Илэ көрбүттэр
Мария Степанова:
– Уон биирис кылааска үөрэнэр эрдэхпинэ интэринээккэ олорбутум. Биир киэhэ дэлби сылайан эрдэ утуйардыы санаммытым. Дьэ уонна ороммун оҥостон баран уоппун арааран кэлэн иhэн хараҕым кырыытынан көрдөхпүнэ, 11-12 саастаах кыыс оҕо турар эбит этэ... Мин тугу да гынарбын билбэккэбин аҕыйах мүнүүтэ мух-мах барбытым, онтон хоспуттан куотан тахсыбытым. Ол эрэн абааhыны бэйэбин өйдүүр буолуохпуттан билиҥҥэ диэри көрөбүн даҕаны, тыаhын да иһиллиибин.
Василий Сергеев:
– Мин абааһы, иччи диэни бу сайын билбитим, быһата, тыаҕа эргэ өтөххө түспүппүт. Үһүөбүт, уолаттар арыгылаабыттара, мин испэппин, улахан айдаан буолбатаҕа. Ол олордохпутуна эргэ баҕайы даача аана күүскэ да күүскэ ыһылла барыар диэри сабыллыбыта, ити баар этэ, куттал диэн, таһырдьа уу-чуумпу этэ, тыал эҥин суох этэ.
Василий Неустроев:
– Мин бу сайын көрбүтүм, массыынабар ДТП-ланыам иннинэ. Таксилыы сылдьыбытым, түүҥҥүгэ. Биир сакааска аччыгый Марханан бардаххына киһи уҥуоҕа баар, ол онон айаннаан иһэбин. Сиэркилэбин көрбүтүм, хара күлүк олорор. Эргийэ биэрдим – туох да суох, онтон сиэркилэбин көрдүм – олорор. Баспыттан атахпар диэри ыбылы салыбыраатым. Онтон Марха аттыгар арыый тэтиммин улаатыннарбытым кэннэ суох буолбута, онуоха диэри көрөн олорбута... Куттал этэ.
Мария Байрон:
– Миэхэ кэпсээбиттэрэ. Реанимацияҕа, оперблоктарга үлэлиир дьон элбэҕи көрөллөр эбит, сорохтор үөрэнэн хааланнар кыһамматтар үһү. Онно дьон күн аайы кэриэтэ өлөр. Сорох ардыгар түүнүн дьуһуурунайдары уһугуннаран: “Тур, дьоҥҥун көр”,- дииллэр, сорох ардыгар оннооҕор ороҥҥуттан охторон түһэрэллэр, атахтарын, суорҕаннарын тардыалыыллар үһү. Биир билэр киһим оннооҕор өлбүт киһини илэ көрбүт этэ. Түүн үлэтигэр инструмент сууйа туран хараҕын кырыытынан көрбүт.
Иван Дьяконов:
– Мин куобахха сылдьан баран дьиэлээн испитим. Күһүн буолан хараҥа халлаан турара. Арай суол ортотугар туох эрэ уһун хап-хара турар. Иҥнэри соҕустук туттубут. Баҕар, тостубут тиит буолуо диэбитим, ама хайаан икки миэтирэлээх мас суол ортотугар туруой. Массыына ааспат буоллаҕа. Ону ааһан суол уруккуттан баара. Куттанан дьиэбэр быһалыы барбытым. Аны ол баран иһэн эмискэ кустар көтөн киһини соһутан бөҕөлөр. Чиэһинэ эттэхпинэ, ытыы сыспытым.
Валентина Кокорева:
– Бүлүүгэ “Дабаан” диэн уопсай дьиэ баар. СПТУ гиэнэ, онно биир дьахтар сордообут: утуйа сыттахтарына атахтарыттан да тардыалыыр, суорҕаннарын да былдьыыр. Сиэркилэҕэ элэҥнээн көстөр үһү, күлүк курдук. Аны часкыйар үһү, сарылааһын бөҕөтө буолар эбит. Аны таһынааҕы ыал сылгылара кистээн бөҕө үһү.
Мария Корякина:
– Мин 2006 сыллаахха дойдубар балтыбынаан уонна кини табаарыһа буолан биэрэккэ күүлэйдии сылдьыбыппыт. Халлааммыт син хараҥаран эрэрэ. Бууткаларга тохтоон сынньана олордохпутуна, сүүсчэкэ миэтирэ курдук ыраах сиргэ биир уп-уһун киһи тахсан кэлбитэ, хап-хара таҥастаах. Дьэ, биһиги ону интэриэһиргээн кэнниттэн сырсааччы буолбуппут да, киһибитин сиппэтэхпин. Кини тахсан кэлбит сиригэр ыллык да, туох да суох этэ, бүтүннүү ойуур. Мин хайдах эрэ этим тардыбыта, куттаммыппын дьоммор эппэтэҕим. Бөһүөлэккэ кэлэн көрбүппүн эбэбэр кэпсээбитим, ону эбэм уһун киһини көрөр куһаҕаҥҥа диэбитэ. Онтон түөрт хонук буолан баран үс киһи ууга былдьанан, биир кыыс бэйэтигэр тиийинэн өлбүт этилэр.
