Илэ көрбүт, истибит түгэннэрим
М. Андросов, Таатта улууһа: - Мин 78 саастаах киһи олохпор дьиҥнээхтик көрбүт түгэннэрбиттэн суруйарга сананным.
Бастакы түбэлтэ.
Биһиги кыстыкпыт, сайылыкпыт биир олбуор иһигэр баара. Сайын кыстык дьиэбитигэр бурдук тардаллара. Аанын куруук саба сылдьыллыахтаах диэн дьонум өрүү сэрэтэллэрэ. Арай биирдэ көрдөхпүнэ, ол дьиэбит аана аһыллан турара. Ыалбыт оҕото ааны тутан турар дуу диэн көрбүтүм, ол оҕом аттынааҕы сарайга оонньуу сылдьар эбит. Онтон били уолбун көрбүтүм, кугас баттахтаах оҕо мин диэки көрөн турара. Иккиһин көрүүбэр, ааны түргэн баҕайытык сабан, иһирдьэ киирэн хаалла. Ити күнүс түөрт чаас саҕана быһыылаах этэ.
Иккис түбэлтэ. Былыргы оҕо ынах хомуйар буолара. Биһиги ынахтарбыт дьиэбититтэн чугас Уус Сайылыга диэн сиргэ мэччийэр үгэстээхтэрэ. Аны санаатахпына, чаас эҥин курдук оонньуур быһыылааҕым. Онно модьоҕо буоругар сыгынньах оҕо атаҕын суолун курдук баарын, чөчүөккэ суола быһыылаах диэн сэрэйбитим, олох куттаммат этим. Туос ынахтарым да элбээбит курдук буолаллара. Ол сиргэ балайда киэҥ толоон ортотугар улахан баҕайы баараҕай тиит үүнэн турара. Онно кыра холорук кэлэн, тиит төрдүгэр сүтэн хааларын элбэхтик көрөрүм. Ону ийэбэр эттэхпинэ: «Дойду иччитэ тохтуур тиитэ, алдьаппат буолуҥ», - диэн буойара. Көр, ол курдук абааһыны, иччини итэҕэйдэргин даҕаны, сороҕор олох куттаммат буолаҕын. Онтон сорох сиргэ, эбэтэр ампаарга, өтөххө киирэн бараммын, дэлби куттанан иэним кэдэҥнээн тахсар буолара.
Үһүс түбэлтэ. Эмиэ аҕыстаах-тоҕустаах бэдик эбитим буолуо. Ханнык ыйын өйдөөбөппүн. Маппый Сэмэнэ диэн ыал ийэлэрэ сөтөл буолан ыалдьара. Ону балыыһаҕа көрдөрө илдьэллэригэр, миигин уонна атаҕынан доҕолоҥнуур аймахтара оҕонньору уолларыгар доҕор уонна көмө гына аҕалбыттара. Үһүө буолан, дьиэ-сүөһү көрөн олордубут. Мин оҕонньор атаҕар, уолбут мин төбөбөр сытара. Биир түүн эмискэ уһуктан кэлбитим, оһох умуллубут. Өр буола-буола үөлэһинэн кыым тахсарын көрө сыттахпына, таһырдьа чугас тыабытыгар мас кэрдэр тыас иһилиннэ. Балайда өр буолан баран, тиит охтор тыаһа оту-маһы барчалаата, онтон чараас сүгэнэн мутугун солууругар сүгэтин тыаһа лыҥкынаан ылар. Ол курдук иһиллии сытаммын утуйбут этим. Сарсыныгар уһуктан тураат да, бөөлүүн тугу истибиппин оҕонньорго кэпсээтим. Онуоха кини биир төбөтүнэн ыалдьар киһи баара, ол кэлэн кэрдибитэ буолуо диэтэ. Уонна Сэмэннээххэ олох кэпсээмэ диэн буойда. Дьоммор кэлэн кэпсээбиппэр, Матырыана сордоох киһи буолумаары гыннаҕа диэбиттэрэ. Онтон, кырдьык өр буолбатаҕа, ол эмээхсин өлбүтэ.
Төрдүс түбэлтэ. Сайын окко киириэх иннинээҕи кэм быһыылааҕа. Арай утуйа сытан уһуктан кэллим, дьонум утуйа сыталлар. Сайыҥҥы түүн сырдыга сүрдээх. Иһиттэхпинэ, дьиэбит уҥа өттүгэр таска туос иһити куурдар мас орон баара. Онно быһаҕы, эрбиини, сүгэни быраҕар тыас иһилиннэ. Ким кэллэҕэй диэн киирэрин кэтэһэ сытан утуйан хаалбыппын. Уһуктубутум, дьонум турбуттар. Били тыаһы кэпсээбиппэр, ким эрэ кэлэн баран утуйа сытарбыт иһин киирбэтэҕэ буолуо диэн таайа сатыы олорбуппут. Арай, ол олордохпутуна, биһигиттэн тэйиччи олорор ыалбыт аҕата Киргиэлэй түөрт-биэс саастаах ыарыһах кыыһа өлбүтүгэр, буорун үлэтигэр көмөлөһүннэрээри кэлэн барда. Онно дьонум Киристиинэ эрэйдээҕи кэриппиттэр диэбиттэрэ.
