13.04.2023 | 13:30

Илин эҥээр бастыҥ эдэр учуутала ааттанна

Илин эҥээр бастыҥ эдэр учуутала ааттанна
Ааптар: Айгыына Бурнашева, Лөгөй орто оскуолатын 10 кылааһын үөрэнээччитэ
Бөлөххө киир

Дойдубар, Уус Алдан улууһун Кэптэнитигэр, ааспыт нэдиэлэҕэ  Учуутал уонна уһуйааччы сылын чэрчитинэн “Илин эҥээр бастыҥ эдэр учуутала” күрэс икки күн устата олус тыҥааһыннаахтык, эрийсиилээхтик, үрдүк таһымҥа буолан ааста. Бу эдэр учууталларга инникитин үлэлэригэр төһүү буолара саарбаҕа суох. Ыалдьытымсах Лөгөй нэһилиэгин олохтоохторугар, оскуола кэлэктиибигэр бу сүрдээх быһаарыылаах, идэни баһылааһыҥҥа бэйэни көрдөрөр, аатын ааттатар күрэхтэһиигэ кыттыбыт учууталлар тэрээһин үрдүк таһымнаахтык ыытыллыбытын бэлиэтииллэр уонна барҕа махтал тылларын тиэрдэллэр.
Мин бүгүн “Киин куорат” ааҕааччыларыгар Лөгөй орто оскуолатын 10-с кылааһын үөрэнээччитэ Айгыына Бурнашева туһунан билиһиннэриэхпин баҕарабын. Кини бу икки күннээх күрэхтэһии туһунан ымпыктаан-чымпыктаан, былырыыҥҥы кыайыылаахтан интервью ылан, иккис күнү толору тиэрдэн суруйбутун олус хайгыы көрдүм. 
Айгыына тыла-өһө чочуллубут, бэлэм суруналыыс сылдьар диэн сыаналаатым. Кини инники идэтин таларыгар суруналыыстыканы таба тайаныан сөп эбит дии санаатым. Ол курдук ылбыт интервьюта, ыйытыылара барыта сөпкө миэстэтигэр бэриллибиттэр. Иккис тыҥааһыннаах күнү Айгыына бэйэтин хараҕынан көрбүтүн ырытан сыаналаабыта, суруйбута олус махталлаах. Онон Айгыынаҕа инникитин улахан ситиһиилэри, туйгун үөрэҕи баҕаран туран суруйарын бырахпатыгар, суруналыыстыка уустук идэтигэр киирэригэр тус санаабын тиэрдэбин. 

Наталья Кычкина

Муус устар 4-5 күннэригэр Лөгөй орто оскуолатыгар илин эҥээр улуустарын эдэр учууталларын күрэхтэһиитэ үрдүк таһымҥа ыытылынна. Манна алта улуустан: Мэҥэ Хаҥаластан, Амматтан, Тааттаттан, Чурапчыттан, Уус Майаттан уонна Уус Алдантан барыта 13 эдэр учуутал кыттыыны ылла. Кинилэри түөрт хайысханан 19 эксперт сыаналаата

Маҥнайгы күн уруоктары көрүү, методическай семинар уонна бөлөҕүнэн бырайыак көмүскээһинэ буолла.

Бу улахан күрэхтэһии биһиги оскуолабытыгар ыытыллыбыта мээнэҕэ буолбатах. Ол курдук, былырыыҥҥы үөрэх дьылыгар оскуолабыт историяҕа уонна обществознаниеҕа учуутала Василий Бережнев илин эҥээр улуустарын эдэр учууталларын күрэхтэһиитин кыайыылааҕынан ааттаммыта. Онон киниттэн аҕыйах ыйытыыга хоруйдууругар көрдөстүм.

– Василий Васильевич, үтүө күнүнэн! Бу улахан тэрээһин биһиги оскуолабытыгар ыытылла турарынан эйиэхэ улахан махтал уонна эҕэрдэ. Былырыыҥҥы күрэхтэһиини санаан аас эрэ.