Уйгулаана Корнилова:
– Мин бэһис кылаастан көрөр буолбутум, бастаан тыастары, онтон күлүктэри уонна хара дьону. Бүтэһик көрбүт иччим тохсус кылааска үөрэнэ сырыттахпына этэ. Ийэбин кытта хоспутугар кэпсэтэ сыттыбыт (мин куруук сытан эрэ хос аанын көрөр идэлээхпин), ийэм сирэйин көрө олорон эмискэ хоһум аанын эргиллэн көрө түстүм – кыракый кыыс оҕо сүүрэн, сүтэн хаалла, кэнниттэн эрэ көрөн хааллым. Ийэм эмиэ көрбүт этэ (кини аһаҕас эттээх), дьиэбитигэр чөчүөккэлэр бааллар үһү. Өссө үһүөлэр дииллэр, ийэлээх аҕам. Аҕам куруук этэр: «Ити биһигини араҥаччылыыллар” - диэн.
Сардана Карелина:
– Үс сыллааҕыта быһыылаах этэ, эдьиийбэр олоро сылдьыбытым, икки сыл анараа өттүгэр кэргэнэ бу орто дойдуттан барбыта. Биир күн утуйа сыттыбыт, бары биир хоско утуйар этибит, мин туохтан эрэ уһуктан кэлбитим, ороммор атаҕым диэки ол күтүөтүм илэ бэйэтинэн кэлэн олорор. Мин онно сүрэҕим тохтуу сыспыта, нэһиилэ сарылаан эдьиийбин уһугуннарбытым. Ол кэннэ эдьиийим сыл курдук буолан баран бу олохтон букатынныы барбыта.
Сардана Васильева:
– Мин бастакы кууруска үөрэнэ сылдьан уопсайга олорбутум. Киэһээ уон чааска «отбой” буолбутун кэннэ таһынааҕы хостон ноутбук уларсан көрө сытан, олус утуктаан утуйарга санаммытым. Арай ол сыттахпына тымныы баҕайы кырачаан илиилэр кэлэн кэннибиттэн кууһа түспүттэрэ, онтон аа-дьуо куолаһынан кулгаахпар сибигинэйбитэ: “Миигин быраҕан барыма”. Мин тугу да саҥарбакка да, хамсаабакка да сыппытым. Ол күн дьиҥнээх «шок” диэни билбитим. Биэс күнү быһа аһаабатаҕым да, утуйбатаҕым да.
Алина Игнатьева:
– Биэс сыл анараа өттүгэр дэриэбинэҕэ үлэлии сылдьыбытым, онно биһиги биэс буолан, бары кыргыттар, уопсайга олорор этибит. Биир күн хойуккааҥҥа диэри үлэлээбиппит, былааммытын толоро охсоору. Уопсайбытыгар хойутаан тиийбиппит номнуо хатанан кээспиттэр этэ, кыргыттарым тоҥсуйа турбуттара. Ол уопсай утары өссө биир эргэ уопсай баар, ким да олорбот. Арай мин көрдөхпүнэ, ол дьиэ иккис этээһиттэн түннүгүнэн ким эрэ биһигини көрөн аҕай турар эбит. Мин тута кыргыттарбар эттим, ким да көрбөтө, бары куттанан хааллыбыт, өссө күүскэ тоҥсуйдубут. Вахтер дьахтар ааммытын нэһиилэ арыйда, мин киирэн иһэн син биир хараҕым ол түннүк диэки барда, көрөн турдахпына күлүк сүтэн хаалла. Киирэн вахтертан ыйыттым да, «ким да суох, хатанан турар” диэбитэ. Кэлин истибитим, ол хос, кырдьык, абааһылаах үһү, хас да киһи көрбүт.
Петр Васильев:
– Икки сыллааҕыта, тыаҕа борук-сорукка кустуу сылдьан былыргы ыллык суолу батыһан хааман истэхпинэ, сытыйбыт сыттаах хара туох эрэ ситэн ааспыта, нэhиилэ туораан биэрбитим. Сүрэҕим айахпынан тахсан куота сыспыта.