28.11.2020 | 08:42

Иэмэ-дьаама биллибэт үөрэх күннээҕи көстүүлэрэ

Ааптар: Киин Куорат
Бөлөххө киир

Дьэ, туох да диэбит иһин, коронавирус барыбытын туллаҥнатта. Быстыахпыт дуу, ойдуохпут дуу, саҥа уларыйыыларга сыыйа-баайа үөрэнэн эрэбит. Урут оҕо оскуолаҕа эрэ үөрэниэхтээх курдук өйдүүрбүт. Ону баара..  

Куорат оскуолалара үс ньыманан үөрэҕи тэрийэллэр: үгэс буолбут очнай, “смешаннай”, дистанционнай. 

Хас кылаас харантыыҥҥа олороруй? Төһө элбэх төрөппүт оҕотун дистанционнай үөрэххэ көһөрбүтүй? Бу туһунан Үөрэх управлениетыттан ыйыталастыбыт.

Марианна Степановна Табунанова, үөрэхтээһин хаачыстыбатын хонтуруоллуур салаа начаалынньыгын эбээһинэһин толорооччу:

–10 оскуола уруккутун курдук “очно” үлэлиир. Оннук 2803 оҕо үөрэнэр. 42 оскуола “смешаннай” диэн ньыманан үлэлиир. Барыта  43147 үөрэнээччи. Ол иһигэр 15460 оҕо дистанционнай үөрэнэр, 27687 – очнай. Төрөппүт сайабылыанньатынан 8319 оҕо дистанционнайга көспүтэ. Сорохтор санитарнай нуорманан. Билигин уопсайа 8 кылаас харантыыҥҥа олорор. Ол 13, 25, 26, 31 №-дээх оскуолаҕа уонна куораттааҕы классическай гимназияҕа. Онтон икки кылааска ковидынан ыалдьыбыт оҕо баара бэлиэтэнэр. Алта кылаас ОРВИ-нан харантыыҥҥа барбыт. Бу көрдөрүү бэрт кыратык эрэ уларыйар.

Төрөппүт көмөтө суох оҕо сатаммат

Урут төрөппүттэр оҕолорбутун төттөрү-таары оскуолаҕа илдьэрбитин-аҕаларбытын ыарырҕатар, айалыыр-дьойолуур курдук этибит. Билигин оҕо оскуолаҕа барара бырааһынньык курдук. 

Мин оҕом “смешаннай” ньыманан үөрэнэр. Ол курдук, кылааһы икки бөлөххө араабыттара, күн көтө-көтө уочаратынан оскуолаҕа тиийэн үөрэнэллэр. Атын бөлөҕү кытта нэдиэлэнэн атастаһабыт. Холобур, биһиги бастакы бөлөх биир нэдиэлэ бэнидиэнньиккэ, сэрэдэҕэ уонна бээтинсэҕэ үөрэнэр. Оттон кэлэр нэдиэлэтигэр – оптуорунньукка, чэппиэргэ. Ону таһынан дистанционнай үөрэххэ көспүттэр бааллар. Бастаан утаа түҥ-таҥ түһүү элбэҕэ, булкуллуу-тэккиллии тахсара. Хата, кэлин син сааһыланныбыт. Иккис чиэппэртэн дистанционнайга олорооччулар уонна бу күн оскуолаҕа кэлбэт оҕолор тэҥҥэ үөрэнниннэр диэн учуутал веб-камера холбуур. Оччоҕуна үөрэнээччи Zoom нөҥүө киирэн, дьиэҕэ олорон эрэ оскуолаҕа буола турар уруокка кыттыһар, барытын көрөр уонна истэр. Бу эмиэ үчүгэй ньыма. 

Кырдьык, алын кылаас үөрэнээччилэрэ бэйэлэрэ сатаан толору дьаһамматтар, ол иһин төрөппүт көмөтө хайаан да наада. Биирдэ маннык түгэн буолла. Кыыһым пароль суруйарыгар английскай клавиатураҕа сатаан көһөрбөтөх, аны улахан буукубаны эмиэ кыайан суруйбатах. Видеозвонок нөҥүө илиибинэн-атахпынан бары быһаара сатаатым. Син биир киирбэтэ. Хайыахпыный, буутум быстарынан дьиэбэр ыстаннаҕым.

