28.07.2022 | 18:00

Ил Дархан тутуу хаамыытын бэрэбиэркэлээтэ

Ааспыт нэдиэлэ өрөбүлүгэр Өрөспүүбүлүкэ Ил Дархана Айсен Николаев Дьокуускай куоракка ыытылла турар тутуулары бэрэбиэркэлээтэ.
Ил Дархан тутуу хаамыытын бэрэбиэркэлээтэ
Ааптар: Айталина Софронова
Бөлөххө киир

Ол курдук, Ил Дархан Ленин проспегын хапытаалынай өрөмүөнүн, Крупская уулуссатыгар олорор дьиэ тиэргэнин тупсарыыны уонна киин куорат Марха оройуонугар бассейннаах уонна катоктаах физкультурнай-чэбдигирдэр комплекс тутуутун көрдө-иһиттэ.

Тэрээһиҥҥэ куорат баһылыгын бастакы солбуйааччы Алексей Корнилов, Дьокуускай куорат уокуруктааҕы дьаһалтатын араас салааларын бэрэстэбиитэллэрэ кытыннылар.

Ленин проспегын өрөмүөнэ

Ленин проспегын өрөмүөнүн бастакы түһүмэҕэ – Кулаковскай уулуссатыттан Дзержинскэй уулуссатыгар диэри 1,8 км усталаах учаастак – бу күһүн түмүктэнээри турар. Куорат баһылыгын бастакы солбуйааччы Алексей Корнилов сүрүн уулусса өрөмүөнэ тэтимнээхтик ыытылла турарын бэлиэтээтэ, номнуо суол түмүк араҥата (аспаал ууруллуон иннинээҕи чааһа) ууруллан эрэрин иһитиннэрдэ. Аспаалы тэлгэтии атырдьах ыйыгар саҕаланара бэлиэтэннэ.

Өрөмүөн иккис түһүмэҕэ – Дзержинскэй уулуссатыттан Хабаров уулуссатыгар уонна Краснояров уулуссатыттан Кулаковскай уулуссатыгар диэри 1,1 км усталаах учаастак – 2023 сылга түмүктэниэҕэ. 

Үлэ хаамыытын көрөн баран, Ил Дархан сүрүн үлэлэри, ол эбэтэр суолу тутууну сэргэ бэлисипиэт суолун тутууга, тротуардары оҥорууга улахан болҕомто уурулларын бэлиэтээтэ. Ил Дархан саҥа суол үйэлээх буолуохтааҕын туһунан санаатын эттэ.

«Үлэ графиктан хаалыыта суох баран иһэрэ харахха быраҕыллар, онон балаҕан ыйын ааспакка түмүктэниэ диэн эрэнэбин. Сэтинньи бүтүөр диэри дьыл тымныы кэмигэр ыытыллыан сөптөөх сырдатыы, тупсаран оҥоруу үлэлэрэ барыахтара», - диэтэ өрөспүүбүлүкэ баһылыга.

Санатан эттэххэ, Ленин проспегын хапытаалынай өрөмүөнэ ааспыт сыл алтынньытыгар саҕаламмыта. Бырайыак быһыытынан проспект түөрт балаһаҕа диэри кэҥэтиллэр, маны сэргэ тротуар уонна сквердэр оҥоһуллаллар.

Бу кэнниттэн Ил Дархан Арктикатааҕы эпос уонна искусство киинин тутуу хаамыытын кытта билистэ. Үлэ 2024 сылга былааҥҥа турар.

75 тиэргэн тупсарылла турар

Автодорожнай уокурукка Крупская уул., 21 аадырыска тиэргэн өрөмүөнэ ыытылла турар. Айсен Николаев куорат Олохтоох дьаһалтатыгар Саха Өрөспүүбүлүкэтин Архитектураҕа уонна куораты тутууга управлениетын кытта өрөмүөҥҥэ комплекснайдык сыһыаннаһарга эттэ. Чуолаан, уопсастыбаннай эйгэлэринэн муҥурдаммакка, элбэх мэндиэмэннээх дьиэлэр эркиннэрин, гараастар, маҕаһыыннар тас көстүүлэрин барытын хабан көрөргө сорук туруорда.

