Игнатий Слепцов: “Олоххо дьулууру дойдум иҥэрбитэ”
Былырыын хоту ыҥырыа иитэллэр үһү диэн сураҕы биһирии истибитим. Оччо ыраах сиргэ эмиэ иитэллэр эбит дуу диэн испэр сөҕө санаабытым. Буолаары буолан, Үөһээ Дьааҥы улууһун саамай кытыы сиригэр сытар Барылас нэһилиэгэр. Игнатий Васильевич Слепцов билигин чааһынай предприниматель, Дьокуускай куоракка олорор. “Аныгы кэмҥэ барыга бары сыстаҕас эрэ буоллахха, киһи сатаан олорор үйэтэ кэллэ. Билигин кэмэ оннук. Онон сатыыбын, сатаабаппын диэн толлон турбакка, иннибит хоту сайдыахтаахпыт, билбэппитин билэ сатыахтаахпыт”, – диэн тус санаатын үллэстииттэн кэпсэтиини саҕалыыр.
Үтүө күнүнэн, Игнатий Васильевич! Кэпсэтиибитин төрөппүттэргиттэн, дойдуҥ Барылас сириттэн-уотуттан саҕалыах.
– Үөһээ Дьааҥыттан төрүттээхпин. Ийэм Евдокия Николаевна Слепцова Сартан үрэх Барылас олохтооҕо, омугунан эбээн, аҕам Василий Васильевич Слепцов Сартан үрэх Арыылаах Мэтээкититтэн дьиҥ саха былыргыттан олохсуйбут сириттэн төрүттээх. Бииргэ төрөөбүттэр төрдүөбүт. Барыласка дьиэ кэргэнинэн “Уйгу” бааһынай хаһаайыстыбалаахпыт. 30 ынах сүөһү, 80 сылгы иитэбит. Улахан убайым көрөн-истэн үлэлэтэр. Кини сылгыһыт, тырахтарыыс, саамай тыын үлэһиппит буолар. Эдьиийим Мария “Саха” НКИХ менеджерэ, биир эдьиийим Хаандыгаҕа педиатр бырааһынан үлэлиир. Дойдум Барылас нэһилиэгэ түҥ былыр эбээн омуга ыырданан олорбут, Дьааҥы биир кэрэ тыытыллыбатах айылҕалаах дойдута буолар. Олоххо дьулууру дойдум иҥэрбитэ диэххэ сөп. Тоҕо диэтэххэ, Дьааҥы саамай түгэх нэһилиэгэр Барыласка кытаанах санаалаах, дьулуурдаах, тулуурдаах эрэ киһи олорор дойдута буолар.
Ханна үөрэнэн, туох идэни баһылаабыккыный?
– 2000 сыллаахха Сартан оскуолатын бүтэрэн, СГУ саха филологиятын уонна культуратын факультетыгар үөрэнэн, культурология идэтигэр үөрэнэн, 2005 сыллаахха бүтэрбитим. Үөрэхпин бүтэрээт, Дьааҥым улууһугар эдэр ыччат салалтатыгар начальнигынан анаммытым. Онтон 2007-2012 сылга диэри дойдубар баһылыктаабытым. Оччолоро Саха сиригэр саамай эдэр баһылык этим. 2013 сыллаахха “Саха” НКИХ сүрүннүүр специалиһынан, ол кэнниттэн дойдубар 5 сыл оскуола дириэктэринэн үлэлээбитим. Кэлин менеджер уонна юрист идэлэрин бүтэрбитим, олохпор, үлэбэр туһалыыр. 2018 сыл күһүнүгэр киэҥ сиргэ чугаһыыбын диэн, Уус Алдан улууһун Чараҥ оскуолатыгар биир сыл дириэктэри иитэр үлэҕэ солбуйааччынан үлэлээбитим. Чараҥ сирин-уотун, дьонун-сэргэтин олуһун ахтабын.
Олох араас эйгэтигэр үлэлээн уопут бөҕөтө мунньуммут эбиккин. Хаһааҥҥыттан ыҥырыа иитиитинэн дьарыктанан саҕалаабыккыный?