Мин 1931 сыллаахха 14 сааспар булгуччулаах үөрэхтээһиҥҥэ хапсаммын, Кутаама диэн сиргэ чааһынай ыал дьиэтигэр маҥнайгы кылааска үөрэнэ киирбитим. Сүүрбэттэн тахсабыт, бары улахан оҕолор, сорохтор бытыктаах да этилэр. Мин бырааппынаан иккиэ буолан оскуолаттан ыраах Кэриги диэн күөл таһыгар олорор ыалга дьиэлэммиппит. Саас кулун тутар ый саҥатын диэки быһыылааҕа. Арай биир сарсыарда Баһылай диэн олорор ыалбыт аҕата киирэн: «Бөөлүүн эбэбит иччитэ хаампыт, муус бөҕөтүн куорҕаллаабыт», - диэтэ. Биһиги оскуолаҕа баран иһэн ыраахтан көрдөхпүтүнэ, муус күөрэлэнэн буруолуу сытара. Туманнаах этэ, төһө уһунун иҥин быһааран көрүү суоҕа. Ол кэнниттэн биһиги икки кыһын олорбуппут да туох да биллибэтэҕэ. 1961 сыллаахха алта да сэттэ миэтэрэ иэннээх дьиэни туттан киирбиппит, иһигэр сабыс саҥа кыра умуһахтаах этэ. Оччотооҕуга холодильник суоҕар, аһы умуһахха сойуталлара. Арай, тугу эрэ уураары умуһахпын аспытым, ортотугар куонус курдук быһыылаах от чөмчөйөн турар эбит. Үрдүгэ 40 см, өссө ордук эбитэ дуу? Ханнык да кутуйах, эбэтэр маттаҕа итинник үрдүк кылааккай бүтэй уйаны оҥостуох туһа суох. Ньаадьы уйата быһыылаах диэн сэрэйэн оҕонньорбуттан ыйыппыппын: «Алдьаппакка эрэ сэрэнэн ылан, таһырдьа саһааҥҥа илдьэн уур», - диэбитэ. Кэлин онно туран, тыал эҥин ыһан, сыыйа суох буолта. Ону өйдөөн музейга биэрбит буоллар, дьэ үчүгэй экспонат буолуо хааллаҕа. Эбэтэр аньыы буолуо эбитэ дуу?
Атыыр оҕустуун күөн көрсүү
Сэмэн Сивцев, Өймөкөөн улууһа: - Эһэм убайа Мэхэлэчии туһунан оҕо сылдьан уу харахпынан көрөн, билигин даҕаны сөҕө саныыр биир түгэммин кэпсиэхпин баҕардым. Оччолорго дэриэбинэ оҕолоро хамаандаҕа арахсан хаппыт ынах сааҕынан бырахсан сэриилэһэ оонньуурбут. Биир киэһээ ол курдук сэриилэһэ сырыттахпытына, илин хотон ферматын Айаал диэн аатырбыт суостаах кэйиик атыыр оҕуһа арҕааттан «айаатаан-орулаан» биһиги диэки көрдө көрбүтүнэн кэллэ. Биһиги онтон куотан, кус оҕолорун курдук эбэлээхпит хотоннорун күрүөтүн иһигэр сүллүгэстэр быыстарынан түһүтэлээтибит. Атыыр оҕус кып - кыһылынан күлтэччи көрбүт суостаах харахтарын быччатан, орулуу-орулуу, кэлээт оттоох кыбыы күрүөтүн модьу муоһунан олуйа сөрөөн сүллүгэстэри, баҕаналары өрө сүгэн таһаараат булгу аста. Ону кытта тоһута барар сүллүгэстэр тыастара өрө «лаһыгырыы» түстүлэр. Оҕус кэбиһиилээх окко киирдэ. Биһиги оччону көрөөт, ыһыытаспытынан дьоммутугар саба сырсан тиийдибит. Дьиэҕэ улахан дьонтон үйэтин тухары булчут, аҕыс уонуттан лаппа тахсыбыт эһэбит убайа Мэхэлэчии оҕонньор эрэ баара. Аҕылыырбыт быыһыгар оҕус күрүөнү алдьаппытын туһунан өрүсүһэ-өрүсүһэ кэпсээн «үллэҥнэтэ» оҕустубут. Оҕонньорбут холкутук истэн эрэ кэбистэ. Онтон ас буһарар дьиэҕэ киирэн чохороонун тутан таҕыста, уонна хонноҕор кыбынан аргыый аҕай кыбыылаах от диэки хааман сэксэҥнээтэ. Биһиги кини кэнниттэн батыстыбыт. Атыыр