Ил Дархан ыйааҕа төһө тутуһулларый?
Балаҕан ыйын 30 күнүгэр Ил Дархан ыйааҕынан коронавирус утары миэрэлэр өссө кытаатан биэрбиттэрэ. Докумуоҥҥа этиллэринэн, өрөспүүбүлүкэ сиригэр-уотугар түүҥҥү кулууптар, дискотекалар, караоке-баардар, о.д.а. 12 чаас кэннэ үлэлэрин тохтотоллор диэн этэ.
Пандемия, харантыын, коронавирус, “дистанционка”, “удаленка” диэн тыллары кытта сэргэстэһэ олорбуппут иккис сылыгар барда. Былырыын кулун тутартан өрөспүүбүлүкэбитигэр хааччахтары киллэриэхтэриттэн үгүспүт да бу саҥа ирдэбилгэ, бэрээдэккэ үөрэннибит диэххэ сөп. Ону тэҥэ кафелар, остолобуойдар, рестораннар пандемия усулуобуйатыгар сөп түбэһистилэр. Санитарнай ирдэбилинэн, саалаҕа дьон олорор миэстэлэрин арыттаһыыта 1,5 миэтэрэ туруоруллар, салгыны ыраастыыр рециркулятор булгуччу көрүллэр, ону таһынан үлэлиир дьон бары коронавирус утары быһыылаах буолуохтаахтар.
Маныаха куораппытыгар күнүскү, түүҥҥү рейдэлэр тиһигин быспакка ыытыллаллар. Дьокуускай куорат Административнай хамыыһыйатын бэрэссэдээтэлэ Феликс Антонов этэринэн, бэрээдэги кэһэр 30-ча тэрилтэ кытаанах хонтуруолга, кэтэбилгэ турар. Кэһии таҕыста да полиция бэрэбиэркэ ыытар, тэрилтэ бас билээччилэригэр административнай ыстараап сүктэриллэр.
Баардар, кафелар түүн 12 чаас кэннэ үлэлииллэрин үксүгэр ыаллыы олорор олохтоохтор үҥсэллэр. Социальнай ситимнэргэ түүннэри, сарсыарда диэки охсуһуу, айдаан тахсарын сотору-сотору таһаараллар. Ол быыһыгар сорох тэрилтэлэргэ кимтэн да үҥсүү киирбэт диэн Феликс Антонов этэр. Баҕар, олус кытаанахтык утуйар эбэтэр айдааҥҥа-куйдааҥҥа наадыйбат холку ыаллар эбитэ дуу диэн бэйэм ис санаабын этэбин.
2Gis сайт дааннайынан Дьокуускайга 15 түүҥҥү кулууп баар, караоке-саала – 26, кальяннай бар – 10 диэн аадырыстара ыйыллыбыт.
Үөһэ этэн аһарбытым курдук, түүҥҥү рейдэлэр тохтоло суох ыытыллаллар. Миэрэ быһыытынан, бу соторутааҕыта дискотека буола турар кулууптан музыкальнай аппаратураларын ылбыттар этэ. Ол курдук Hajime кулууп, “GЕОГРАФИЯ” караоке-баар уонна “Новый Пекин” үҥкүүлэтэр сирдэр тиэхиньикэтэ суох хаалбыттара. Маныаха прокуратура сокуоннайа суох былдьааһын диэн бырачыас оҥорон аппаратуралары хаһаайыннарыгар төннөрөр туһунан соруйбута.
Дьокуускай административнай хамыыһыйатыгар куорат олохтоохторун хааччахтыыр миэрэлэри тутуспат дьону, тэрилтэлэри үҥсэн иһэллэригэр ыҥырар. Онуоха куорат дьаһалтатын дьиэтин иккис этээһигэр баар хамыыһыйаҕа быһаччы эбэтэр анал инстаграм страницатыгар тэрилтэ аадырыһын ыйан туран суруйуоххутун, үҥсүүгүтүн ыытыаххытын сөп.
Куорат баһылыга Евгений Григорьев арыгы атыытын быраабылатын кэспит атыы-эргиэн кииннэрин кытта дуогабары тохтотор туһунан кытаанах ирдэбил туруорда. Бастакынан “Флагман” уонна “Енисей” диэн маҕаһыыннар онно түбэстилэр. Промышленнай уокурукка баар “Енисей” маҕаһыын сабылынна. Хаһаайын дуогабары көтүрэн атын арендаторга биэрэргэ былаанныыр.