– Махтал. Былырыын маннык күрэхтэһиини Мэҥэ Хаҥалас улууһун үөрэҕин управлениета тэрийэн ыыппыта. Ол тэрээһин бүгүҥҥүттэн уратыта тэйиччиттэн олорон кыттыы этэ. Бэйэм оскуолабар олорон, этэргэ дылы, эркиннэрим кытта көмөлөһөн, кыайыы өрөгөйүн билэн олус үөрбүтүм. Онон быйылгы күрэхтэһии манна буола турарыттан астынабын.

– Тэйиччиттэн олорон уонна маннык сирэй көрсөн олорон кыттыы, эн санааҕар, төһө уратылааҕый?

– Тэйиччиттэн олорон кыттыы, биллэн турар, олох атын. Сирэй көрсөн олорон кыттыы психологическай да, эмоциональнай да өттүнэн ыарахан. Ол иһин биһиги оскуолабытыгар кытта кэлбит учууталлар бэйэлэрин күүстэрин-уохтарын билэн, эрэнэн кэлэн кытта сылдьаллар. Тэйиччиттэн кыттар быдан чэпчэки буоллаҕа. Онон бу күрэхтэһиигэ ким бэлэмнээх, туруктаах, күүстээх, бэйэтигэр эрэллээх – ол кыайыаҕа.

– Василий Васильевич, арай иккистээн кыттаргар кыах биэрдиннэр, хайа көрүҥүн талыаҥ этэй?

– Иккистээн кыттарбар кыах биэрэллэрэ буоллар, илэ кыттыыны талыам этэ. Тоҕо диэтэр, бэйэм учуутал буоларым быһыытынан, оҕолорго уруок ыытыахпын, биир идэлээхтэрбэр маастар-кылаас көрдөрүөхпүн баҕарабын. Хомойуох иһин, былырыын оннук табыллыбатаҕа.

– Кыттааччыларга баҕа санааҥ.

– Кыттааччылар, бүгүҥҥү күн туругунан, бары кыайыылаахтар. Бу бэйэлэрин улуустарын чиэһин көмүскүү сылдьаллара бэйэтэ улахан кыайыы дии саныыбын. Барыларыгар ситиһиини, бэйэҕэ эрэли, эдэрдии эрчими, күүстээх санааны баҕарабын.

– Махтал.

Иккис күн. Бастыҥ учуутал аата билиннэ

Илин эҥээр эдэр учууталларын күрэҕин иккис түмүктүүр күнэ үүннэ. Бу күн "Маастар-кылаас" уонна "Педагогическай сэбиэт" диэн түһүмэхтэр буоллулар. Маастар-кылааска учууталлар бэйэлэрин үлэлэрин саамай сүрүнүн, этэргэ дылы, сүмэтин-сүөгэйин билиһиннэрдилэр. Ким эрэ уопут оҥордо, ким эрэ аптамаат саа ыһан, хомуйан көрдөрдө. Үөрэнээччи хараҕынан көрдөхпүнэ, барыта тус-туһунан ураты, олус интэриэһинэй.

Мин ордук Мэҥэ Хаҥалас улууһун  Хара орто оскуолатын саха тылын уонна литературатын учуутала Лев Данилович Варламов саха тыла сайдар суолун туһунан фокус группаны кытта ырытан, таабырын таайтаран ыыппыт маастар-кылааһын ордук биһирээтим. "Педсэбиэт" түһүмэххэ күрэхтэһээччилэр үөрэх хаачыстыбатын хайдах үрдэтэр туһунан кэпсэттилэр, санааларын үллэһиннилэр. Бары билиҥҥи кэмҥэ саамай тоҕоостоох тиэмэлэри таарыйдылар, чахчы оҕо инники кэскилин туһугар ис дууһаларыттан ыалдьалларын көрдөрдүлэр. Бу да түһүмэххэ саха тылын, литературатын дириҥник таптыыр буоламмын, Лев Данилович саха тылын сайыннарыыга санааларын, көрүүлэрин ордук чугастык ылынным.

Бүтэһиккэ "Төгүрүк остуол" ыытыллан, эдэр учууталлар дьүүллүүр сүбэни кытары күрэҕи уопсай ырыттылар, сүбэ-ама ыллылар, саҥа санаалар, сонун идеялар этилиннилэр.