Туһата суох, билиини биэрбэт

Александра, 6 оҕолоох ийэ:

–Биэс оҕом бары дистанционнай ньыманан үөрэнэ олороллор. Улахан оҕом 8-с, онтон 6-с, икки кыыс 4-с, биир оҕо 1-кы кылаастар. Алын кылаастары бэйэм дистанционнайга көһөртөрбүтүм. Үс оҕо эбиэт иннигэр диэри, икки оҕо эбиэт кэннэ үөрэнэллэр. Онон дьиэбит сарсыардаттан оскуолаҕа кубулуйар.

Быйыл чааһынай дьиэҕэ көспүппүт. Куоракка олоробут даҕаны, сибээспит быстар мөлтөх. Интэриниэт киллэртэриэххитин баҕарар буоллаххытына, остуолбаҕытын бэйэҕит төлүүгүт диэбиттэрэ. Хас да ыал буолан кыттыһыахха диэн көрбүппүт, ким да иннинэн буолбатаҕа. Онон төлөпүөнүнэн эрэ муҥурданабыт.  

Биир оҕом учуутала сааһынан бэйэ изоляциятыгар олорор, атын учуутал солбуйар.Үөрэх хаачыстыбата 0 диэн сыаналыыбын. Мин санаабар, маннык көрүнньүк үөрэх билиини биэрбэт, туһата суох. Былырыыҥҥа диэри “үһүнэн” үнүөхтээбит оҕолор дистанционнайга көһүөхтэриттэн “туйгуннар”. Ити олох сыыһа.    

Үлэлиир оҕо сатаан үөрэнэр

Клара Борисовна Ксенофонтова, үрдүк категориялаах учуутал:

– Элбэх оҕо дистанционнайга олорор. Холобур, 25 оҕолоох кылаастан 7-тэ эрэ оскуолаҕа кэлэн үөрэнэр, оттон 18-һа дьиэҕэ олорор. Икки смена үлэлээн кэлэн баран, киэһэ дистанционнайга олорор оҕолорбут үлэлэрин бэрэбиэркэлиибит. Ол аата үс сменанан үлэлиир курдукпут.

Оҕолор хомуллан киирэллэригэр 10 мүнүүтэ ааһар, учуутал “сирэйгитин көрдөрүҥ” диэн көрдөһөрүгэр 5 мүнүүтэтэ баранар. Мин өссө ирдэбиллээх учуутал буолан, ити аата түргэнник дьаһаналлар. Сорох учууталларга уруок бүтэрэ 5 мүнүүтэ хаалбытын кэннэ киирэллэр үһү.

Оскуолаҕа сүгүн үөрэммэт оҕо дистанционнайга олох да ыһыктынар. Зумҥа букатын киирбэт оҕолор бааллар. Аны сорохтор сирэйдэрин кистииллэр. Учуутал ыйытык биэрдэҕинэ, олох да эппиэттээбэт түгэннэрэ баар. Ол аата бу оҕо мээнэ холбоон баран, атынынан дьарыктанар диэн өйдүөххэ сөп.  Эппиэтинэстээх оҕо оскуолаҕа да, “дистанционкаҕа” да үчүгэйдик үөрэнэр. Үлэлээбэт оҕо син биир үлэлээбэт.

Сааһырбыт эрэ барыта сылайбат

Балаҕан ыйын 28 күнүгэр Ил Дархан Айсен Николаев пандемия кэмигэр 65-тэн үөһэ саастаах дьон үлэҕэ тахсаллара көҥүллэммэтин туһунан дьаһалга илии баттаабыта. Онон маннык саастаах учууталлар “удаленкаҕа” олорон үлэлииргэ күһэллибиттэрэ. Бу эмиэ тустаах дьоҥҥо туспа кыһалҕа.