-Ыҥырыа иитиитинэн быйыл 2-с сылбын дьарыктанабын. Былырыын патриотическай өй-санаа оонньоон, төһө да 20 күн ойуур баһаарыттан хаайтардарбын, төрүт төлкөм олохтоммут сиригэр Барыласка биэс ыҥырыа дьиэ кэргэнин иитэн саҕалаабытым. Хомойуох иһин, онно ииппит ыҥырыаларым билигин суохтар. Куораттан кыайан көрө-истэ барбатаҕым. Ыам ыйын саҥатыгар диэри бааллар этэ. Олус эрдэ “зимовниктан” таһаарбыппын. Биһиги дойдубутугар ыам ыйыгар диэри хаардаах буолар. Ону тымныыны тулуйбатахтара. Бу манна бэйэм сыыспыппын.
Оччоҕуна билиҥҥи ыҥырыаларгын ханна көрөн-истэн туруораҕын?
– Ыҥырыаларым Уус Алдан Бэйдиҥэтигэр агрохайысхалаах оскуола базатыгар бааллар. Онно үлэлэтэбин, оскуола оҕолоро көмөлөһөллөр. Быйыл Приморьеҕа иккитэ баран кэллим. 50 дьиэ кэргэн ыҥырыатын (уйанан) үөрэнээччилэрбэр, доҕотторбор аҕалан биэрдим. Иккис барыыбар 30 дьиэ кэргэн ыҥырыатын бэйэбэр аҕалынным. Ыҥырыалар мүөттэрин хомуйуу кэнниттэн, атырдьах ыйын бүтүүтэ, кыстык аһылыктарын бэлэмнэнии үлэтэ ыытыллар. Кыстык уйалара кыччатыллан, 8 рамаҕа хаалларыллар. Бэйэлэрин булуммут мүөттэриттэн 10 кг, ону таһынан 20 кг сироп бэриллэр. Күһүҥҥү профилактика быһыытынан араас бэтэринээринэй препараттарынан эмтээһин олохтонор. Кыһын олунньу ыйга канди диэн оҥоһуллан бэриллэр. Канди диэн мүөт уонна саахар сиробын хойуу булкаһыга, кытаанах гына оҥоһуллубута ааттанар. Кулун тутар ыйга мүөт, муус устар ыйга мүөттээх сироп бэриллэр.
Бизнес эйгэтигэр киирэргэр бастаан туох ыарахаттары көрсүбүккүнүй? Саҥа саҕалыыр киһиэхэ, бука, ыарахан буолуо?
– Бизнес диэн улахан халбархай дьыала. Бүгүн баар, сарсын суох. Бастатан туран, бэйэҕэр эрэллээх, талбыт хайысхаҥ бары кыһалҕаларын барытын эрдэттэн ырыҥалаан, көрөн билбит буолуохтааххын. Саха сиригэр ыҥырыа иитии саҥа салаа буолар. Онон билбэппит элбэх, араас ыарахаттары көрсөбүт. Бэйэм ыҥырыаларбын иитэрим таһынан, саҥа иитэр сахам дьонугар кыаҕым баарынан, төрүт билиибин ийэ тылбынан быһааран биэрэбин. Үөрэнээччилэрим үчүгэй көрдөрүүлэри ситиһэллэриттэн ордук кынаттанан, тирэхтээх курдук сананабын. Саха сиригэр ыҥырыа иитиитэ күүскэ сайыннар ханнык диэн баҕа санаалаахпын..
Ыҥырыа иитиитинэн дьарыктаныахха диэн өйдөбүл хайдах киирбитэй? Саҥа саҕалааһыҥҥын ким өйөөбүтэй?
– Алта сыл анараа өттүгэр сахалыы сурунаалга ыҥырыаны Саха сиригэр иитии туһунан ыстатыйа тахсыбытын сэҥээрэ аахпытым. 2018 сыл саас биир дойдулааҕым Николай Дмитриевич Слепцов миэхэ ыҥырыа иитэн көр диэн тыл көтөхпүтэ. Ытык киһи этиитин өр толкуйдуу барбакка, тута олоххо киллэрбитим. Онтон былырыын саас куоракка Евгений Леонидович Поличко диэн Саха сиригэр биир биллэр ыҥырыа иитээччини көрсөн, киниттэн элбэх билиини иҥэриммитим.