Икки күннээх эрийсиилээх күрэх түмүгүнэн хас биирдии хайысхаҕа кыайыылаахтар быһаарылыннылар. Ол курдук, "Үөрэнээччилэр биһирэбиллэрэ" анал аат кыайыылааҕа Алексей Андреевич Попов – Чурапчы улууһун Г.Д. Протодьяконов аатынан Алаҕар орто оскуолатын биологияҕа уонна  химияҕа учуутала; "Естественнэй-политехническай цикл бастыҥ учуутала"Анжелика Ивановна Попова, Мэҥэ Хаҥалас улууһун И.Г. Тимофеев аатынан Майатааҕы лицей математикаҕа учуутала; "Общественнай цикл бастыҥ учуутала"Туяра Андреевна Попова,  Чурапчы улууһун Д.Г.Барашков аатынан Бахсы орто оскуолатын историяҕа уонна обществознаниеҕа учуутала;  "Гуманитарнай цикл бастыҥ учуутала"Людмила Борисовна Лыткина, Уус Алдан улууһун Г.В. Егоров аатынан Мүрү 1-кы нүөмэрдээх орто оскуолатын нуучча тылын уонна литературатын учуутала;  "Алын сүһүөх кылаас бастыҥ учуутала" – Саргылана Петровна Пешкова, Амма улууһун Амма орто оскуолатын алын сүһүөх учуутала.

Оттон бу илин эҥээр бастыҥ эдэр учууталларын түмпүт күрэххэ  Чурапчы улууһун Д.Г. Барашков аатынан Бахсы орто оскуолатын историяҕа уонна обществознаниеҕа учуутала Туяра Андреевна Попова муҥутуур кыайыылаах үрдүк аатын сүктэ.

Бары кыайыылаахтарга истиҥ эҕэрдэ!

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

Медик: «Бааһырбыт байыаспын дөйүтэн баран соһорум»
Дьон | 20.12.2024 | 12:00
Медик: «Бааһырбыт байыаспын дөйүтэн баран соһорум»
Олус ыарахан кэпсэтии буолла. Ааҕааччыга тиэрдэр гына суруйуохха наада. Дьоруойум сөбүлэҥин ылыахпын наада. Тоҕо диэтэххэ кини анал байыаннай дьайыыга сылдьыбыт кэрэ аҥаар,  ийэ, медик. Кэпсии олорон ытаатаҕына, сырҕан бааһын таарыйаммын диэн кэмсинэн ылабын, онтон эмиэ чочумча буолан баран салгыыбыт.   Кини позывнойун кистиир, ханна баарын, билигин ханна олорорун эмиэ эппэппит. Сөбүлэһэн...
Үчүгэйи көрөргө хаһан үөрэнэбит?
Сонуннар | 14.12.2024 | 13:15
Үчүгэйи көрөргө хаһан үөрэнэбит?
Сиэн көрө куоракка кыстыыбын. Күн аайы оптуобуһунан оҕобун оскуолаҕа илдьэбин-аҕалабын. Быйыл, дьэ, этэргэ дылы, үйэ тухары хамсаабатах маршруттарга уларыйыылар таҕыстылар. Бассаапка үөхсэн туох туһа кэлиэй, төттөрүтүн, дьону күөртээн эрэ биэрии курдук. Ол иһин бу турунан туран Дьокуускай куорат сахалыы тыллаах хаһыатыгар санаабын тиэрдэргэ соруннум.  Бииринэн, нэһилиэнньэбит ахсаана күн-түүн улаата турар....
Сатаан салайыы, тэрийии — эмиэ талаан
Дьон | 14.12.2024 | 18:00
Сатаан салайыы, тэрийии — эмиэ талаан
Харах ыларынан хаһан да бүппэттии көбүүс-көнөтүк тыргыллар бэс чагда устун айан суолунан сыыйылыннаран иһэн, «Дьиикимдэ» диэн суруктаах бэлиэҕэ биирдэ баар буола түстүбүт. Туох-хайдах дьарыктаах, тугунан тыынар нэһилиэккэ киирэн эрэрбитин аартыкка баар суруктаах бэлиэ кэпсииргэ дылы.  Бүгүн биһиги “Дьиикимдэ дьээбэлэрэ” көр-күлүү тыйаатырын артыыһа, режиссера, продюсера Артур Николаевич Егоровтыын нэһилиэк култуурунай олоҕун...