Төрөппүттэр форумнарыгар, бассаапка “Кырдьаҕас учуутал наһаа элбэх”, “Саастаах учуутал наада дуо?” диэн ис хоһоонноох кэпсэтиилэр тахсаллар. Кистэл буолбатах, кырдьык, үөрэхтээһин эйгэтигэр өр сыл идэлэригэр бэриниилээхтик үлэлээбит ытык дьон элбэх.   

Анна Николаевна, төрөппүт:

Кыра кыыһым 4-с кылаас. Учууталларын 65 саастаах диэн олордубуттара, кинини солбуйаллар. Учууталбытын “ресурсата бүппүт” диэбэппин, ол эрээри сылайбыт, ону сороҕор бэйэтэ да билинэр. Мин санаабар, бачча сааһыгар диэри тутуһан баран сылдьыа суохтаах, бочуоттаах сынньалаҥҥа кэмигэр тахсыахтаах. Сааһырбыт киһи көдьүүһэ суох үлэлиир дии саныыбын. Биһиги учууталбыт элбэх оҕо айдаанын тулуйбат да буолбут быһыылаах, ол иһин сороҕор олус мөҕөр, кыраттан кыыһырар. Биир өттүнэн ыллахха, кылааһы тутара үчүгэй. Туох да диэбит иһин, билиини биэрэр учуутал. Ол эрээри сиэри таһынан кытаанах. 

Ыарыы олус элбээтэ, ол иһин каникул кэннэ кыргыттарбын бэйэм баҕа өттүнэн дистанционнайга көһөрбүтүм. Кыра кыыһым Zoom нөҥүө кылааска тиийэн үөрэнэ олорор оҕолору кытта тэбис-тэҥҥэ үөрэнэр, учуутал ыйытыыларыгар хоруйдуур. Дьиэҕэ үлэтин күн аайы толорон, утары ыытан иһэр. Тиэмэни барытын өйдүүр. Мин бэйэм хонтуруоллуубун. Баҕар, кыһаллыбат төрөппүт оҕото маннык үөрэҕи ыарырҕатара буолуо.

Улахан уолбут устудьуон, олунньу 6 күнүгэр диэри “дистанционка”. Оҕолорум маннык үөрэҕи сөбүлээтилэр. Кыргыттарым: “Кылааска мэһэйдэтэбит, маннык үөрэнэрбит ордук”, – дииллэр. Дьиэҕэ олорор төрөппүттээх оҕоҕо маннык үөрэх үчүгэй дии санаатым.

Гаврил Сергеевич, төрөппүт:

– Мин учууталлар тоҥхоччу кырдьыахтарыгар диэри үлэлииллэрин өйдөөбөппүн. Этэргэ дылы, сиэхтэрин сиэн, аһыахтарын аһаан баран, топпокко сылдьар бөрөлөр курдук буолуо суохтаахтар. Кинилэри эдэрдэр солбуйуохтаахтар. Аат-суол, үрдүк биэнсийэ баар, баһаалыста, бочуоттаах сынньалаҥҥа олор ээ.  

Мирослав Николаевич Афанасьев, Үөрэх управлениетын начаалынньыгын эбээһинэһин толорооччу: –Дьокуускай куорат уокуругун үрдүнэн үөрэх бары тэрилтэлэригэр (оскуолаларга, оҕо уһуйааннарыгар, эбии үөрэхтээһин салааларыгар) 65-тэн үөһэ саастаах 253 киһи үлэлиир. Куорат үрдүнэн уопсайа 52 оскуола баар, онно маннык категорияҕа киирэр 190 киһи баар. Онтон 24-дэ – алын сүһүөх кылаас учуутала. 12 киһи “больничнайга” олорор, 1 киһи уһун уоппусканы ылбыт (учуутал 10 сыл тухары тохтоло суох үлэлээбит буоллаҕына, 1 сыл төлөммөт уоппуска ылар бырааптаах). Итини барытын учуоттаан туран эттэххэ, билигин уопсайа 11 алын сүһүөх кылаас учуутала “удаленнай” ньыманан үлэлиир. Үлэ кодексатынан учуутал “больничнайга” олорор эрэ буоллаҕына кинини солбуйаллар. Оттон үлэлиир кыахтаах, “больничнайга” барбатах учуутал уруогун ыытыахтаах.   Оскуолаҕа өр сылларга үлэлээбит учууталларбыт, төһө да “удаленкаҕа” олордоллор, бэйэлэрин баай уопуттарын толору туһанан, үөрэх таһымын түһэрбэккэ, тутан олороллор дии саныыбын.

