22.03.2023 | 14:03

Икки көлүөнэ көрүстэ

Икки көлүөнэ көрүстэ
Ааптар: Нарыйаана Попова, М.К.Аммосов аатынан Хатырык орто оскуолатын 11 кылааһын үөрэнээччитэ.
Бөлөххө киир

Биһиги оскуолабытыгар кулун тутар 15 күнүгэр истиҥ, иһирэх көрсүһүү буолан ааста. Хатырык оскуолатын 50 сыл анараа өттүгэр бүтэрбит аҕам саастаах дьоннорбут биһигини, оскуола быйылгы выпускниктарын, кытта көрсүһүүнү тэрийдилэр.

Бастаан бэйэлэрин билиһиннэрдилэр, оччотооҕу үөрэммит үтүө кэмнэрин, учууталларын, көрдөөх күннэрин ахтан-санаан аастылар.

Ыалдьыттарбытыгар кылааспытын билиһиннэрдибит, уолаттар хоһоон аахтылар. Оҕолорго кылынан харысхал бэлиэлэрин оҥорорго маастар-кылаас ыыттылар, биһиги оҥорбут харысхалбытын бэлэх тутан үөрдүбүт. Хатырык нэһилиэгин төһө билэҕитий диэн ис хоһоонноох "Өркөн  өй" күрэх ыыттылар.

Сахалыы этнофитес, мас атынан күрэхтэһии  буолла.

Ол кэннэ мааны астаах сандалы тула олорон элбэх сүбэни-аманы биэрдилэр, оҕолорго баҕа санаалаах суруктары, урут үөрэммит уонна билиҥҥи оскуолаларын хаартыскалаах ыстакааннары бэлэх ууннулар.

Оскуола дириэктэригэр баҕа санаалары этэн туран, оскуолаҕа сынньанар балаһааккаҕа ыскамыайка бэлэхтээтилэр.

Өссө биир долгутуулаах, үөрүүлээх түгэн – икки оҕоҕо үөрэххэ киирэллэригэр бастакы олук көмөлөрүн оҥордулар.

 

Бу көрсүһүүттэн биһиги олохпутугар туһанар элбэх сүбэни ыллыбыт уонна бар дьоммутугар истиҥ баҕа санааларбытын этэн биэчэрбитин түмүктээтибит.

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

Якут Шурик: «Атахпын быстыбатаҕым буоллар, өлүөхтээх этим»
Дьон | 21.11.2024 | 12:00
Якут Шурик: «Атахпын быстыбатаҕым буоллар, өлүөхтээх этим»
Суруналыыс кэпсэтэр киһитин кытта кини олоҕун, үөрүүтүн, үлэтин-хамнаһын, кыһалҕатын тэҥинэн үллэстэр. Оннук эрэ сүрэҕэр чугастык ылынан суруйдаҕына, ааҕааччыга тиийэр ыстатыйа тахсар. Мин Александрдыын кэпсэтэрбэр, чэчэгэйим кэйиэлээн, төбөм ыараан да ылбыта, сотору атаҕын быстарын кэпсиир, ону хайдах эрэ тулуйан истибит киһи дии олорбутум. Хараҕым уута да сүүрэрэ, күөмэйбин туох эрэ кэлэн...
Аҕаа, бырастыы
Сынньалаңңа | 27.11.2024 | 10:00
Аҕаа, бырастыы
Уйбаан нэһиилэ сэттис этээскэ сынньана-сынньана кирилиэһинэн тахсан, кыыһа олорор ааныгар кэлэн, оргууй соҕус тоҥсуйда. Баҕардар дьиэҕэ ким да суоҕа дуу дии санаан, кулгааҕын ааҥҥа даҕайан иһиллээн тура түстэ. Киһи атаҕын тыаһа хааман кэлэн, сиэнэ уол куолаһа нууччалыы: «Кто там?» – диэн ыйыппытыгар: – Мин. Тоойуом, мин кэллим, ааҥҥын арый, –...
Кымыс Байбал ыра санаата туолуо дуо?
Сытыы муннук | 28.11.2024 | 14:00
Кымыс Байбал ыра санаата туолуо дуо?
Үөһээ Бүлүү улууһун Маҥаас нэһилиэгин 9 оҕолоох ыалын улахан уола Байбал Васильев оҕо эрдэҕиттэн эппиэтинэскэ үөрэммитэ, хайдахтаах да уустуктан чаҕыйбат, кыраларга холобур буола улааппыта күн бүгүнүгэр  диэри биллэр. Ытык киһибит быйыл 75-с хаарын санныгар түһэрдэ, сааһырда. Ол эрээри олоххо киллэрбит кыһыннары кымыстыыр дьарыгын тохтотуон, өбүгэ кымыстыыр үгэһин үйэтитэр баҕатыттан аккаастаныан...
Туох да мээнэҕэ буолбат
Сынньалаңңа | 25.11.2024 | 23:17
Туох да мээнэҕэ буолбат
Сардаана куруук да холку-наҕыл бэйэтэ, мэктиэтигэр хараҕын уута биллэ-көстө ыгыллан тахсыар диэри абатыйда. Кыһыйбытын омунугар „үөрүүлээх“ сонуну тиэрдибит суотабайын дьыбааҥҥа элиттэ. Хаарыан былаан!! Күүтүүлээх көрсүһүү хаалла!! Бүгүн үлэтигэр бардаҕына табыллар буолбут!   Саатар, бэҕэһээ биллибитэ буоллар. Түүҥҥү дьуһуурустубатын кэнниттэн сынньаммакка, түүннэри былаачыйа тиктэн „быччайан“ олоруо суох этэ! Кыргыттара төһө эрэ хомойоллор....