14.02.2024 | 18:42

Икки тыл — икки бүк кыах

Төрөөбүт тыл уонна сурук-бичик күнүнэн олунньу 12 күнүгэр Арчы дьиэтигэр куорат нууччалыы тыллаах оскуолаларын ортолоругар ыытыллар үгэс буолбут «Два языка – два родника» күрэх буолан ааста.
Икки тыл — икки бүк кыах
Ааптар: Киин Куорат
Бөлөххө киир

Быйыл онус төгүлүн ыытыллар күрэҕи Үөрэх управлениета уонна 13 №-дээх оскуола кэлэктиибэ тэрийдилэр. 13 №-дээх оскуола дириэктэрэ Галина Прокопьевна Васильева, Арчы дьиэтин дириэктэрэ Лариса Константоновна Андреева уонна Үөрэх управлениетын мониториҥҥа уонна үөрэҕи сайыннарыыга сүрүн исписэлииһэ Варвара Степановна Новгородова бэйэлэрин эҕэрдэ тылларыгар 2014 сылтан быйыл онус төгүлүн ыытыллар күрэх куорат эйгэтигэр улаатар, нуучча тыллаах оскуолаҕа үөрэнэр саха оҕолорун, төрөппүттэри төрүт култуураҕа сыһыарар, икки тылы тэҥҥэ тутан алтыһыы, иитиллии үүнэр, сайдар кыаҕы күүһүрдэрин санатар сыаллааҕын бэлиэтээтилэр.

Быйылгы күрэх сүрүн уратытынан үөрэнээччилэр хамаандаларыгар ийэлэр, эбээлэр киирбиттэрэ буолла. Оттон хамаандалар бэйэни билиһиннэриигэ, саха уонна нуучча өһүн хоһооннорун салгыы этиигэ, литературнай айымньылар дьоруойдарын, ырыалары таайыыга, былыргы туттар малы-салы билиигэ күрэхтэстилэр,  «Ойбонтон уулааһын» курдук саха төрүт оонньуутугар холоннулар.

Умсугутуулаах оонньуу-күрэс кыайыылааҕынан 1 №-дээх оскуола хамаандата таҕыста, иккис миэстэҕэ М.И. Кершенгольц аатынан 9 №-дээх оскуола тигистэ, үһүс миэстэни Сэбиэскэй Сойуус Дьоруойа Федор Попов аатынан 20 №-дээх оскуола ылла.

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

Медик: «Бааһырбыт байыаспын дөйүтэн баран соһорум»
Дьон | 20.12.2024 | 12:00
Медик: «Бааһырбыт байыаспын дөйүтэн баран соһорум»
Олус ыарахан кэпсэтии буолла. Ааҕааччыга тиэрдэр гына суруйуохха наада. Дьоруойум сөбүлэҥин ылыахпын наада. Тоҕо диэтэххэ кини анал байыаннай дьайыыга сылдьыбыт кэрэ аҥаар,  ийэ, медик. Кэпсии олорон ытаатаҕына, сырҕан бааһын таарыйаммын диэн кэмсинэн ылабын, онтон эмиэ чочумча буолан баран салгыыбыт.   Кини позывнойун кистиир, ханна баарын, билигин ханна олорорун эмиэ эппэппит. Сөбүлэһэн...
Үчүгэйи көрөргө хаһан үөрэнэбит?
Сонуннар | 14.12.2024 | 13:15
Үчүгэйи көрөргө хаһан үөрэнэбит?
Сиэн көрө куоракка кыстыыбын. Күн аайы оптуобуһунан оҕобун оскуолаҕа илдьэбин-аҕалабын. Быйыл, дьэ, этэргэ дылы, үйэ тухары хамсаабатах маршруттарга уларыйыылар таҕыстылар. Бассаапка үөхсэн туох туһа кэлиэй, төттөрүтүн, дьону күөртээн эрэ биэрии курдук. Ол иһин бу турунан туран Дьокуускай куорат сахалыы тыллаах хаһыатыгар санаабын тиэрдэргэ соруннум.  Бииринэн, нэһилиэнньэбит ахсаана күн-түүн улаата турар....
Сатаан салайыы, тэрийии — эмиэ талаан
Дьон | 14.12.2024 | 18:00
Сатаан салайыы, тэрийии — эмиэ талаан
Харах ыларынан хаһан да бүппэттии көбүүс-көнөтүк тыргыллар бэс чагда устун айан суолунан сыыйылыннаран иһэн, «Дьиикимдэ» диэн суруктаах бэлиэҕэ биирдэ баар буола түстүбүт. Туох-хайдах дьарыктаах, тугунан тыынар нэһилиэккэ киирэн эрэрбитин аартыкка баар суруктаах бэлиэ кэпсииргэ дылы.  Бүгүн биһиги “Дьиикимдэ дьээбэлэрэ” көр-күлүү тыйаатырын артыыһа, режиссера, продюсера Артур Николаевич Егоровтыын нэһилиэк култуурунай олоҕун...