Атыттарга уруок буолуо дуо?
Дьокуускайга аан бастакытын арыгыны көҥүлэ суох атыылаабыт маҕаһыын көтүрүллэр буолла. “Флагман” диэн павильон 2006 сылтан үлэлээбитэ.
Чиряев уонна Губин уулуссалар быһа охсуһууларыгар турбут маҕаһыын хаһаайынын кытта хаста да сокуону кэспиттэрин, бастатан туран, көҥүлэ суох арыгы атыылыылларын иһин салгыы үлэлиир дуогабары көтүрбүттэр. Ол курдук балаҕан ыйын 27 күнүттэн дуогабар тохтотуллубут. Маҕаһыыҥҥа кэмэ суох элбэх кэһии, туох да көҥүл кумааҕыта суох арыгы атыылааһына, маны таһынан Губин уокуругун олохтоохторо 8 чаас кэннэ көҥүл кэлэн пиибэ ылыахтарын сөбүн билэллэр эбит. Ол туһунан уокурук салайааччыта Гулжан Огонерова этэр.
Онон, Дьокуускай куорат дьаһалтатын уурааҕынан, кэһиини хаста да оҥоруу иһин дуогабар болдьоҕун иннинэ көтүллүөн сөп. Сокуон быһыытынан арыгыны стационарнайа суох атыы эбийиэктэригэр атыылыыр бобуллар.
Уокурук таһаарбыт дьаһалынан, маҕаһыын 2021 сыл алтынньы 28 күнүгэр көтүрүллүөхтээх. Гулжан Огонерова этэринэн, бу дьаһал куораппытыгар аан бастакытын оҥоһуллар, ол эбэтэр, маҕаһыыны көтүрүү. Үгүс олохтоох маныаха сөбүлэһэрэ буолуо. Этэргэ дылы, атыттарга уруок буолуо турдаҕа. Төһөлөөх түүҥҥү түлүрбэхтэр, атыыһыттар, бутлегердар диэн аныгылыы ааттаах арыгы батарааччылар билигин элбээтилэр. Тыа сиригэр да “түүҥҥү туочука” элбэх. Ону ханнык да хамыыһыйа эҥин диэн суох буолан көҥүл айбардыыллар, атыылыыллар.
Арыгы харах уута, алдьархай төрдө буоларын бары да билэбит. Бу күннэргэ эрэ Оренбургскай уобаласка контрафактнай арыгы иһэн 30-тан тахса киһи суорума суолланна. Хаһыат тахсар күнүгэр ахсаана хаска тиийиэ өссө биллибэт. Биир ыалга биэс оҕо ийэтэ, аҕата суох хааллылар. Былырыын сэтинньигэ Тааттаҕа улахан алдьархай тахсыбытын, уонча киһи олохтон маппытын бары билэбит, биһиги хаһыаппыт ол туһунан эмиэ суруйан турар.
“Билигин куорат үрдүнэн киэҥ далааһыннаах инвентаризация буола турар. “Флагман” маҕаһыыҥҥа арыгыны атыылыылларын таһынан, дуогабары кэһэн атын да үлэ көрүҥүнэн дьарыктаммыттар. Онуоха эбии бу кыракый атыылыыр эбийиэк буолуохтааҕын улахан павильоҥҥа тиийэ үүнэн тахсыбыт”, – диэн бырааба баһылыга эбэн этэр.
Бу маҕаһыыҥҥа ылыллыбыт дьаһал, о.э. көтүрүллүү олоххо киирдэҕинэ сокуону кэһээччи элбэх киһи кэтэҕин тарбанан толкуйга түһүө диэн эрэнэбин. Сокуон аата сокуон, хайаан да тутуһуллуохтаах. Маныаха эн кимҥиттэн тутулуга суох, үрдүк да өһүөлэн, тугу да билбэккэ сылдьыбытым диир боростуой, кэлии да киһи буол – сокуон иннигэр эппиэт биир, ону өйдүөххүтүн наада.
Түүҥҥү олох түрүлүөннэрэ
Самаан сайыммыт сылааһынан угуттаан, бэрт ыксалынан бүтэн, көмүс күһүммүт тиийэн кэлэн кини эмиэ ыксаабыттыы ааһан эрэр. Дьоллоох Дьокуускай куоратым диэн ырыаҕа ылланарын курдук, арай тыаттан кэлбит киһи көрдөҕүнэ куораппыт барахсан уот-күөс сандааран, кыра бэйэтэ кэҥээбиттии, бу манна эрэ киһи дьоллонор, олох амтанын билэр, кэрэҕэ уһуйуллар дуу дии саныыр ыччат да үгүс. Ол эрээри, куорат олохтоохторуттан сурастахха, хартыына атын эбит.