Эбийиэккэ сүрүннээн олохтоох хампаанньалар үлэлии сылдьаллара хайҕаллаах. Үлэ «Уһук Илиҥҥэ – 1000 тиэргэн» федеральнай бырагырааманан Өрөспүүбүлүкэ баһылыгын «Мин тиэргэним” бырагырааматын иитинэн ыытыллар. Бу бырагырааманан быйыл Дьокуускай куоракка 75 тиэргэн оҥоһулла турар.

Билигин бары тиэргэннэргэ тутуу матырыйаала аҕалыллан, территориялары планировкалааһын, бордюрдары уонна тротуар плиткаларын оҥоруу, сырдатыы уонна дьоҕус архитектурнай формалары туруоруу бара турар. Атырдьах ыйыгар диэри оҕо спортивнай балаһааккаларын тээбириннэрэ тураллара күүтүллэр.

Бары бырайыактар дойдубут климатын уратытын учуоттуулларын мэктиэлииллэр. Куоракка барыта 75 тиэргэни 232 мөл. солк. тахса үпкэ оҥороллор.

«Уһук Илиҥҥэ – 1000 тиэргэн» бырагыраама Саха сирин 37 муниципальнай тэриллиитигэр олоххо киллэриллэр уонна быйыл сэтинньигэ диэри өрөспүүбүлүкэ нэһилиэнньэлээх пууннарыгар барыта 124 тэлгэһэлээх территорияны тупсарыы былааннанар.

Санатан аһардахха, Уһук Илин нэһилиэнньэлээх пууннарын тупсарыыны ааспыт сыл балаҕан ыйыгар Арассыыйа бэрэсидьиэнин Уһук Илиҥҥи федеральнай уокурукка боломуочуйалааҕа Юрий Петрович Трутнев көҕүлээбитэ. Бырагыраама чэрчитинэн Уһук Илин регионнара бары федеральнай бүддьүөттэн тиэргэни тупсарыыга үп ылбыттара. 2022 сылга Саха сиригэр бырайыагы олоххо киллэриигэ көрүллүбүт федеральнай үп кээмэйэ 846 мөл. солк. тэҥнэһэр.

Мархалар абыраналлар

Мархаҕа икки бассейннаах уонна катоктаах физкультурнай-чэбдигирдэр комплекс тутулла турар. 6856 кв.м. иэннээх эбийиэк өрөспүүбүлүкэ уонна «Газпром» хампаанньа бииргэ үлэлэһии туһунан сөбүлэһиилэрин чэрчитинэн тутуллар. Уопсайа өрөспүүбүлүкэ үрдүнэн үс маннык эбийиэк тутуллар – Дьокуускайга, Алдаҥҥа уонна Чульмаҥҥа.

Бырайыак быһыытынан комплекс нэһилиэнньэ күн аайы физкультуранан дьарыктанарыгар анаан тутуллар, ол иһигэр доруобуйаларынан хааччахтаах дьоҥҥо эмиэ табыгастаах буолуохтаах.

Катокка биир симиэнэҕэ 120 киһи хаҥкылыыр кыахтаах. Улахан бассейнҥа — 48, кыра бассейҥна  15 киһи дьарыктанар кыахтаах. Тутуу быйыл күһүн түмүктэнэр.

«Гагарин уокуругар уонна Марха оройуонугар спорт эбийиэгэ баҕарбыт курдук элбэҕэ суох. Онон бу эргин олохтоох нэһилиэнньэҕэ сүрдээх үчүгэй эбийиэк тутулла турар. Маннык хабааннаах аныгы спортивнай киин үлэҕэ киирэрэ оҕолорго, улахан дьоҥҥо да спордунан күүскэ дьарыктаналларыгар, чэгиэн-чэбдик олоххо тардыһалларыгар көҕүлүүр күүс буолуоҕа диэн эрэнэбин», - диэн бэлиэтээтэ Өрөспүүбүлүкэ баһылыга Айсен Николаев.