Саастаах учууталлары барыларын “сылайбыт” диэн биир хааһахха хаалыыр сыыһа. Сороҕор эдэр да дьон уоттара-күөстэрэ умуллуон, аат эрэ харата үлэлиэхтэрин сөп. Оттон идэтигэр чахчы бэриниилээх киһи хараҕын уота хаһан да умуллубат.  

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

Ферум хорсун сырыыларын кэнчээри ыччата умнуо суоҕа
Дьон | 24.10.2024 | 18:00
Ферум хорсун сырыыларын кэнчээри ыччата умнуо суоҕа
2022 сыл алтынньы 19 күнүгэр Ферум Аммосов анал байыаннай дьайыыга эн биһиги туспутугар, дойдутун туһугар сулууспалыы сылдьан олоҕун толук уурбута. Сырҕан бааһы таарыйан, бииргэ төрөөбүт балтын, ону тэҥэ бойобуой доҕорун ахтыыларын чугас дьонугар, ийэтигэр, аймахтарыгар таһаарабыт. Ол ыарахан кэмнэри санаппыппар, бука диэн, алы гыныҥ дуу...   – Саргылаана, бииргэ төрөөбүт хаһыа...
Биэнсийэ туһунан тугу билиэххэ?
Тускар туһан | 17.10.2024 | 12:00
Биэнсийэ туһунан тугу билиэххэ?
Судаарыстыба социальнай өттүнэн көмүскэлэ суох нэһилиэнньэҕэ араас суол чэпчэтиилэри көрөр. Оттон ону бары билэбит, бырааппытын толору туһанабыт дуо?  Мантан аллара биэнсийэ уонна онно сыһыаннаах уларыйыылар, чэпчэтиилэр тустарынан санатыһан, быһаарсан ааһыаҕыҥ.   Үлэлиир уонна үлэлээбэт киһи биэнсийэтэ Биэнсийэ күннээҕи наадыйыыны толуйбатын быһыытынан, сынньалаҥҥа тахсан да баран салгыы үлэлии хаалааччы үгүс. Оччотугар кинилэр,...
«Таҥаһы кытта кэпсэтэр» Варвара
Дьон | 25.10.2024 | 14:30
«Таҥаһы кытта кэпсэтэр» Варвара
Бүгүн мин ааҕааччыларбар билиһиннэриэм этэ Саха сирин уус-уран ойууга-дьүһүҥҥэ мусуойун научнай-сырдатар үлэҕэ методиһа, СӨ култууратын туйгуна Заровняева Варвара Ильинична-Күндүүлэни.   —  Варвара, иис абылаҥар ылларыыҥ, иннэни, сабы хас сааскыттан туппутуҥ туһунан кэпсиэҥ дуо? — Оҕо сааспыттан иис-уус эйгэтигэр улааппытым. Ийэм, Саха Өрөспүүбүлүкэтин норуотун маастара Заровняева Варвара Гаврильевна өттүнэн эбээм, Бүлүү Баппаҕаайытыттан...
Дьадаҥыгын дуу, баайгын дуу?
Сонуннар | 18.10.2024 | 14:00
Дьадаҥыгын дуу, баайгын дуу?
Арассыыйа олохтоохторо киһи ыйы холкутук туорууругар төһө харчы наада буолар сууматын ыйбыттар. Онуоха анаан ыйытык ыытан чинчийии оҥорбуттарын бу соторутааҕыта социальнай ситимнэргэ бэчээттээтилэр. Оттон биһиги өрөспүүбүлүкэбитигэр ыйбытын  төһө хамнастаах, харчылаах киһи аччыктаабакка туоруон сөбүн, дьоллоохтук олорорго төһө суума наадатын аҕыйах киһиттэн ыйыталастыбыт.   Киэҥ Арассыыйа олохтоохторо, үлэһит киһи ыйга 43 тыһыынчаттан...