Опера сюжетыгар – киһи тылын истибэт оҕону киниэхэ хомойбут тэриллэр боччуйарга уонна үөрэтэргэ соруналлар. Араас моһоллору ааһан, оҕо үчүгэй өттүгэр уларыйар уонна ийэтигэр төннөр. 

«Дитя и волшебство» – оҕолорго да, төрөппүттэргэ да тэҥҥэ сөбүлэтэр кыахтаах дьиэ кэргэҥҥэ анаммыт, Саха сирин сыанатыгар эксперимент быһыытынан туруоруллубут айымньы. Оттон көрөөччүлэр испэктээк кыттааччыларынан буолан хаалаллар.

Туруорааччы-режиссер – Татьяна Саввинова, сүрүн оруолларга: Мария Михайлова, Зинаида Колодезникова, Айталина Адамова-Афанасьева.

Билиэт сыаната – 400 солкуобай.

«А зори здесь тихие» испэктээк

П. А. Ойуунускай аатынан Саха академическай тыйаатыра (Орджоникидзе уул., 1) муус устар 5 күнүгэр 12:00 чаастан режиссер Роман Дорофеев суруйааччы Борис Васильев «А зори здесь тихие...» сэһэнинэн туруорбут испэктээгэр ыҥырар.

Аҕа дойду Улуу сэриитэ. Зенитчицалар этэрээттэрэ ньиэмэс саллааттарын төгүрүктээһинигэр түбэһэр уонна тэҥэ суох хабыр хапсыһыыга суорума суолланар. Испэктээк премьерата Улуу Кыайыы күнүгэр уонна Саха АССР төрүттэммитэ 100 сылыгар ананар.

Саха тылыгар Павел Ченянов тылбаастаата. Оруолларга: Ильяна Павлова, Лена Маркова, Нюргуяна Шадрина, Александра Сивцева, Жанна Ксенофонтова, Айталина Лавернова, Айталина Цыпандина уонна Николай Протасов. Режиссер көмөлөһөөччүтэ – Анна Аммосова.

Билиэт сыаната – 300 - 800 солкуобай.

«Украшение из бисера» маастар-кылаас

Муус устар 5 күнүгэр 17:00 чаастан В. Г. Белинскай аатынан кыраайы үөрэтэр библиотека 1-гы №-дээх филиала «Украшение из бисера» диэн олус интэриэһинэй маастар-кылааска ыҥырар.

Тэрээһиҥҥэ бисертан араас дьэрэкээн киэргэллэри оҥорорго үөрэниэххит. Маастар-кылааска оҕуруонан оҥоһук тиэхиньикэтин билиһиннэриэхтэрэ, матырыйааллары, үнүстүрүмүөннэри хайдах таларга, өҥү дьүөрэлииргэ үөрэтиэхтэрэ. Кэлэн кыттыҥ, айар дьоҕургутун арыйыҥ, эксперименнииргэ үөрэниҥ! Маастар-кылааска үөрэнэргэ сатабыл, бэлэм буолуу таһыма оруолу оонньообот, ким баҕарар сатыан сөп.

Билиэт сыаната – 100 солкуобай.

Буолар сирэ: В. Г. Белинскай аатынан кыраайы үөрэтэр библиотека 1-гы №-дээх филиала, аадырыһа: Федор Попов уул., 18   («Банковскай» тохтобул, 1-кы, 4-с, 14-с, 18-с, 20-с, 25-с, 109-с оптуобустар тиийэллэр).

«Изящность гипса» маастар-кылаас

Муус устар 6 күнүгэр 18:00 чаастан «Маяк» библиотека бэспиэһинньиктэри (подсвечниктары) гиипсэттэн оҥорор маастар-кылааска ыҥырар.

Манна үлэҕэ туттар сүрүн матырыйааллары, үнүстүрүмүөннэри кытта билиһиннэриэхтэрэ, онтон гиипсэнэн үлэ тиэхиньикэтигэр уһуйуохтара. Кыттааччылар, үөрэннэхтэринэ, оҥоһуктарын быһыытын-таһаатын, дизайннын бэйэлэрэ талаллар. Хас биирдии кыттааччыга маастар көмөлөһөр, сүбэлиир-амалыыр. Туттар тэрил, матырыйаал билиэт сыанатыгар киирэн сылдьаллар. Түмүккэ оҥоһуккутун илдьэ бараҕыт.

