14.10.2021 | 13:00

Ил Дархан Бүтүн Арассыыйатааҕы нэһилиэнньэ биэрэпиһэ сүдү суолталааҕын бэлиэтиир

Ааптар: Киин Куорат
Бөлөххө киир

Айсен Николаев «Якутия 24» телеханаалга өрөспүүбүлүкэ олохтоохторугар туһаайан Бүтүн Арассыыйатааҕы нэһилиэнньэ биэрэпиһэ сайдыы саҥа соруктарын оҥорор төрүөтүнэн буолуоҕа диэн бэлиэтээтэ. 
«Бу уон сылга биирдэ ыытыллар, биһиги өрөспүүбүлүкэбитигэр уонна элбэх омук олорор баараҕай дойдубутугар бүттүүнүгэр сүдү суолталаах түбэлтэ. Бүтүн Арассыыйатааҕы нэһилиэнньэ биэрэпиһэ уон сыл тухары буолар уларыйыылары эрэ көрдөрөр буолбакка, сайдыы саҥа соруктарын туруорарга олук буолар уонна уруккулары чопчулуур», – диэтэ кини.
Саха сирин баһылыга бэлиэтээбитинэн, ол иһин биэрэпис түмүктэрэ сөптөөх, чуолкай буолуохтаахтар уонна өрөспүүбүлүкэҕэ баар дьиҥнээх быһыыны-майгыны көрдөрүөхтээхтэр.  
«Ол туһугар биэрэпискэ хас биирдии Саха сирин олохтооҕо кыттара булгуччулаах. Биэрэпис түмүктэрэ стратегическай быһаарыылары ылынарга, өрөспүүбүлүкэ сайдыытын демографическай, экономическэй, социальнай бырагыраамаларын оҥорорго туттуллуохтара. Кинилэр көмөлөрүнэн инфраструктура, суол, тырааныспар, гаас, уот ситимнэрин, оптоволоконнай сибээс сайдыыта, оскуола, оҕо уһуйааннарын, балыыһа, култуура уонна спорт эбийиэктэрин тутуута былааннанар», – диэн эттэ  Айсен Николаев.
Кини бэлиэтээбитинэн, Бүтүн Арассыыйатааҕы нэһилиэнньэ биэрэпиһигэр быйыл пандемия усулуобуйатыгар олохтоохторго куттал суоһаабатын курдук цифровой технологиялар туттуллуохтара.  
«Хас биирдии киһиэхэ Судаарыстыбаннай өҥө порталын нөҥүө биэрэпиһи ааһар кыах баар буолуо. Ити билиҥҥи усулуобуйаҕа улахан суолталаах», – диэн түмүктээтэ Айсен  Николаев.

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

Якут Шурик: «Атахпын быстыбатаҕым буоллар, өлүөхтээх этим»
Дьон | 21.11.2024 | 12:00
Якут Шурик: «Атахпын быстыбатаҕым буоллар, өлүөхтээх этим»
Суруналыыс кэпсэтэр киһитин кытта кини олоҕун, үөрүүтүн, үлэтин-хамнаһын, кыһалҕатын тэҥинэн үллэстэр. Оннук эрэ сүрэҕэр чугастык ылынан суруйдаҕына, ааҕааччыга тиийэр ыстатыйа тахсар. Мин Александрдыын кэпсэтэрбэр, чэчэгэйим кэйиэлээн, төбөм ыараан да ылбыта, сотору атаҕын быстарын кэпсиир, ону хайдах эрэ тулуйан истибит киһи дии олорбутум. Хараҕым уута да сүүрэрэ, күөмэйбин туох эрэ кэлэн...
Аҕаа, бырастыы
Сынньалаңңа | 27.11.2024 | 10:00
Аҕаа, бырастыы
Уйбаан нэһиилэ сэттис этээскэ сынньана-сынньана кирилиэһинэн тахсан, кыыһа олорор ааныгар кэлэн, оргууй соҕус тоҥсуйда. Баҕардар дьиэҕэ ким да суоҕа дуу дии санаан, кулгааҕын ааҥҥа даҕайан иһиллээн тура түстэ. Киһи атаҕын тыаһа хааман кэлэн, сиэнэ уол куолаһа нууччалыы: «Кто там?» – диэн ыйыппытыгар: – Мин. Тоойуом, мин кэллим, ааҥҥын арый, –...
Кымыс Байбал ыра санаата туолуо дуо?
Сытыы муннук | 28.11.2024 | 14:00
Кымыс Байбал ыра санаата туолуо дуо?
Үөһээ Бүлүү улууһун Маҥаас нэһилиэгин 9 оҕолоох ыалын улахан уола Байбал Васильев оҕо эрдэҕиттэн эппиэтинэскэ үөрэммитэ, хайдахтаах да уустуктан чаҕыйбат, кыраларга холобур буола улааппыта күн бүгүнүгэр  диэри биллэр. Ытык киһибит быйыл 75-с хаарын санныгар түһэрдэ, сааһырда. Ол эрээри олоххо киллэрбит кыһыннары кымыстыыр дьарыгын тохтотуон, өбүгэ кымыстыыр үгэһин үйэтитэр баҕатыттан аккаастаныан...
Туох да мээнэҕэ буолбат
Сынньалаңңа | 25.11.2024 | 23:17
Туох да мээнэҕэ буолбат
Сардаана куруук да холку-наҕыл бэйэтэ, мэктиэтигэр хараҕын уута биллэ-көстө ыгыллан тахсыар диэри абатыйда. Кыһыйбытын омунугар „үөрүүлээх“ сонуну тиэрдибит суотабайын дьыбааҥҥа элиттэ. Хаарыан былаан!! Күүтүүлээх көрсүһүү хаалла!! Бүгүн үлэтигэр бардаҕына табыллар буолбут!   Саатар, бэҕэһээ биллибитэ буоллар. Түүҥҥү дьуһуурустубатын кэнниттэн сынньаммакка, түүннэри былаачыйа тиктэн „быччайан“ олоруо суох этэ! Кыргыттара төһө эрэ хомойоллор....