Бу тус дьыалаҕын хаһааҥҥыттан саҕалаабыккыный? Ыҥырыаларгын хантан ылбыккыный?
– Былырыыҥҥыттан саҕалаабытым. Ыҥырыа иитээччи Евгений Поличкоттан ылбытым.
Хоту сиргэ бу салаанан дьарыктанар ыарахан буолбатах дуо?
– Төрүт хоту дойдубар иитэр баҕа баар, төрөөбүт Барыласпар. Илдьиитэ уустуктаах, онон кыстыгы туоратан баран саас илдьэр ордук диэн былааннаахпын. Сайынын сөмөлүөт сырыыта хаайтарыылаах буолан, кэккэ уустуктар бааллар. Аны сөмөлүөккэ мээнэ көҥүллээбэттэр. Бу кыһалҕаны тыа хаһаайыстыбатын министиэристибэтэ быһаарыан сөп. Тоҕо диэтэххэ, хоту улууска ыҥырыа иитиэн баҕалаах мин эрэ буолбакка, хоту дойду олохтоохторо эмиэ иитиэхтэрин баҕараллар.
Ыҥырыаны иитээччилэргэ үөһээ салалта өттүттэн туох өйөбүл баарый? –– Салалта өттүттэн Бүлүү, Сунтаар, Мэҥэ Хаҥалас олохтооторугар ыҥырыа иитиитигэр сүдү көмөнү оҥороллорун киһи үөрэ истэр. Бу улуустар холобурдарын ылан, атын да улуустар бу салааҕа ылсан, бэйэлэрин дьонноругар көмө көрүөхтэрин сөп буоллаҕа. Мин төрөөбүт нэһилиэгим, төһө да көмө оҥоруон баҕардар, кыаҕа суох. Барылас – Дьааҥы улууһун саамай уһук нэһилиэгэ.
Ыҥырыаны иитии төһө дохуоттаах салаа дии саныыгыный?
– Ыҥырыаны бэйэҕэр анаан иитэр буоллаххына, туох дохуота кэлиэй? Бастакы сылыгар ыҥырыа бэйэтин эрэ сыанатын толуйдаҕына, ол да сөп курдук. Онон ыҥырыаны иитэргэ биһиги хоту айылҕабытыгар сөптөөх усулуобуйа наада. Билиҥҥи туругунан кыстыгы кыайа иликпит, онно күүскэ үлэлиэххэ наада. Саатар иитэр ыҥырыабыт 50 %-а этэҥҥэ кыстаан тахсара буоллар, ол биһиги тыйыс усулуобуйабытыгар сөптөөх көрдөрүү буолуо этэ. Онон кыстыгы туоруурбут буоллар, дьэ кырдьык, дохуоттаах салааҕа киирсиэн сөп. Кыстыкка үчүгэй бэлэмнээх киирдим дии санаатаххына, алтынньы ортотуттан кулун тутарга диэри эргиллибэккин, оннук тураллар. Саамай сөбүлээбитим диэн, ыҥырыа иитиитэ ынах сүөһү курдук кыһыннары үлэни эрэйбэт. Ол оннугар кыһын ыҥырыа уйатын оҥороҕун, рама бэлэмниигин, сайыҥҥыга бэлэмнэнэҕин. Ыҥырыалар кыһын утуйбаттар, бытаараллар, бары ньолбуһах мээчиктии хомуллан кыстыыллар, бэлэмнэммит мүөттэрин сииллэр.
Оҥорон таһаарар бородууксуйаҕын (мүөтү) ханна батараҕын?
– Мүөппүн атыылаһар дьон сыл инниттэн суруйтарбыттара, онон батарар уустуга суох. Биһиги Сахабыт сирин мүөтэ олус минньигэс. Ханнык да дойду мүөтэ биһиэхэ тэҥнэспэт. Тоҕо диэтэххэ, ийэ айылҕабыт ото-маһа, ол нектарыттан хомуллубут мүөт өлбөт мэҥэ уутугар тэҥнээх дии саныыбын. Билигин коронавирус кэмигэр ыҥырыа бородууксуйата (перга, пыльца, прополис, мүөт, воск, ыҥырыа өлүгэ) ордук туһалаах.