Сааска, устудьуон:
- Оскуолабын бүтэрэн, баҕалаах үөрэхпэр ис дьыала үлэһитигэр туттарса кэлбитим. Куораппыт тупсубут, киһитэ элбээбит, массыына кырыы-кырыытынан. Арай, бэрээдэк өттүнэн хайдах эрэ соһуйдум. Ааспыт өрөбүлгэ кууруһум оҕолорун кытта киэһэ “Оржанкаҕа” хаама сырыттыбыт. Арай икки эдэр уол уолуктаһан турдулар, өйдөөн көрбүппүт – холуочуктар, баран тохтоттубут. Онтукабыт бэйэбитигэр бордурҕууллар, мин бэйэбин кыанар буоламмын, “Бүтүҥ!” диэн кытаанахтык буойдум. Бэйэбин кытта саастыы араа-бараа уолаттар, эдэрдэр уонна тоҕо да иһэллэрэ буолла. Билигин иһэр, табахтыыр муода буолбатах, киэҥник, оруннаахтык толкуйдуур буоллуҥ да, араас атын үчүгэй дьарык үгүс ээ. Мин үөрэҕим быыһыгар үлэлиибин, араас дьарыктарга сылдьабын, ону-маны балыыҥкалыыр иллэҥ суох. Ыччат, иһимэҥ, олоххутун буортулаамаҥ!
Сардана Ивановна:
– Түүҥҥү арыгы маҕаһыыннара билигин да бааллар, арааһа, кистээн атыылыыллар. Ити автовокзал аттыгар турар “Горького” дьиэтигэр, биирдэ дьүөгэбэр ыалдьыттыы кэлэн баран кыайан утуйбакка сыттым. Дьиэ таһыгар итирик ыччат, эр дьон хаһыыта туох да сүрдээх этэ. “Хайа, бу тугун сүрэй....?” диэбиппэр дьүөгэм: “Ээ, итинник сотору-сотору итириктэр мусталлар”, – диэн хал буолбутун биллэрдэ. Полициялары ыҥыра сатыыбыт да, син биир кыайбаттар, “арыгы атыылыыр туочукаһыттар бааллар”, – диэтэ. Онтон туран түннүгү өҥөйөн көрбүтүм, 30-40 саастаах эр дьон мустан аҕай тураллар, ыһыы-хаһыы, сары-ору, охсуһа сатыыллар дуу, хайыыллар дуу.
Борис Станиславович, биэнсийэлээх, аҕам киһи:
- Билигин барыбытын дьиэҕэ хаайдылар, сорохтор вакцината суох буоланнар үлэлэриттэн уурайдылар, үлэ да мээнэ көстүбэт буолла. Хайдах эрэ киһи соччо өйдөөбөт олоҕо-дьаһаҕа курдук. Билигин арыгылааһын арыый аматыйда дуу дии саныыр этим да, ааспыкка эмээхсиним ыалдьан “Суһал көмөнөн” балыыһаҕа тиийбиппит, итирик уолаттар, хаан-сиин, бу түүн ортото ааһыыта этэ, дьэ ыарахан хартыына. Полициялар аҕалан бэрэбээскилэтэллэр, сысыһыы-сосуһуу бөҕөтө. Бу үлүгэр олох ыараан турдаҕына, арыгынан үлүһүйүө суоххут этэ, арыгыта да суох бу ыарыы дьону аччатан эрэр. Эдэр дьоҥҥо этиэм этэ, олоххутун аһыы утахха толук уурумаҥ, арыгыны түүннэри атыылыыр маҕаһыыннар баар буоллахтарына ону тохтотуҥ диэн кырдьаҕас киһи санаабын тиһэбин.
Көрөрбүт курдук, түүҥҥү куорат чаҕылыйа ыҥырар уоттара кимҥэ эрэ кэрэтийэн, кимҥэ эрэ олох атын суолу тосхойор эбит буоллахтарына, ол хас биирдии киһи тус бэйэтин санаатыттан, олоххо сыһыаныттан хайысхаланар буоллаҕа.