Илиинэн суруйуу – эмтэнии биир көрүҥэ
Билиҥҥи көмпүүтэр үйэтигэр илиинэн суруйарбыт улам аҕыйаан иһэр. XX үйэ 80-с сылларыттан саҕалаан «суругунан эмтэнии» ньымата киэҥник сайдыбыта.
Киһи күн аайы 15-30 мүнүүтэ устата бэйэтин ис туругун, тугу этиэн баҕарарын илиинэн суруйара олус туһалааҕын учуонайдар дакаастаабыттар. Бу дьарык кини доруобуйатыгар бары өттүнэн үчүгэйдик дьайар эбит. Санаа түһүүтэ суох буолар, утуйар уу нуорматыгар түһэр, бэл диэтэр, иммунитет бөҕөргүүр.
Тоҕо оннук буоларый? Тоҕо диэтэххэ, илиинэн суруйарга мэйиигэ баар иэнийии (эмоция) учаастагын таһыгар баар нейроннар кытталлар эбит. Оттон көмпүүтэргэ бэчээттээтэххэ, олох атын учаастактар үлэлииллэр диэн быһаарбыттар. Киһи туохтан эмит долгуйдаҕына, кыыһырдаҕына «Мин холкубун» диэн этиини 20 төгүл суруйдаҕына уоскуйар үһү.
Илиинэн суруйарга, холобур, үөрэтэр матырыйаалыҥ өйгөр ордук хатыыгын, болҕомтолоох буолаҕын уонна толкуйуҥ кэҥиир диэн учуонайдар быһаараллар. Итиннэ үлэлэһэр нейроннар билгэ уорганнарын (органы чувств), ону кытта хамсанар, саҥарар уо.о.д.а. уобаластары кытта ситимнээхтэр.
Үчүгэй уонна чуолкай буочарынан суруйуу (каллиграфия) Кытайга, Японияҕа, Америкаҕа уонна да атын сирдэргэ улахан сэҥээриини ылар. Пекиннээҕи институт доцена Юань Пу «Каллиграфия уонна доруобуйа» ыстатыйатыгар каллиграфияны цигун гимнастикаҕа холуур. Бу дойдуларга илиинэн үчүгэйдик уонна чуолкайдык суруйуу киһи доруобуйатын бөҕөргөтөр, мэйии үлэтин күүһүрдэр, оннооҕор олоҕун уһатар дииллэр.
Санкт-Петербург куоракка энтузиастар мэйии өттүнэн доруобуйаларыгар хааччахтаах оҕолору бастаан 15 мүнүүтэттэн саҕалаан каллиграфиянан дьарыктаабыттар. 7 кылааска киирэллэригэр үгүс оҕо математикаҕа, поэзияҕа, искусствоҕа дьоҕура сайдан барбыт. Сорохторо оннооҕор инбэлиит учуотуттан уһуллубуттар.
Итинник каллиграфияҕа сыһыаннаах хас да холобуру аҕалыахха сөп.
Иллэҥ кэммитигэр уруучуканан элбэхтэ суруйуохха. Бу дьарык туһатын бэйэбит эппитинэн-хааммытынан билиэххэ.