Өрөспүүбүлүкэбит киин куората күн-түүн тупсан, сайдан иһэрэ куорат олохтоохторун олус үөрдэр. Бу бырайыактар олоххо киириилэрэ, чахчы, олох таһымын үрдэтэр аналлаах.

Хаартыскаҕа түһэртээтэ: Семен Винокуров

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

Түөһэйии элбээн иһэрэ дьиксиннэрэр...
Сонуннар | 29.08.2024 | 14:00
Түөһэйии элбээн иһэрэ дьиксиннэрэр...
Билиҥҥи олох балысхан сайдыыта үчүгэй өрүтэ элбэх эрээри, киһи олоҕор, доруобуйатыгар хоромньута эмиэ хара баһаам. «Доруобуйа» балаһабыт бүгүҥҥү тиэмэтэ – өй-мэйии үлэтэ, болҕомтолоох эбэтэр умнуган буолуу, сыыһа-халты тыллары туттуу, түөһэйии. Бу туһунан 3-с нүөмэрдээх Өрөспүүбүлүкэтээҕи клиническэй балыыһа «Кабинет памяти» иһинэн үлэлиир исписэлиистэр – невролог быраас Виктория Николаевна Местникова уонна медицинскэй...
Герман Отов: «Пригороднай аныгылыы улахан бөһүөлэк буолар чинчилээх...»
Дьон | 05.09.2024 | 10:00
Герман Отов: «Пригороднай аныгылыы улахан бөһүөлэк буолар чинчилээх...»
Дьокуускай куорат уокуругар куорат таһынааҕы – Кангалаас, Маҕан, Марха, Тулагы, Табаҕа, Владимировка, Хатас уонна Пригороднай нэһилиэктэрэ киирэллэр. Биһиги бүгүҥҥү ыалдьыппыт – 2000-2005 сылларга «Пригороднай сэлиэнньэтэ» муниципальнай тэриллии баһылыгынан үлэлээбит СӨ тыатын хаһаайыстыбатын туйгуна, Ас-үөл индустриятын туйгуна, СӨ үөрэҕириитин бочуоттаах мецената Герман Егорович Отов. Кинини кытта  кэпсэтиибитин Пригороднай нэһилиэк историятыгар туһаайдыбыт.  ...
Баһылык Строительнай уокурук олохтоохторун кытта көрүстэ
Сонуннар | 27.08.2024 | 15:24
Баһылык Строительнай уокурук олохтоохторун кытта көрүстэ
Атырдьах ыйын 26 күнүгэр киин куорат баһылыга Евгений Григорьев Строительнай уокурук олохтоохторун кытта көрсөн, Дьокуускай маастар-былаанын олоххо киллэрии хаамыытын кэпсээтэ, ыйытыыларга хоруйдаата. 2030 сылга диэри маастар-былаан иитинэн куорат бу уокуругар тиэргэннэри тупсарыы үлэтэ ыытыллыахтаах, хаарбах туруктаах 253 элбэх кыбартыыралаах дьиэ олохтоохторо көһөрүллүөхтээхтэр, 240 миэстэлээх Физико-техническэй лицей эбии дьиэтэ тутуллуохтаах, ону...
«Якутск вдохновляет» күрэххэ кыттыҥ!
Сонуннар | 27.08.2024 | 15:22
«Якутск вдохновляет» күрэххэ кыттыҥ!
Дьокуускай куорат Олохтоох дьаһалтата уонна «Саха» НКИХ киин куорат төрүттэммитэ 392 сылыгар аналлаах «Якутск вдохновляет» хаартыска күрэҕэр кыттаргытыгар ыҥыраллар.  Манна 14-тэн үөһэ саастаах Саха сирин олохтоохторо 5 номинацияҕа биирдии үлэнэн кыттыахтарын сөп: - «Якутск исторический» – 19-20-с үйэтээҕи куорат эйгэтин уонна олохтоохторун көрдөрөр история эбэтэр архыып хаартыскалара; - «Городская жизнь»...