18.12.2019 | 10:27

ИЛИИ ТУТУУРДААХ, ӨТТҮК ХАРАЛААХ

Ааптар: Киин Куорат
Бөлөххө киир

Саха киһитэ ханна да бардын-кэллин, куруук илии тутуурдаах, кэһиилээх сылдьара былыр-былыргыттан суруллубатах сокуон буолар. Ыалга кураанах, илиигин сиэпкэр уктан кэлэриҥ хайдах эрэ сатаммат курдук. Оннооҕор куорат ыаллара биирдэ эмит аймахтарбытыгар, доҕотторбутугар күүлэйдии барарбытыгар хайаан да дьоммутугар, оҕолордоох буоллахтарына оҕолоругар кэһиилэнэбит.

Оттон тыа дьоно төһө кэһиилэнэллэрий? Ол туһунан аҕыйах киһи санаатын этэр.

Татьяна, Өлөөн улууһа:

- Мин ыраах улуустан сылдьар буоламмын куоракка түһэр аймахтарым суохтар. Онон бииргэ үөрэммит дьүөгэбэр куруук кэлэбин. Кинилэргэ ийэм, кыыһым эмиэ сылдьаллар. Кэһиини хайаан да илдьэ кэлэбит, ону таһынан кыһын суол аһылынна да эбэһээт балык, таба этэ, хоту дойду кэһиитин ыытабын. Биирдэ дьүөгэбэр махтанан тыс этэрбэс бэлэхтээбитим. Мин маны киһиргээн кэпсээбэппин, биһиги хоту дойду дьоно сүрдээх элэккэйбит, махтанары сатыыбыт уонна ыалдьытымсахпыт. Дьүөгэм суоҕа буоллар, гостиницаҕа ыйы-ыйдаан, өссө ийэбинээн эҥин кэллэхпинэ төһөлөөх харчы барыа биллибэт. Дьүөгэм аах өссө кэргэнинээн биһигини портка атааран, көрсөн биэрэллэр. Ону хайдах да махтаммакка сылдьарбыт биһиэхэ сатаммат.

Валентина, Уус-Таатта:

- Мин биирдэ эмит хоно-өрүү кэлэбин. Хаһаайыстыбалаах буоламмыт, үксүн күнүнэн сылдьааччыбыт. Ол да буоллар син биир кэһии тутан кэлэбит. Сүөһүлээх, астаах буоламмыт сүөгэй, үрүҥ ас, ону таһынан барыанньа, сороҕор бэрэски, алаадьы да астаан аҕалабын. Сүрдээҕин үөрээччилэр, ытыс үрдүгэр түһэрэллэр. Оннук эн-мин дэсиһэн, өйөһөн сылдьар билиҥҥи олохпутугар олус наадалаах.

Розалия Ивановна, Хаҥалас:

  • Мин бастаан куоракка оҕо сылдьан кэлэн баран оптуобуска хатааһылыырбын наһаа астыммытым. Оччолорго Ньурбаҕа олорорбут. Тутуһан сатаан турбакка, мөҕүллүмээри ол куттала этэ. Билигин Хаҥаласка кийииттээн олорбутум отучча сыл буолла. Оҕолорум манна бааллар. Урут-уруккуттан, биллэн турар, кэһиилэнэбит. Сүөгэй, хортуоппуй эбэһээт аҕалааччыбыт. Хайа киһи ыалга кэһиитэ суох кэлиэй? Оҕолорбор, сиэннэрбэр дьиэтээҕи бурдук ас, тоҥ эт, минньигэс аҕаллахпына, туох да наһаа үөрэллэр.

Дьэ, ити курдук тыа дьоно барахсаттар суохтарын-баардарын куорат дьонугар кэһиилэнэллэр, таксинан да ыыталлар. Маннык хардарыта сибээс баара олус үчүгэй. Аны куорат ыала тыа дьонугар тахсан сир астыа, отоннуо, оттоһуо турдаҕа. Онно эмиэ кэһиилэнэн, куорат сонун аһын илдьэн үөрэ-көтө, бэйэ-бэйэлэрин өйөһөн олороллоро билиҥҥи олохпутугар олус биһирэнэр.

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

Медик: «Бааһырбыт байыаспын дөйүтэн баран соһорум»
Дьон | 20.12.2024 | 12:00
Медик: «Бааһырбыт байыаспын дөйүтэн баран соһорум»
Олус ыарахан кэпсэтии буолла. Ааҕааччыга тиэрдэр гына суруйуохха наада. Дьоруойум сөбүлэҥин ылыахпын наада. Тоҕо диэтэххэ кини анал байыаннай дьайыыга сылдьыбыт кэрэ аҥаар,  ийэ, медик. Кэпсии олорон ытаатаҕына, сырҕан бааһын таарыйаммын диэн кэмсинэн ылабын, онтон эмиэ чочумча буолан баран салгыыбыт.   Кини позывнойун кистиир, ханна баарын, билигин ханна олорорун эмиэ эппэппит. Сөбүлэһэн...
Үчүгэйи көрөргө хаһан үөрэнэбит?
Сонуннар | 14.12.2024 | 13:15
Үчүгэйи көрөргө хаһан үөрэнэбит?
Сиэн көрө куоракка кыстыыбын. Күн аайы оптуобуһунан оҕобун оскуолаҕа илдьэбин-аҕалабын. Быйыл, дьэ, этэргэ дылы, үйэ тухары хамсаабатах маршруттарга уларыйыылар таҕыстылар. Бассаапка үөхсэн туох туһа кэлиэй, төттөрүтүн, дьону күөртээн эрэ биэрии курдук. Ол иһин бу турунан туран Дьокуускай куорат сахалыы тыллаах хаһыатыгар санаабын тиэрдэргэ соруннум.  Бииринэн, нэһилиэнньэбит ахсаана күн-түүн улаата турар....
Сатаан салайыы, тэрийии — эмиэ талаан
Дьон | 14.12.2024 | 18:00
Сатаан салайыы, тэрийии — эмиэ талаан
Харах ыларынан хаһан да бүппэттии көбүүс-көнөтүк тыргыллар бэс чагда устун айан суолунан сыыйылыннаран иһэн, «Дьиикимдэ» диэн суруктаах бэлиэҕэ биирдэ баар буола түстүбүт. Туох-хайдах дьарыктаах, тугунан тыынар нэһилиэккэ киирэн эрэрбитин аартыкка баар суруктаах бэлиэ кэпсииргэ дылы.  Бүгүн биһиги “Дьиикимдэ дьээбэлэрэ” көр-күлүү тыйаатырын артыыһа, режиссера, продюсера Артур Николаевич Егоровтыын нэһилиэк култуурунай олоҕун...