оҕус обургу кэбиһиилээх от муннугун тоҕо кэйэ-кэйэ аһаан «үллэҥнэтэ», ыстаан «ыллаҥната» турар эбит. Мэхэлэчии иһэрин көрөөт орулуу-орулуу утары хааман күрүөттэн тахсан кэллэ. Оҕонньор кыракый чохороонун ончоҕун утары гынан, икки илиитинэн охсордуу бобо туттан тохтоон турда. Биһиги күрүө иһигэр түстүбүт. Атыыр оҕус чугаһаат муннун сүр күүскэ тыбыыра - тыбыыра илин туйахтарынан сири тоҕута хаһыйталаан, көхсүгэр буору ыспахтаата, онтон күлтэйбит суостаах харахтарынан өһүөннээхтик кытарчы көрө-көрө харсардыы муостарын умса анньан оҕонньорго чугаһаата. Мэхэлэчии эмиэ оргууй үөмэр курдук үктээн утары хаамта. Бэйэ бэйэлэригэр эргийэ хааман ыкса чугасыһан истилэр. Биһиги күрүө быыһынан көрөн турдубут. Мэхэлэчии кыракый уҥуохтаах, хатыҥыр кырдьаҕас оҕонньор атыыр оҕуска тэҥнээтэххэ букатын кыра буолан көһүннэ. Ол эрэн харахтара уоттаах уонна дьүһүнэ холку эрээри, туох эрэ күүс түмүллүбүт курдук этэ. Аан дойдубут туох баар эргийэр иэччэҕин киинэ буолан, болҕомтобут барыта бүүс бүтүннүү бу тыҥыыр түгэҥҥэ түмүлүннэ. Санаабар олус уһуннук эргийэр курдуктар. Кутталбар сүрэҕим тэбэрэ кулгаахпар кытта иһиллэр. Атыыр оҕус сотору-сотору муннун «пуус» гына күүскэ тыаһатан тыбыырар. Букатын чугаһастылар. Онтон оҕонньор эмискэ атыыр оҕуһу маҕыйа түһэн баран, чохороонун ончоҕунан муоска саайан кууһуннарда. Сүгэ кэтэҕин тыаһа бэрт сытыытык оҕус муоһугар «лоос» гына саайылынна. Ону кытта оҕус туймаарбыт курдук аҥаар хараҕын симэн төбөтүн иҥнэри соҕус өрө көтөҕөөт, турбахтыы түһээт, оннук хантайбытынан илгистэ-илгистэ кэлбит сирин диэки куотардыы хаама турда. Биһиги дьэ холкутуйан «һуу» дэстибит. Ол саҕана буолуохтааҕын курдук ылынан улаханнык омуннурбатыбыт. Кырдьаҕас убайбытыгар көмөлөһөн күрүөнү абырахтастыбыт. Кэлин санаан көрдөххө, урукку дьон хорсун да буолаллар эбит. Билигин итинник кыракый чохороонунан атыыр оҕуһу кытта күөн көрсө киирэр киһи көстүө дуо? Кытаанах дьыала. Ити оҕус арҕаа хотон оҕуһугар хотторон кэллэҕинэ суоһун, абатын итинник күрүөлэри алдьатан таһаарар быһыылаах этэ. Дьоммут күрүөтүн хаһыс да алдьатыыта буолан, оҕонньор кыратык үөрэтэн, кэһэтэргэ соруммут быһыылааҕа. Кырдьык, кэлин ол оҕус эбэлээхпит кыбыытын алдьаппытын тоҕо эрэ өйдөөбөппүн. Мэхэлэчии оҕонньор сүүһүгэр чугаһаан баран, бу орто дойду олоҕуттан барбыта. Булчут этэ. Өлөр сылыгар эрэ булка тахсыбатаҕа. Хаамарынан ураты киһи этэ. Сэниэлээх да ыччаттары ырыардан хаалларар оҕонньор эбитэ үһү. Ийэм түннүгүнэн көрөн, абаҕата ыраахтан бултаан киирэн иһэрин көрөн: «Оо, абаҕабыт тобугар олорон иһэр», - диир буолара. Оҕонньор хаамарыгар атаҕын олус үөһээ көтөҕөн ыраах-ыраах уурталаан, сиртэн тэйиэккэлээн чэпчэки- чэпчэкитик хаамара. Наар салааска эбэтэр туут хайыһар соһуулаах буолара. Өрүү сатыы эрэ сылдьара. Көлө диэҥҥэ отой олорсубат дьикти кырдьаҕас этэ.