Билиэт сыаната – 300 солкуобай.

«Маяк» библиотека аадырыһа: Маяковскай уул., 81 («20-с №-дээх оскуола» тохтобул, 3-с, 5-с, 16-с, 41-с №-дээх оптуобустар тиийэллэр).

«Путь к звездам» квиз

Капитоновкатааҕы «Тирэх» кулууп муус устар 12 күнүгэр 11:00 чаастан үрдүкү кылаас үөрэнээччилэрин уонна устудьуоннары интеллектуальнай оонньууга ыҥырар.

Оонньуу бырагырааматын кыттыылаахтара 4 интеллектуальнай түһүмэҕинэн куоталаһыахтара. Итиннэ логиканы, эрудицияны уонна булугас өйү бэрэбиэркэлиир ыйытыылар баар буолуохтара.

Интеллектуальнай оонньуу сыала – космонавтика, космоһы баһылааһын бастакы хардыыларын туһунан билиини хаҥатыы. 

Билиэт сыаната – 100 солкуобай.

Буолар сирэ: Капитоновка сэлиэнньэтэ, Семенов уул., 24, «Тирэх» кулууп.

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

Медик: «Бааһырбыт байыаспын дөйүтэн баран соһорум»
Дьон | 20.12.2024 | 12:00
Медик: «Бааһырбыт байыаспын дөйүтэн баран соһорум»
Олус ыарахан кэпсэтии буолла. Ааҕааччыга тиэрдэр гына суруйуохха наада. Дьоруойум сөбүлэҥин ылыахпын наада. Тоҕо диэтэххэ кини анал байыаннай дьайыыга сылдьыбыт кэрэ аҥаар,  ийэ, медик. Кэпсии олорон ытаатаҕына, сырҕан бааһын таарыйаммын диэн кэмсинэн ылабын, онтон эмиэ чочумча буолан баран салгыыбыт.   Кини позывнойун кистиир, ханна баарын, билигин ханна олорорун эмиэ эппэппит. Сөбүлэһэн...
Үчүгэйи көрөргө хаһан үөрэнэбит?
Сонуннар | 14.12.2024 | 13:15
Үчүгэйи көрөргө хаһан үөрэнэбит?
Сиэн көрө куоракка кыстыыбын. Күн аайы оптуобуһунан оҕобун оскуолаҕа илдьэбин-аҕалабын. Быйыл, дьэ, этэргэ дылы, үйэ тухары хамсаабатах маршруттарга уларыйыылар таҕыстылар. Бассаапка үөхсэн туох туһа кэлиэй, төттөрүтүн, дьону күөртээн эрэ биэрии курдук. Ол иһин бу турунан туран Дьокуускай куорат сахалыы тыллаах хаһыатыгар санаабын тиэрдэргэ соруннум.  Бииринэн, нэһилиэнньэбит ахсаана күн-түүн улаата турар....
Сатаан салайыы, тэрийии — эмиэ талаан
Дьон | 14.12.2024 | 18:00
Сатаан салайыы, тэрийии — эмиэ талаан
Харах ыларынан хаһан да бүппэттии көбүүс-көнөтүк тыргыллар бэс чагда устун айан суолунан сыыйылыннаран иһэн, «Дьиикимдэ» диэн суруктаах бэлиэҕэ биирдэ баар буола түстүбүт. Туох-хайдах дьарыктаах, тугунан тыынар нэһилиэккэ киирэн эрэрбитин аартыкка баар суруктаах бэлиэ кэпсииргэ дылы.  Бүгүн биһиги “Дьиикимдэ дьээбэлэрэ” көр-күлүү тыйаатырын артыыһа, режиссера, продюсера Артур Николаевич Егоровтыын нэһилиэк култуурунай олоҕун...